Кэпсээ
Войти
Регистрация
Муҥурдаахха
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Муҥурдаахха
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
01.11.2019 17:27
Илим уххана Муус балачча халыҥаан, бөһүөлэккэ оҕо-дьахтар эрэ хаалла: атыттар илим ухханыгар ылларан күөлгэ дугуйданнылар. Хоту дойдуга бу – сыл биир бэлиэ кэмэ. Оннук. Таарыйа оттук мас кэрдиитэ буолуо. Муус ылыыта соторутааҕыта бүппүтэ. Сааһыары сыалыһар булда, сайыаскалааһын кэмэ кэлиэ. Онтон эмиэ дьыл имийиитэ мас кэрдиитэ, сайыы сордоҥун булда, хаас-кус ытыыта... Манна барыта тугу эрэ кытта ситимнээх, киин улуустарга курдук күн-дьыл биир тэҥҥэ устубат. Онно арай халандаарга бэлиэтэммит бырааһынньык күннэрэ, араас култуурунай тэрээһин бааллара буолуо. Бу дойдуга ким хайа эбэҕэ балыктыыра барыта эрдэттэн биллэр. Холобур, убайдыы-бырааттыы Хокуоруннар – ыраах Арҕаа Эбэҕэ, халыҥ аймах Оконешниковтар – Алыы Күөлгэ, удьуор балыксыт Гороховтар Балаҕаннаахха илимнииллэр. Күөллэрэ, дойду сир киэнигэр холоотоххо, муора диэн сымыйа – адьас уйаара-кэйээрэ биллибэт акыйаан! Бултуур-балыктыыр сирдэрин ким хаһан үллэрбитэ биллибэт. Миитэкэ эһэтэ тыыннааҕар «ээ, дооруом, Сэбиэскэй инниттэн даҕаны саманнык үллэстэн балыктыыр эбиттэрэ үһү» диэн кэпсиирэ. Дьэ, онон ханнык да дьыалаҕа-куолуга суруллубатах сокуон биир көстүүтэ – бу. Баччааҥҥа диэри ким да бу бэрээдэги кэспэтэҕэ. Урут, кырдьык, Сэбиэскэй саҕана, геологтар хам-түм тэһитэ түһэн илимнииллэрэ. Ол эрээри «хараҕа» наадыйа сылдьар дьон биир-икки эрэ илимнээхтэрэ, эргинэр-урбанар гына тэнийэн балыктаабат этилэр, онон ким да кинилэри кытта тылбай-өспөй буолан боруоктаспат этэ. Билигин саҥа үйэ үөскээн, бу күөллэр судаарыстыба бас билиитигэр бааллар диэн буолар. Манна бултууруҥ иһин дьэрэлийбит бэчээттээх тос курдук докумуоннаах буоларыҥ ирдэнэр. Онтуҥ нолуога тойо, эҥин араас хомуура – барыта хаһыытыыр харчы, үөгүлүүр үп. Ол эрээри хантан эрэ бу дойдуга хаһан да харахтаабатах дьонуҥ субу күөрэс гына түһэллэр. Биллэн турар, улуус кииниттэн биир эмэ тойону куоһур оҥостубут, ол тойон иннигэр-кэннигэр иилиҥкэйдэһэн, биэтэс оҥостон сылдьар буолаллар. Быһата, туох да диир кыаҕыҥ суох. Ол аата – барыта сокуоннай. Миитэкэ убайа Куочаанай өлүөр-сөлүөр эрдэҕинэ (ол аата, хас да сыллааҕыта), Муҥурдаахха бэркэ балыктыыллара. Эргэ бурааннарын быдан эрдэттэн сөхсүнэн, син сүүрбэччэ илими үтэллэрэ. Билигин Куочаанай ыарыһахтыйан, балыыһаны маныыртан ордубат, эдэрчи киһи эрээри ол курдук аһааҕырда. Миитэкэ – устудьуон. Быйыл үнүбэрсиэти бүтэриэхтээх. Хата, бэдэрээлинэй ааттанан (ХИФУ), быраактыкаларын болдьоҕо оруобуна балык саҕана буолан биэрдэ. Үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, дойдутугар кэлиэҕин миэстэтэ суох. Уопсайынан даҕаны, бу улууска хайа да оскуолаҕа талбыт идэтинэн үлэ көстүбэт. Онон ханна, тугу үлэлиэхтээҕэ бакаа биллибэт. Чэ, ити хааллын, син туох эмэ быыс-хайаҕас көстөө ини. Саҥаһа Туналыына Хата, дьиктитэ диэн, саҥаһа Туналыына балыксыт буолбут! Бу ыаллыы улуустан кийиит буолан кэлбит, отутун лаппа ааспыт курбуу курдук дьахтар этэ. Убайа Куочаанайы кытта холбоспуттара син ыраатта эрээри оҕолоно иликтэр. Аны кэлэн оҕолоноллор үһүө. Аньыы, арах-арах, бу да киһи аны тугу ыатаран барда?! Ыаллара Хабычча бураанынан саҥаһын малын-салын Муҥурдаахха илдьэн абыраабыт. Бу дойдуга дьахтар эр
дьону кытта илимнэһэрэ соччо сонун буолбатар даҕаны, кэлии киһи, буолаары-буолан, эдэрчи, кырасыабай дьүһүннээх кыыс-дьахтар соҕотоҕун маннык сылдьара эр дьону сирэйгэ таһыйыы кэриэтэ буоллаҕа. Ол эрээри кэнникинэн уруккуттан олохсуйбут үгэс төрдүттэн даҕаны уларыйан эрэр чинчилээх. Онон киһи ороһуйа соһуйара суох да курдук. Биир курдук санаатахха, баччаҕа, муус чарааһыгар, туга кэлээхтиэй, илими көрүмүнэ! Күн-дьыл да оннук айылаах тымныытынан сирбиэтэнэ илик. Туналыына маҥнай сүктэн кэлэригэр кэрэ да этэ! Үп-үрүҥ сирэйдээҕэ, ыйаастыгас харахтааҕа, хап-хара хаастааҕа. Куочаанайга холоотоххо, быһыы-таһаа да мааны барахсана этэ. Миитэкэ оччолорго онус кылааска үөрэнэрэ. Киһи дьиктиргиэх, саҥаһын көрдө-көрөөт, тута абылаппыт курдук буолбута. Уол диэки көрдөҕүнэ, Миитэкэ барыах-кэлиэх сирин булбат гына моһуогурара, сирэйэ чоххо баттаабыт курдук кытарар буолуохтаах (ону иэдэһэ итийэриттэн таайара). Муҥар, утуйар хосторо да кэккэлэһэ. Хос да диэхтээн. Чараас паньыара быыстаах. Онон тыастара-уустара, бэл, тыыналлара субу иһиллэрэ. Миитэкэ биирдэ уһуктан кэлбитэ, нөҥүө хоско убураһан чупчураһыы, ону кытта эргэ мас орон кыычыргыыр. Бу туох тыаһа буоларын билбэтэ кэлиэ дуо?! Начаас ыккардыгар саҥаһа уутугар-хаарыгар киирэн, киһи тугу да иилэн ылбат энэлгэнин таһааран эрдэҕинэ, убайа ытыһынан айаҕын хам тутта быһыылаах: чочумча ылы-чып сыппахтаат, тыына хаайтарбыт курдук өрүтэ мөҕүстэ да, паньыара быыска саайылынна. Миитэкэ, хата, оронуттан сууллубатаҕар баһыыба буолла. Быыс нөҥүө Туналыына Куочаанайы убуруура, тугу эрэ минньигэстик, кыра оҕону атаахтатан эрэр курдук сибигинэйэрэ иһиллэрэ. – Туох ааттаах омуннааххыный. Уолу уһугуннардыҥ быһыылаах, – диэн, убайа иһиллэр-иһиллибэттик мөҕүттэр. – Бэйэҥ дии, киһини дэлби «собуоттаатыҥ» буолбат дуо. Миитэкэ, мэктиэтигэр, плавкита илийбит курдуга. Ааранан кини сүрэҕэ битиргэс, оттон «били-билитэ» тыҥ курдук кытааппыт этэ. Ити түүн үөһэ этэ да, мантан инньэ уол хараҕын төрүт симмэтэҕэ. Санаатыгар, ийэттэн төрүү сыгынньах, туналы маҥан таһаалаах саҥаһа убайа Куочаанайы буолбакка, кинини, Миитэкэни, моонньуттан кууһа сытан убуруура... Сарсыарда ким-хайа иннинэ туран сып-сап аһаат, оскуолатыгар тэбиммитэ: ити сүгүнүнэн ааспат-арахпат санаа оҕо күүгээнигэр эрэ сайҕаныах курдуга. Эбэҕэ Миитэкэни Туналыына үөрэ-көтө көрүстэ. Били, маҥнай кийиит буолан сүктэн кэлэригэр оскуолаҕа үөрэнэр хачаайы уолчаан эр бэрдэ буолбут, эт туппут, модьураабыт. Кэллэ-кэлээт, дьиэҕэ хас эмэ көтөх маһы киллэрэн кыстаата. Дьиэ да диэхтээн, 3х4 быыкаа балаҕан сыыһа. Куочаанай табаарыһа Баасканы кытта начаас ыккардыгар туппуттара. Оһоҕун тутууга Туналыына бэйэтэ ыйан-кэрдэн кыттыспыта. Бу дойду буора сыбахха олус үчүгэй: туох да сиэмэнтэ той наадата суох. Кирпииччэтигэр да барсар. Оһоххун отуннуҥ да, дьиэҥ бып-бырылас буола түһээхтиир. Сорох дьон, холобур, Испирдиэҥкэлээх сылы эргиччи балааккаҕа олороллор. Ол атаһыҥ от үлэтин кэмигэр балааккаҕа сайылыыр, оттон күһүнүн илимҥэ сылдьарыгар, кыһынын-сааһын тэрилтэҕэ, дьоҥҥо мас кэрдэригэр эмиэ – балаакка! Ити гынан баран төрүт тумуулаабат, этэргэ дылы, мунна да тыбыыран көрбөт. Миитэкэлээх халлаан хараҥара илигинэ иккиэ буолан илимнэрин түргэнник көрдүлэр. Туналыына балыкка
үөрүйэҕэ сүрдээх, эчи, илиитэ да тоҥмото бэрт. Нарын тарбахтарынан ууну күнү быһа булкуйар да төрүт кыһаммат, өрбөҕүнэн соттон кэбиһэр уонна мичээрдээн үп-үрүҥ тиистэрэ кэчигириир. Ойбоннорун хаарынан көмпүт буолан, дөйө тоҥмот, онон сытыы анньыынан сонно суптурута түһэҕин. Тыал үрбэтин диэн, имиитэ суох таба тириитин хаарга туруору анньаллар уонна онно хорҕойон олорон илимнэрин көрөллөр. Хата, сордоҥо, сыалыһара аҕыйах буолан, илимнэрин туох да эрийэн сордообот. Наар быраҥаатта, муҥур (чыыр) тутар. Бүгүн биир илимтэн 20 быраҥааттаны, 15 муҥуру ыллылар. Туналыына үөскэ үппүт илимигэр баһаам иҥнибит. Өрөөбөккө көрөр буоланнар, уу анныгар балыктара өлбөт (айаҕын аппыт буоллаҕына, уу иһигэр өлбүт диэн), онон тоҥнуу кыһан сииргэ туох да ааттаах. Балыксыттар сарсыардалык 4 чаас саҕана туран илимнэригэр киирэллэр, онтон киэһэлик 6 чаас саҕана утуйар аатыгар бараллар. Хараҥаҕа тугу гыныахтарай, күн ыаһаҕа диэн манна. Дьиҥэр, анаан-минээн оҥостор киһи Дьокуускайтан дьоҕус мотуор аҕалан, уоттанан-күөстэнэн, тэлэбиисэрдэнэн тойдонон быр курдук олоруох этэ. Ол эрээри көрүүчэйиҥ бу дойдуга – дэписиит. Миитэкэ күнүскү түбүгэр буолан, күнэ киэһэрбитин билиминэ да хаалла. Оһох оттулунна, «мантан инньэ мин хаһаайыммын» диэбиттии тигинээтэ, сорук-боллурдарын – сытыы кыымнарын – кый үөһэ сырыһыннартыы оонньоото. Балаҕан иһэ сылыйан, хайдах эрэ уу чуумпу сатыылаата, сып-сылаас нарын иэйии киирэн наскыйда, нуурайда. Миитэкэ бөһүөлэктэн аҕалбыт аһын остуол хотойорунан тарта да, тоҕо эрэ үөрбүт-көппүт курдук тэттэн аһаабатылар. Баҕар, наада буолуо диэн уктубут «Парламент» буоккатын таһаара сорумматаҕа: саҥаһа туох диэн туруо биллибэт. Солуобатыгар чэйдээн, тук курдук аһаабыта буолан бүттүлэр. Миитэкэ таһырдьа тахсыбыта, халлааҥҥа – бачымах курдук сулус! Эчи, чыпчыҥнаһан түһэн омуннарын. Тугу имнэнсэллэрэ буолуой үөһээттэн өҥөйөн туран? Миитэкэни туох эрэ биллибэт, ыар санаа иилии эргийдэ. Дьиэҕэ киирбитэ, Туналыына наара улаҕа өттүгэр оҥостон сыппыт. Миитэкэ чүмэчитин саба тутан, аа-дьуо сыгынньахтанан, кукуулун иһигэр киирэн саҥаһын кытта кэккэлэһэ сытта. Таах даҕаны, сүрдээх дии. Убайа Куочаанай билигин тугу саныыра буолуой? «Кэргэммин кытта быраатым бииргэ утуйа сыталлара үчүгэйиэн» диэбэтэҕэ чахчы. Бөһүөлэккэ да туох диэн хобугунаһаллара биллибэт. Бу олох диэн уустук да эбит. Тугу эрэ ымсыыра саныырыҥ, ыраланарыҥ – барыта сатаммат, бобуулаах курдук. Ким эрэ сиилиэ-хоһулуо, тыл-өс тарҕаныа диэн куттала. Миитэкэ устунан тымтан туруох санаата оргуйан кэллэ, туран, куруускаҕа чэй куттан испитэ буолла уонна эмиэ кэлэн кукуулугар киирэн сытта. Аны туран, итиитикэтэ сүрдэннэ, тулуйар кыаҕыттан тахсан, кукуулун тимэҕин төлөрүтэн кэбистэ. Саҥаһа кини курдук кукуула суох, кус түүтэ суорҕанын иһигэр кумуччу туттан мукунан сытар, биир тэҥник тыынарыттан сылыктаатахха, утуйан ырааппыт. Миитэкэ бу курдук төһөөҥҥө диэри сыппыта буолла, устунан талбаарыйан, нухарыйан барбыта. Арай биирдэ өйдөммүтэ, дьиэ иһэ хабыс-хараҥа, оттон кини сып-сылаас суорҕан иһигэр сытар, кукуула ханна да суох! Тугун сүрэй?! Саҥаһын хоонньугар киирэн, өссө кууһуоҕунан-кууһан
сытар эбит буолбаат! Суох, аҥаардастыы кини эрэ кууспатах, Туналыына уҥа илиитэ оруобуна тыҥыы кытааппыт «били-билини» ханна да ыыппат гына ыга туппут этэ. Уһуктаҕас эбит! Миитэкэ уһуктубутун көрөөт, саҥаһа били илиитин сүр түргэнник ыытан кэбиспитэ уонна уолу тэбэнэттээх баҕайытык сүүһүттэн «сык» гына сыллаан ылбыта: – Түүн дэлби тоҥмут этиҥ, ол иһин суорҕаммынан саппытым. Чэ, кыра аайы кыһаллыма, туох да буолбатыбыт дии. Кимиэхэ да дакылааттаама да бүттэҕэ ол. Хата, туран аһыы охсон баран илиммитин көрүөх. Туналыына суорҕаны арыйа тарпытыгар туналы маҥан этэ кылбас гыммыта, олорон эрэ таҥнар түбүккэ түспүтэ. Барыта хайдах эрэ ити курдук судургутук быһаарыллан хаалбытыттан Миитэкэ санаата көтөҕүллүбүтэ, мэктиэтигэр, ойон туран сэрээккэлээн чырбаҥнаабыта. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан