Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаһан да умнуом суоҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Хаһан да умнуом суоҕа

K
18.10.2019 18:15
Баалаама дуу, аҕа саастаах доҕоруом. Бэйи эрэ, оттон эн билигин сааһыҥ хаһыҥ буолла этэй? Ээ, балай да ырааппыт эбит дии. Онон да буоллаҕа буолуо, сөбүлээбэтиҥ. Ол эрэн кэннигин хайыһан көр эрэ. Оо-ол, ол. Көрөҕүн, ол турар дии эн эдэр сааһыҥ. Хайдахтаах курдук эдэргиний?! Тымыргар хааныҥ тыгыалыы сылдьар. Сүрэҕиҥ биир, икки, үс төгүл күүскэ тэбэр. Үгүһү билиэххин-көрүөххүн баҕараҕын. Оттон аттыгынан ааспыт кыыһы хайдах көрдүҥ? Оннооҕор хараҕыҥ уоттанна! Оччолорго эн бэйэҥ мин курдуккун. Аны тулаҕын эргийэн көрүүй – атын олох. Барыта уу долгунун курдук уста, уларыйа турар. Саҥа олох. Оттон ол сиэринэн кини дьоно-сэргэтэ эмиэ «саҥа». Ыччат туһунан этэ да барыллыбат. Олоҕу көрүү, сыһыан, өйдөбүл, сыаннас эмиэ атын. Сэбиэскэй кэмҥэ олорон саах сыбахтаах саха балаҕанын, буор муостаны, торбос, кулун ыстааны былыргы олох хаалынньаҥа диэн омнуолуур буоллахтарына, билигин сэбиэскэй олох, биир идиэйэ, биир санаа, барыта халыыпка куппут курдук биир буолуохтаахпыт диэн омнуоланар. Итини эн да, мин да хайдах да гынар кыахпыт суох. Олох сокуона уларыйбат. Онон, баалаама дуу, аҕа саастаах доҕоруом, олох туһунан ытыс саҕа кэпсээммин. Ити 2006 сыллаахха этэ. Мин оччолорго оскуолабын саҥа бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэммитим. Кылааспытын уон үс буолан бүтэрбиппит уонна бары тутуспутунан «дьол көрдүү» диэн, дьоллоох Дьокуускайга үөрэх туттарса киирбиппит. «Туттарса» да буолаахтаан. Киирэн аҕыйах хонук иһигэр бэлэм КГЭ түмүктэрин хас да үөрэххэ туттарбыппыт. Онон дьыала бүппүтэ. Мин төттөрү дэриэбинэбэр тахсыбытым. Оҕолорум бары кэриэтэ, чуолаан уолаттар, куоракка хаалбыттара. Миигин кучуйан көрбүттэрэ да, сөбүлэспэтэҕим. Кинилэр сыаптан төлөрүйбүт курдук барбыттара. Киэһэ аайы күүлэй, пиибэ, уоттаах-күөстээх түүҥҥү кулууп, бэйэлэрин курдук эмиэ тыаттан киирэ сылдьар уол-кыыс. Уолаттарым, уопсайынан, оччолорго бары да кыыс диэҥҥэ чугаһаан көрө иликтэрэ, бары өссө да уу туҥуй оҕолор этибит. Онон да буоллаҕа буолуо, уолаттар, били, сырыыны сылдьыбыт, кыыс бөҕөтүн өрө-таҥнары сыымайдаабыт «убайдар» араас кэпсээннэрин истэ-истэ, кинилэр суолларын бата сатыыллара. Оттон мин “бүтэн баран тугу гына сытыахпыный?” диэн төттөрү тахсыбытым. Баҕар, эмиэ хаалыам этэ да, кылааспар саамай «мөлтөхтөрө» этим. Уолаттарым тохсус эҥин кылааска сылдьан номнуо кыыстыын сыллаһан-сиэттиһэн, күүлэйдээн ырааппыт эбит буоллахтарына, мин оскуоланы бүтэриэхпэр диэри кимиэхэ да чугаһаабатаҕым. Суох, киһиттэн туох да итэҕэһим суоҕа, ол эрээри хайдах эрэ олус кыбыстанньаҥ этим. Чэ бээ, ити хааллын. Куораттан тахсыбытым, аҕалаах ийэм күтүөм массыынатынан хас да хонукка атын улууска — абаҕам үбүлүөйүгэр барбыттар. Эдьиийим дьиэһит буолан бэйэтэ хаалбыт. Тиийбиппэр: «Сарсын куораттан дьүөгэм оҕотун илдьэ тахсыахтаах. Аҕыйах хонукка сир астыы кэлэр. Онон кэллэҕинэ, эн биир-икки күн оҕо көрүөҥ дуо?» — диэтэ. Мин биэстээх оҕону син сатаан көрөр инибин диэн, улгумнук сөбүлэспитим. Сарсыныгар эдьиийим дьүөгэтэ оҕотун илдьэ кэлбитэ. Курбуу курдук уһун көнө уҥуохтаах, быһа
баттаммыт курдук кылгас лэппэгэр баттахтаах, буһан эрэр моонньоҕон курдук көрбүт киэҥ харахтаах эдэр дьахтар этэ. Эдьиийим аах киэһэ хойукка диэри олорон кэпсэппиттэрэ. Кинилэргэ өссө ыалбыт Сусанна кыттыспыта. Арааһа, сарсын тыаҕа үһүөн бииргэ тахсар быһыылаахтара. Сухуой арыгы иһэллэрэ. Мин түүн итииргээн, өр кыайан утуйбакка сыппытым. Эдьиийим аах арааһы кэпсэтэллэрэ. Быыһыгар эр дьону ырыталлара. Ол аайы, хата мин сытан эрэ чөрбөҥнөө да чөрбөҥнөө. Кэпсээнин тамаҕыттан иһиттэххэ, Аайта (эдьиийим дьүөгэтэ инньэ диэн этэ) билиҥҥээҥҥэ диэри ыал буола илик, куоракка дьоно ылан биэрбит дьиэлэригэр оҕотунуун иккиэн олороллор эбит. Мин хайдах эрэ киниэхэ наһаа ымсыыра санаабытым. Кырдьык, олус кырасыабай түөтэ этэ. Онтон эмиэ да кыбыста саныыбын: «Аата, бачча эдэр буолан баран, итиччэ улахан кыыс, кыыһын ааһан оҕолоох дьахтар туһунан саныы сытабын», — диэн. Дьонум сарсыарда эрдэ туран сир астыы тахсыбыттара. Мин биэстээх Тимуру кытта дьиэбэр хаалбытым. Хата, оҕом атыҥырас буолбатах уонна аҕыйах саҥалаах-иҥэлээх буолан, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар. Тахсан киирэрин төһө да эттэр, кэмиттэн кэмигэр ыйытан туалеттатабын. Ити курдук биир күн бэркэ ааспыта. Киэһэ дьоммут кэлбиттэрэ. Төрдүөн үөрэ-көтө чэйдээбиппит. Аайта оҕото төһө бэркэ сылдьыбытын туоһуласпыта. Мин «баара-суоҕа биллибэт, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар» диэбиппэр Аайта күлэн баран: «Эр дьону чугаһатааччыта суох ээ. Эйиэхэ хайаан этэҥҥэ сырыттаҕай. Хата, итиччэтигэр биһиэхэ паапа буолбаккын дуо?» — диэн баран, күлэн саһыгыраппыта. Мин хайдах эрэ сирэйим чоххо баттаабыттыы кытар гына түспүтэ быһыылааҕа, олус кыбыста санаабытым. Саатар, кэтэн олорор хара солко халаата ыйдаҥаран, кэрэ бэйэлээх быһыыта-таһаата көстө олорор этэ. Мин олох «буорайа» сыспытым. Нэһиилэ мииммин бүтэрэн баран, сөрүүкээри таһырдьа тахсыбытым. Эдьиийим аах күлсэ хаалбыттара. Сарсыарда эрдэ оҕо ытыырыттан уһуктубутум. Тимур кыраадыстаммыт этэ. Онон ол күн Аайта сир астыы тахсыбатаҕа. Эдьиийим эмиэ хаалаары гыммытын «Сусанналыын бэйэҕит барыҥ» диэн, биһиги дьиэҕэ үһүөйэҕин хаалбыппыт. Сайын буолан, куйааһа да сүрдээх. Оҕобут биир үксүн ол да иһин ытыыр быһыылаах. Хата, эбиэт кэннэ син уоскуйан, утуйан хаалбыта. Мин, шортиктаах эрэ киһи, саалаҕа баар дьыбааҥҥа тиэрэ түһэ сытан киинэ көрө сыппытым. Аайта оҕотун утутан баран хостон тахсан: «Мин душтана таҕыстым. Тимур уһуктан кэллэҕинэ, баһаалыста, көрөөр эрэ», — диэн баран сотторун, сомпуунун тутан тахсан барбыта. Мин сытан эрэ утуйан хаалбыппын. Арай ким эрэ кэлэн аттыбар олорбутуттан уһукта биэрдим. Аайта эбит. Хайдах эрэ туруохча буолбуппун нарын баҕайы илиитинэн тиэрэ баттаан кэбистэ. Мичээрдээбит аҕай. Төҥкөйдө да бокуойа суох сирэйбиттэн-харахпыттан, уоспуттан, иэдэспиттэн, моойбуттан уураан киирэн барда. Аны туран, ол төҥкөйбүтүгэр, сыгынньах этигэр иилинэ олорбут сотторо түһэн хаалла да, туллук курдук муус маҥан эмиийдэрэ тэрэйэ түстүлэр. Мин хаһан манныкка түбэспитим баарай, арай биирдэ эмэ улахан дьон киинэлэригэр эрэ көрөр буоларым. Этим сааһа хайдах эрэ үчүгэй баҕайытык
«дьар» гына арылла түстэ. Онтон, били миигин тиэрэ аспыт нарын тарбах шортигим иһигэр киирэн “сүүрэлээтэ”. Мин олох буорайдым. «Күннээххэ көрдөрбөтөх көмүһүм» таҥас дуомун тиирэ тэбэн таһаарда. Түгэни эрэ мүччү туппатах киһи диэн өйбөр туох эрэ кылам гынан ааста да, хайдах сатыырбынан, мөлтөхтүк да буоллар утары сыллаһан-уураһан киирэн бардым. Оо, дьахтары, буолаары-буолан сипит-хоппут дьахтары кытта уураһар, сыллаһар диэни, дьэ, манна билбитим. Эчи, үчүгэйин эриэхсит! Аайта сүр ыараханнык, ол эрэн сылаастык тыынарын быыһыгар: «Эн хаһан да кыыска чугаһыы иликкин быһыылаах дии. Баҕараҕын дуо? Мин эйигин үөрэтиэм. Көрөөт да тута сөбүлээбитим. Чэ кытаат, доҕоччуок, мин бэлэммин», — дии-дии шортиктаах туруусукпун ньылбы тардан ылан ханна эрэ элитэн кэбистэ. Иһим түгэҕэ кычыгыланан, хайдах эрэ оргуйан киирэн барарга дылы гынна. Аайта ону тута сэрэйдэ быһыылаах, эмискэ үрдүбэр биирдэ баар буола түстэ. Оҕобут утуйа сытар эрэ, хайыыр эрэ, биһиги адьас кыһаммаппыт. Түөтэм, омуннаан эттэххэ, харсыттан таҕыста. Инньэ гынаатын кытта хайдах буолбуппун бэйэм да билбэккэ хааллым. Этим сааһа били бастааҥҥытын курдук эмиэ «дьар» гына арыллан, атахпын-илиибин сараппытынан ханныы-ыы эрэ ыраа-аах да ыраах көттүм. Аайта астымматаҕа биллэр этэ эрээри, миигин туох да диэн сэмэлээбэтэҕэ. «Бастакы сырыыга итинник буолааччы», — диэн, хата үөрэппитэ. Онтон эмиэ мичээрдии-мичээрдии үөрүйэх хамсаныыларынан аҕыйахта имэрийээтин кытта биһиги «иккиэн» өрө күүрэ түспүппүт. Кыыһым сыста түһээтин кытта эмиэ саҕаламмыта. Муҥура суох имэҥ дириҥ далайыгар иккистээн умсубуппут. Мин онно кыбыстарбын умнан тэҥҥэ түһүспүтүм. Аайта элбэххэ үөрэппитэ. Хаһан да көрбөтөх хамсаныым-имсэниим, уураһыым – барыта баара. Баҕар, суруйааччы курдук уран тыллаах эбитим буоллар, маннык хоһуйуом эбитэ дуу: «Хараҥа түүн хараара үүнүүтэ хаппахчы аана хап гына хатанна. Бастаан утаа кыыс оҕо оноолооххо орооспотох буолан тыһы кырынаас курдук ньуолбар-ньаалбар куота көтө сырытта. Орон тустуута, дьэ саҕаланна. Күүстээх, кытаанах эрийсии кэннэ кыабака симэҕэ кылыр гынна, түүлээх суорҕан көппөх гынна. Кыыс оҕо хатан куолаһа тыкаары кыыл курдук тыкаарыҥнаата, уол оҕо сүүлэ киирбит тайах курдук орулаан лоҥкунатта. Уот татакай ойдоох буурай саҕаланна. Уол оҕо иннинэн киирэн үтүөлээтэ, кэннинэн тахсан кэбиэлээтэ, үөһээ уостарыттан үс хамыйах хаан кэлиэр диэри уурастылар, аллараа уостарыттан алта хамыйах хаан кэлиэр сылластылар...» Чэ, ол эрээри мин суруйааччы да, олоҥхоһут да буолбатахпын. Ити курдук кыра Тимур уһуктуор диэри, хаста эмэ төхтүрүйбүппүт. Эдьиийим аах киэһэ кэлбиттэрэ. Кыыһым туох да буолбатаҕын курдук туттан-хаптан көрсүбүтэ. Сарсыныгар эмиэ Тимур ситэ үтүөрэ илик диэн хаалбыта. Эмиэ туохха да тэҥнэммэт таптал сылаас, имэҥнээх уотугар куустарбыппыт. Ол эрээри, хомойуох иһин, өйүүнүгэр кини куораттаабыта. Оттон мин туох да буолбатаҕын, ким да кэлэн барбатаҕын курдук, эмиэ бэйэм бэйэбэр буола түспүтүм. Кэлин баҕалаах үөрэхпэр — БГФ-га киирбитим. Куоракка сылдьан, баҕар, Аайтаны көрсүөм дии
саныыр этим да, ол баҕа санаам туолбатаҕа. Биирдэ да көрбөтөҕүм. Икки сыл оннук ааспыта. Бу санаан көрдөхпүнэ, кини оччолорго отуттаах эбитэ буолуо. Оттон мин баара-суоҕа саҥардыы уон аҕыспын туолбут уол этим. Арааһа, олус элбэҕи эрэйбиппин быһыылаах. Ол эрээри тоҕо эрэ хаһан да умнубаппын ээ кинини. Маны бастакы имэҥнээх таптал умнуллубат, умуллубат кутаата диэн ааттыыллара дуу? Чэ, баҕар, буоллун даҕаны. Дьылҕа Хаан диэн баар дии, баҕар... Алтан Кырыылаах.
kyym.ru сайтан