Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эриэккэс көтөр этэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эриэккэс көтөр этэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
14.09.2023 16:44
Бу сырыыга 1985 сыллаахха балаҕан ыйыгар буолбут түбэлтэни суруйарга сананным. Бу кэмҥэ Мин Новосибирскай куоракка үөрэнэ сылдьарым. Каникулбар Маалыкайга кэлэн баран дьоммун кытта Тарыҥ Үрэх диэн кырабыттан сайын аайы оттообут ахан сирбэр тиийдим. Биһиги, Васильевтар дьиэ кэргэн, от звенотун тэрийэн, таһынааҕы ыал оҕолорун, табаарыстарбытын кытта сайылыыр сирбит. Тарыҥ Үрэх звенотугар аҕам звеньевойдуур. Тиийбитим, дьонум оттоон бүтэн, оскуола оҕолоро дьиэлээбиттэр. Улахаттар, сопхуос үлэһиттэрэ, оҕуруоту саба, оҥоро хаалбыттар, Аркадий Васильев-Чыккый, Олоосой Афанасьев-Хабах, Степан Габышев-Хаабыс уонна мин аҕам буолан. Кыра эрдэхпиттэн бииргэ үлэлээбит, оттоспут уолаттарбар, ыраах сиртэн аҕалбыт кэһиибин туруордум. Үөрэ-көтө аһаан баран, киэһэ сирбититтэн икки биэрэстэ тэйиччи сытар, эмиэ биһиги оттуур алааспытыгар, Бороҥ диэн сир күөлүгэр, баҕар, хойутаабыт, соҕуруу кыстыы бара илик кус баара буолуо диэн, кустуу бардыбыт. Билэр сирбит буолан, аһаабыт, чэпчээбит дьон быһыытынан, тиийиэхтээх сирбитигэр түргэнник, ойуур быыһынан быһа тиийдибит. Алааска күөл утары таҕыстыбыт. Күөлбүт улахана суох, алаас ортотугар турар. Мин кэрииттэн туран күөлү көрдөхпүнэ, ортотугар хайдах эрэ, санаабар, кустан ураты кус олорор: улахана сүрдээх, омуннаан эттэххэ, тарбыйах саҕа. Тас көрүҥүн көрдөххө, моонньоҕон куска майгынныыр. Мин эрэ буолбатах, уолаттарым эмиэ аймана түстүлэр: «Туох эриэккэс куһай? Тоҕо улаханай, хаас диэҕи, эмиэ да моонньоҕон курдук»,— дэстилэр. Сөбүлэһэн баран «бачча олорор куһу, чычаас быһыылаах, төгүрүйэн киирэн ытан ылыаҕыҥ» диэн буолла. Күөлбүтүн эргийдибит, чугаһаатыбыт. Куспут биһигини көрөр, чычааһын, көппөтүн сөҕө санаатым. Күөлгэ киирэн баран ким эрэ ытта. Куспут табыллан ууга тиэрэ түстэ, онтон сыппалыы түһэн баран, арай, көтөн таҕыста. Күөлү эргийэ көттө. Куспутун бары ытабыт да, олох кыһаллыбат, эргийэ көтө сылдьар. Бары туран эрэн ытабыт: биир киһи ыттаҕына, «аны эн ыт» диэбит курдук, атын киһиэхэ көтөн тиийэр. Бары ыттахпыт аайы табар курдукпут — түүтэ сахсаҥныыр. Улахана да бэрт, хайдах эрэ хотой курдук бытааннык көтөр. Арай мин диэки кэлбитигэр көрбүтүм — кустан ураты көтөр, хараҕа уоттаах, хаан таммалыыр курдук, улахана да бэрт. Хайдах эрэ этим сааһа аһылынна, илиим тарта, ол да буоллар иккитэ-хаста ыттым. Доруобунньугум куспар тиийэн түһэр тыаһа иһилиннэ, түүтэ сахсаҥалаата. Куспутуттан икки өттүттэн хаан тыга сылдьар да, олох сууллубат. Ол курдук күөлү хаста да эргийбэхтээтэ, сороҕор сууллан түһэр уонна эмиэ көтөн тахсар. Онтон, дьэ, хоту диэки хайыста уонна туох да буолбатаҕын курдук көтө турда. Бултаабакка, уку-суку дьиэбитигэр бардыбыт. Аҕам биһигини кэтэһэн утуйа илик эбит. Кэпсээммитин истэн баран сирэйэ уларыйа түстэ, наһаа хомойдо. Олорбохтуу түһэн баран: «Ити эбэҕэ улуу Кырдьаҕас көмүллэ сытар, ол абааһыта көтө сырыттаҕа. Киһи бултууругар сороҕор эҥин арааһы көрөөччү. Ойуурга бултуу сылдьан бултан ураты булду, көтөртөн атын көтөрү ытыа, атаҕастыа суохтааххыт. Эһиги «атын» куһу ытыалаабыккыт. Дьэ, хайдах буолар? Сиэтэҕинэ, кырдьаҕас киһини, миигин, сиир ини. Мин эмиэ эдэр сылдьан, ийэм тыыннааҕар бултуу сылдьан, тайахтан ураты тайаҕы бултаһан турабын. Карабиным буулдьата бүтүөр диэри ытан баран, бааллан турар аппыттан туоһапкабын буламмын эмиэ буулдьата бүтүөр диэри ыттым. Тайаҕым табыллан баран икки өттүнэн хаана ыһыыран олорор. Мин диэки уоттааҕынан көрөрүн, хараҕа эриэккэһин сөҕө санаабытым. Онтон тайаҕым туох да буолбатаҕын курдук бара турбута. Ити түбэлтэ кэнниттэн ийэм суох буолбута». Ити кэннэ аҕам оһоҕун аһаппыта, алҕаабыта, көрдөспүтэ. Кырдьык, ити түбэлтэ кэнниттэн эһиилигэр аҕам улаханнык ыалдьыбыта уонна суох буолбута. Киһи бултуу сылдьан ойууру, сири-уоту, саха буоларын быһыытынан, күндүлээн аһатан-сиэтэн, өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһа сылдьыахтаах. Уонна кыылтан ураты кыылы, көтөрү тыытыа суохтаах. Н.Васильев-Соччо, Маалыкай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан