Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биирдэ эрэ аһыммытым
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биирдэ эрэ аһыммытым
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
14.09.2023 16:40
Күтүөтүм Бүөтүр улахан булчут киһи этэ. Кини кырдьан олордоҕуна “бултуу сылдьар кыылгын аһынааччыҥ суох дуо?” диэн ыйытарбын өйдүүбүн. Күтүөтүм саас тоҥокко дьиэ таһыгар ииппит тоһуур капкааннарын көрө барбыт. Ыта Сордоҥ батыспыт. Дэриэбинэттэн биир көс холобурдааҕы барбыттарын кэннэ ойуур иһигэр баар ырааһыйаҕа турар кэбиһиилээх оттон ыта туртаһы туруорбут. Сэндэҥэ тыа быыһынан туртастаах ыт уһаты-туора сүүрэн элэҥнэппиттэр. Аҕыйахта ойуолаат, ыт туртаһы тутар сибикитэ биллибит. Күтүөтүм туоһапкатынан кыҥаан көрөн баран, туртас тоҥуу хаарга моонньугар диэри тобулута түһэ-түһэ мочоохтуурун, ханна да куотар кыаҕа суоҕун көрөн уоскуйбут. Эрэллээхтик ытаары күүтэн турбут. Туртас хаста да ыкка сиирэ-халты ытыттаран өлөр саҥата тахсыбыт. Күтүөтүм сырса сылдьааччылары хараҕын далыттан таһааран баран тула олооруҥнуу турдаҕына кэнниттэн тыас бөҕө өрө ытыллан кэлээт, такымыгар туох эрэ олус күүскэ охсуллубут. Күтүөтүм, хайыһар үөһэ турар киһи, арыычча сүһүөҕэр уйуттан хаалбыт. Өйдөөн-дьүүллээн билбитэ, ыкка туттараары ыксаабыт туртас көмүскэтээри киниэхэ кэлэн, төбөтүн кини тобугар хам анньан баран умса түһэн иһийэн турар эбит. Булчут субу сиэх-аһыах илгистэн кэлбит, туртаска түһүөлүү сылдьар ытын тута моойторугуттан харбаан ылан бэрт эрэйинэн тохтоппут. Ытын тутан баран туртаһы самыытын таптайарын кытта, анарааҥҥыта элэс гынан хаалбыт. Биһиги диэки туртас суоҕун кэриэтэ. Кэлин баар буолла дииллэр. Ол эрээри күтүөтүм хаһан да туртаһы өлөрбүтүн көрбөтөҕүм. Баҕар, били быһылаан кэнниттэн аһынан бултаабата буолуо диэн уорбалыыбын. Николай Константинов. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан