Кэпсээ
Войти Регистрация

Сүрэҕим, бырастыы...

Главная / Кэпсээн арааһа / Сүрэҕим, бырастыы...

K
11.10.2019 15:26
— Лёшенька, эн тоҕо тылгар турбаккыный, а-а? Хаста-хаста миэхэ халтайы куустардыҥ ээ?! — суугунас солко таҥастаах ороҥҥо иттэннэри түһэ сытар киһитин иһин чочуонай уһун сөмүйэтин оҥоһуу тыҥырахтарынан аргыый аҕай дьөлүтэ анньыалаан ыла-ыла, атаахтаабыт куолаһынан Алена сыыйа «аала» олордо. Леха онно эрэ кыһаллыбаттыы, хараҕын симнэ-симмитинэн сытар: дөрүн-дөрүн нарын илии сылаанньытарыттан аргыый ыҥыранар эрэ. Маннык өр «паузаттан» куо мэтэкэ кыыһырда бадахтаах, нанайбыт иһи букатын сүр ыарыылаахтык кымыстаан саайда. Онуоха эрэ эр бэрдэ эмискэ олоро түһээт, дьахтарын хаҥас илиитинэн тиэрэ баттаан кэбистэ. Ол кэннэ умса нөрүйэн, сүр иҥсэлээхтик дьахтар сэгэйбит уоһугар хатана түстэ. Омуннаах-омуннаахтык уураамахтаан, тыастаахтык тыыммахтаан барда. Уоһуттан уоһун кыратык да араарбакка сытан, уҥа илиитэ туох да кыбыстыыта суох, куруук сылдьа үөрэммит суолунан — дьахтар туналы маҥан түөһүн, самыытын устун – элбэҕи эрэйэр киэбинэн сүүрэлээмэхтээтэ. Көп-көп сирдэрин бобута тутуолаата. Ити кини тапталын омуна эбитэ дуу, бу уос саҥаран эрэ бүттүн диэн саба бүөлүү сатыыр албаһа эбитэ дуу? Арааһа, иккиһэ ордук кырдьыктаах буолуоҕа. Алена да ону сэрэйбиттии, хантан ылбыт сымсата буолла, эр киһи сабардаабытыттан төлө мөҕө охсон, баттаҕа бурайда-бурайбытынан, кэннинэн чинэрис гынан, тэйиччи олоро биэрдэ. Тугу эрэ букатын сөбүлээбэтэҕинэ буоларыныы, икки имэ тэтэрбит, хараҕа уоттаммыт, бэл, көрүүлүүн кытааппыт: — Леша, куотунан бүт!! Истэҕин? Саараама да. Мин ыйытабын дии! Хаһан?!! — Тугу? — биирбит бэрт холку. Тугу да билбэтэх, тугу да өйдөөбөтөх үөл атыыр буолан, мичээрдээбитинэн, сол да дьахтар диэки илиитинэн аргыый аҕай сарбаҥныы, уунаҥныы олордо. Ол аайы быччыҥнара хамсаан, эр киһи астык быһыытын биллэрэн, онон-манан мүлтүрүҥнэһэн ылаллар. Омурдун аптаах куоһааҕа сүтэ-сүтэ көстөр. Ити икки куоһаах – Аленаны абылыыр ураты күүстээҕин кини билбэтэ кэлиэ дуо. Анаан ырбаҥныыр. Куолаһа да сүр ньуолбар: — Чэ, кэл, кырачаан, баабыргар чугаһаа. Туох буоллуҥ? Чэ, мин киисэҥкэм кэлиэҕэ. Чэ... Эдэр дьахтар өр өһөспөтө. Өс хоту киһитин түһэҕэр биирдэ сүр чэпчэкитик баар буола түстэ. Толору эттээх бууттарынан киһитин биилин иилии эргитэн ылла. Оҕолуу этиргэн илиилэринэн ыбылы кууһаат, кулгааҕар нөрүйэн: — Эн соруйан гынаҕын дии! — дьэ, оччоҕо-оо, маннык... Бору-болтоҕор уоһун сылаас тыынынан абылыы угуттаан, киһитин кулгааҕын эминньэҕин аргыый-аргыый эмпэхтээтэ, төрөлкөй томтоҕор түөһүнэн киһитин түөһүн сууралаамахтыы, самыытынан, биилинэн араастаан имиллэҥнии олордо. Сыыйа сымса долгун хамсаныыта бүтүн бэйэтигэр көһөн, киһитин түһэҕин үрдүгэр имиллэҥнэс иирэ талах кэриэтэ биир кэм имиллэҥнии, иннинэн-кэннинэн кэдэриҥнээмэхтээн ыла олордо. Түөһүн өрө анньан, кытааппыт тумугунан уос, мурун устун даҕатан ыла-ыла, ууруур-сыллыыр уостартан куота тэйэ, көөчүктүү олордо. Ол быыһыгар үөһээ-аллараа уостары эр-биир солбуйа эмпэхтээн, тылынан киирсимэхтиир. Эппиэттиир иҥсэлээх оборууну ылла да, кэннинэн чинэрийэн, аны бэйэтин уоһун сырыһыннара оонньуур. Ол быыһыгар тыҥыы охсубут «били-билини» таарыйар-таарыйбат өгдөҥөлөөн, биэрэр-биэрбэт буола татакалаан, уол оҕотун
улаханнык ыксатта. Силигин ситэрэн, иһин түгэҕиттэн иҥсэлээхтик «аа... ууу.... уоой-ааай» буолан, бэйэтэ да бэрт кыраттан иҥнэн олорор муҥнааҕы ууга-уокка түһэрэн, бу түгэҥҥэ баһылыыр-көһүлүүр, баҕалаах буолуу оруолу ылбытын сэрэйэ оҕуста. Эр киһи кини оҕуурдаах ситимигэр сөллүбэттии иҥнибитин билэн, үөннээхтик мичик гынаат, киһитин тиэрэ кэбэн кэбистэ. Ол кэннэ ойон тураат да, тугу да иилинэ, хаххалана барбакка, ийэттэн төрүү сыгынньах хос таһыгар сылыпыс гынан хаалла. Кэтэһиилээх чыпчаалы кэтэспит эр киһи, дьахтар ити быһыытын тута өйдүү охсумуна да хаалла. «Обулуом» кытаанаҕа диэн бу буолла! Кини хаһан, туох буолбутун туһунан толкуйа эт мэйиитигэр саҥа тиийиэр диэри, бааннай аанын хатанар «тырк» тыаһа иһиллэ оҕуста. Барыта бүппүтүн өйдөөтөр да, тыҥаабыты кини да буоллар, ханна гына охсуой, солуобатыгар, сырсан тиийэн, ааны тобугурата, ааттаһа турда: — Кииса-а, дьээбэлэнимэ эрэ. Ас, чэ, чэйиий.. Түп-түргэнник, кыл түгэнэ эрэ... Уу күрүлүүр тыаһыттан ураты онно хардарар айылаах саҥа таһаарыы иһиллибэтэ. — Аленка, истэҕин миигин?! Кэлиэм, кэлиэм ээ, мин эйиэхэ букатын. Этэбин дии... кэлиэм... Туокка билигин буолбатах. Саҥа суох. Арай, Алена киҥинэйэн ыллыыр дуу, сыҥырҕаан ытыыр дуу? Эс. Чөрөйүөҕүнэн-чөрөйөн турда. Даа, кырдьык, киҥинэйэн ыллыыр быһыылаах. Акаарычаан, кини өс ситиһэн үөрбүт ээ? Маннык куттаан, сантаастаан миигин тутуом диир дуо кини? Алексей да буоллар, төһө өр чороппутунан туруой, балаһыанньата да бэрдэ суоҕа сыттаҕа. Ол да буоллар көрүдүөр сөрүүн эркинигэр өйөммүтүнэн турда. Ол да буоллар, туох кистэлэй, бүөм санаалаах. Билигин тахсыа эрэ кэрэх, тутуо, ылан тэйиэ. Аан аһылынна. Пахай! Өссө да эрэл кыымнаах ыртайан турбут Алексей сирэйэ өһөн хаалла. Дьахтар мохуруобай уһун халаатын кэтэн баран, ыбылы баанан кэбиспит. Ол диэн, эбиитин күөх туойунан мааскаламмыт. Туох да буолбатаҕыныы, ааһан иһэн сүр тымныытык көрөн кэбистэ.... Эр киһи уку-сакы суунан, таҥнан баран, куукунаҕа аргыый-аргыый итии кофены сыпсырыйа олорор Аленатыгар чугаһаан кэллэ: — Ити аата, тугуй?! Алена! Наһаалыыгын ээ! Алена бастаан холку-уу баҕайытык ыйытта: — Милый, ты о чем? — Алена-ааааа! Иккиэннэрин хараҕа утарыта буолбутугар, дьахтара өрө кыынньа түстэ: — Ах вот как. Он видите ли, обиделся. На обиженных, между прочим, воду возят. Вот. Теперь ты знаешь, каково мне?! Ты так же со мной поступаешь. Не нравится?! Иди. Не держу! — Мээнэни тыллаһыма. Билэҕин – мин эйигин таптыыбын, — эр киһи, солуобатыгар, эйэлэһии диэки салайа тута сатаата. — Ты это какой-нить другой дуре скажи. Ок? С меня хватит!! — Бачча тулуйан баран, кыра аайы... Па, бу маскарааккын уһул. Онто суох кэрэҕин ээ, Эн. — Мин тугу гынарбын ыйыма. Ты мне не муж, и не босс. Сөп да!! — Кэбис. Наһаа үчүгэйдик сылдьыбыппыт дии. Бэҕэһээ, бу сарсыарда даҕаны. Итак, аны хаһан маннык
көрсөрбүт биллибэт. Истэҕин? — Да пошел ты!! Аны кэлэн да абыраама. Бүттэ. Эн миигин итиччэ акаары уонна атын кимиэхэ да наадата суох диэн албынныыгын дуо? Бар ойоххор. Сүтэн хаал. — Опять, двадцать пять. Кыраны тулуйбакка. Билигин хаалларарым сүрэ бэрт буолуо. Слышишь? Тулуйбут дьон буоллахпыт... Таптыыбын эйигин. Ол – эйиэхэ кыра дуо? — Короче, Алексей Федорович! Дорого-ой (эҕэлээн этэрэ биллэр) на днях миэхэ биир киһи предложение оҥордо. «Кэргэн таҕыс, миигинниин барыс», — диир. Кстати, он не из последних. Кырата суох чинуша. Я с ним как по маслу буду кататься. Ойох ыла сатаабыта ыраатта. Мин буолумматаҕым. Онтон устудьуоннуу сылдьан ойохтоммута. Оҕоломмуттара. Но, увы, өр буолбатахтар. Он, грит, до сих пор меня любит. Мин.... — Атын киһилэммит буолан, арахсар албас көрдүүр быһыыҥ да бу, оччоҕо?!! — Алексей бэйэм бас билиим дии сылдьыбыта, куотан эрэриттэн ис-иһиттэн кыынньан кэллэ. Сатахха, иннигэр кини тапталлаах Аленката буолбакка, куул курдук быһыы-таһаа биллибэт бөгүүрэлээх, баҕа өҥө мааскалаах дьахтар мэлтэйэн олорор. Баттаҕын эриэн сотторунан толоостук эриммит. — Утуйбутуҥ да, кинилиин?!! — эр киһи ыга анньан кэллэ, сутуруга «кыһыйбахтыырын» аһарынан кэннигэр тутунна. Алена онно кыһаллан бэрт, сэрэйбэт да: — Оннук да буоллаҕына, эн тугуҥ кыһалҕатай? Итинник тапталлаах ойоххуттан туоһулас. Миигиттэн буолбатах. — Только попробуй... (эр киһи, мэктиэтигэр, кыбдьырынна). Ол иһин ити куота көтөҕүн да миигиттэн?!! Атыны, астыгы булбут дьахтар!!! Смотри! — Оо, мантыбыт аны күнүүһүт эбит дуу? — дьахтар ойон туран, бааннаҕа ааста. Алексей ньиэрбинэйдээбитин омунугар кэккэлэһэ турбут олоппостору тоҕо садьыйталаан, ол тыаһа доҕуһуоллаах бэрээндэҕэ тахсан табахтыы турда. Кырдьык, кини күнүүлүүр, буойар-хаайар бырааптаах дуо? Суох буоллаҕа. Туора ыал аҕата киһи. Һуу, бу тугуй, кыыһырбыт ухханыгар Аленатын сирэйин чуут-чаат ньиччи анньа сыста ээ. Арыый туттунна. Ити күөх мааска эбии сытыырхатта. Ама, кинини, тапталын сыыһын, илэ бэйэтин көрөн туран, охсуо эбитэ буолуо дуо? Сүрүн... Бээ, туттунуохха, уоскуйуохха. Хата, ол «сүөһүнү» этии оҥоро сылдьыбытын «үөрэтэ түстэххэ» хайдах буолуой? Эс, эмиэ хайдах эрэ. Баҕар, куттаабычча этэрэ буолуо. Киирбитэ, Алена кимниин эрэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэр: ханна эрэ тугу эрэ болдьоһоллор. Алеша киирбитин көрөн, эр киһи санаатыгар, тута бакаалаһа оҕуста. Эр киһи иһигэр эмиэ эмискэ буурҕа-силлиэ өрө оргуйа түстэ. Эмиэ тугу барытын үлтү сыбыах, алдьатыах-кээһэтиэх санаа өрө турунан кэбистэ. Сүүрэн тиийиэн, дьахтарын түҥнэри анньан баран, төлөпүөнү былдьаан ылан хайа үктүөн санаата да, киһи эрэ буоллар бэйэтин кыана туттуо суоҕун өйдөөн, тахсар ааны былдьаста. Ыстаал аан тоҕо быраҕыллыбыт күүһүттэн бүтүн таас дьиэ дьигиһийэн ылла. Алена өссө да хомуллубакка сытар оронун, орон кытыытыгар түбэһиэх харбыйа сытар эрэһиинэлэри көрөөт, сылайбыттыы дьыбааҥҥа «лах» гына олорунан кэбистэ. Эмиэ туох да быһаарыллыбата. Эмиэ албын,
эмиэ күүтүү... Эмиэ соҕотохсуйуу курас салгына дьиэ киэҥ киэлитин толорон кэбистэ. Хаста-хаста маннык: «Бу сырыыга бүттэ, түмүктэннэ, саҥа олох саҕаланна»,— диэн албыннанна этэй? Киһитэ кэргэннээҕин билбит күнүгэр аан бастаан үүрэ, арахса сатаабыта. Оччолорго, билигин да киһитин эппиэтэ биир: «Таптыыбын, кинини таптаабаппын, тулуй, кыра хаалла». Алена сымыйа аралдьытыыттан кэлиҥҥинэн сылайан да барда. Төһөөҥҥө диэри уоруйах олоҕунан олоруой, түксү. Кини тоҕо ким эрэ күлүгэ буолуохтааҕый? Хара ааныттан албынтан саҕалаабыты тоҕо итэҕэйиэхтээҕий кини? Сүрэҕим, бырастыы... Тапталина.
kyym.ru сайтан