Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Этэҥҥэ эргиллиэҥ…»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Этэҥҥэ эргиллиэҥ…»
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.03.2022 21:32
Дьиҥнээх олохтон Бу түбэлтэ туһунан оҕо эрдэхпинэ истибитим. Кэлин хас даҕаны киһиттэн истибитим эрээри, ол түбэлтэни улаханнык уларыппакка, маарыннаһардык кэпсээбиттэрэ. Арай, ким эмэ, балаҕан аана тыаһаабытын, халлаан устун уот холлоҕос көтөн ааспыта түннүгүнэн элэс көстүбүтүн ахтааччылар. 1940 сыл. Күһүҥҥү өксүөн кэлбитэ. Халлааҥҥа намыһах, симилиэс былыттар аа-дьуо сынан тахсан, биир кэлим бүрүйэн кэбиспиттэрэ, тымныы таммахтар ол былыттартан киһини сылатыахтыы биир кэм чоллурҕаабыттара. «Чыкаалап» холкуос отчуттара ардахтаан, дьиэлэригэр тахсаары хомуммуттара Оҕолору эрдэ, ардах чугаһаабытын сибикилээн, дьиэлэригэр ыыталаабыттара. Бороҥ диэн Мохулу эбэттэн олус ырааҕа сытар быйаҥнаах ходуһаҕа оттоон, былааннарын толороллоро чугаһаан, арыый тыын ылан, кустаан, балыктаан эрэр кэмнэрэ этэ. Отчут холкуостаахтар дьиэлэригэр ыксыыллара сөп курдук: оҕолоро сотору оскуолаҕа барыахтара, онон этэрбэс тигиэххэ, таҥастарын сэлбийиэххэ наада этэ. Отчуттар хомунан, ким бириһиэн, ким тирии соннорун бүрүнэн, этэрбэстэрин кыбынан, сулбу-халбы хаамсан, күө-дьаа кэпсэтэр саҥалара бэлиэр чалбах тахсыбыт айан суолун устун ыраата турбута. Таабырданар балаҕаннарыгар эдэр, Агаппыын уол соҕотох хаалан, симии оһоххо көлөтүн көннөрөн, чоҕун чохчолоон, уотун күөдьүтэн биэрбитэ, мундулаах солууччаҕын сылыта ыйаабыта. Бу, бэйэтин саастыылаахтарын эҥил баһынан куотар үрдүк уҥуохтаах, сырдык хааннаах, хонтойбут муруннаах хатыҥыр уол, манна хаалан, ардах астыах буоллаҕына, сарсыарда кус ыта киирэрдии бэлэмнэммитэ. Төлөн сырдыгар мичээрдээн бөдөҥ, маҥан тиистэрэ көстүбүтэ. Эргэ, биир уостаах уон алталаах доруобун устубуолун арааран, хаппыт титиригинэн оҥорбут чуумпурунан саатын ыраастаабыта. Ол олорон ааспыт ыһыаҕы санаан кэлбитэ, мүчүк гыммыта. Хараҕар онно сөбүлүү көрбүт кыыһа көстөн кэлбиһэ. Уол мичийбит хараҕар төлөн дьиримнээбитэ. Оһуокай кэмигэр, эр санаатын ылынан, кыыс аттыгар киирбитэ. Кыыс сып-сылаас ытыһын ыга тутан, сүһүөхтэрин боҕулдьутан, тэҥҥэ хаамсан, оһуокай олугун түһэрсэн барбыта. Сүөкүлэ килбик, эйэҕэс мичээрэ дууһатын түгэх муннугар эрэли сахпыта. Санаатыгар, кини саҕа дьоллоох суох курдуга. Оһуокай кэнниттэн аҕыйах тылынан кэпсэтэ түспүттэрэ. Агаппыын, олус чобуота суох бэйэтэ, айаҕа аһыллан, кыратык тардыастатан ыла-ыла кэпсэтэн, кыыска «бэрт сытыы уолан курдук көһүннүм» дии санаабыта. Тэйиччиттэн дьонноро кыыһы ыҥырбыттара. Сүөкүлэ сылаас, уһун синньигэс тарбахтардаах ытыһынан уол кэтит, улахан ытыһын ыга тутан ылбыта уонна дьонун диэки түргэн хаамыынан курбачыйа турбута… Саатын ыраастаан, баҕана көхөтүгэр ыйаабыта. Мундутун нэлэ тэриэлкэҕэ өрөһөлүү хотторбута. Балыгын миинин кытыйаҕа куттан, итиилии сыпсырыйа олорбута. Хаҥас муннукка кутуйах хачыгырыыра иһиллибитэ. Ардах тыаһа сэллээн, чуумпурбута. Халлаан боруоран барбыта. — Бэлиэр хараҥарар буолбут, — диэн, кэһиэҕирбит куолаһынан бэйэтэ бэйэтигэр ботугураабыта. Мундутун хамыйаҕынан баһан ылан, уобалыы олордоҕуна, аан диэки сүр улахан тыас «лүһүгүр» гыммыта. Уол дьигиһис гынан, соһуйан, сүүһүн көлөһүнүн хаҥас ытыһынан туора-маары соттубута уонна мас луоскатын туппутунан даллайан олорбута. Эмискэ балаҕан иһигэр бэрт сөҥ куолас төлө биэрбитэ: «Соргу-дугуй!» Соһуйан, хамыйаҕын төлө тутаат, Агаппыын ойон турбута, уорҕатынан тымныы таммах аллара сүүрбүтүн билбитэ. Көрдөҕүнэ, аттынааҕы дүлүҥ олох иҥнэх гынан ыларга дылы гыммыта. «Куттаныма. Этэрбин өйдөөн иһит. Улахан уларыйыылар буолаары тураллар… Эһиил сайын улахан сэрии саҕаланыаҕа… Онно эн ыҥырыллан барыаҕыҥ. Ол эрэн, улаханнык баас-үүт ылбакка, этэҥҥэ төннөн кэлиэҕиҥ. Ыал буолан, оҕо-уруу тэнитиэҕиҥ, — диэн эр киһи саҥата тохтоон ыла-ыла дуораһыйбыта. Уол хараҕа хараҥарбыта… …Агаппыын уһуктан кэлбитэ, халлаан халлыбыт, илин саҕахтан күн кытара кыыспыт этэ. Кини түһээбитин дуу, дорҕоонноох саҥаны илэ-бодо истибитин дуу кыайан быһаарбатаҕа. …Кини уоттаах сэриигэ сылдьан, кырыктаах өстөөхтүүн кыргыһан, кыайыы көтөллөнөн этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Манна диэн эттэххэ, «Чкалов» холкуостан, Мохулу эбэ кытылыттан сэриигэ барбыт уолаттар уонна эр дьоннор бары этэҥҥэ эргиллибиттэрэ. Ким чэгиэн бэйэлээх, ким этэ-сиинэ сэймэктэнэн, бааһыран, баттыкка өйөнөн… Маннык, биир түбэттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт дьон бүттүүн эргиллэн кэлиилэрэ — Саха сирин устуоруйатыгар улахан сэдэх түбэлтэ. Агаппыын кэргэннэнэн, оҕо-уруу тэнитэн, холкуос, онтон сопхуос туруу үлэһитэ буолан, үйэтин моҥообута. Көстүбэт киһи саҥатын истибитин туһунан отой хойут, сэрии бүппүтэ үйэ чиэппэрэ кэриҥэ ааспытын кэннэ, эһэбэр Василий Кононович Семеновна — Хабаанньаҕа кэпсээбитэ. Эһэм ону бэркэ сэҥээрбитэ: «Ньыыкан Арамаанап кэлэн ааспыта дуу? Кинини үөрэх хомуһунун туттан көстүбэт буолбут, кэлэр кэми курдат көрөр киһи диэн кэпсиир буолаллара кырдьаҕастар урут», — диэбитэ. Оттон мин испэр»Түһээбитэ буолуо», — дии санаабытым. Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан