Кэпсээ
Войти Регистрация

«Кыайбыттары сууттаабаттар»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Кыайбыттары сууттаабаттар»

K
edersaas.ru Категорията суох
12.03.2022 18:21
Саас эрдэлээн, халлаан дэлби хатаан, хаар уутун балачча көтүппэхтээтэ. Сааскы ылааҥы күннэр тураллар. Ходуһа хаара ууллубута быданнаата да, тыа хаара хаарынан сытар. Ходуһалары, сылгы хаһыыларын өртөтөлүөххэ дьэ тоҕоостоох күннэр-дьыллар тураллар. Былыр Ородьуйуон оҕонньор аҕата, сылгыһыт идэлээх буолан, дьэ, өртөөһүнү сыал-сорук, үлэ-хамнас оҥостон ыытара. Оттонор ходуһаны өртөөннөр от охтор гына үүнэрэ, ходуһа да кэҥиирэ. Дулҕаҕа да, тамалҕаҥҥа да былдьатыы туһунан түһээн да баттаппаттар этэ. Оҕонньоттор: — Сири оҥордоххо сир буолар ээ, — дэһэн, күө-дьаа көбдьүөрүйэллэрин Ородьуйуон субу баар курдук өйдүүр, Аныгы үйэҕэ ол барыта хаалан турар, өртүүртэн уот барар диэн ааттаан. Былыр өрт уотуттан баһаар турбутун тоҕо эрэ кини өйдөөбөт. Бука, оннук баара буоллар, өйдүө этэ. Дьэ, Ородьуйуон оҕонньор бу күннэргэ дэлби кыйаханан сылдьар. Этимэ даҕаны, барыта бобуу-хаайыы, ыстараап үһү. Күҥҥэ үстэ төлөппүөнүгэр ымчыыстартан сэрэтии кэлэр: өртөөһүн бобуллар диэн. Ала чуо киниэхэ кэлэрэ дуу? Ыт да билбэт. Дьэ, итинник кыйахыылларыттан төрүт да бөппүрүөк киһи төттөрүлэһэн, бүгүҥҥү күнү ааспакка ходуһатын уонна да атын сирдэри өртөөн кээһэргэ быһаарынна. Онуоха эбии үөлээннээҕэ Дьөгүөр оҕонньор: — Ол, оҕоҕо-дьахтарга дылы, бобууттан иҥниэм дуо, сирбин өртөөбүтүм, — диэн киһиргээн, көҕүтэн да кээстэ бадахтаах. Оҕонньор, сэрэх муҥутаан, ыксал тирээтэҕинэ куотарга сылбырҕа буоллун диэн чэпчэкитик, ыспартыыбынайдык таҥынна. Түөһүгэр халампаас хараҕын — бүнүөкүлүн — иилиннэ да бэлэсипиэтинэн суол устун Эркээни эбэ хотун хочотун устун тэбэн тыкаарытта. Хочо иэнэ нэлэһийэрин, хойгур ыраахха мыраан үөһэ бэс тыа көҕөрүмтүйэрин үөрэ одуулуу-одуулуу ходуһатын хайысхатын туһунан суолтан туораан, арыы үөттэргэ «Урал» тимир атын хаалларда. Ол-бу диэки олоотоон баран бүнүөкүлүнэн тартаран тула-мала көрөттүү түстэ.. Киһи улаханнык уорбалыаҕа, сибикилээн сэрэхэчийиэҕэ суох курдук. Ородьуйуон сүгэһэрин у7улла. Үрүссээгиттэн гаас боллуонун хостоон, насааккатын кэтэрдэн кээстэ. Уонна аа-дьуо ходуһа үөһүн диэки киирдэ. Сир-дойду өртөммөтөҕө ыраатан, кур лаҥхаҕа баттатан сытара хаамарга кытта ыарахан курдук.. Ходуһатыгар кэлэн соруктаах аҕайдык тимири кытта эллэһэн хараара бакырыйан эрэр сөмүйэтин айаҕар батары биэрэн, илитэн баран, тыалын хайысхатын билгэлээн өрө уунна. Тыала, сэрэйбитин курдук, соҕурууттан эбит. — Чэ, дьэ ! — диэн баран, боллуонун тумугун эрийэн аһаат, тыр-тыр гыннарарын кытта, хаппыт сэтиэнэҕи уот хабан ылла да, тыалтан сэтэрийэн үөрбүт-көппүт курдук өрө кытыаста түстэ. Барытын тэҥинэн сиэтээри хаама сылдьан тырдырҕатан баллуонуттан уотунан уһуурда сырытта.. Өрт уота араас өҥнөөх буруону будулутан таһаара-таһаара, дьэ, сэтэрийэн, биир күдьүс сирилэс тыас буолан, ходуһа устун кытыастан бара турда. . Оҕонньор бэркэ кыһаллан, үлүһүйэн, сэрэҕин сүтэрэн кээстэ. Чочумча буолан баран, дьэ, өйдөнөн, тулатын көрбүтэ, доҕоор, хоту диэки суолга «табылыакка» УАЗик кэлэн тохтообут. Түөрт киһи кини диэки сулбу хааман иһэллэр. Оҕонньор халампааһын хаба тардан ылла. Бүнүөкүлүнэн тартаран, улаатыннаран көрбүтэ: хахаардалара, ысыначуоктара килбэһэн, дьэ, кини үрдүк аатыгар иһээхтииллэр эбээт, талыыкан эрэттэр! Бэлэһипиэтин диэки сүүрүөҕүн, суолун былдьыыһыктар. — Дьэ, хайдах тутаргытын көрүөхпүт! Көрүлээн көрдөхпүт! — диэн саҥа аллайаат, кырдьаҕас дэриэбинэ диэки сүүрэн мадьарыйда. «Былыргыта успуорт оскуола киһитэ этим. Билигин да, ыксалга, киэһэ аһыырдаах наһаа тыытыспат оҕонньоро буолуохтаахпын!» — диэн дэбдэтинэ саныы-саныы бэдьэйэн иһэн көрдөҕүнэ, дьоно сүүрэн үөскэ киирбиттэр . Дьэ, бэрт! Эмискэ буруйан, суол диэки ойдоҕуна кыыра-кымчы иннин былдьаппат курдук буолбут.. «Бэлэһипиэппэр таҕыстарбын эрэ, көҥдөй оҕотун курдук таах көҥүл көтөбүн уонна суолга таҕыстарбын эрэ, били, Тиит оҕонньор мэлдьэһэн кубарытарын курдук, кылбаччы мэлдьэстэххэ тугу булаллар үһүө?» — дии санаат, туора буруйаат, сэлиитин эбэн биэрдэ. Суолга чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ, дьоно хаалбыттар, арай, арааһа, биир саамай атамааннара — куйаабыл курдук уһун хатыҥыр уол — иннин ылаары, суолун быһаары, сүүрэн тыраадыҥнаан, чугаһатан эрэр.. «Бу дьаабал ситииһик.. Абаккам, күн-хаан тирээтэҕин көр эрэ! Хор, уонча сылы быраҕар киһи, көрө куотуо эбиппин!» — диэн санаан аһарда. Ол икки ардыгар нууччалыы хааннах, сүүрбэтин эрэ ааспыт уол: — Тохтоо! — дии-дии бу мэҥийэн кэллэ.. Оҕонньор былыргы ордуос санаата оргуйа түстэ, кимиэллээх майгыта киирдэ, хассаах хаана хамсаата. «Хор, илиитэ-атаҕа уһунун, бэркэ адаарыйыах айылаах эбит! — диэн саныы түстэ, — Ысысысыр успуордун маастарын отунан-маһынан оҥорбоккун! Тутуһан да көрүөххэ!!! — диэт, субу барыйан кэлбит молохочуоһу быччыҥын өйдөбүлүнэн вертушкалаан ыытан, хара сиргэ «ньылк» кыннараат, бэлэсипиэтигэр ойон тиийдэ. Кыратык анньа түһээт, суолга тахсан, дэриэбинэтин диэки тэбэн тыкаарыта турда. Киһитэ кэмниэ-кэнэҕэс сөхсүнэн туран эрэрин эргиллэн көрөн, саҥа таһааран күлэ-күлэ, тимир көлөһүн көлүөһэтин испииссэлэригэр күн уотун оонньотон чаҕылыппытынан, дэриэбинэҕэ тэбэн тырылатан киирдэ. Дьиэтин таһыттан бүнүөкүллээтэҕинэ ходуһа, сылгы хаһыытыныын килэччи өртөнөн, хоту диэки өрт уота бара турда. Сотору умуллуо. Биир, дьылы аһатар, улахан наадалаах үлэ оҥоһулуннаҕа ити. Ити мучумааны барытын бөһүөлэк дьоно дьаһалта үлэһиттэриниин ытыска уурбут курдук көрөн турбуттарын оҕонньор билбэтэҕэ. Тутуллубута буоллар, дьаһалтаттан сэмэ-суҥха буолара хаалбыта .Кэлин, сири-буору аннынан иһиттэххэ, баһылык күлэ-үөрэ: — Кыайбыттары сууттаабаттар, — диэбит сурахтааҕа. Дөгүөр Һэрэмээт
edersaas.ru сайтан