Кэпсээ
Войти Регистрация

Куоппут дьол туһунан кэпсээннэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Куоппут дьол туһунан кэпсээннэр

K
07.10.2019 12:20
Ааспыт төннүбэт Мин билигин 50 саастаах, олоҕу син билбит ки´ибин дии сананабын. Бу алҕаспын эдэр дьон хатылаабатыннар диэн бу суруйарга бы´аарынным. Устудьуоннуу сылдьан Сергей диэн уолу кытта доҕордоһор этим. Иккиэн олус тапсан киинэҕэ сылдьарбыт, киэһээҥҥи Сэргэлээх устун күүлэйдиирбит, бибилэтиэкэҕэ бииргэ дьарыктанарбыт. Үһүс кууруска сылдьан кини миэхэ «ыал буолуохха» диэн этии оҥорбута. Ол саҕана бииргэ үөрэнэр кыргыттарым аҥаардара ыал буолан ыраап-пыт этилэр. Мин төһө да олус иэйэн-куойан таптаабатарбын, сиэр быһыытынан, ыал буоларга сөбүлэҥмин биэрбитим. Сергей олус холку, үтүө санаалаах, күүстээх, арыгыны испэт, ордук-хоһу сылдьыбат көрсүө уол этэ. Саамай сүрүнэ, миигин олус таптыыра. Саас муус устарга регистрацияланарга быһаарыммыппыт. Биһиги, дьиҥинэн, олус бэрт, дьоллоох ыал буоларбытыгар туох да саарбахтааһын суох этэ. Буолуо да этибит. Ол эрээри, мин олохпор эмискэ Витя күөрэйэн кэлбитэ. Уопсайга гитаратын туппутунан, мэлдьи икки-үс доҕор уол кутуруктаах, кыргыттар хосторун кэрийэ сылдьан ыллыыр, кэпсээн-ипсээн «былааһы ылар» Витяны уруккуттан да билэрим. Кыыс аймахха улаханнык сыаналанар аптарытыат, бары умсугуйар уоллара этэ. Арыгыны да сирбэт этэ, дьахтар аймахха да лаппа «сыстаҕаһа». Дьиҥнээх аатын эттэхпинэ, бука, ол саҕана Сэргэлээххэ үөрэнэ сылдьыбыт дьон үгүстэрэ билиэхтэрэ эбитэ буолуо. Биирдэ дьүөгэлэрбин кытта бырааһынньыктыы олордохпутуна Витя биир табаарыһын кытта киирэн кыттыста. Оннук идэлээҕэ, кини киирбитэ бэйэтэ туспа үөрүү буолан, ким да холдьохсо барбат этэ. Сампаан, көр-күлүү үгэннээн турдаҕына, кини кимтэн да килбигийбэккэ миэхэ болҕомто бөҕөтүн ууран, адьас, уулларан кэбистэ. Кыргыттарым күнүүлээн туттуу-хаптыы бөҕө буолбуттарын өйдүүбүн. «Красавчик Витька» болҕомтотунан кыыс эрэ барыта туһаммат. Онтон олус дьолломмуппун, саха тэҥэ суох санаммыппын өйдүүбүн. Сүрэххин хамаандалаабаккын, онтон сылтаан Сергейбэр батан кэбистим. Кини ону истэн баран олус соһуйбутун, уолуйбутун өйдүүбүн. Сулана-кэлэнэ сылдьар майгыта суоҕа, онон туох улахан охсууну ылбытын мин билбэтэҕим. Саҥа тапталынан ииригирэ сылдьан, ону интэриэһиргээбэтэҕим даҕаны. Икки сыл буолан баран мин, кырдьык, ол Витябар эргэ тахсыбытым. «Миэхэ кэргэн тахсаҕын дуо?» диэн туох да дириҥ суолтаны уурбакка, дьаалайбакка туран этии оҥорбутугар мин курдук дьоллоох киһи суоҕун курдук санаммыт кэмнэрим бааллара... Кинилиин аҕыс сыл олорбуппут. «Үчүгэйдик олорбуппут» диир кыах суох. Элбэхтик иирсэр этибит. Субу-субу ханна эрэ сүтэн хаалан сылгылатан сордуура, арыгылыыра, атын дьахтарга хоно сытарын тутан дьиэтигэр аҕалар түгэннэрим кытта бааллара. Ханна да түптээн-таптаан үлэлээбэтэҕэ. Ыал буолан ситиһиим диэн, хата, кыыс оҕолонон хаалбытым. Араҕыстаҕым утаатыгар, олох охсуутуттан улаханнык эмсэҕэлээбиккэ, эрэйдэммиккэ холунан, тыаҕа (куораттан чугас улуус киинигэр) төрөппүттэрбэр сайылаан олорбутум. Тыа сирин усулуобуйата өйдөнөр. Онно киэргэнэ, маанымсыйа, бэйэни «формаҕа тута» сатыыр кыһалҕа кыра. Биир киэһэ оттоон кэлэн баран дьиэбит таһыгар хара «волга» массыына кэлэн турарын көрөн наһаа соһуйбуппутун өйдүүбүн. Ол саҕана итинник массыына бырабыыталыстыба улахан тойотторугар эрэ баар буолар курдуга. Биһиги эргэ матасыыкылынан тарылатан, дьүһүн-бодо,
кыраабыл-атырдьах бөҕө буолан (оттуу сылдьар киһи сирэйэ-хараҕа, таҥаһа-саба өйдөнөр буоллаҕа) тиийэн тохтообуппутугар, массыынаттан, били, урут ыал буола сыспыт Сергейим тахсан кэллэ. Сирэйэ-хараҕа ырааһа, уҥуоҕа көнөтө, туттара-хаптара эрчимэ... Уруккутуттан өссө тупсубут. Быдан эрдийбит, кииллийбит, саҥата дорҕоонноммут, бэйэтигэр бэрт эрэллээхтик туттар буолбут. Кыбыстан сиргэ тимириэхпин сир кытаанах буолан биэрбитэ. Наһаа соһуйбуттарыттан айахтарын аппытынан турар бырааттарым, аҕам көрөн турдахтарына, сибэкки дьөрбөтүн уунна, «кыыскар» диэн оҕо оонньуур куукулатын туттаран кэбистэ... Командировкаҕа кэлэ сылдьар эбит... Ол киэһэ бөһүөлэк таһыгар пааркаҕа болдьоһон тиийэн кэпсэттибит. Мин кинини олус акаары, кыбыстыылаах балаһыанньаҕа хаалларан, атаҕастаан барбытым кэннэ тугу санаабытын-онообутун, кэнники сыллардааҕы олоҕун-дьаһаҕын кэпсээтэ. Били мин дьүһүлэммитим кэннэ, тута соҕурууҥҥу вузка көһөртөрөн салгыы үөрэммит. Дьахтартан кэлэйбитэ бэрт буолан, тус олоҕун оҥосто сатаабакка, наар үлэнэн, карьера оҥостуутунан дьарыктаммыт. Элбэҕи ситиспит. Оннун-тойун булан баран, икки сыллааҕыта биир оҕолоох, эриттэн арахсыбыт дьахтары кытта ыал буолбуттар. Оннук бэйэлээх улахан иэйии-куойуу, «өлүөххэ диэри таптал» эҥин диэн буолбакка, хардарыта ытыктаһыы таһымынан үчүгэйдик олороллор үһү. Уопсай оҕоломмотохтор. Миигин туохха да буруйдаабакка, суҥхарбакка, олус холкутук, дуоспуруннаахтык кэпсии иһэр киһини, били, мин урукку эрим буолуохсукка тэҥнии саныы истим. Оо, киһи киһиттэн атына сүрдээх да буолар эбит. Бу бэйэлээх киһини таба көрбөтөх, сыаналаабатах далай акаары да дьон баар буолаахтыыр эбиппит! Дьиҥинэн, туга да уларыйбатах ээ, уруккута уруккутунан сылдьар. Кэпсиирин быыһыгар: «Оо, онно мин эйигин хайдах курдук таптыы сылдьыбыппын эн билбэт буоллаҕыҥ! Эн барбыккар сир-халлаан барыта сиҥнэн түспүтүн курдук буолбута, хайдах салгыы олорорбун...» диэн истэҕинэ, хантан ылбыт хорсунум эбитэ буолла, «... сылдьыбытыҥ эрэ дуо? Билигин таптаабаккын... Оттон, ону көннөрүөххэ сөбө буолуо дии», – диэн кэбиспиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Сергейим чочумча тохтоон, мин диэки долгуйбут, ону ааһан соһуйбут харахтарынан бэрт дьиктитик тургутардыы көрөн турбахтаан баран, оргууй: «Доҕоччуок, кэбиһиий, инньэ диэмэ... Аастаҕа дии барыта, уруккуну хайдах төнүннэриэҥий... Миигин эрэммит-итэҕэйбит, уустук кэммэр күүс-көмө буолбут, миэхэ туох да куһаҕаны оҥорботох киһини хайдах быраҕан кэбиһиэмий? Киһиттэн сириллии, быраҕыллыы хайдах курдук ынырыгын, ыараханын билэр буоллаҕым...» – диэтэ. Онтон ыла сүүрбэччэ сыл ааста. Мин иккистээн эргэ тахсыбатаҕым. Бу Сергейгэ тиийэр кыахтаах, таһымнаах киһини кэлин көрсүбэтэҕим даҕаны. Быһата, Дьылҕа Хаан миигин тургутан көрөөрү дьоллоох хаартыны биэрэ сатаабытын тэпсэн, силлээн ыыппыт, «киһи буолаҕын дуу, кии дуу?» диэн талларбытын киитин талбыт эбиппин. Оттон Сергей билигин да баар. Ол кэннэ кини биһикки хаһан да көрсө да, кэпсэтэ да иликпит. Киһи мээнэ тиийбэт улахан дуоһунастааҕын таһынан, тиийэммин да тугу кэпсэтиэмий? Аны кэлэн... Мээнэ тыллаһыы содула... Таня бэйэтиттэн үс сыл аҕа Андрейы киһини билэр буолуоҕуттан ыла таптыыра. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар, үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьан, Андрей аармыйаҕа ыҥырыллан барбытыгар... Мэлдьи таптыыра. Андрей аармыйаҕа сылдьар кэмигэр,
Таня киниэхэ суруйбатаҕа. Хорсун санаа тиийбэтэҕэ. Ол эрээри, Андрей аармыйаҕа хайдах сылдьарын кини ийэтиттэн ыйыталаһан барытын сиһилии билэрэ. Андрей ийэтэ кинини «кийиитим» диэнтэн атыннык ааттаабат да этэ. Оҕотун курдук көрөрө. Кыра бөһүөлэккэ тугу кистиэҥий, Таня Андрейы умсугуйарын оскуола оҕото, үөлээннээхтэрэ бары да билэллэрэ. Саас 10-с кылааһы бүтэрэллэригэр, комсорг, актыбыыс буоларын быһыытынан, Таня «выпускной баал» сүрүн тэрийээччитэ буолбута. Бииргэ үөрэммит оҕолор бары уон сылы быһа үөрэммит оскуолаларыгар сарсыарда мустан, киэһэ баал ыытыллыахтаах саалатын киэргэтэ сылдьыбыттара. Таня улахан баҕайытык саҥаран оҕолорун дьаһайа-дьаһайа устуул үөһэ тахсан былакааты ыйыы турдаҕына, биир дьүөгэтэ санныттан тардыалаан дьигиһиттэ. Таня «тугуй?» диэбитинэн эргиллэн көрөөт... соһуйан устуултан суулла сыста. Оскуола саалатын ааныгар араас ойуу-бичик, уордьан-мэтээл бөҕөтүн иилиммит диэмбэл, эр бэрдэ тыыллан турар эбит. Кини Андрейа кэлбит! – Ким эмэ миигин өйдүүр буоллаҕына, барыгытыгар итии-истиҥ эҕэрдэ! – диэн туох да хааччаҕа суох дэлэйдик, ньиргиэрдээхтик этэн кэбиһэн баран, Андрей иһирдьэ саала киэргэтэ сылдьар оҕолору кэрийэ көрүтэлээтэ. Кыра холуочук эбит. Ол туран хараҕа Таняҕа иҥнэ биэрдэ уонна дьалаана суохтук: «Таанньыска улаатан ынырыктаах кырасаабысса буолла диэн кырдьыгы кэпсииллэр эбит!» – диэтэ. Ол кэмҥэ Андрейы кытта киирсибит биир доҕор уола «доо, ыйыт эрэ бэйэтиттэн, син биир уруккутун курдук эйигин таптыыр дуо?» диэн диэмбэлгэ өй угааччы буолла. Кырдьык, манна баар дьонтон ону билбэт да киһи суох. Дойдутугар кэлэн саха тэҥэ суох буола сылдьар холуочук диэмбэл ону хабан ылла. Устуулуттан түһэн долгуйан тэпсэҥнии турар кыыска ыга хааман ынан кэлэн, кыыс кулгааҕар: – Таанньыска-а, эн миигин урут сөбүлүүр этиҥ буолбат дуо? Ону мин билэбин ээ. Умнубатыҥ ини, син биир уруккуҥ курдук таптыыгын дуо? – диэн ыйытта. Дьиҥинэн, олус улахана суохтук саҥарбыта гынан баран, уу чуумпутук иһийэн турар саалаҕа ону бары иһиттилэр уонна... сэҥээрдилэр. «Тугу хоруйдуур эбит?» диэн тэйиччи турбут оҕолор чугаһаан кэллилэр, сэҥээрии, сээбэҥнэһии буолла. Дьэ, кыыс кылааннааҕа тугу хоруйдуур эбитий? Оҕо эрдэҕиттэн таҥара курдук санаабыт, күүппүт киһитэ субу кэлэн таҥнары өҥөйөн турарыттан олус долгуйбут, үөрбүт кыыс туох да хос санаата суох, иһиллэр гына: – Таптыыбын, Андрей. Мин эйигин куруук таптыыбын, – диэтэ. Диэмбэл «иһиттигит дуо?» диэн киэбирбиттии тула көрүтэлээн баран, собус-соруйан бары истэллэрин курдук доргуччу айахтатта: – Дуо? Оттон мин эйигин таптаабаппын дии, тоҕо эрэ. Ону хайдах гынабыт? Ол кэнниттэн Таня туох буолбутун өйдөөбөт. Саатан-кыбыстан хараҕын үүтэ көстүбэт буолан, күлэн тоҕо барбыт, сэтэриир саҥа-иҥэ бөҕө быыһыгар саалаттан сүүрэн тахсан дьиэтигэр тиийбитэ... ... Ол киэһэ Танялаах «выпускной бааллара» буолбута. Көрү-нары тэрийээччинэн, иилээччинэн-саҕалааччынан, мэлдьи да буоларын курдук, Таня сылдьыбыта. Быһата, мааҕын ньүдьү-балай быһыы буолан ааспытын таһы-быһа мэлдьэһэн кэбиспитэ, ким да ону саната да барбатаҕа. Киэһэ бииргэ үөрэммит уолаттара
кинини «баал королеватынан» талбыттара. Оҕолор күлүү-салыы бөҕө буолан, олох киэҥ аартыгар үктэнэр аан бастакы күннэрин көрсө барбыттара. Аан таһыгар диэмбэллии таҥаһын өссө да кэтэ сылдьар, хайыы-үйэ өйдөммүт дьүһүннээх Андрей кэлэн бэрт симиктик атаарыан баҕарарын эҥин туһунан тугу эрэ саҥарбыта да, кыыс «бу түүн оҕолорбутун кытта күнү көрсө барабыт, барсар буолаххына, баҕар, барыс ээ» диэн кэбиспитэ. Туох да хом санааны биллэрбэтэҕэ. Диэмбэл барсыбатаҕа. Сарсыныгар Таня улуус киинигэр баар аймахтарыгар киирбитэ. Ол күн кинилэр дьиэлэригэр Андрей кэмпиэт кэһиилээх «быһаарса» диэн киирэн баран, Таня барбыт сураҕын истэн олус соһуйан, хомойон төннүбүтэ. Кини кыратык холуочуйбучча оҥорбут алҕаһын өйдөөн түүнү быһа утуйбатах этэ. Дьиҥинэн, кини эмиэ Таанньысканы оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүрэ, аармыйаҕа сылдьан мэлдьи саныыра, ахтара, түһээн кытта көрөр этэ эбээт. Аны кэлэн, ону билигин кини кимиэхэ быһаарыай, дакаастыай? Андрей кэлин хаста да Дьокуускайга анаан-минээн тиийэн оҕо сааһын таптала Таанньысканы кытта быһаарса, элэ-была тылын барытын этэн көрдөһө, бырастыы гыннара сатаабыт этэ да, туһа тахсыбатаҕа. Таня оҕо эрдэҕиттэн тутуһан кэлбит сыаннастарын, тапталын, ыра санаатын бука барытын биирдэ туора сотон, кумалаан таһаарбыт ол хара күнү киниэхэ бырастыы гымматаҕа. Кинилэр билигин биирдэрэ куоракка, иккиһэ дойдутугар тус-туһунан ыал буолан олороллор. Арай, сайын биирдэ эмэ куораттан дэриэбинэҕэ Таанньа икки кыра уола сайылыы кэллэхтэринэ, тырахтарыыс Өндүрэй анаан-минээн кэлэн атаахтатар, тыраахтарынан хатааһылатар. Ордук холуочуйдаҕына. Билигин дэриэбинэҕэ Өндүрэй тоҕо ити оҕолорго ураты ымманыйарын интэриэһиргиир, билэ сатыыр да киһи суох. Аана Арамаанаба.
kyym.ru сайтан