Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эһэкээммит тапсыһар быһыылааҕа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эһэкээммит тапсыһар быһыылааҕа
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
21.09.2023 17:04
Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар биһиги оройуоммутугар кыра да, бөдөҥ да булт балайда элбээн сылдьыбыт кэмнэрэ быһыылааҕа. Бэл, тайах, тыатааҕы курдук кыыллары күһүн баччаларга (Сэмэнэп кэнниттэн) Бүлүү өрүһүн туораан олорор сирбититтэн, Антоновка сэлиэнньэтиттэн, баара-суоҕа 4-6 көстөөх сиргэ сытар Ыарҕалаах, Көлүйэлээх, Үчүгэй уонна Куруҥ үрэхтэргэ ытынан ирдэтэн бултуур этибит. Оччолорго, мин күһүҥҥү бөдөҥ булт дьаллыгар саҥа ылларан эрэр кэмим этэ, онон биллэн турар, бултуур, бултуйар күүстээх баҕа санааттан ураты тугум да суоҕа, булт туһунан билиим-көрүүм да аҕыйаҕа, хайа уонна сири-дойдуну билбэтим да турдаҕа дии. Туохха баҕарар курдук, ордук булка киһи киһиттэн үөрэнэр. Оҕотук эрдэхпиттэн убайым курдук саныыр, үлэҕэ-хамнаска батыһыннара сылдьан үөрэппит аҕа табаарыһым Николай Васильевич Иванов ити кэмҥэ Байыас Ньукулай диэн ааттанар балачча биллэр тайахсыт буолбут этэ. Бу да сырыыга кини миигин бэйэтин кытта илдьэ сылдьар буолбута. Кинини аҕата, аатырбыт улахан булчут Кэдэк Баһылай олох оҕо эрдэҕиттэн булка илдьэ сылдьан уһуйбут, киэҥ тайҕаны, үрэхтэри, үрүйэлэри, алардары, чэкээлэри, хайдахтаах да халыҥ систэри биэс тарбах курдук билэргэ үөрэппит буолан, былыттаах боруҥуй да күннэргэ, арыт хойутаан хааллахха хараҥа да түүн буоллун, мунар-тэнэр диэни билбэт, дьиэтин тиэргэнин иһигэр сылдьар курдук буолааччы уонна ханнык булт хайа бириэмэҕэ ханна буолуохтааҕын, хайа диэки хайыспытын билэринэн, уоту-күөһү, сэби-сэбиргэли сэрэхтээхтик туттарынан, айылҕа атын да араас мындырдарын билэринэн, биһиги төһө да үрдүк үөрэхтэнэн оройуон обургу соҕус тэрилтэлэрин салайааччылара буолан «мөҕүрээн» сырыттарбыт, тыаҕа таҕыстахпытына, кини биһиэхэ мөккүһүллүбэт «аптарытыат» уонна солбуллубат хамандыыр буолара. Эһэкээммит тапсыһара эбитэ дуу, элбэх буолан бултуур кэммитигэр мин кинилиин түбэсиһэн бииргэ сырыттахпытына, куруук бултуйааччыбыт. Ааспытын кэннэ кэпсээтэххэ — биир үүккэ үс тайаҕы суулларбыт түгэннээхпит, биир дьыл түөрт буолан алта тайаҕы уонна киһи баһыгар биирдии эһэни бултаабыттаахпыт. Бултуу сырыттахха киһи өйүгэр хатанар араас түгэннэр элбэх буолааччылар. Олортон айаҕым аһыллыбычча, икки түгэни кэпсиим. «Ол да иһин!» Арай биирдэ Көлүйэлээх үрэҕэр быһыылааҕа, күнү быһа сир кэрийэн үүтээммитигэр төннөн истибит, ыттарбыт эмиэ дэлби быстаннар нэһиилэ аттарбытын батыһан истилэр. Мин атым үрдүгэр ыҥыырга олорон нухарыйа истэхпинэ: «Уолаттаар! Кэлиҥ, быыһааҥ!»— диэн улаханнык ыксаабыт, ыгыллыбыт киһи хаһыыта иһилиннэ. Ону мин Ньукулайбар эттим. Киһим эмиэ нуктуу испит быһыылаах, истибэтэх. Тохтуу биэрдэ, бэргэһэтин сэгэтэн иһиллээн баран: «Киһи буолбатах, кыыл саҥарар»,— диэтэ. Ыттарбыт дьэ биллилэр быһыылаах, элэс гынан хааллылар, сотору үрдүлэр. Чугаһаатыбыт — биир атыыр тайах сүүстэн тахса эрэ миэтэрэлээх сиргэ уун-утары муоһа адаарыйан турар эбит. Ньукулайым бастакынан ытта, тайах охтубата, ойоҕолуу ойуолаан истэҕинэ мин ыттым. Этэргэ дылы, элбэрээкпин саҥа тардан эрдэхпинэ тайахпыт ньимис гынан хаалла. Мин ытан охтордум дии санаан олус үөрдүм, киһим эмиэ үөрүү бөҕө. Алакыылаатыбыт. Сүллүбүт, астыахпыт иннинэ сыныйан көрдүбүт — биир эрэ буулдьа уолугун үүтүгэр түспүт. Ньукулай харабыына «Лось», миэнэ «СКС», ким буулдьатын суола буолара мөккүөрэ суох. Киһим: «Ол да иһин!»— диэтэ. Бу тылга киһиргээһин буолбакка, илдьэ сылдьар сэбэ үчүгэйигэр махтаныы уонна бэйэ туттуутугар эрэллээх буолуу иһилиннэ. Тайах бултаммыт буолан, мин буулдьам суола суоҕуттан олус хомойботум, син ытыстаҕым дии. Биэс сыана Ити түгэн кэнниттэн уонча сыл буолан баран, булт биллэ аҕыйаан, дьиэбититтэн уон биэс көстөөх сиргэ Ньурба уонна Сунтаар оройуоннарын быыһыгар Ботомоойу үрэҕин баһын Харыйалаах диэн салаатыгар Ньукулайбыныын бииргэ бултуу сырыттахпытына ыппыт (биир ытынан сылдьыбыппыт) тайаҕы туруоран хаамтара сылдьан үрдэ. «Эн эдэр киһи баран ытан кэбис, мин аттарга хаалыам»,— диэтэ Ньукулай. Самыыр бөҕө түһэ турар, инчэҕэй баҕайы. Тайаҕым олох тохтообот, үрдэрэ-үрдэрэ сыҕарыйан биэрэн иһэр, ытыллар курдук харахпар да көстүбэт. Ньылбы сытыйдым. Дьэ, биирдэ сүүсчэкэ миэтэрэлээх сэндэҥэ соҕус сиргэ ойоҕоһунан тура биэрдэ. Мин ытан саайдым, тайаҕым элэс гынан хаалла, куотан истэҕинэ, кыһыйан, иккиһин ытан хааллым, ытым сырсан бурҕайа турда. Ытан баран ыппыт сиргин булгуччу баран үчүгэйдик чинчийэн көрөргө уонна туох да суох эбэтэр хаан таммалаабыт буоллаҕына балайда батыһан көрөргө үөрэтиллибит буолан, көрө бардым. Ыппыт сирбэр туох да суох, куоппут сирин диэкинэн баран истэхпинэ: «Өлүөскэ, тайаҕыҥ бу сытар, үчүгэйдэппит»,— дии-дии Ньукулайым охто сытар тайах таһыгар мичээрдии турар эбит. Сүллүбүт, сыныйан көрдүбүт. «Бастакы ытыыгар оруобуна сүрэххэ түһэрбиккин. Биэс!» — диэн киһим сыана биэрдэ. Үөрэппит киһим итинник сыананы биэрбититтэн олус үөрдүм, ол эрээри бэйэм испэр: «Кыратык санньыппыт эбиппин, икки лаппаакыларын тиһэрдии кыҥаабытым ээ», — дии санаатым. А.ЗАХАРОВ, урукку «Ньурба сопхуос дириэктэрэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан