Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мунуохпун быыһаабыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мунуохпун быыһаабыта
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
21.09.2023 16:58
Биирдэ мин дьүөгэлэрбин кытта тыаҕа отоннуу тахсан баран, солуурбун саҥалыы ортолоон иһэн, дьоммун таһы-быһа сүтэрэн кэбистим. Араастаан ыҥыран хаһыытаатым да – мэлигир. Онтон ыксаан араас ыркыйынан, талахтардаах сиринэн суолбун хайан, сөбө буолуо диэммин инним хоту хааман истим. Бардаҕым аайы ойуурум баранан биэрбэт, ордук хойдубукка дылы гынар. Тохтоон уоскуйан өйү-төйү булунаары сыгынах аттыгар сиргэ лах гына олорунан кэбистим. Арай ол олордохпуна аттыбар чуп-чугас дьон отур-ботур кэпсэтэр саҥалара иһилиннэ. Мин тулабын көрүнэн лэкээриҥниибин да, тыынар тыыннаах баар сибикитэ биллибэт. Мин бэркиһээн өйүм хамсаан эрэр дуу дии санаатым. Эмискэ иннибэр, 200-чэ кэриҥэ миэтэрэлээх сиргэ, сырдык таҥастаах киһи улахан тиит кэннигэр сөрүөстэн турарын өйдөөн көрөн олус соһуйдум. Мин аны ол диэки алтахтаатым. Чугаһаан истэҕим аайы тииккэ өйөнөн турааччы дьахтар буоларын омоонуттан таайдым. Саҥа таһааран ыҥырбыппар туох да диэн хардарбата. Истибэт быһыылаах диэн дьахтарым диэки маһы-оту барчалаан түһүнэн кэбистим. Ол иһэн туохтан эрэ иҥнэн атаҕым тумсун көрүнэн эрэрим, онтон төбөбүн хантаппытым – дьахтарым суох. Көрбүппүн итэҕэйиминэ салгыы баран истим. Арай сүүрбэччэ миэтэрэлээх сиргэ туох эрэ туналыҥныыр. Мин эмиэ батыстым. Ол иһэн эмискэ көхсүм тымныйан, куйахам күүрэн ылла. Бу санаатахпына, киһини муннарар абааһы, үөр баар буолар үһү диэн кэпсииллэрин өйдөөн кэлбитим быһыылааҕа. Ол сатаналара сылдьара буолуо диэн ыбылы куттанным уонна харыс сири халбарыйбат санаалаах отонноох солуурбун кууспутунан олорунан кэбистим. Ол да буоллар өр тэһийэн олорботум. Улаханнык саараатарбын да, санаам батарбакка мааҕын дьахтар баран испит хайысхатынан түһүнэн кэбистим. Соторунан күөллээх кыра соҕус алааска тахсан кэллим. Алаастан тахсар суолу батыһан ол киэһэ этэҥҥэ дьоммун булбутум. Бу диэки атын дьон баарын, баҕар, көрбүттэрэ буолаарай диэн дьүөгэлэрбиттэн ыйыталаспыппар, «биһигиттэн ураты киһи баара биллибэт этэ» диэбиттэрэ. Арааһа, ол ойуурга көрбүт дьахтарым (хараҕым иирбэтэҕэр бүк эрэнэбин) муннара сатаан буолбакка, сөптөөх суолу ыйан биэрбит быһыылаах. Туох дьахтара эбитэ буолла, баҕар, сир ийэ иччитэ эбитэ дуу, миигин харыстыыр аанньалым сирдээбитэ дуу, туох билиэй. Абааһы кырбаабыта Биирдэ күһүөрү кустуу, отоннуу, быһата, сынньана диэн ааттаан, хаһыа да буолан хоно бардыбыт. Сирдьиппит Куолуска ыйбыт сиригэр, ортотугар кыра соҕус күөллээх, көнө ньуурдаах, төгүрүччү барыта тиит мас тулалаах алааска тиийэн матасыыкылбытыттан сээкэйбитин сүөкээтибит. Ол быыһыгар балаакканы ханна туруорары мөккүстүбүт. Ким эрэ аһаҕас, ыраас сиргэ, ким эрэ улахан тиит анныгар диир. Тиһэҕэр, мөккүһээн-мөккүһэн баран, ойууртан чугас томтор баарыгар балааккабытын туруордубут. Бас-көс тыллаахпыт Куолуска этиитинэн күнүһүн отоннуубут, түүнүн кустуубут диэн буолла. Инньэ гынан күнүс бары ойуурга тахсан аатыгар эрэ отонноотоҕо буоллубут. Сааһыттар «хаһан киэһэ буолан куска барабыт» диэн, кэтэһии да кэтэһии. Кэмниэ-кэнэҕэс ол кэммит тиийэн кэлбитигэр, биһиэнэ биһиэнин курдук, ардахтаан дэлби сытыйда. Хайыахпытый, кыракый балааккабытыгар ыга симиллэн сыттахпыт дии. Дохсун ардах тыаһын истэ сытан бары да нухарыйан бардыбыт. Арай эмискэ ортобутугар сытар Бааскабыт сары-ору бөҕөтүн түһэрбэт дуо! Биһиги туох буолбутун билбэккэ уолуйан хаалан, көрөн баран олоробут. Бааскабыт олох итии хобордооххо сыраллыбыттыы өрө мөхсөн олорор. Биһиги киһибит хараҕын быһа симэ сылдьарын көрөн түһээн баттатар дии санаатыбыт уонна уһугуннара сатаан илгиэлээтибит. Бааскабыт уһуктар санаата суох хаһыытаабытын курдук хаһыытыы сытар. Айаҕалыы сатаан киһибитин сосуһан таһырдьа таһааран ардах анныгар сытыаран илгиэлээбиппитигэр дьэ уһугунна. Туох буолбутун ыйыппыкка киһибит маннык кэпсээннээх буолла: «Наһаа үчүгэйдик утуйан эрдэхпинэ, эмискэ аллараттан илии харбаан сиргэ тимирдэ сатаата. Бэриммэккэ өрө-мөхсө сыттахпына, хара бэкир киһи алларааттан ойон тахсан үлтү кумалаан барда. Көмүскэнэн, охсуһа сатаан кэбистим. Саатар, ыарыылаах баҕайытык охсор... » Инньэ диэт, Бааскабыт тас таҥаһын устубута — көхсө бүтүннүү бүттэтэ суох күөх баламах буолбут. Биһиги көрбүппүтүн итэҕэйбэккэ кыраһыын лаампабытын уматан сыныйан одууластыбыт. Киһибит илиитэ, атаҕа эмиэ онон-манан көҕөрбүттээх буолан биэрдэ. Оччолооҕу көрбүт дьон хоно оонньуу сылдьыахпыт дуо, түүннэри саҥата суох тыас хомунан дьиэлээтибит. Кэлин санаатахха, балааккабытын туруорбут томторбут киһи уҥуоҕа буолуон сөпкө дылы. Бааска кэлин көҕөрбүтэ барыта сүтэн-оһон, билигин бэрт чиргэл. Арай ханна эмэ тыаҕа балааккаланан-таймаланан хоно тахсыбыта иһиллибэт. Илдьэ бараары ыҥырдахха, кыккыраччы аккаастанар. Эмиэ да сөп ээ, ким абааһыттан кырбана-кырбана сиргэ хонорун сөбүлүөй. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан