Кэпсээ
Войти Регистрация

Оҕо сааспыт умнуллубат кэмнэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Оҕо сааспыт умнуллубат кэмнэрэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
25.06.2021 12:34
   Хас биирдиибит оонньообут оҕо сааһын дьиктитик ылынар буолуохтаах. Кыра эрдэххэ, бары-барыта дьикти-дьиибэ буолан көстөр эбит.          Оччотооҕу буор сирэй, хоруо мурун дьон күннээҕи дьарыкпыт диэн, сырса сылдьан лапталыырбыт, буорунан бырахсарбыт буоллаҕа. Хата, биһиэхэ өрүс тааһа эҥин суох, онон төһө да туой буоллар, сымнаҕаһа түбэстэҕинэ, бытарыс гынан хаалара. Ол гынан баран бэргэн уолаттар сирэйгэ таптахтарына, харах көҕөрүүтэ ханна барыай. Ол аайы төрөппүттэрбитигэр “охтон, дэлби түһэн” диэн сымыйалыырбыт.    Бу санаатахха, айылҕа оҕолоро эбиппит. Дьиэбитигэр аһыы түһэрбитигэр уонна утуйарбытыгар эрэ киирэрбит. Ол иһин тумууга-дьаҥҥа улаханнык ыалдьыбыппытын өйдөөбөппүн. Син киирэн ылар буолара да, сүүрэ-көтө сылдьар тэбэнэттэр түргэнник аһарынар быһыылаахпыт.    Атастыылар үһүө буолан наар бииргэ сылдьарбыт. Били эппиккэ дылы, “иннэлээх сап курдук” буоллахпыт. Тыаҕа тахсар буоллубут да бииргэ суксуруһарбыт.    Маннык гыныҥ диэбэппин эрээри, бүтэһик уруоктарга олорон, уора-көстө туһах хатарбыт. Оннук “ньыманан” биирдэ отут ордугуна алта туһаҕы оҥорон турабыт!    Биллэн турар, ол туһуттан кулгаахпыт тулла сыһыар диэри тардылларбыт. Үксүгэр мэнигинэн аатырбыт атаһым муҥнаах тутуллааччы. Учуутал иһэрин көрбөккө хаалан тутуллан, туһахтарбытын былдьатан ытыырбыт. Ол туһахтарынан бултаан аҕалан дьоммутуттан “чээн” дэниэхтээхпит хаалара.    Төрөппүттэрбит халтай тэбэ сылдьыахпыт оннугар айылҕаҕа хааман-сиимэн туһалаах дьыаланан дьарыгырарбытын бопсубаттар этэ. Ол оннугар “ичигэстик таҥна сылдьыҥ”, “сиэрдээх булчуттар буола улаатыҥ” диэн иитэллэрэ.   Спартанецтар      Оҕо эрэ барыта тугу көрбүтүн-истибитин үтүктэ сатыыр быһыылаах. Атаһым аах Ыстапааннаахха биир киэһэ “300 спартанцев” диэн киинэни көрдүбүт.    Ону көрө олорон, санаабытыгар, ол дьоруойдар быыстарыгар сылдьар курдук сананныбыт быһыылааҕа. Артыыстар “спартанцы, вперед!” дииллэрин иилэ хабан ылбыттаахпыт. Бу этиини өрүү хамандыыр буола сатыыр Ыстапаан эрэппит айаҕыттан түһэрбэккэ туттар буолбута. Биһиги Сашоктуун ол аайы итини үтүктэ-үтүктэ сүүрсэр буолбуппут. Киинэбит сорох-сорохпутугар түүлүгэр кытта “ыалдьыттаабыт” этэ.    Оскуолаҕа да тиийбиппит – оннук хартыына. Били киинэ тыла-өһө онно-манна син биир иһиллэн ааһар. Арааһа, күһүөрү көстүбүтэ быһыылааҕа. Киинэ артыыстарын сэптэрин-сэбиргэллэрин көрөн, бэйэбитигэр оҥостон барбыппыт. Ким хордуон куйаҕы, мас саабыланы, чорохо үҥүүнү.    Аны туран, бу курдук таах оҥостуохпут баара дуо, уолаттар хамаанда тэринэн били сэптэрбитинэн биэртэлэһиэх эбиппит. Ону баара, оруобуна дириэктэрбит түбэһэ кэлбитэ: бары кус оҕотун курдук үрүө-тараа сырсан хаалбыппыт. Бүттэхпит ол.    Ол кэнниттэн сэппитин-сэбиргэлбитин элиниэйкэ иннигэр туура тутаттаан ылан чохчолооһун буолбута. Улахан уолаттар, биллэн турар, үчүгэйдик оҥостор буоллахтара эбээт. Ол иһин ордук кинилэр мөҕүллүбүттэрэ. Биһиэнэ боробулуоха дуома буолаахтаатаҕа.    Ити курдук оскуолаҕа сэриилэһэ оонньуур бобуулаах диэн долоҕойбутугар кытаанахтык хатаабыппыт.   Чэҥкээйилэр      Туохпут муҥа эбитэ буолла, били, киинэ бухатыырдарын курдук сананан эрдэхпит. Мас саабыланы кытта уһун хаппыт үөрбэлээхпит – көнөтүк үүммүт титирик. Онтубут, кырдьык, син туһалыах эбит. Оттон мас саабылабыт төһө да бары кээмэйин, оһуорун-мандарын тутуһан оҥорбуппут иһин, туһата дуона суох быһыылааҕа. Арай, дьээбэлэнэн, бэйэ-бэйэбитин кытта саабылалаһа оонньуурбутуттан ураты хаарбытын тэбэнэрбитигэр, туһах иннин ыраастыырга уонна чааркаан үрдүгэр сыа хаары кутарга туһалыыра. Онтон атыныгар туһата суох чэҥкээйи эбит.    Оттон үҥүү суола туспа. Тыабыт барахсаҥҥа таҕыстыбыт да, бастаан тоҥ титириги быһан тэлибирэтэ оонньуурбут. Хаппыт буоллаҕына, илдьэ да сылдьарга судургу буолсу диэн быһаарбыппыт. Туһахтыы сылдьан хаппыт тоһоҕо курдук көнө титириги көрдөөһүн буолара. Оннукка тигистэххэ, биһиги саҕа дьоллоох киһи оччолорго аҕыйах буолуохтаах.    Аны туран, ол үөрбэ курдук үҥүүлэрбитин бары тус-туһунан оһуордаах гына оҥосторбут. Уһуктааһына эмиэ биир туспа ньымалааҕа.   Ньолохоһуттар      Күһүн, бүтэһик ньолохо саҕана, ол үҥүүлэрбитинэн “ньолохолуохха” диэн буолбута. Биир өрөбүлбүтүн онно бараабыппыт. Уута баран ырааппыт, онон-манан тыккырыы сытар үрэххэ ньолохолор субуруһалларын сойуоласпыппыт. Үрэх дьаратыйар сиригэр кэтэһэн туран, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри кэйиэлии сатаабыппыт. Онно икки дуу, үс дуу ньолохону кутуругун барбах кумахха эпсэри анньан тутан турабыт. Сүүһүнэн ньолохо кэлэн аастаҕа. Бу аата, ньолохону туубутугар үүрэр ньымабыт тупсарыллыбыт көрүҥэ этэ. Икки киһи “үҥүүнэн” анньа-анньа үүрэн кэлэр, биирбит кэтэһэн туран өтөрүтэ түһэ сатыыр.    Сотору ол тыккырыы сытар үрэхпит тоҥон хаалбыта. Ол иһин аны сэппитин илдьэ сылдьан, ааһан истэххэ хаар хоонньуга киирэн ирэрин абааһы көрөммүт, “үҥүүбүтүнэн” хаар баттаан аллара иэҕэн түһэрбит талаҕын тэбииргэ туһаммыппыт.   Курупааскыга туһата      Онтон аны бу тэрилбит туһахха иҥнибит курупааскыны “уоскутарга” табыгастаах эбит этэ. Курупааскыбыт туһахтарын дьиэттэн чугас, от тиэйбит чигдитийбит суол кытыытыгар ииппиппит. Ол иһин көннөрү да күҥҥэ, эбиэт кэннэ туох да суох буоллаҕына, сүүрүүнэн көрөн кэлэрбит. Сотору-сотору көрөр буоламмыт, үксүгэр иҥнибит курупааскыларбыт тыыннаах көрсөллөрө. Кыһын түргэнник хараҥарар буоллаҕа. Төһө да сүүрбүт-көппүт иһин, түргэн баҕайытык боруҥуйан, наар күн сырдыгын баттаһыы айдаана. Онон тиийдиҥ да, көтөрү түргэнник өлөрө охсон, арааран иитэ охсуохтааххын. Тымныыга өрө мөҕө сылдьар хас да курупааскыны бодьуустаһа барбакка, ол “үҥүүбүтүнэн” эпсэритэ охсуталаан кэбиһэ-кэбиһэ, ааһа көтөн баран араартаат, хат иитэлээн кэбиһэрбит.   Токутар кутуругун аҥаара      Аны хаар халыҥаан, сорох оҕо ахтатыттан ыйанар буолуута, көтөр хаар анныгар саһан баран, олох бу хааман хоочурҕаан кэллэххинэ, көтөн тахсар кэмнээх. Ол аайы биһиги “үҥүүбүтүнэн” батарыта түһүтэлии сатыырбыт да, биирдэ да үөлэн ылбатахпыт. Үксүгэр тиийиэхчэ тиийбэккэ хааларбыт. Көтөр көтө охсон хаалара. Кэнниттэн быраҕан көрөрбүт да, барбах кыранан сыыһа-халты ыытарбыт, таарыйар-таарыйбат ыккардынан охторбокко хааларбыт.    Биирдэ “үҥүүбүтүнэн” тайахтанан талах быыһынан куобахпыт туһаҕын көрө барбыппыт. Миигин “уһун тыстаах” диэн, атастарым обургулар иннилэригэр укталлар. Тэлбит суолбунан аа-дьуо сылдьар буоллахтара эбээт.    Ол дьыл хаардаах баҕайы этэ. Биир арыы талаҕы эргийэ баран эрдэхпинэ, бастаан биир токутар өрө көтөн тахсан сүрэхпин хаатыттан таһаара сыспыта. Мин соһуйан, айахпын атан хаалбытым. Дьэ, онтон өйдөнөн, сонордоһон барбыппыт. Сотору-сотору көтөллөрө. Сиирэ-халты анньыталаан испиппит.    Онтон талах ойуур быыһыгар кыра дулҕалаах сир баарыгар киирдибит. Онно көрө түспүтүм, көтөр киирбит суола баар, тахсыбыта суох! Дьэ, түбэстим диэн, эмиэ үөмэн сыбдыйан кэллим да – хаатыҥкалаах атахпынан тэбис! Токутар обургуттан халтарыйан охто сыспытым. Ахтам анныгар кутуругуттан баттатан, кыратык мөхсө түһээт, көтөн тахсыбыта. Мин ол икки ардыгар сыыһа-халты харбаан, хаары уоба түспүтүм!    Дьэ, туһугар абаккалаах түгэн этэ. Хаарын хаһан токутар эриллэҕэс кутуругун түүлэрин булбуппут. Бэйэбит икки ардыгар “хаатыҥка буолбакка, унтуу эбитэ буоллар, хам баттыырдаах этиҥ” дэспиппит.   Ох      Биир кэмҥэ ох саанан үлүһүйэ сылдьыбыт кэмнээх эбиппит. Бастаан көннөрү талаҕынан эҥин оҥосторбут. Онтубут, эппиккэ дылы, силлээбит сирбитигэр эрэ тиийэрэ. Онтон улам-улам охторбут улаатан, ону-маны хос-хос баайан ыаратан, оноҕоспут көтөрө улам-улам ыраатан барбыта.    Ол курдук охпут быардарыгар урукку алдьаммыт олоппостор, хайыһардар, ороннор, остуоллар чаастара кытта туттуллар буолбута. Ыттахпыт аайы ыраатар курдук гынара. Сорох охпут бэйэбитинээҕэр уһаан хаалара. Сорох кылгас да буоллар, күүстээх этэ.    Аны туран, оноҕос хайдах буолуохтааҕын “Дьурулуйар Ньургун Боотур” олоҥхо кинигэтигэр баар “дөйүтэр” эҥин диэн буолуохтаахтар” дии-диибит оҥостор этибит. Араас уһуннаах тоһоҕолору баайан ыарата-ыарата ытыалыырбыт. Сороҕор оннооҕор эстэр оноҕостору кытта оҥоро сылдьыбыттаахпыт.   Кырыысаһыттар      Бу дьарыкпыт кырыыса обургуну бултаһарбытыгар тутта сатаабыппыт да, ол баҕайы түргэнэ бэрт буолан, таптарбат этэ. Биирдэ эмэ таптардаҕына, улахан бэргэн ытааччы “Охлопков сиэнэ” аатырарбыт.    Онтон оноҕоспутун хайыһар хаалыгын төбөтүгэр икки “сүүрбэлээх” оскуоманы хам саайдахха, атырдьах диэн киниэнэ буола түһэрэ. Ону тута сылдьан быраҕааччы быраҕара. Уйатын айаҕар кэтэһэн туран курдары анньан, иилэн салыбыратан таһаарарбыт.    Биһигини “эһиги эрэ баар буолаҥҥыт” диэн киһиргэтэн кэбистэхтэринэ, кырыысалыы дайарбыт. Урукку сопхуос саҕана кулун ааҕар саҕана, быйаҥы кытта кэлсибит кырыысалар обургулар “өрө тура” сылдьыбыттара. Ол “дьиикэйдэри” сойуолаһар “мохсоҕоллор” аатыран, хотон аанын саппат этибит. Аны туран, онтубут кыра харчылаах буолара. Ону туттаран баран, бу эрэйдээхтэр “Сталлоне”, “Шварценеггер” хаартыскаларын, жгут атыылаһарбыт. Маны барытын тута сылдьар “атыыһыт” биһиги харахпытыгар олус баай киһи курдук көстөрө.   Бэргэннэр      Арагаайкаҕар жгуттаах буоллаххына, бэргэн ытааччы кэккэтигэр киирэҕин. Тоҕо диэтэххэ, имиллэҥнэс эрэһиинэнэн үчүгэй сэп тахсара. Бу санаатахха, туой буулдьанан ытан-ытан, үөрэнэн хаалан, отучча хаамыыттан кураанах гильзаны киһилээбэт этибит. Сорохтор өссө күрүө баҕанатын төбөтүгэр испиискэ маһын кыбыталаан баран тоһутарга куоталаһаллара!    Кырдьык, наар ыта сырыттахха, табар буолан хааларбыт. Сонно кыҥаабакка да ытан табарбыт. Оннук туһаайан ытыалаан, туллуктар көтөн истэхтэринэ, эмиэ “абаарыйалата” оонньуурбут. Билигин толоос соҕуһун иһин, оччолорго олус үчүгэйэ.    Аны туран, тимир турбаҕа туойу уган, үрэн ытыалаһарбыт эмиэ туһугар туспа кэпсээн. Эргэ хотон быыһынан кыҥаан туран хараҕы булларарбыт. Дьоллоох тэбэнэт кэм эбит. Дьэ, ити курдук оонньуур оҕо сааспыт биллибэккэ ааһан хаалбыт. Үөлээннээхтэрим маннык түгэннэри билиҥҥэ диэри минньигэһиргэтэ саныыр буолуохтаахтар. Оҕо саас умнуллубат түгэннэрэ...   Бүөтүр БӨТҮРҮӨП.
kyym.ru сайтан