Кэпсээ
Войти
Регистрация
Киинэ мэхээнньигэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Киинэ мэхээнньигэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
29.08.2019 15:31
Үйэ сайдан, элбэх ханааллаах тэлэбиисэринэн араас киинэни билигин күнү-күннүктээн көрүөххэ сөп. Ол гынан баран барыга-бары харбыалас, түбүктээх кэмҥэ арай суорҕан-тэллэх дьоно эрэ оннукка тиийэллэрэ эбитэ дуу – саарбах. Туох да диэбит иһин, билигин – атын кэм. Дьэ, урут Ииндийэ киинэтэ кэлэрин кэтэһии-манаһыы сүрдээх буолара. «Оройуон киинигэр көрбүттэр үһү, биһиэхэ да ол хаарыаннаах киинэни сотору ыытаа инилэр» дэһэллэрэ. Оттон пиэримэ ыанньыксыттара быдан эрдэттэн былааннаан, ол кэтэһиилээх киинэлэрэ кэллэҕинэ, оскуола оҕолорун таһаартаран үлэлэрин солбуйтараллара. Оскуола салалтата шефтэспит тэрилтэ буолан баран хайыай – аҕыйах учууталы кытта үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин, төһө да ботугурасталлар, солбукка таһаарара. Онон бөһүөлэк туох баар үлэтэ ити киинэ хаһан, хас чааска буоларын учуоттаан аттарыллара. Олохтоох сэбиэт, отделение управляющайа, оскуола дириэктэрэ, баартыйа бастакы сүһүөх тэрилтэтин сэкирэтээрэ бу эппиэттээх дьыалаҕа эмиэ кыттыгастаах буолан, сирэйдиин-харахтыын уларыйбыкка дылы буолаллара. Дьэ, бу кэмҥэ олохтоох мэхээнньик Онтуоска күннүүрэ. Киһитэ кини буолан хайа да нэһилиэги урут түһэн, ииндийэлэр энэлгэннээх ырыалаах, тэтимнээх үҥкүүлээх уонна харах уулаах киинэлэрин бөһүөлэккэ аҕалтарбыт аатырара. Аҥаардас дьахталлар бу 40-чалаах Онтуоска эр бэрдигэр хайдах гынан махтаныахтарын билбэт буола кутугунайаллара: ким бүгүһүн итигэстээбит дьэдьиэнэтин (ыт тыҥыраҕын), сугунун, моруоскатын таһааран күөрчэх ытыйара, ким «нуорма» иһитин кичэйэн кылбаччы сотон чугас уурара. Дьэ уонна киинэ кэннинээҕи күннэргэ дьиэлэригэр ыҥыран мас хайыттараллара, тиэргэннэрин хаарын күртэрэллэрэ. Киһилэрэ даҕаны ыҥыртара-хайыы барбат этэ: бэйэтэ эрэ билэр анал кыраапыгынан били аадырыстарын кэрийэрэ... Кэргэнэ Дьэбдьэкиэй оройуон киинигэр хас эмэ хоно киирбит буоллаҕына, мааһа дьэ табыллара. Кини эрэ буолуо дуо, аҥаардас котокулар оҥостор, сөхсүнэр түбүгэр түһэллэрэ; түннүгүнэн манан – мэлэс, онон – ньэлэс. Ааранан эрдэрэ мас кэрдэ дуу, балыкка дуу баран соҕотох хаалбыт дьахталлар куттаннахпыт диэн, дьиэлэрин аанын букатын эрдэттэн хатаммыт аатыраллара. Сэрэнэр-дьаарханар бастакы дьаһалы ылыммыт дьон быһыытынан, аны сэмээр түннүктэрин сабыытын сэгэтэн суолу кэтиир аатыгар бараллара. Туохтан эрэ олус долгуйаллара, ол эрээри чахчы куттаныы диэн сыта да суоҕа. Оттон «Онтуоска Дьэбдьэкиэйэ бүгүн сөмөлүөтүнэн кэлбит үһү» диэни иһиттэхтэринэ, хайдах эрэ кэри-куру буолаллара. Онтуоска, хас да сыллааҕыта Дьокуускайга киинэ мэхээнньигин биир сыллаах үөрэҕин бүтэрэн баран, бу бөһүөлэккэ күтүөт буолан кэлбит эр бэрдэ этэ. Хойуу баттаҕын өрө тараанан, сүһүөхтээх муннун хонтотон баран, дуоспуруннаахтык утары көрөн олордоҕуна, оройуон сэбиэтин тутаах үлэһититтэн туох да атына суоҕа. Маныаха мааны көстүүмү кэтэрдэн кэбис – обкуом үлэһитэ илэ бэйэтинэн! Бу хаарыаннаах табаарыс, баҕар, оннук да дуоһунаска олоруо эбитэ буолуо – сахалыы өй баҕас мааны. Ону баара, чыркымай тугуттан эрэ иҥнибит диэбиккэ дылы, түгэн эрэ көһүннэр «тэп» гыннарар уонна дьахтар аймаҕы көрдө да өйө көтө сыһар идэлээҕэ. Ити гынан баран, ол истэр-аһаатар даҕаны, кими эмэ кытта иирсэн-айдаарсан барбыта диэн суоҕа, дьахтарымсах аатырдар даҕаны
кими эмэ туппахтаан ыһыытаппыта-хаһыытаппыта эмиэ иһиллибэт этэ. Хата, испит буоллаҕына, үтүө санаата ситэри сөллөн, сэлэһэрэ, дьэ киирэрэ. Маны барытын тиэргэниттэн харахтыы охсубут Дьэбдьэкиэй саҥата умайыктана түһэрэ да, эрин начаас ыккардыгар онно-манна үктэннэртээн дьиэтигэр тэлээрдэрэ. Сарсыныгар күөх «ачыкылаах» эристииммит килиэп уочаратыгар тиийэрэ. Табаарыстара «оо, бу киһини ойоҕо эмиэ кэһэппит» диэтэхтэринэ, Онтуоска «Дьэбдьэкиэйим барахсан маннык сутургуура астык баҕайы: этим-сииним бүтүннүү сымныырга дылы, ити гынан баран бэйэтигэр наадалаах тэрилин сүрдээҕин харыстыыр, баччааҥҥа диэри тэбэн ньүөлүтэ илик» диэн күллэртиирэ. Бөһүөлэк дьахталлара обургулар, ордук балыыһа үлэһиттэрэ, бу кэлии киһи дьахтар аймахха хайдах эбитин билээри, биирдэ «эспэримиэн» ыытарга санаммыттар. Сүбэлэһии сахсааныгар Онтуоскаҕа барыан баҕалаах хара баһаам буолан тахсыбыт. Ол эрээри сиэстэрэ Сибиэтэ, саҥа дьон ханнык эбиттэрин ким-хайа иннинэ билэ охсор албастаах кыыс, «куонкуруска кыайбыт». Инньэ гынан «эспэримиэни олоххо киллэрэ» кулуупка, Онтуоска үлэлиир бууткатыгар, саньытаарынай туругу бэрэбиэркэлии тиийбит. Таһырдьа халыҥнык таҥна-сапта сылдьар кэм да буоллар, кууркатын иһинэн кылгас былаачыйалаах, хоппуруон чулкулаах, бүтүннүү кырааска өлүү тутан сиэбит киһитэ кэлэн, барбах аҕай кыламанынан оонньуу, хараҕынан арылыҥныы турбут. Мэхээнньик, соһуйан хаалан, силигэр чачайа сыспыт: биир да тылы булан этиминэ эргэ дьыбаан элээмэтин эрэ ыйан кэбиспит. Култуурата киирэн «садьыыстаа» диэтэҕэ. Кыыс остуолга сытар өрбөҕү ылан дьыбаан быылын сотоору төҥкөйбүтүгэр чулкутун үрдүнэн мап-маҥан этэ бүтүннүү кылбас гыннаҕа. Онтуоска, ити чыпчылҕан түгэнтэн уҥуоҕа халыр босхо баран, сирэйэ чоххо баттаабыт курдук кытаран, сүрэҕэ бүллүргээн, өй-мэй бараахтаабыт. Диэх да үлүгэрэ! Бу кыыс ааспыт субуотаҕа кэнсиэргэ үҥкүүлээбитин көрөн сөрү диэн сөхпүттээҕэ. Быһыы-таһаа, хамсаныы-имсэнии диэн туох да оһуобай этэ: түөс да түөс, дьылыгыраан атах да атах! Бэл, ол түүн Дьэбдьэкиэйигэр үстэ ыттан мөҕүллүбүтэ. Ойоҕо эрэйдээх Онтуоска бу Сибиэтэни саныы-саныы тохтоло суох түһүөлүүрүн хантан сэрэйиэ баарай?! Ол бэйэкээннээх кырасаабысса бу кини бууткатыгар оҥостон аҕай кэлбитиэн! Эрэ суох кыыс, биллэн турар, имэҥнээх санаата тулуппакка кэллэҕэ. Ити курдук санаалаах, дук-дах тутта-тутта Онтуоска кыыһы кытта кэккэлэһэ олорбут уонна хаҥас ытыһа кыыс кылбаҕар ньилбэгэр тиийбитин билбэккэ да хаалаахтаабыт... Итинтэн ыла балыыһалар бэркэ сыбыытаабыттар диэн сурах баара. Хонтоҕор муруннаах оҕо бөһүөлэккэ элбээбит үһү. Бөһүөлэккэ аны киинэ суох. Ол эрээри Онтуоска билигин даҕаны бууткатыгар үлэлиир үһү. Балыыһа үлэһиттэрэ кыраапык быһыытынан тиийэн саньытаарынай туругу хаһааҥҥытааҕар да кичэйэн бэрэбиэркэлиир сурахтаахтар.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан