Кэпсээ
Войти Регистрация

Мейер Едлин диэн кимий?

Главная / Кэпсээн арааһа / Мейер Едлин диэн кимий?

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.09.2023 14:51
  Эрилик Эристиин “Маарыкчаан ыччаттара” арамааныгар тас дьүһүнэ, ис сигилитэ, бэл, төрдө-ууһа кытта – барыта олус сиһилии, үүт-маас ойууламмыт омсолоох уобарас баар. Ол – Мейер Едлин. Айымньыттан бу киһи кимэ-туга барыта ырылыччы көстөн тахсар. Холобур, кини туһунан Эрилик Эристиин маннык суруйар:        “Едлин кабинетыгар хаалан, туохтан эрэ уйгуурбуттуу сабыстыгас хаастарын хамсаппыта, бытыгын турута мускуммута: “...бэлэстэринэн саатаабыт эсердэр миигин куттаҕас киһи курдук өйдүүллэр... Бу сырыыга кинилэр тылларын төттөрү ылларар гына хорсуммун көрдөрүөх тустаахпын. Британскай импиэрийэ биир холуонньатыгар национальнай хамсааһыны тэрийсэн баран, Арассыыйаҕа күрээн кэлбит Янкел Едлин уола элэктээх буолбуттарыттан бэйэлэрэ саатыахтара...    “... Кыараҕас ыллык устун айаннаан истэхтэринэ, киргил көппүт тыаһыттан куттанан, милииссийэ начаалынньыга Мейер Едлин саатын ыраах элитэн кэбиһээт: “Бэринэбин... ытыалаамаҥ!” – диэн хаһыытаабыта. Бу куттал баара-суоҕа киргилтэн буолан хаалбыта биллибитин кэннэ, Мейер Едлин хоргуһун күлсүү буолбута...”  “Эн таҥнарда баар, ол кэннэ туох сымыйанан этии, – диэн баран Едлин Амыр Бааскатын сирэйгэ дайбаата... Урут бииргэ хаартылаан, арыгылаан сылдьыбыт киһитэ атаҕастаабытыттан кыһыйбыт Амыр Бааската хардарсыбытынан барда. “Мин эйигин ытан кэбистэ баар!” – диэн Едлин бэстилиэтинэн уолукка тирээбитигэр, Амыр Бааската тохтоото уонна ытамньыйа-ытамньыйа этиһэ турда... Дьон кэккэтиттэн тахсан кэлбит Тыыллар Василий икки уостаах доруобунан Едлини түөскэ аста: “Эн, түөкүн, ыт курдук ытыалыыр дьоҥҥун буллуҥ дуо? Бэстилиэккин бырах, бырахпатаргын эрэ, бэйэҥ түөскэр сааны эһиэм!” Этэрээт начаалынньыга Мейер Едлин урут бииргэ арыгылаан баран охсуһан илиитин тоһуттарбыт киһитин суостаах хаһыытыттан куттанан, бэйэтин бас бэринээччилэрин иннигэр бэстилиэтин сааттаахтык бырахта...” (ити Сыҥаһалаах тоһуурун саҕана).     “Эн кинини билбэккин дуо? Били, Тыыллар Василийы кытта охсуһан илиитин тоһуттарбыт Мейер Едлин дии!    – Ээ, өйдөөтүм, били итирэн баран биһиги ыппытын быһа тэппитин иһин, эн кинини сымыытынан сирэйгэ бырахпытыҥ. Сымыыт уоһаҕа бытыгар тохтубутун салбанан кэбиспититтэн күллүбүт да этэ...”    “Ити Мейер Едлин акаарыта биһигини туохха эрэ тиэрдэрэ буолуо... Онтон сылтаан бэйэтин дьоно сирэйин үлтү тэпсэ сыспыттар...” Онуоха Герасим аҕабыыт: “Еврей сирэйин тэпсибиттэрэ да буоллар, ол аньыы буолбатах”, – диэн эбэн биэрдэ”.    “Мейер Едлин сэймэктээбит кыһыл армеецтарыттан ылбыт кавалерийскай саабылатынан гусар этэрээтин хамандыырын курдук атын үҥкүүлэтэ сылдьыан баҕарбыта да, ырбыт бөөхүллэ ат ону сатаабат этэ...”    “Кинилэр ханан ыттыбыттарын ким билиэй”, – диэн Едлин аҕабыыт иннигэр кулут курдук тоҥхолдьуйбахтаата”.   “Мария Яснецкаяҕа киһиргиэҕин туга да суох буолбут Мейер Едлин милииссийэ формалаах эрээри, орто үйэлэрдээҕи гусар портупеятыгар иилиммит саабылата биэрэҥнии сылдьара...   Савва Собакин кинини кэлэйбиттии көрө-көрө соруйбутугар, барыларыттан атаарҕанар эрээри кулут курдук ньылаҥныы сатыы сылдьар еврей, сэмэлэммэтэҕэр үөрэн, хап-сабар хоруйдаата...”   “Герасим аҕабыыт кыыһа, гимназияны бүтэрбит Маша анархист Едлини кытта таптал өттүнэн ситимнээх буолан хаалбытыттан өссө ордук абатыйара. Бу Иисус Христоһу кириэскэ тараччы тарпыттар удьуордарыгар, кини мадьаҕар атахтаах урукку ойоҕун оннугар, духуобунай аҕабыыт кыыһа ойох буолуох бэйэтэ буоллаҕа...”    Биллэн турар, Эрилик Эристиин кылаассабай өстөөҕү ойуулуурга “кыраасканы хойуннарбыта” сэрэйиллэр. Ол эрээри бу суруллубут, муҥ саатар, 50 %-на да кырдьык буоллаҕына, ааспыт үйэ 20-с сылларыгар Чурапчыга бэрт ис киирбэҕэ суох майгылаах (куттас, киһиргэс, кыайар дьонугар бардам, арыгыһыт, хаартыһыт, охсуһан илиитин тоһуттарар, киһи барыта сэниир, мадьаҕар атахтаах ойохтоох) Мейер Едлин диэн сыылынай дьэбириэй олорон ааспыта көстөн кэлэр.   Сылаҥ нэһилиэгэр Гражданскай сэрии бастакы түгэннэрэ      1918 с., Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас сууллубутун кэннэ, Н.И. Снитко хамандыырдаах кыһыл этэрээтэ Бороҕон сиринэн эргийэн, Боотуруускай улууһун Сылаҥ нэһилиэгин диэки кэлбитэ. Кинилэр салгыы Тааттанан Охуоскай, Владивосток диэки түһэр былааннаахтара. Снитко этэрээтэ атырдьах ыйын бүтүүтэ Бахсыттан сирдьит киһилээх нэһилиэк киинигэр – Булгунньахтаахха таҥара дьиэтигэр тиийэн кэлбит. Ол кэмҥэ аҕабыыт Аврам Васильев дьиэтигэр суох кэмэ эбит.    Кыһыл этэрээтэ Сылаҥҥа кэлиэн аҕай иннинэ, Дьокуускайтан милииссийэ салайааччыта Степанченко Чурапчы милииссийэтин начаалынньыга Мейер Едлиҥҥэ тэлэгирээмэ ыыппыт. “Охуоскайга ааһан иһэр этэрээти, төһө кыалларынан, тутуҥ” диэн. Инньэ гынан Чурапчыга суһал үлүгэрдик этэрээт тэринэллэр. Этэрээккэ М.Едлин, эсер Е.М. Егасов, учуутал К.П. Захаров, луохтуур Трифонов уо.д.а. – барыта 16 киһи киирбит. Үгүстэрэ Чурапчы бөһүөлэгэр уонна ол аттыгар олорор баай-сэниэ дьон.    Этэрээт икки бөлөххө хайдыбыт. Бастакы бөлөх биир күнүнэн эрдэлээн, Кытаанаҕынан эргийэн Сылаҥҥа түспүт. Иккис бөлөх быһа Сылаҥ Булгунньахтааҕар барбыт. М.Едлин салайааччылаах бөлөх тута Булгунньахтаах ородобуойугар тиийбит. Едлиннээх аҕыйах буолан аҕабыыттаахха кэлэн, саҥа кэпсэтэн эрдэхтэринэ, элбэх аттаах дьон иһэллэрэ көстүбүт. Едлиннээх тута тыаҕа түспүттэр, ол кэннэ дьоннорун барытын сэрэтэн баран, тыаҕа саспыттар. Кинилэр “кулгаахтарынан-харахтарынан” Мурун уола Бүөтүккэ хаалбыт. Бүөтүккэ бэйэтэ төрдө-ууһа биллибэт, тоҥ нуучча курдук дьүһүннээх, суоҕу-баары барытын ыпсаран кэпсиир олус уус тыллаах, халбархай соҕус майгылаах киһи эбит. Кыһыллар сахалыы билэр киһилээхтэрэ үһү. Дьэ, бу Мурун уола Бүөтүккэ, Едлиннээҕи кытта кэпсэтии быһыытынан, кыһылларга сирдьит буолуох буолан тылланар. Ол кэннэ кыһыллар этэрээттэрин наадатыгар сүүрбүтэ-көппүтэ буолар, ол былаһын тухары тыаҕа баар Едлин этэрээтин кытта сибээстэһэ сылдьар.    Ити түүн кыһыллар аҕабыыт дьиэтигэр хоноллор. “Кэлэн истэхпитинэ, дьиэҕит таһыгар кимнээх сылдьыбыттарай?” диэн ыйыппыттарыгар, ийэбиит “маннааҕы учууталлар кэлэн барбыттара” диэбит.    Сарсыарда кыһыллар айаҥҥа туруммуттар. Сирдьитинэн тоҕо эрэ атын киһи барбыт. Оттон Мурун уола Едлиннээххэ тиийэн холбоспут. Тоһууру Сыҥаһалаах диэн обургу, ньолбуһах күөл үрдүк эмпэрэлээх хоту халдьаайытыгар оҥорбуттар. Айан суола ол сыыр аннынан ааһар эбит. “Сигнальнай” ытыыны Мурун уола Бүөтүккэ оҥоруох буолбут. Онон кини күөл илин баһыгар, Ыт Баһын суолун төрдүгэр кэтэһэн сыппыт... Кыһыллар тиийэн кэлбиттэр. Ол эрээри Бүөтүккэ “сигнальнай” ытыыны кыһыллар тоһуурга ситэ тиийэ иликтэринэ оҥорор. Тоҕото биллибэт, дьону өлөртөрүмээри гыммыта дуу, куттанан ыгылыйан ыппыта дуу?.. Ону кытта тоһуйа сытааччылар быллаардар кэннилэриттэн ойон тахсан, ыраах иһэр кыһыллары ытыалаан бараллар. Аймалҕан бөҕө саҕаланар. Кыһыллар аттара мөҕөн, бары кэриэтэ аттарыттан сууллан түһүтэлииллэр. Арай биир Слоневскай диэн поляк төрүттээх кыһыл байыас, ата сиргэнэн, тоһуурга утары сүүрэн кэлэр. Ону төбөҕө түһэрэн тута өлөрөллөр. Сатыы хаалбыт кыһыллар тута төттөрү сырсан, тыа саҕатыгар мусталлар. Хас да кыһыл ытыалаһаары дугдуҥнаабытын хамандыырдара  Н.Снитко: “Мээнэ хааны тоҕумаҥ, син биир тутулуннубут, сааларгытын тамнааҥ!” – диэн, буойан кэбиспит. Ол кэннэ, сааларын быраҕан баран, кыһыллар тыаҕа түспүттэр.    М.Едлин этэрээтин дьоно Коркин, Ефремов уо.д.а. атынан сылдьан ол куоппут кыһыллары туппуттар. Снитко бэйэтэ икки хонон баран, Мааһа сайылыгыттан тутуллубут. Тутуллубут дьону Чурапчыга хас да хонукка хаайан сытыаран баран, куораттан тахсыбыт хаһаактарынан хомбуойдатан Дьокуускайга утаарбыттар.    Өлбүт кыһыл байыаһы сонно миэстэтигэр, Сыҥаһалаах күөл хоту халдьаайытыгар, көмпүттэр. Ол күөл атаҕын билиҥҥэ диэри “Бассабыык уҥуоҕа” диэн ааттыыллар. Кыһыл байыас чаһытын, саппыкытын, уо.д.а. бытархай малын-салын “кыайбыт дьон” үллэстибиттэр.   Едлин диэн кимий?   Бу тоһууру тэрийбит-дьаһайбыт киһи кимий?    Меерь, Евель, Янкелевь, Едлин (докумуоҥҥа аата оннук суруллубут) – 1918-1919 сс. Боотуруускай улууһугар милииссийэ начаалынньыга.    “Меер-Евель Янкелевь – административный ссыльный. Як. окружное полицейское управление нач. 15 июня 1913 года, окончено 2 ноября 1916 г. Из мещан. Родился в 1893 г. в г. Екатеринославле, вера  – иудейская, еврей. В 1910 г. в г. Лондоне принадлежал группе анархистов-коммунистов. Задержан в Варшаве. Приметы: ниже среднего, телосложение посредственное, глаза – карие, волосы головы, борода, усы – темно-русые, особых примет нет. Племя – иудейская. Природный язык – еврейский. Образование – окончил 4 класса Екатеринославской гимназии. Назначен на жительство в с. Чурапча Якутского округа с 15 июня 1913 г. Выслан из Варшавы 6 апреля 1913 г. Прибыл в Якутск в майинскую первую партию заключенных. Срок ссылки в Якутии с 14 июня 1913 г. по 1 марта 1918 г.”    Сыылкатын болдьоҕо бүппүтүн, былаас уларыйбытын да кэннэ, Едлин соҕуруу төттөрү көһөн барбатах. Кини Губпродком соҕотуопкаҕа отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, 1921 с. олунньутааҕы саагыбарга кыттан 5 сыл болдьохтоох үлэ лааҕырыгар усулуобунайдык сууттаммыт. Ол эрээри 1921 с. күһүнүгэр амньыыстыйаламмыт. Ити кэнниттэн салгыы Губпродкомугар үлэлээбит.    1927 с. бэс ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, Чурапчы улуустааҕы исполкомугар суотчутунан үлэлээбит. “Заведующий налоговым отделом Нарком торгпрома ЯАССР. Почти свободно владеет якутским языком, но изложить письменно свою мысль на якутском не может. Приказ ¹ 38, от июня 30 дня 1927 г. Народным следователем 2-го участка Якутского округа с 1 июля 1927 г. назначается г. Едлин Михаил Яковлевич. Местом постоянной камеры определяется с. Бютейдях Мегинского улуса. Предглавсуда Кузьмин” диэн суруллубут.     Мейер Едлин кэнники дьылҕата биллибэт. Чурапчы сахалара кинини Тоҥхоҥнуур диэн хос ааттыыллар эбит. Сыылкаҕа кэлбит киһи диэтэххэ, карьераны түргэнник оҥорбут. Ол курдук, Колчак саҕанааҕы милииссийэ начаалынньыга, 1918 с. кыһыллары утары тоһуур тэрийээччитэ, 1921 с. олунньутугар былааһы утары саагыбар кыттыылааҕа... Ол эрээри, хайдах эрэ быыс-хайаҕас булан, мэлдьи амньыыстыйаланан эҥин, наар ууттан кураанах тахсан испит. Онто кыра буолан, тоһуур тэрийэн, саагыбар оҥорон утарыласпыт Сэбиэскэй былааһыгар үрдүкү дуоһунастарга үлэлээбит. Ону, бука, төрүт омугун өлбөт-өспөт ураты ньуолбар дьоҕурунан, уратытынан быһаарыахха сөбө буолуо. Холобур, Сыҥаһалаахха тоһуурга Едлини кытта бииргэ сылдьыспыт, 1917-1918 сс. – эсер баартыйатын чилиэнэ, 1920 с. атырдьых ыйын 23 күнүттэн бассабыык баартыйатын чилиэнэ, саха биир бастакы интэлигиэнэ Елпидифор Михайлович Егасов 1921 с. “олунньутааҕы контрреволюционнай саагыбары билэн баран, тыллаабатах” диэн  буруйданан, Губревтройка дьаһалынан ытыллыбытын билэбит. Ол эбэтэр, саагыбары тэрийсибит Едлин дьэбириэй – амньыыстыйаланар, оттон ол кинилэр саагыбардарын “тыллаабатах” эрэ буруйдаах саха Егасов – ытыллар.            Туһаныллыбыт матырыйааллар: – Як. Обл. Парт. Архив КПСС. Ф.п.-1,о-1, д-252, 382,383,386 – Ц.Г.А ЯССР. Ф-15,о-23, д-42,ф-12,о-21,д-173. Як. Обл.Парт.Архив КПСС ф.п-2, о-1, д-1024 – Як. Обл. Парт. Архив КПСС ф-2, о-3, д-272, ф п-2, о-1, д-434, д-358.   Владимир Дьячковскай, Чурапчы, Сылаҥ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан