Кэпсээ
Войти
Регистрация
Летаргическай утуйуу
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Летаргическай утуйуу
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
29.09.2023 14:48
Үөһээ Бүлүүттэн «Күлүк» балаһаҕа анаан Баһылай Үөһээкэп диэн ааҕааччыбыт летаргическай утуйууга ыллара сылдьыбыт биир дойдулаахтарын туһунан бэрт дьикти суруйууну ыыппыт. Бу муоҕа-чуоҕа суох кырдьыктаах иһитиннэрии буоларын мэктиэлээн ол дьон уруулара-аймахтара кимнээх буолалларын толору ыйбыт. Ол гынан баран, дьиктитэ, бэйэтин дьиҥ аатын чып кистээбит, ыйыталаһа-токкоолоһо сатаабаппытыгар көрдөспүт, уруулара сөбүлүөхтэрэ суоҕа диэн сэрэхэдийбит. Онон манна кэпсэнэр дьон ааттарын уларытан биэрбиппитин баалаабаккытыгар көрдөһөбүт. Хата, атын улуустарга, аныгы кэмҥэ маннык быһыы чахчы буолбуттаах буоллаҕына ким эмэ кэпсиэ эбитэ дуу? Дьиҥинэн ыллахха, устуоруйа чахчылара кэрэһилииллэринэн, летаргическай утуйуу төһө да балачча тарҕаннар, билигин да туохтан төрүөттэнэрэ быһаарылла илик, ыарахан ыарыы буолар. Омугуттан, сааһыттан тутулуга суох ханнык баҕарар киһи итинник уһун утуйууга түбэһиэн сөбө ыйыллар. Манна туох да киһи аньыыргыыра суох. Чуо сахаларга маннык утуйуу наһаа да уонунан сыл уһаабатар, буолаары буолан аҥаардас биир улууска, бэлиэтэнэ сылдьыбыта – туһунан дьикти. Мантан аллара Баһылай суруйуутун билсиҥ. Бастакы түбэлтэ Сэттэ уонча сыллааҕыта сэрии саҕаланыытын аас-туор сылларыгар Үөһээ Бүлүү Намын нэһилиэгэр өрүс уҥуор Харыйа Арыытыгар субан сүөһүнү көрөн кыстаары олорор, икки уоллаах, биир кыыстаах (биир кыыһы дьоҥҥо ииттэрэ биэрбиттэрэ) кэргэннии Уйбаныаптарга соһумар быһыы буолбуттаах. Ол курдук, аҕалаах ийэ биир уончалаах уолларын кытта соһумардык өлөн хаалаллар. Хоргуйан олорон эмтэммит сылгы быарын сиэн сүһүрбүттэр үһү диэн кэпсэтии баара. Кыыстара, өлбөт быатыгар, хата, быартан сиэспэккэ, этин сиэн тыыннаах хаалан, Намҥа киирэн тыллаан, нэһилиэги атаҕар туруоран, үс киһини харайаары хоруоптаан олордохторуна, били, уончалаах уоллара Өлөксөй тиллэн кэлэн аймахтарын улаханнык соһутан турар. Бу тиллибит уол кэлин улаатан баран мин бастакы кылааска үөрэммит кыыспын, бэйэтиттэн уонча сыл балыс кыыһы, ойох ылбыта, биэс-хас оҕоломмуттара. Өлөксөй бэйэтэ алта уонун туолбакка сылдьан олохтон букатыннаахтык туораабыта, кэргэнэ 40-нун туолбакка сылдьан өлбүтэ. Иккис түбэлтэ Бастакы холкуостааһын сылларыгар буолуо, билиҥҥи Ньэгэдьээккэ эмиэ соһуччу түбэлтэ буолан турар. Биир ыал ииттэ ылбыт сэттэ саастаах Өлөксөөннөрө өлөн хаалан, дьонун хомотуу бөҕөнү хомотор. Хоруобун маһын, буорун үлэтин бүтэрэн, иккис күнүгэр хоруобар угаары кэлтэрэ, арай, уолларын иэдэһэ тэтэрэн хайдах эрэ тыынар чинчитин билэн, өрө-таҥнары сахсыйан, тыын киллэрэн тириэрбиттэрэ. Онтулара улаатан, ситэн, өр кэмҥэ суоппардаабыта. Кинилиин бииргэ иитиллибит А. уонна дьиҥнээх бииргэ төрөөбүт эдьиийдээх убайа оҕо бөҕөнү тэнитэн, элбэх ыччаттаах дьон. Үһүс түбэлтэ Далыр нэһилиэгин олохтооҕо Уйбаан оҕонньор 60-чатыгар чугаһаан баран өлөн хаалар. Уолаттара бары мустан аҕаларын бүтэһик тэрээһинин дьаһайаары олорон, оҕонньор миҥэ хоолдьуга ата ханна сылдьарын кэпсэтиһэн эрдэхтэринэ, өлбүтэ иккис хонугун ааһыыта бадахтаах, оҕонньордоро: — Аппын өлөрбүккүт буолаарай, түөкүттэр, атым баар ини? — диэбитинэн хорос гына олоро түһэн, дьонун соһутуу бөҕөнү соһуппут. Тиллибит оҕонньор їїити кэнниттэн үс-хас сыл салгыы олорон баран, улаханнык ыалдьан суорҕан-тэллэх киһитэ буола сытан, эмиэ өлөн хомотор. Эмиэ туох баар тээбиринин тэрийэн бүтэн, «хайа муҥун оҕонньор сылгытын харыстаспат ини» дии-дии, сылгытын этин сиэн-аһаан күөллүү олорон, ат сыата төһө халыҥын быһах өнчөҕөр холоон эрдэхтэринэ, оҕонньордоро эмиэ хорос гына түһээт: — Ама, мин сылгым хаһата быһах өнчөҕө эрэ буоллаҕай! Сымыйалаамаҥ, илииттэн ордук буолбат дуо. Ирээппэр хартаны ордордугут ини? – диэн, эмиэ соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбут. Ити курдук аҕалара иккистээн тиллэригэр доруобуйата тупсан, өссө хас да сыл күн сиригэр олорон баран, үһүс барыытыгар дьэ дьиҥнээхтик айаннаабыт. 50-с сыллар эргин быһыылааҕа. Онуоха эмиэ оҕолорун ыҥыртыыллар. Онуоха улахан уола: — Оҕонньор, тойон дьиэлээх, хайа муҥун өлөр аатырдаҕай. Бу сырыыга баҕас барбаппын, — диэн баран батынан кэбиспит сурахтаах. Ыччаттара биллэр-көстөр үлэһит дьон буолан, бу оҕонньор дьикти өлүүлэрин туһунан соччоттон күн бүгүнүгэр дылы кистэлгэ туталлар да, дьиҥнээх түбэлтэ буоллаҕа, хайыахпытый. Арай «били, .... дылы буолаайаҕын» диэн сэрэтэллэрин үгүстүк истибит киһибин. Төрдүс түбэлтэ 1960 сыллар кэннилэригэр буоллаҕа, Харбалаахтан төрүттээх Маарыйа диэн кийиит буолан кэлэн олохсуйбут элбэх оҕолоох ыал ийэтэ 50 сааһын туолар-туолбат сылдьан өр кэмҥэ ыалдьан баран, анараа дойдуга аттанар. Кэргэнэ, оҕолоро айманыы бөҕө. Өлбүтүн суукка ааһыыта, арай киһилэрэ хамсаан кэлбит уонна өссө саҥалаах үһү: — Ыччыы-ычча, утаттым даҕаны, чэйдэ уонна хааһыта аҕалыҥ эрэ. Онуоха дьоно көрдөөбүт аһын аҕалан биэрбиттэригэр, икки ньуоска хааһыны кытта чэйин испит уонна «айанныыр ыһыкпын ыллым» диэт бүтэһиктээхтик тыыммат буолбут. Төһө да дьахтар тиллэн кэлбэтэр, бу туһунан дьикти түбэлтэ диибин, сылы кыайбатынан көтө-мөҕө сылдьар эрэ ойоҕун батыһан «бараахтаабыта». Баҕар, ону түүйэн тиллэ сылдьыбыта буолуо. Оҕолоро, сиэннэрэ этэҥҥэ олороллор. Көннөрү сөп түбэсиһии буолуон сөп. Бу маннык холобурдары биэрэн туран, ааптар суруйар: «Үөһээ Бүлүү оройуонугар сүүс сыл иһигэр буолан ааспыт летаргическай утуйуу түбэлтэлэрэ миигин эдэр сааспыттан дьиктиргэтэллэрэ. Бу курдук тиллэн баран оҕо-уруу тэнитэн уһун олохтоммуттар 1900-2000 сыл иһигэр өссө да элбэхтэрин, баҕар, билбэтим буолуо. Биһиги оройуоммут онон бу чааһыгар туһунан рекорд олохтообута диэн тус бэйэм этиэхпин баҕарабын. Күндү ааҕааччылар, эһиги туох дии саныыгыт? Казахстантан төрүттээх билигин Москубаҕа олорор Назира Рустемова, 16 сыл утуйбута биллэр. Кини 4 сааһыгар үлүгүнэйэр-түлэкэдийэр икки ардынан турукка киирбит, устунан оччолорго саныылларынан өлөн хаалбыт. Казахтар үгэстэринэн, хата, бокуонньугу буорга көмпөккө, саваҥҥа суулаан баран, сир анныгар дьиэ курдугу тутан, онно сытыараллара үһү. Арай туран төрөппүттэрэ кыыстара өллөҕүн утаа түүл көрөллөр: кыыскыт тыыннаах, өлбөтөх диэн. Дьэ онтон өйдөнөн, кыыстарын Ташкеҥҥа аҕалан эмчиттэр көрүүлэригэр, кэтэбиллэригэр биэрбиттэр. Назира “мин өлөрүм саҕана төлөпүөн диэни харахтаабатах тэрилим этэ, сүүрбэ сааспын туоларбар төлөпүөн тохтообокко тырылыырыттан уһуктубутум уонна... туруупканы ылан кулгаахха даҕайылларын билэр этим. Аны уһуктан баран хатыылаах барокамераттан хайдах тахсан барбыппын, хас да истиэнэни туораан төлөпүөннээх хоско хайдах тиийбиппин бэйэм да сөҕөбүн” диэн биир сурунаалга кэпсээбит. Рустемова утуйа сытар кэмигэр 28 см. уһаабыт, оҕо курдук эбит. Ол гынан баран биир-икки сыл буолаат пааспарыгар суруллар сааһыгар эппиэттиир дьүһүннэммит. Кыыл-сүөл, айылҕа саҥатын истэр буолбуппун, салгыҥҥа да көтүөхпүн сөп. Ол эрээри кэлиҥҥинэн көннөрү киһи сиэринэн буолан эрэбин диэн хомойор эбит. Дьоно кини уһуктубутун кэннэ наһаа куттаммыттарын, иирээки диэн чугаһаппатахтарын эппит. Үөрэхтээхтэр суруйалларынан, летаргическай утуйуу 1916 уонна 1927 сылларга аан дойду бары муннуктарыгар эпидемия курдук тарҕана, эбиллэ сылдьыбыт кэмнээх эбит. Ол төрүөтүн ким да чуолкайдык быһаарбат. Дьон өйдөрүн сүтэрэн баран, салгыы «утуйан» хаалаллара үһү. Ким эрэ аҕыйах чааска, ким эрэ сууккаҕа, ким эрэ букатын да 30-чаҕа чугаһыыр сылга Морфей саарыстыбатыгар түбэһэр эбит. Маннык ыарыыга «ордук эдэр уонна дьахтар аймах хаптарымтыа буолар» дииллэр да, дьиҥинэн, ким баҕарар хаптарыан сөп. Эмчиттэр бу ыарыыны Encaphilitis Lethargica диэн сүрэхтээбиттэр, сахатытан быһаардахха, «мэйии тымныйыытыттан киһи наһаа улугура сылайыыта» диэн. Сорох сабаҕалааччылар маны бастакы аҕа дойду сэриитин саҕанааҕы «сэрии сэбин» курдук сыаналыы сылдьыбыттара кытта биллэр. Бу ыарыы 1920, 1948 сылларга Исландияҕа эмиэ киэҥник бэлиэтэнэ сылдьыбыттаах. Аны букатын былыргы ыарыы диэҕи, аныгы кэмҥэ кытта летаргическай утуйуу түбэлтэлэрэ сыр-мыр тахса тураллар. Ол курдук 1993 сыллаахха, бэл, медицина күүскэ сайдыбыт Англиятыгар 23 саастаах Бекки Хауэллс ити ыарыынан ыалдьыбыт. Араас вирус көрүҥнэрин барытын чинчийэн, тэҥнии сатаан да күттүөннээх быһаарыыны булбатахтара. Кыыс бэйэтэ сыыйа үтүөрбүт. Англия эдэр доктордара Рассел Дейл уонна Эндрю Чёрч бу ыарыыны чинчийэр кэмнэригэр 20 оннук ыарыылаах киһи ыарыытын историятын үөрэтэн көрбүттэр. Онно көстүбүтүнэн, ол дьон үксүлэрэ түлүк ууга түһүөхтэрин иннигэр ангинанан ыалдьа сылдьыбыттара биллибит. Онон стрептококк уонна онно дьүөрэ диплоккок бактериятын үөрэтэн барбыттар. Ол түмүгэр бары ыалдьыбыт дьоҥҥо стрептоккок бактериятын биир эриэккэскэ көстөр көрүҥүн булбуттар. Быһата, дьон күөмэйдэрэ ыалдьан ыарыыттан харыстанар уопсай тиһиктэрэ кэһиллэр, эт-хаан ыарыыны кытта охсуһар мучумааныгар ол бактерия ньиэрбэ систиэмэтигэр киирэн орто мэйиини аһааҕырдар диэн буолар. Ол гынан баран «чахчы оннук» диэн эрэллээхтик бигэргэтэр кыах суох. Чинчийии салгыы барар. * * * С.Рязанцева «Танатология — наука о смерти» диэн кинигэтигэр 1963 ахсынньытыгар морга биир киһи хоруопка сытан уһуктубута кэпсэнэр. Эмиэ ити сыл Нью-Йорк моругар киирбит өлүк иһин скальпелынан хайа сотоору гыммыт патологоанатом эрэйдээх сүрэҕэ хайдан өлбүттээх эбит. Буолумуна, былыр үйэҕэ өлбүт диэбит киһитэ олоро биэрээт, хабарҕатыгар түһэрэ туох үчүгэйдээх үһү! * * * Кыладыапсык Гранаткин түбэлтэтин киһи эрэ барыта итэҕэйбэт. Ол да эрээри “бу кырдьык” дииллэр. Кинини Мечник диэн киһи туох эрэ ыараханынан төбөҕө охсон баран, өлүк көстүбэтин диэн, ойуурга таһааран хаарынан көмпүт. Мас охторооччулар ол муус буолбут киһини алҕас түбэһэ көрөн булан, морга туттарбыттар. Патологоанатом өлүгү “арыйаары” гынан баран дөйө тоҥмутуттан бэркиһээн сарсыҥҥа диэри ириэрэ хаалларбыт. Сарсыныгар кэлэн көрбүтэ: бокуонньук хараҕын дьүккэтэ хайдах эрэ өлүк киэнигэр майгыннаабат, тарбаҕын төбөтүн ыга туттахха кытарар курдук эбит. Ол эрээри букатын тыыммат, пульса суох. 22 күнү быһа таһырдьа тымныыга, хаар анныгар сыппыт киһини ким тыыннаах диэ эбитэ буолла, ол гынан баран арааһа өлбөт быата тартаҕа, быраас чинчийэн барбыт. Кэлин быһаарбыттара төбөтүгэр охсууну ылан, Гранаткин летаргическай утуйууга охтубут. Кини эмчиттэр көмөлөрүнэн сотору уһуктубут. Дьиибэ диэбэккиэт. * * * Нуучча суруйааччыта Н.В. Гоголь тыыннаахтыы көмүллүөм диэн тоҕо эрэ наар куттанар идэлээх эбит. Кини таптыыр дьахтара, табаарыһын кэргэнэ, Екатерина Хомякова суох буолбутугар санаа баттыгар түспүт. Устунан өлөн хаалбыт. Көмөн кэбиспиттэр. Кэлин кини өлүгүн хостуулларыгар көрбүттэрэ төбөтө ойоҕоһун диэки хайыһа сытар эбит, хоруобун хаппаҕынааҕы бүрүөһүн хайыта тыытыллыбыт. Муҥнаах мээнэ сэрэхэдийбэтэх эбит. * * * Англияҕа билигин даҕаны морг холодильниктарыгар куолакал хайаан да баар буолуохтааҕын туһунан сокуон баар дииллэр. Ким эрэ тиллэн кэллэҕинэ персоналы ыҥырарын курдук. Кинилэргэ 60-с сыллар бүтүүлэригэр сүрэх тэбэн бардаҕына биллэрэр аппараат айыллыбыт. Ону боруобалыы сылдьан биир кыыһы быыһаабыттара. Словакияҕа букатын да бокуонньук хоруобугар мобильнай төлөпүөн угар идэлэммиттэр. * * * Гиннес рекордун кинигэтигэр саамай уһуннук утуйан киирбит Надежда Аремовна Лебедина (Днепропетровскай уобалас Могилев дэриэбинэтин олохтооҕо) 1954 с. кэргэнин кытары улаханнык айдаарсан, стресс ылан, летаргическай утуйууга охтубут. 20 сыл уһуннаах утуйуу кэнниттэн 1974 с. биирдэ уһуктубут. Уопсайынан стресс киһини уһун кэмҥэ утутуон сөбө элбэхтик этиллэр. *** Тоҕо эрэ рекорд кинигэтигэр киллэриллибэккэ хаалбыт Августина Леггарда оҕолоноругар утуйан баран, 22 сыл устата утуйбута биллэр. Уһуктарыгар эдэркээн бэйэтэ бэрт түргэнник кырдьыбыт уонна биэс сылынан анараа дойдуга айаннаабыт. Бэлэмнээтэ Татьяна Захарова-Лоһуура. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан