Кэпсээ
Войти Регистрация

Куһаҕан үчүгэйдээх

Главная / Кэпсээн арааһа / Куһаҕан үчүгэйдээх

K
23.08.2019 15:56
Оһоҕос түгэҕэ уолбут куорат кыыһын кэргэн ылбыта биэс сыл буолла. Дьоммут хайыы-үйэ оҕолоохтор. Хайа, оннук буолуохтаах да буоллаҕа... Олох сокуона ирдиир. Хомойорум диэн биир эрэ. Чэ бэйи, эдэр дьон, баҕар, өссө оҕолонуохтара... Быйыл, били, ипэтиэкэ диэннэринэн саҥа дьиэ атыыластылар. Бүддьүөт үлэһиттэригэр чэпчэтиилээх атыыламмыт үһү. Онон Ылдьаана биһикки куораттара диэн сиргэ оҕолорбут малааһыннарыгар кэлэ сылдьабыт. Таарыйа сиэммитин көрдүбүт. Кийиит ийэтэ көрсөр эбит. Бай, сиэммит барбах аҕай нууччалыы чообугуруур. Хайдах хайдах баҕайытай... Оо, дьэ, киһи бу олоххо олорон эҥин арааһы көрөр... Сахалыы дьыссаат суох буолан, нууччалыыга сылдьар дэһэллэр. Өссө итиччэ көстүбүтүгэр махтал үһү. Бу дойдуга дьыссаат да, оскуола да тутуллубатаҕа быданнаабыт диэн кэпсииллэр. Оттон оҕо төрөөһүнэ сыллата үрдүүр аакка турар. Эбиитин үһүс дуу, төрдүс дуу оҕо төрөөтөҕүнэ, судаарыстыба харчы төлүүр үһү. Аныгы дьахталлар төрөөбөт буолбуттар. Эчикийэ, манньаҕа эрэ төрүүллэр. ¤э, дьэ, киһи эҥин арааһы истэр. Биһиги ол харчыта суох уонча оҕону төрөппүппүт ээ. Түүҥҥү үлэтин сатаатыҥ да, дьахтар төрөөн иһэр буоллаҕа. Хайдах ону сатаабат баҕайыларай?! Биһиги дьоммут “манан бүтэбит” дэһэллэр. Чэ, бээ, барарбар уолбар дэлби үөрэтэн барыыһыбын... Ылдьаана биһикки хойукка диэри өрө мөхсөрбүт. Мин буолуохсут утуйаары сытан биир миискэ суораты лабыйан баран, дьэ, эмээхсиним барахсаны сүгүн гыммат этим. Хата, барахсаным хаһан да аккаастааччыта суох. Кыһыҥҥы уһун түүҥҥэ тугу гынарыҥ баарай, саатыырыҥ эрэ ол буоллаҕа дии. Сайын биир эмэ бугул кэннигэр төкүнүтээччибин. Оччоҕо эрэ оҕо төрүүр буоллаҕа эбээт. Ол иһин уонча оҕолоннохпут. Оттон мин ийэм икки эриттэн уон алта оҕоломмут. Аҕам Уйбаан сахаҕа кыахтаах киһи этэ. Аны, булчут бэрдэ. Ыалларын барыларын аһатан олорбута. Биирдэ да хоргуйбуппутун өйдөөбөппүн ээ. Тыаттан киирбит күнүгэр тайах этин өрөһөлүү буһаран сиирбит. Ийэбиниин түүнү быһа өрө мөхсөн утуйбаттара. Урут, мин оҕо эрдэхпинэ, үс ыал буолан дьукаахтаһан олорор этибит. Онно баар этэ имэҥ арааһа. Даарыйалаах Баһылай түүнү быһа таптаһалларын истэн утуйбат этим. Баһылай уол оҕото быһыылааҕа. Даарыйа даҕаны өрүтэ уһуутаан хаалсыбат буолара. Дьэ, ол дьиҥнээх имэҥ этэ. Кинилэр утуйдахтарына, аны Микиитэлээх Кэтириис буолан-хаалан турааччылар. Биһиги, улаатан эрэр уолаттар, ону иһиллээн көлөһүн-балаһын бөҕө аллан утуйар таҥаспыт дуома ыгыллар буолуор диэри илийэр этэ. Уолум аахха бастакы хонукпутун хонон эрэбит. Эмээхсин биһиккини саала хоско дьыбааҥҥа сытыардылар. Кийиит дьоно олохтоох дьон быһыытынан биир утуйар хоһу баһылаабыттар. Эдэрдэр оҕолорун илдьэ — бэйэлэрин хосторугар. Мин таас дьиэ салгынын атыҥыраан, букатын утуйбатым. Саатар, тыас-уус, саҥа-иҥэ бөҕө. Инньэ гынан иһиллии сыттым. Дьэ, бу дьиэбит курдары иһиллэ турар. Атын ыаллар тугу саҥарбыттара, тыыммыттара, утуруктаабыттара — барыта бу баар курдук. Түүн таптаһалларын этэ да барбаккын. Ынчык-хончук, тыас-уус ынырыга... Биһиги истиэнэбит нөҥүө баар ыал уһун түүнү быһа утуйбатылар. Саҥалара биир кэм
күлгэри саҥатыгар дылы. Ол эрээри тугу саҥаралларын букатын өйдөөбөтүм. Бадаҕа, атын омуктар быһыылаах. Арай таптаһаллара атылыы соҕус эрээри, биһиги дьахталларбыт аһара итинник ыһыытааччылара суох. Тугун баҕас бэрдэй?! Ылдьаанам мунна тыаһаабыта ыраатта. Онон истибэт буолуохтаах. Мин утуйбаккабын эрэйи көрөн эрэбин. Саатар, туох айылаах ыһыытаан бүппэт дьахтарый?! Бирээмэ, мэнэрийэн эрэр удаҕаҥҥа дылы буолан, эчи, сүрүкэтин... Эр киһитэ уол оҕото быһыылаах. Икки чааһы быһа тохтоон да көрбөтүлэр. Сарсыарда диэкинэн саҥардыы нухарыйан эрдэхпинэ, аны, дьыбааммыт нөҥүө баар дьоммут буолан-хаалан турбатылар дуо... Өйдөөбүтүм, кийииппит дьоно эбит. Хайа, бу дьаабаллар туох буолан туран кэллилэр. ¤ы-һы... түҥүрүм билигин даҕаны кыахтаах эбит. Дьахтара да хаалсыбат. “Суруускалаһар” тыастара субу курдук иһиллэр. Бэйи, аны мин көҕүйэн бараары гынным. Туох үлүгэр буоллум. ¤уу-һаа... саатар, эчи, итиитин баҕаһын. Бу дойдуга түүн кытары итии буолар эбит дуу. Сүрэҕим эппэҥнээн, субу ойон тахсыах курдук буолла. Болкуоннара диэҥҥэ салгылыы тахсыыһыбын. Бай, аны били истиэнэ нөҥүө баар дьахтар ийэттэн төрүү сыгынньах субу тахсан табахтыы турар эбит. Барахсан саһархай баттаҕын санныгар ыһан турар. Миигин көрөн баран, сып-сылаастык мичээрдээтэ. Дьэ, абыраммыт дьахтар дии. Эр киһитэ үчүгэйэ бэрт буоллаҕа. Тобус-толору эмиийин ымсыырдыбыттыы болкуон туорайыгар ууран турар. Мин баарбын көрдө эрээри, отой да кыбыстар сирэйэ суох дьахтар буолан биэрдэ. Итиччэлээҕи көрөн баран, илиим салҕалыы-салҕалыы табахпын нэһиилэ уматынным. Бэл, атаҕым сири билбэт буолла. Эчи, хаарыаны, ити эмиийин, саатар биир тарбахпынан тутан көрдөрбүүн... Кырдьар сааспар дьоллонуом эбитэ буолуо... Аны, били киһитэ ыадаллан таҕыста. Бүтүннүү түү үлүгэр буолбут баҕайы. Дьэ, туох да диэбит иһин, бөдөҥ киһи эбит. Дьахтар киһитэ тахсаатын кытары куоска курдук ньылаҥнаата, моонньугар эриллэ түстэ. Эмиэ көҕүйэн, куустуһан, тыастаахтык уураһан киирэн бардылар. Кинилэр, саатар, уураһаллара кытары тыастаах ээ. Кыбыстар диэни билбэт дьон эбит. Аны болкуоҥҥа туран таптаһан эрэллэр. Мин тохтоойоллор диэн сөтөллө сатаатым... Дьонум киһи баар диэн кымаардаан да көрбөтүлэр. Тыастара-уустара ынырык. Ол икки ардыгар Ылдьаанам уһуктан: “Оҕонньоор, итиннэ тугу гына тураҕын? Туох айылаах тыаһай-ууһай?!” – диэн көбдьүөрэ сытта. Мин эмээхсин ситэ уһуктубатар ханнык диэн “ороммор” сүүрэн тиийдим. Суорҕаным иһигэр киирээт, эмээхсиммин кууһан ыллым. Эмээхсиним барахсан хоонньо минньигэһиин-иин... Тыастаахтык сыллаан сырылаттым. “Бу да оҕонньор ыалга хоноһолуу сытан туох буолан турда?!” – диэн үтүрүйэ сатаата. Төһө да эппит-сииммит эмэҕирдэр, испитигэр быыкаа да баар буолуохтаах. Эмээхсиним биһикки атыттар курдук тыаһыахпыт дуо... Санаабар, уу чуумпутук таптаһар курдукпут. Дьэ, уум кэлэн, нухарыйан бардым. Ылдьаанам махтанан эбитэ дуу, сып-сылаастык сыллаан ылла. Өссө да испэр буорахтаах эбиппин ээ... Оҕонньору биир үксүн ити истиэнэ нөҥүө баар эдэр дьон таптаһан көҕүттүлэр быһыылаах. Сарсыарда ходоҕойдоох түҥүрбүтүн кытары чэйдии олордохпутуна дьиэлээх хаһаайкабыт: “Хайа, хайдах утуйдугут?” — диэн ыйытааччы буолла. Мин чочумча
саҥата суох олорон баран: “Бу истиэнэҕит көҥдөй дуу, тугуй дуу?! Тыас-уус курдары иһиллэр эбит. Инньэ гынан түүн аанньа утуйбатым. Куорат дьиэтэ барыта маннык буоллаҕына, сотору оҕо бөҕө төрүүһү...” — диэтим. Дьиэлээхтэр өйдөөбөтөхтүү бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. Дьиэлээх хаһаайын бэйэтэ да бэрт дьээбэлээх киһи буолан биэрдэ. “Биһиги бу оҕолорбутугар кэллэхпитинэ, эдэр сааспытын саныыбыт. Бөлүүҥҥү тыас-уус кэпсииринэн, киһи хас баҕарар сааһыгар диэри таптаһыан сөп эбит диэн итэҕэйдим. Киһи имэҥэ кырдьыбат эбит”, — диэт, мин сирэйбин-харахпын бэрт дьээбэлээхтик көрдө-иһиттэ. Ылдьаанам кыбыстан, остуол аннынан илиибин кымаахтаата уонна кэпсэтиини атыҥҥа көһөрөн кэбистэ. Саха дьахталлара барахсаттар... Дьэ, аныгы дьиэлэрбит маннык холтуура тутуулаах буоллахтарына, мантан инньэ элбэх оҕо төрүүһү. Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх диэбиккэ дылы буолан... Дьокуускай куорат ыалдьыта Охонооһой Ньукулаайап.
kyym.ru сайтан