Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьылҕа ыйааҕа билэр...

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьылҕа ыйааҕа билэр...

K
16.08.2019 16:00
Саамай ¤ааска аҕыйах сыллааҕыга диэри "сулумах буолуу сорун-муҥун", эдэр эт-хаан имэҥ-дьалыҥ чааһыгар эймэһийэ туоххаһыйыытын балай эмэ билбэхтэспит киһи диэххэ сөп. Орулуур отутун лаппа ааһыар диэри иннинэн сирэйдээх, инчэҕэй эттээх уһун ырбаахылаах кылааһыттан кини диэки көрбүтэ-истибитэ, буолаары буолан мичик аллайбыта ахсааннаах да буолаахтаатаҕа. Оскуола сылларыгар бэйэтэ да баара-суоҕа биллибэт бэрт симик уолчаан этэ. Бу санаатаҕына, сайынын кыра балтын көрөр буолан, сатахха, лааҕыр да диэни билбэккэ хаалбыт. Оо, ымсыырар да буолара күһүн уолаттар сынньалаҥ лааҕырыгар сынньанан, кыргыттардыын билсэн, оонньоон-көрүлээн кэлэн баран, уһун кыһыны быһа ыаһах, киһиргэс буолалларыгар. Дьиҥинэн, Саамай ¤ааска дьүһүнүнэн-бодотунан, майгытынан-сигилитинэн кыыс аймахха улаханнык сирдэрбэт буолуон сөбө. Уҥуоҕа көнөтө, аны саха киһитигэр, бээ, кырата суох. Сөбүгэр өндөс. Оччоттон баччаҕа диэри кылбачыгас хара баттаҕын спортивнай канадка гына кырыйтарар. Онто бэйэтигэр олус барсар. Биллэн турар, ол оҕочоос кэмигэр холоотоххо, эр хаанын киллэрэн, сарыннанан-таһааланан, быыппастыгас быччыҥнанан эр бэрдэ кини буола сылдьар. Быһата, уруккутуттан букатын тупса быһыытыйбыт. Ґөрэхтээх, киэҥ сырыылаах эбит буоллун, уол оҕото, арааһа, үгүс кыыс туҥуй сүрэҕин толугурата мөҕүһүннэрбитэ чуолкай эбитэ буолуо. Аанньаран бииргэ үөрэммит кыргыттара бу соторутааҕыта буолбут көрсүһүүгэ: «Бай, харахпытын ханна гына сылдьыбыппытый?! Уол да уол, дьээдьэ да дьээдьэ!» – дэһэн дьээбэлэһиэхтэрэ дуо? Пахай, Саамай ¤ааска кинилэргэ эрэ наадыйан бэрт. Сиргэ төкүнүйэ да сылдьан көрдөстүннэр. Мантыҥ билигин... Чэ, бээ барытын саас-сааһынан... ¤ааска оскуоланы бүтэрэр сылыгар, кыһайбыт курдук, аҕата эмискэ сүрэҕэ тохтоон өлбүтэ. Онон сопхуос салалтатын ыйыытынан сол сайын субан сүөһү көрүүтүгэр ыраах алааска аҕатын оннугар утаарыллыбыта. «Онуоха-маныаха диэри солбуй, доҕор! Бастайааннай үлэҕэ баҕалаах ханна барар үһү, көстүө. Дьэ онтон сыыйа-баайа үөрэниэҥ буо» диэн буолбута. Онто да суох үөрэх-билии чааһыгар тардан-тардан ортоһуор эрэ үөрэнээччи буолан баран, туох диэн утарылаһыа этэй. Буолаары буолан Тыамайыкыга аҕатын кытта, этэргэ дылы, элбэхтик орох тэппит сирэ. Ахта-ахта тахсарга кэтэһиилээх сир буолара. Ийэтэ уоппускаланар эбэтэр балта анараа саҥаһыгар ыалдьыттыыр кэмигэр аҕатыгар көмө-ньыма буолан, син балай эмэ сылдьыбыт дойдута. Хайа уонна абааһы үөрэҕиттэн сылайа да быһыытыйыы баар этэ. Туох кистэлэй, баары баарынан эттэххэ, «туһата суох үөрэххэ буспут-хаппыт оннугар үлэлээн имиппит көнө» диирэ. Дьэ, ол гынан баран, ол «онуоха-маныаха диэри» кэм киниэхэ тиийэн лаппа уһаабыта. Сопхуос ыһылларыгар (онно алтыс сылын сылдьара), дьиҥинэн, дэриэбинэҕэ киириэн сөбө буолуо. Ону баара, биир ходбох түгэн атахтаан турар. Ону Дьылҕа Хаан ыйыыта диэххэ сөп эбитэ дуу. Биир саас ыһык ыла киирэ сылдьан аттынааҕы уолунуун бурайсан, ол уолун улаханнык эчэтэн турар. Ол барахсан сыҥааҕа илдьирийэн, түөрт-биэс ойоҕоһо тостон.. Сирэйин туһунан этэ да барыллыбат, биир киппэ хабах гына дьүһүлээбит этэ. Аанньа буолуо дуо, итиччэлээх бөдөҥ сутуруктарынан баттыы сытан, хал буолуор диэри кимиэллээбитэ! Сарсыныгар өйдөнөн баран, кэмсинии бөҕө
буолбута. Доҕорун тэҥэ киһи буоллаҕа. Хата, бэйэ дьоно буолан, син өйдөспүттэрэ. Үҥсэ-харса барбатахтара. Анараа уол холку киһини туох эрэ диэн улаханнык хаарыйан кыыһыртаҕа диэн буолбута. «Ол да эрээри сүрэ бэрт» диэн, ¤ааска ол түгэнтэн сылтаан хайдах эрэ бэйэтиттэн салла, сэрэхэдийэ санаабыта. «Туох хара накааһыгар абааһы былас муостааҕа киирэн, Мииккэ сордооҕу итинник кэбилиэххэ сөбүй?!!» диэн сөрү диэн сөхпүт сурахтааҕа. Аны ийэтин аймалҕанын эбэн кэбис. «Балтыҥ биһиккини иитиэх-аһатыах киһибит эн эрэ буолбаккын дуо?! Хаайыы хандьыдаата гынаары ииппит муҥмут буоллаҕа. Оо, абам да эбит!» – бөҕө буолаахтаабыта. Онон абаҕата: «Бааһынайынан барар буоллум. Хата, кэтэх сылгыбытын, ынахпытын көрө Алааска көһөн кэл», – диэбитин «тук» курдук ылынааччы буолбута. Дьэ, уонна бүттэхпит ол. Сыл баһыгар бөһүөлэккэ киирдэҕинэ да, маршрута уларыйбат этэ: баанньык – дьиэ – абаҕата аах. Бэркэлээтэр, биир эмэ кылааһынньыга кэлбит кэмигэр түбэстэҕинэ, онно кыл түгэнэ киирэн ааһара. Арба, ол хобдох түгэн биир үчүгэйдээҕэ – Саамай ¤ааска аны хааппыла да арыгыны испэт буолбута. Ийэтигэр андаҕайбыт тылын күн баччатыгар диэри толоро сылдьар. Мииккэ ол кырбаммыт «үтүөтүгэр» (киһи куһаҕантан сонньуйар) ол кэмтэн эт киэнэ эмиһинэн күндүлэтэр, хаһа киэнэ ааттааҕынан маанылатар. Ээ, суох, кини бэйэтинэн көрдөөбөт. Саамай ¤ааска хаайыыга ыыппатахтарын махталыгар күндүлүүрэ үтүө үгэскэ кубулуйбут. Ол Мииккэбит да оҕото-уруута элбэҕэ. Ол кырбанан балыыһаҕа киирэн сытан, саҥардыы оскуоланы бүтэрбит кыыһы көрсөн, эһиилигэр ыал буолбуттара. Онон хайдах эрэ барыта «быа – туһах» диэбит курдук. Мииккэ да махтаныыттан хаалсыбат, куоракка баран кэллэҕинэ, ботуруон, илим кэһиилээх буолар. Тоҕо даа? Тыый, оттон ол охсуһуу суоҕа буоллар, кини да аналын, Маасыҥкатын хантан көрсүө этэй? Дьылҕа диэн, дьэ, дьикти. Балыыһаҕа көрсөр дьылҕалаах быһыылаахтар. Ол кэмҥэ Маасыҥка үөрэҕиттэн каникулугар кэлэ сылдьан, муҥурдааҕын быстара сыппыт. Дьэ, онно ол Мииккэ киирэр дии. Бүтүннүү бэрэбээскэ буолан. Кыыс аһынан ньээҥкэлэһэ сылдьан, устунан Фронтовигы (дьээбэлээн бииргэ сытар кыргыттарыныын оннук ааттыыллара үһү) таптаан кэбиспит. Уол эчэйбэтэҕэ буоллар, үөрэхтээх кыыс кинилэр бөһүөлэктэригэр тахсыбата эрэбил. Дьокуускай – киэҥ. Атыны да көрсөн хаалыан сөбө. Онон кырбаммыта да, тьфу-тьфу, биир үчүгэйдээх буолан тахсыбыт. Чэ, наһаа халыйаары гынным. Бээ, ¤ааскабытыгар төннүөххэ. * * * Саамай ¤ааска абаҕата бэрт киириилээх-тахсыылаах кырдьаҕас. Киһиҥ бааһынайга табыгастаах кэмҥэ бааһынай этэ. Кэпэрэтиип киэптиир кэмигэр – ким-хайа иннинэ кэпэрэтиип буола кубулуйбута. Бастааҥҥы сылларын курдук буолуо дуо, сүөһү-ас бөҕө. Арыылыыр сыаҕын собуот гыммыта эрэ баар. Онно биир үрдүк үөрэхтээх кыыһы технологынан ылбыта. Кыыс эдэркээнэ, кэрэтэ да бэрт. Оскуола кэннэ тута академияҕа киирбит эбит. Киин улуустан сылдьар. Олохтоох уолаттар хара ааныттан араастаан эристилэр да.... Тоҕо эрэ «аалын баһа хоҥнон быстыбат». Ґлэни өрө туппут эдэр киһи. Кырдьык-хордьук дискэтиэкэлэргэ бэйэтин курдук саҥа үлэлии кэлбит учууталыҥса кыргыттардыын сылдьар.
Дьэ, ол эрээри кими да чугаһаппыт сураҕа иһиллибэт этэ. Биир сыл элэстэнэн биллибэккэ ааһа оҕуста. Сахаар Саабыс (¤ааска абаҕата) бэлэмниир бородууксуйатын элбэтэр соруктаах, улахан кирэдьииккэ киирдэ. Дьонуҥ йогурт, кэпиир оҥорон, эбиитин былаһымаас хахтыахтара үһү диэн сурах тарҕанна. Харчы түһэн быстымына, ол тэриллэрэ сааһыары сайын биирдэ кэлээхтээтэ. Онон мантаастаныар-таҥыллыар диэри миэстэтигэр арыылыыр быһаарыы ылылынна. Оттон технолог Настяны, тугу гына таах олоруой, ыһыах саҕана дойдутугар баран кэлбитэ, окко көмөлөһүннэрэ таһаардылар. Кыыс да үөрүүнэн сөбүлэстэ. Охсуллубут от сытын олуһун ахтыбыт үһү. Оттон оттуур сиргэ ким кылаабынай отчут буолуой? Таайдыгыт ини? Саамай сөп. Саамай ¤ааска. Кыыһы бэйэтэ олорор дьиэтигэр олохтоото. Бэйэтэ – балааккаҕа. Бастаан утаа убайдыы балыс курдук сыһыаннастылар. ¤ааскаҥ бэйэтэ балтылаах киһи, үөрүйэх бөҕө. Сатана кыыһын (ити балтын этэр) ахта да быһыытыйда. Кыра бэйэтэ бэлиэр улаатан, дуоспуруннанан, бэйэтэ кэргэн, ийэ. Икки сылга биирдэ көстөн бараллар. Онон ¤ааска хайдах эрэ Настяны балтыгар ханыылыы көрөн балтын кэриэтэ атаахтатар. Эрдэ уһугуннаран дуу, элбэҕи мустаран эрэйдээбэт. Кыыс бэйэтэ саныырынан сырытта. Бэрт да бэрт. Сорохтор итэҕэйиэххит суоҕа да буоллар, уоламмыт бастаан утаа итиччэлээх кырасаабыссаны кыыс, дьахтар быһыытынан букатын да көрбөт буолан биэрдэ. Быһата, балтын тэҥэ. Барахсан оҕочооно да бэрт. Арай дьиктитэ, бу кыыс баарыгар күн ордук сэргэхтик ааһар, уруккуттан көрөр-истэр тыата кытта ордук киэркэйэн, тупсан көстөргө дылы. Баҕар, тугу эрэ дьиктини, кэрэни көрдө да Настена «уой-аай, көрүүй, уу-чукулук, наһаа аштык дии!» диэн саҥа аллайарыттан, кыраттан да оҕолуу ис иһиттэн үөрэрин иһин эбитэ дуу. Ити курдук, биэс-алта күн бэркэ тапсан сырыттылар. Бириэмэ хайаларыгар да биллибэккэ хаалла. Абаҕата кыыһы ылар кэмэ кэлэ оҕуста. Настя барбытыгар алаас кытта кыараабыкка, чыычаах ырыата кытта аҕыйаабыкка дылы. ¤ааскабыт өрүтэ тыынара элбээн, устунан букатын да кэрэчээн Настя мичийбитинэр киирэн кэлэрин ыралыыр буолан барда. Ол санаатыттан бэйэтэ да кыбыстар. Ону баара сүрэҕэ өһөспүттүү Настя туһунан сипсийэр. Хараҕар кыыс от харбаан, үрүҥ туналы илиилэрэ күөрэҥнии оонньуур көстүүтэ сүппэттии хатанан хаалбыт. Оттон өйө: «Бүт! Кырдьа-кырдьа, санаммыт ээ! Уоскуй» диэн аһаҕастык саба баттыыр. Барахсаны киһи тарбаҕын төбөтүнэн да таарыйыан толлор. Итиччэ эдэр, итиччэ кэрэ, кырдьыга да сибэкки, чэчик тэҥэ киһичээни хайа дьоллоох холоонноох доҕор оҥосторо буолуой?!! Ким баҕарар. Арай кини – Саамай ¤ааска эрэ буолбатах. Кырдьаҕас ээ, кини кырдьаҕас. Үөрэҕэ суох, баайа суох. Хобдоҕуон, куруһун! Салҕыы баран, ¤ааскаҥ Настя кэргэн тахсыахтаах киһитигэр ымсыыран барар. ... Нэдиэлэ буолбата, Сахаар Саабыска Настя тиийэн: «Миигин икки күҥҥэ өссө таһаарбаккын ээ, матасыыкылынан баран кэлиим дуу» диэн баран, атаахтаан уоһун чорботор, күлэн мичик аллайар. Кырдьаҕас тугу да өйдөөбөтө. Ол да буоллар көҥүл биэрэр Роспотребнадзор испэсэлииһэ кэлэ илик буолан, туорайдаһа барбата. Оттуурун кырдьык сөбүлүүрэ оччо
эбит диэн тойонноото. Ама, хайаан «соҕотох сорсуйбут» уолбутугар эрэ ымсыырыа диэ дуо?! Кэһии ылан ыытыам, ааран ылаар диэтэ. Арай ¤ааска ходуһаттан киирэригэр ыраахтан ас сыта дыргыйа көрүстэ. Көрбүтэ – Настя турар эбит! Бастаан хараҕа көрбүтүн итэҕэйиминэ, чыпчылыйбахтаан ылла. Кыыһа буоллар, кыһыппыт курдук, этэ-сиинэ курдаттыы көстүөхчэ чараас сиидэстиҥи былаачыйа кэппит. Төһө өр оннук турбуттара буолла, туох билиэй. Кыысчаан имэ чоххо баттанан тахсыбыттыы, тэтэрдэр тэтэрэн, кыбыстыбыттыы, эмиэ да олус ахтыбыттыы, унаарыччы көрбүтэ киһи тылынан эппэт истиҥ иэйиитин туһааннаах аадырыһыгар биир тыла суох тиэртэ бадахтаах. ¤ааска хантан ылбыт хорсуна буолла, ойон кэлэн, кыысчаанын бэйэтигэр ыбылы тардан ылла. Кыыс барахсан дириҥник өрө тыынаат, ахтылҕаннаах дуулаҕа бухатыырын обуйук уоһун бэйэтэ бастакынан була охсон, бастаан сэрэнэн, онтон күүскэ уураамахтаан барда. Итини эрэ күүтэн турбуттуу, эр киһи лаппа хорсуннурда, эймэһийбит этэ-хаана эмискэ биирдэ тыҥыы, күүрэ түстэ. Бастаан көлөттүгэс соҕустук да буоллар, долгуйууттан дыыгыныыр тарбахтарын кыыс түөһүн, тумугун, самыытын, буутун устун сэрэнэ сүүрэлэттэ. Ол аайы кыыспыт тыына кылгаатар кылгаан иһэр. Оо, күүттэ да этэ бу түгэни, кэтэстэ да этэ бу кэми!! Оо-о, уой-даа. Тоҕо да итиитэй, салгын тиийбэт үлүгэрэй! Кыыс ис-иһиттэн эҥсиллэн тахсар саҥа аллайыыны хайдах да тутар кыаҕыттан ааһан, өрө тыыммахтыы, тапталлаах доҕорун кууспалыы турда. Ол быыһыгар «уҥаллара диэн маннык буоллаҕа дуу?» акаары санаа элэс гынан ааста. Арыый да туймааран, улук курдук буолумахтаата. Аата, саатар бу таҥас сыыһа өр да уһуллан быстыбата! «Сэгэриэм, арыйаахтаа даа...» Икки сүрэх тэҥинэн субу уһулу ойон тахсыахтыы тиҥиргии тэбэр. Имэҥ-дьалыҥ илбистээх, эмиэ да иҥсэлээх, эмиэ да аптаах-алыптаах долгуна иккиэннэрин өрүтэ кууспалыыр. Саамай ¤ааска баччалаах сааһыгар диэри маннык дьикти нууралы, чыпчаал тыҥааһыны хаһан билбитэ баарай, эмискэччитэ бэрдиттэн түүл дуу, илэ дуу диэн мунаахсыйыахча, бытаарыахча буолан иһэн, эр киһи айылгыта ханна барыай, кыайа тутта. Тиийиэхтээх сиригэр тиийэн, угуохтаах сиригэр уган тиҥиргии тэптэ, түмүгэр дуоһуйа астынна. Барыта бүппүтүгэр кэрэ доҕорун кэрэмэн таһаатын таптыы, ыра гыммыт ымыы чыычааҕар тапталга билинэ, ымманыйа сытта. Кинилэр аны хаһан да арахсыахтара суоҕа! Тапталина.
kyym.ru сайтан