Кэпсээ
Войти Регистрация

Күүстээх Бааска

Главная / Кэпсээн арааһа / Күүстээх Бааска

K
edersaas.ru Категорията суох
26.05.2023 16:00
Василий Семенов- Күүстээх Бааска — Уус Алдан модун киһитин туһунан кэпсиэхпин баҕардым. Күүстээх төрүт үөскээбит, олохсуйбут сирэ Хаттыгы эбэ эҥээриттэн тардыылаах. Хаттыгыттан балайда ыраах сир гынан баран былыр «Хаттыгы» колхоз сирэ уота буолан, биһиги хаттыгылар диэбитинэн барааччы. Адьас чуолкайдаан сирин – уотун кытта билиһиннэрэр буоллахха, Иирэлээх эбэ үрдүгэр баар «Лиэпчик» өтөҕө буолар. Билигин төһө да оһон, саба үүнэн сүтэн эрэр буоллар  Күүстээх төрүттэрэ сөбүлээн, таптаан дойду оҥостон олохсуйбут өтөхтөрө буоллаҕа. Аатын чааһыгар киирдэххэ ити «Лиэпчик» диэн Күүстээх эһээтин аата иҥэн,  олохсуйан хаалбыт дойдута буоллаҕа. Биир бэйэм дойдубар оҕо сырыттахпына, эһээм Саппырыан, аҕалаатар аҕам кэпсээн бөҕөнү кэпсээн, үһүйээн, номох бөҕөнү сэһэн оҥостон сэһэргиир, кэпсээн оҥостон кэпсиир этилэр. Араас улуу күүстээхтэри, инчэҕэй эттээх, сүүрэр хааннаах итиччэ модун күүстээхтэрин төһө да сэргии иһиттэр киһи санаата уйан, дууһата ылынан маннык  баара дуу диэн итэҕэйэргэ уустук баҕайы этэ. Остуоруйа курдук, истэн кээһэр этибит. Онтум баара Түүлээх сиригэр уотугар күтүөт аатыран кэлэн баран дьонун сэргэтин кытта, оччотооҕу кырдьаҕастары кытта  атах тэпсэн олорон сэргэһэн, былыргыны, быйылгыны ырытан ырыыспайдаһан билбитим, били, уулуссаҕа көрсөн үөрэ-көтө сэһэргэһэн ааһар кырдьаҕастарым киһиттэн ураты дьон эбиттэр ээ.  Тайаҕы бултаан баран,  манна кумаара бэрт диэн сыыр үрдүгэр соһон таһааран астыыр дьон эбит. Ити итинник. Барахсаттар оччотооҕу үлэ дьоно күн тахсарынан, киирэринэн сирдэтэн, кыһыны кырыатынан, сайыны көлөһүннэринэн билэн, атааран үлэ үөһүгэр сылдьыбыт дьон буоллахтара. Күүстээҕи тоҕо итинник, дьиибэ, модун ааттааххыный диэн дьээбэ аҥаардаах ыйыттахха адьас саҥарбат, халыҥ, кэтит саннынын эрэ хамсатар кэбиһэрэ. Ыһыахха киирэн туста сылдьан алҕас утарылаһааччытын бобута тутан кэбиспитэ, тарбаҕын суола күп-күөх ойуу буолан хаалан, дьон сэргэ сөрүү – сөҕөн Күүстээх диэн ааты биэрбитэ үһү. Мин бастаан күтүөт буолан айгыстан кэллэҕим утаа , кур оҕус идэһэлэнэр дуу күтүөтү көрсүү аһа эбитэ дуу. Аарыма оҕуһу таһааран сүүскэ саайда. Мин онтон-мантан туппута, таппыта, соспута буолабын. Санаабар көмө бөҕө. Күүстээх, куобах тириитин сүлэр курдук ньылбырыта тыытан бүтэрэн кээстэ,  эбиитин мэһэй сир диэн тэлгэһэ ортотугар соһон киллэрдэ. Истэри-үөстэри. Эппиккэ дылы, ииктэри-саахтары. Мин аахайыы суох. Хаһан да оҕуһу сүүһүн таһыйан баран соһо, оҕо салааскатын курдук соһо сылдьар киһини көрө илик этим. Адьас кыһамматым. Эбиитин соһуспута, таппыта буолабын. Күүстээҕим бэйэбин оҕуһун кытта холбуу соһор игин. Онтон соһор. Мин адьас ол аайы кыһаммаппын. Икки хонон баран: — Нохоо, били оҕус төбөтүн киллэр эрэ диэн, көрдөһүү аҥаардаах сорук эттэ. Ампаарбыт уонча миэтэрэлээх сиргэ баар. Арай, көтөҕөөрү гыммытым, дьэ, төбө эбит, адьас төбөлөр төбөлөрө. Нэһиилэ сиртэн ылан сор бөҕөнөн дьиэни буллардым. Акаары муҥнаах онно биирдэ санаатым, бачча ыарахан төбөлөөх сүөһүнү хайдах, ииктэри, саахтары соһо сылдьыбыта буолла. Күүс да күүс. Аһыы олорон былыргы нерж диэн суруктаах халыҥ баҕайы луосканы киһиэхэ биллэрбэккэ эрэ пружина курдук эрийэн кээһэр этэ. Сакалаат суутун курдук тарбахтарын төбөтүнэн эрийэн кээспит буолааччы. Ол, арааһа, баар баҕайы баппакка таска тахсар быһыылааҕа. Биир сайын хонтуора дьиэтин туттубут. Миигинниин бэһиэбит. Тойоммут Попов Куоста, аатырар күүстээх Куонаан хос сиэнэ. Дьиэбит аны 20×20 тиит буруус мас. Ыарахана, бэрт. Хаста да Лесхоз Коля биһиги кыайбакка мүччү тута сылдьыбыппыт. Күүстээхпит «һок» диэн соһуйан саҥа аллайаат, икки өттүттэн эпсэри тутан кээһэрэ. Кууһан ылбакка, тарбахтарын төбөтүнэн мээчиги тутар курдук тутан турар буолара. Итиччэ ыарахан буруус маһы оннук тохтотуохха диэтэххэ, тарбах балайда сэниэлээх буолуон наада ини. Кэргэнин убайынаан Спиридон-Чэҥэлиин үйэлэрин тухары бииргэ алтыһан кэлбит дьон буоллахтара. Испирдиэн биир кэпсэлгэ сылдьар булчут, тайахсыт бэрдэ буоллаҕа. Бииргэ сылдьар табаарыс дьоно, тайах профессора диэн ааттыыр этилэр. Ат үүнүн тиэрбэһин курдук эрэличчи көрбүт харахтаах, бэйэтин бэркэ кыанар кырдьаҕас этэ. Мин иллэҥ буоллум да Испирдиэн сэһэнин истэ, сыалаах кыыл этин сии сөп буола-буола таскайданар аҕай этим. Ити итинник. Биир дьиктитэ, күүһэ-уоҕа таҥараттан балайда бэриллибит этэ. Дьиэ эркинин бэрэбинэтин сүгэ сылдьар, былыргы дорообо чэй дьааһыгын сүгэн таһар, Хаттыгы эбэҕэ сылдьан тыл этээри аһары уутугар хаарыгар киирэн, халыҥ остуол сирэйин муннугун тосту тутан кээспитин кэпсиир этилэр. Дьиэ тутуунун маастара, кини маастардаабыт дьиэлэрэ аһары атын баҕайы киһи көрөөт да билэр, Чэҥэ Испирдиэн туппут дьиэтэ диэн кэпсэлгэ сылдьааччы. Бэйэтин кэпсээнинэн биирдэ тайахха сылдьан, бииргэ сылдьар нууччалара, ыҥааҕы өлөрөн баран бырахпыттарыттан кыыһыран, тоҥ сиэрдийэни тосту тардан ылан ычык быыһынан, халыҥ хаарга, ииктэри-саахтары сүгэн үс биэрэстэлээх сиргэ илпитим диир этэ. Ол кыттыгастара онтон тыаһаан күрээн хаалбыт этилэр. Дьэ диэ. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, иккиэн да соторутааҕыта соҕус кэмҥэ киһи сирбэт дьоно этилэр. Арай кыратык биирдэ эмит бииргэ аһаатахтарына тутуһан ылыах курдук маргыар бөҕө буолара. Күүстээхтэн ону ыйыттахха саҥарбат этэ. Аһары хаайан, баар баппакка арааһа, кэпсээбитэ, оҥостон олорон. Өрдөөҕүтэ -Бороҕон бөһүөлэгэр байыаннай учуопка диэҥҥэ бардыбыт — диэн кэпсээнин саҕалаата Күүстээх. Үс буолан наар бииргэ сылдьабыт. Мин диир биир улахан бэйэм курдук Татаар уола уонна Испирдиэн. Киһибит, Испирдиэммит яловай саппыкы сакаастаан тиктэрдэ, адьас барыта тирии саппыкыны. Ылар күммүтүгэр санаа курдук холуочук тиийии буолла диэн салгыы кэпсиир Күүстээх. Тиийэн Испирдиэмит, били, тирии саппыкытын соруйан, атаҕастаан маннык тикпиккит дии-дии кумааҕы курдук тарбаҕын төбөтүнэн быһыта тыытан кээстэ. Дьэ, доҕоор, туохтан оҥоһуллубут иҥиирдээх этээҕэ буолла. Киһи оннооҕор хордуону ылбычча быһыта тыыппат. Аны бытовой тойонун үрдүгэр түһэн кырбыах аҕай буолла. Татаарбынаан нэһиилэ туттубут, адьас этэ- сиинэ тимир курдук. Онтон тоҕо ити охсуһуох курдук туттаҕытый диэн ыйытааччы буоллум. Күүс балайда саҥата суох олорон баран, тустуохха диэн наһаа хаайбытыгар саннын остуол үрдүгэр баттаабытым. Оо, иһит, хомуос, остуол да урусхалланна ини диибин. Күүстээҕим дьикти баҕайытык көрөн баран: «Ээ суох, тугу да алдьаппатаҕым», — диэтэ. Онтон ыла ити итинник дии диэтэ. Күүстээх 1953 с. Аллаах Үүн суолугар таһаҕаска сылдьыбытын кэпсээччи. Онно бэйэтин кыанар дьон сылдьар сирдэрэ эбит этэ диэн баран мин диэкки эриличчи көрөн кээһээччи. Мыына көрөрө чуолкай буоллаҕа. Испирдиэн өлөн баран тиллэн кэлбитэ биир туһунан кэпсээн буоллаҕа. Итиччэ сөҕүмэр күүстээх киһини адьас оҕо курдук туппут быһыыта. Барахсаттар ситэ сэһэннэрин сэһэргээбэккэ, бүппэтэх кэпсээннэрин илдьэ өбүгэлэрин дойдуларыгар бараахтаатахтара. Ити аймахтартан аҕалара ааттыын Күүстээх, хаан уруу таайдара Испирдиэн былыргы түөрт куул хортуосканы санныгар саһаанатан баран сүгэ сылдьар, дьиэ эркинин бэрэбинэтин сүгэ сылдьар киһиттэн, ити модун күүстэртэн кимиэхэ эбит бэриллэрэ дуу, суоҕа дуу. Инчэҕэй эттээх, тымыр устун сүүрэр хааннаах, соторутааҕы кэм дьоно диэтэххэ киһи өйүгэр-санаатыгар, дууһатыгар ылына охсоро ыарахан соҕус. Билбэт, истэ илик киһи ама дуу диэх курдук. Түүлээх барахсан салгынынан, тыынан, уутун иһэн, булдунан аһаан балайда күүс- сэниэ иҥмит кырдьаҕастара соторутааҕыта дылы бааллара. Уус Алдан, Түүлээх нэһилиэгэ
edersaas.ru сайтан