Кэпсээ
Войти Регистрация

Сайдыы сатаҕай өрүтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Сайдыы сатаҕай өрүтэ

K
06.10.2023 14:43
   Дьэ, доҕоттор, соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэбит килбэйэр киинигэр – Дьокуускайга баран, аҕыйах хонон кэллим. Сайдыы бөҕө барбыт, дьиэ-уот арааһа, эгэлгэтэ эбиллибит. Аҕыйах сыл иһинэн халлааҥҥа харбаспыт дьиэлэр, уон алта этээстээх диэтилэр дуу, баар буолан хаалбыттар. Аны, санаабар, омук массыынатын арааһа өссө эбиллибиккэ дылы. Куорат сиргэ киэһэтин — уот-күөс да мааны. Тэлэбиидэнньэлэрин вышката, омуннуу түһэн эттэххэ, арылы кустук уон араас уотунан оонньуур гына уратытык уоттанан-күөстэнэн, аатырбыт Эйфель башнятыттан да таһыччы ордукка дылы буолбут. Сайдыы бөҕө.    Тэлэбиисэрдэригэр хас да ханаалы, таах тала сылдьан холбоон, арааһы көрүөххэ сөп. Дьэ, уонна соһуйуох уонна кэлэйиэх дуу быабар, түргэн тэтимнээх Интэриниэттэрэ диэни боруобалаатым. Оо, эчи, үчүгэйин, түргэнин эриэхсит! Ол биһиги түҥ тыа кэриэтэ сирбитигэр баҕалаах бассааппыт ойуута чааһы чааһынан, күнү күнүнэн кэтэһиннэрэрин курдук буолсу дуо?! Тарбаххынан төлөпүөн экирээнин таҕайыаҥ эрэ кэрэх, талбыт ойууҥ, биидьийэҥ холбоно түһэр. Ол дьолу таба тайанан, “ватсабист” бэрдэ буолан ыллым. Араас сорох-сороҕо сиикэйэ-кырдьыга биллибэт сонун, ойуу, хартыына арааһа кырыы-кырыытынан кэлэр. Онон курууппаларым да биллэ эбилиннилэр. Оҕуруот үүннэриитигэр, таҥаһы тигиигэ тиийэ кэпсэтэр тус-туһунан курууппалар баалларын олус диэн биһирээтим. Кинигэ да атыылаһар наадата суох буолсу.     Ол эрээри...    Дьэ, ол гынан баран, манньыат икки өрүттээҕин курдук, сайдыыбыт да сатаҕай чааһа диэн эмиэ баар эбит. Кэпсиим.    Биир курууппаҕа кэлбит биидьийэни арыйбытым... биир эр бэрдэ ийэттэн төрөөбүтүнэн сыгынньах сыанаҕа тахсан, араастаан имиллэҥниир-хомуллаҥныыр. Хата, син киһи эрэ буоллар, били, кистэлэҥ сирин маҥан кырыйыы таҥаһынан бүөлэнэ туттумахтыыр. Ону көрө олорон, аны, онтун төлө тутан кэбиһэн саат буолуо диэн, ааранан долгуйан ыллым. Онтум, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, таас кокуукка курдук кэрэ быһыылаах-таһаалаах, уруккута сөбүлүүр ырыаһытым Игорь Николаев тапталлааҕа Натали ырыаһыт хоойго сытыарар холоонноох доҕоро Тарзан буолан соһутта! Көрөөччүлэр ортолоруттан биир дьахтары ойутан таһааран, кирдээх муостаҕа тиэрэ сытыара-сытыара дьахтардаах эр киһи ыкса сыһыаннарын хамсаныытыгар тиийэ, бүгүллэҥнээмэхтээн көрдөрдөҕө үһү! Дьон үөрүү-көтүү бөҕө, сыанаҕа ыкса анньан кэлэн туран көрөллөр, ол дьаабыны суотабайдарыгар усталлар. Киһилэрин кэннинээҕи көп миэстэтэ субу сирэйдэрин таарыйыахтыы чугаһын аахайан да бэрт. Дьахтарбыт да, дьоллонуу бөҕө! Тьфуу!!!    Аата, бу да киһибит аһыыр-таҥнар таҥаһа, харчы өлөрөр атын үлэтэ суох буолан, бу маннык чырбаҥнаан дохуот-барыс аахсар буоллаҕа дуу? Итини кырасаабысса кэргэммит көрө-көрө көрбөтөҕө, билэ-билэ билбэтэҕэ буола сырыттаҕа дуу? Этэргэ дылы, киһи өлүмүнэ арааһы да истэр, көрөр буолар эбит. Өмүрэх бэйэм ити санаабын таспар таһаарааччы буолан, аттынааҕы дьонум быардарын тыытыннылар. «Оттон үлэтэ дии! Итиччэлээх быыппастыгас быччыҥын, кэтит-киппэ саннын, улахан эрчиллиинэн ситиспит баараҕай быһыытын-таһаатын кистии сылдьыа дуо? Стриптиз дии! Дьиҥнээхтик таптаспат эбээт», – диэннээхтэр.    Сураҕа, ити киинэ маннааҕы биидьийэ, ол эбэтэр манна устуу буолбатах үһү, хата. Ханнык эрэ киин сир куоратын ааттаатылар. Бу тэһэҕэс мэйии ону өйдөөн хаалбатым. Ол да буоллар балтым, баҕар, миигин күөртээн буолуо: «Атын сир. Ол гынан баран, манна да «Европа» кулуупка кэлэ сылдьбыт этэ, нүөмэрэ эмиэ үүт-маас итинник диэбиттэрэ. Стриптиз сыаната, бээ, бас быстар сыана буолар. Баҕалаах эрэ барыта сылдьар кыаҕа суох диэн. Баҕарбытыҥ да иһин, онон көрбөккүн», – диэн мүчүҥнүүр буоллаҕа үһү!! Кэбиис, сылдьыбатах сырыттын, көрбөтөх көрдүн.   * * *    Балтым миигин кыынньыырын сөбүлүүрэ бэйэтин киэнэ, этэр:    – Дьокуускайдар да хаалсыбаппыт. Мин билигин аҕай эйиэхэ бэрт интэриэһинэй биидьийэ ыыттым, көр. Өс хоту аһа баттаабытым.... оо, дьэ... буолаахтаамына... Буолар да эбит! Аны, биир муҥнаах эмиэ сыбыс-сыгынньах, уулусса хабайар хаба ортотугар, эбиитин бу бачча тымныы халлааҥҥа, харбыалаһан тахсан, ааһар дьону, массыынаны буулуу сыалдьар эбит. Саатар, кыбыстар сибиэн биллибэт. Эбиитин атах сыгынньах. Итирик диэҕи тэмтэриҥнээбэт. «Оо, бу баҕас ыарыһах муҥнаах быһыылаах, төбөтүнэн булкуллубут! Ити тоҕо, саатар, биир да киһи тутан, балыыһаҕа илдьибэтэ, саатар, 03 ыҥырбата буолла?!» – диибин. Онуоха дьонум: «Атын ыарыы ини. Норкуотук диэн баар. Сэрэхтээх «ас»! Наркоман быһыылаах», – диэн быһаардылар. «17-с кыбартаал уулуссата быһыылаах. Кэмиттэн кэмигэр итинник дьону устан бассаапка ыыппыт буолааччылар. Дьахталлар да хаалсыбаттар», – диэн өссө эбэрдээхтэр. Мин төлөпүөнүм олус кирдээх сиргэ киирэн, биһиллэн тахсыбытыныы, сиргэнэ санаат, дьыбааҥҥа элиттим. Бэрт ыксаабыт куоласпынан сиэн бырааппар: – Ыл, ноко, бу сааты-сууту, ханна да хаалбат гына ыбылы сотторон, ыраастаан кулу! Пахай да, пахай! Аны, сатаан сотторбокко антах оҕолорбор «соһон» тиийэн, кыбыстыыга киириэм.   * * *    «Олус элбэх уонна билбэт курууппаларгар кииримэ. Порнографияҕа түбэһэн дуу, ким эрэ кистэлэҥ сирин хаартыскаҕа түһэрэн ыытан, аны, олох да хааныҥ баттааһына үрдээн, эйигин бэйэҕин балыыһаҕа соһо сатыыр кыһалҕа кэлиэ. Дьэ, онно баар араас көстүү», – диэн сүбэлээтилэр.    Ити кэнниттэн курууппаларга кэлэр биидьийэлэри сэрэнэ-сэрэнэ аһар идэлэнним. Онон балтым көннөрү сонуннары ыыталыыр буолла. Эмиэ үөнэ тэһэ кэйбитэ дуу, аахайбатаҕа оччо дуу, аны биир күн Дьокуускай бэлииссийэлэрэ боростутууккалары туппуттарын туһунан хаартыскалаах сонуну ыытта. Онно этиллэринэн, эдэркээн эттэрин-сииннэрин харчыга атыылааччылар ортолоругар ... бэйэлээтэр бэйэбит кыргыттарбыт кытта баар буолан эрэллэр эбит. Ол курдук, Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх оннук кыыс ол түбэспиттэр ортолоругар баарын аҕыннылар. Хомойуом, курутуйуом быатыгар, кыыспыт сааһа ... 22 эрэ. Олохпут сатарыйбыта, харчыга наадыйыы, баай уонна дьадаҥы араастаһыыта улааппыта итинник саарбах дьарыкка тиэрдэн эрдэҕэ буолуо. Киһи улаханнык саҥарбат. «Таҥара, итинниктэн эдэрдэрбитин быыһаа», – эрэ дииринэн муҥурданар буоллахпыт. Дьыссааттан, оскуолаттан саҕалаан кыыс оҕо, уол оҕо ыраас, сиэрдээх буолууларыгар үлэ күүһүрдэҕинэ табыллыыһы. Аата ааттамматаҕын, сирэйэ бүөлэммитин да иһин, таҥаһыттан да көрөн, билэр дьоно тута ким буоларын сэрэйдэхтэрэ. Бэйэтэ сааппат эбит буоллаҕына, дьонугар, улууһун дьонугар хайдахтаах кыбыстыылаах суолуй?! Эдэрдэрэ бэрт буолан, өйдөөбөт буоллахтара. Хайа эрэ уолан бу кыыһы кэнэҕэһин таптаан кэбиһэн, хайдах олоҕу олоруохтара эбитэ буолла диэн, киһи эрэ долгуйар. Этэллэрин курдук, сир – төгүрүк. Хаһан эрэ син биир бу быһыыланыыта иһиллиэ, дьонугар биллиэ турдаҕа. Оччоҕо, дьэ, хайдах буолар?! Аны, билиҥҥи курдук сыстыганнаах ыарыы (ВППП) элбээбит, СПИД үксээбит кэмигэр олорго сутуллар куттал ыраахтан буолбат эбээт!   * * *    Дойдубар төннөр таксыыбар миигин кытта бөһүөлэккэ ыаллаһа олорор дьахтарым айаннаста. Айаммыт да уһуна, ол-бу буолары-буолбаты кэпсэтэбит. Ол быыһыгар куоракка билбиппин-көрбүппүн, биллэн турар, кэпсээтим. Дуунньам сөхтөҕүнэ буоларын курдук, окумалбын «тэс» гына саайда уонна дьон истиэ диэбиттии, сибигинэйэ былаастаан кэпсиир:    – Ол эн биидьийэҥ диэхтээн, хотуой! Син биир көннөрү киинэ курдук буоллаҕа. Оттон мин түбэспитим...һэ-һэ, дьэ, дьаабы! Аймах ыалбар түспүтүм, били, М. кыыһын аахха. Олорум бастакы этээскэ, куорат кииниттэн олус тэйиччитэ суох кыбартаалга баар, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олороллор. Дьиэ аҥаар эҥээрин ыалларыттан атыылаһан ылан, кимнээх эрэ гостиница гыммыттар. Дьэ, онно баар эбит... түүҥҥү «сүпсүлгэннээх» олох! Суох, айдаарбаттар. Таптаһаллар. Саатар, миигин дьонум дьиэ бэтэрээ, ол гостиница диэки хосторугар, олохтообуттара. Күнүһүн чуумпу буолар. Оттон түүнүн... сэгэр, араас ынчык-хончук, тилигирэһии ийэтэ-аҕата, орон атаҕа муостаҕа, истиэнэҕэ кыһарыллар тыаһа диибин диэн! Бастаан утаа, гостиница буоларын өйдөөмүнэ, «туох ааттаах уохтаах, биир түүн тохтобула суох таптаһар дьон олороллор?!» диибин ээ (күлэн кычыгыланар). Онтум ол биир сууккаҕа уларсар дьон «үлэлиир» ухханнара эбит. Ээ, дьэ, онон хас да түүн утуйбакка эрэйдэнним. Дьиэбэр тиийэн, бэйэлээх бэйэм бэриинэбэр астына-дуоһуйа утуйуом да буоллаҕа! Олорор дьиэҕэ итинник көстүүнэйдэри олохтуур олох сыыһа эбит. Көҥүллүө суохха баара. Ыалларым: «Ити диэн. Ардыгар итирэ-итирэ охсуһан, күлүгээннээн, сүгүннээччилэрэ суох. Полицияланааччылар. Ол оннугар, баҕар, «орон хаачырҕаатын даҕаны».    Дьэ, онон сайдыыбыт да араастаах эбит.   Кэлэйбит кэпсээниттэн суруйда М.Осипова. 2018 с. Тарҕат:
kyym.ru сайтан