Кэпсээ
Войти Регистрация

Нуучча дойдутугар кустаабыттааҕым

Главная / Кэпсээн арааһа / Нуучча дойдутугар кустаабыттааҕым

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
06.10.2023 14:40
   Эдэр сылдьан, Новосибирскайга үөрэхпин бүтэрэн баран, Томскай уобалаһыгар баар Асино диэн куоракка тыраахтары өрөмүөннүүр собуокка сыл аҥаара үлэлии сылдьыбытым. Санатыы быһыытынан, ити билигин биһиги туттар хатыҥ фанерабытын бу Асино куоракка оҥороллор эбит этэ. Собуоттар хамнастара кырата бэрт этэ, ол иһин хамнастара үчүгэй сураҕын истэн, Томскай уобалас Бакчардааҕы оройуонун Кёнга диэн кыракый бөһүөлэгэр мэхээнньигинэн үлэлии бардым. «Кэлин хаһан манна сылдьыллыай, эдэр эрдэххэ сири-дойдуну көрөн хаалыахха» диэн былааннаахпын. Ол Кёнгаҕа үлэлээн күннээн-күөнэхтээн, үөһэ көтөн, аллара тимирэн, эргитэн-урбатан ааспыппын урут суруйбутум, онно тохтуу барбаппын. Бу сырыыга ол Томскай уобалаһын түҥ тыатыгар хайдах кустаабыппын сырдатыым...   * * *    Бу, дьиҥинэн, бултаах дойду эбит этэ. Тайах, кулааһай, эһэ, түүлээх арааһа, мас көтөрө, кус-хаас элбэх. Туртаһы бөһүөлэк таһыгар күн аайы кэриэтэ көрөбүн. Саха киһитин сиэринэн, дьиэм таһыттан биир оҕонньортон докумуона суох 12-лээх, икки уостаах доруоп саа атыыластым. Бастаан тиийбит сылбар саас куска-хааска сылдьыбатым. Дьонун, сирин да билбэтим бэрт. Ол эрээри, күһүн чороҥ соҕотох айахпар куһу баҕас ытан сиэтим. Кыһыныгар туһахтаан куобаҕы да, мас көтөрүн да буолунай бултаатым. Биирдэ эмэ Томскайга барарбар, билэр сахам устудьуоннарыгар куобах бөҕөнү таспытым. Дьиктитэ диэн, Бакчар оройуонугар нуучча дьоно куобаҕы «этэ иик амтаннаах» диэн сиэбэттэр эбит этэ. Дьиҥинэн, куобах этэ куобах этин курдуга, туох да уратыта суоҕа.    Саас манна хаас бөҕө кэлэн, бурдук бааһыналарыгар аһаан-сиэн, уойан-тотон аҕай барар. Хаста да бэркэ оҥостон туран үөмэ сатаан кэбиспитим да, тэһиитэ бэрт, ыттарбат. Түүн күөллэргэ, өрүскэ киирэн хоноллор.    Олохтоох дьон күһүн хаас түһэр сиригэр оҥкучах хастан маныыллар. Аны, мончууктара туох да хара баһаам буолар. Тиийбит сылым күһүнүгэр, дойдубар оҥороллорун санаан, фанеранан үс хаас профила оҥостон манаан көрдүм да – туһа суох. Ол аайы бөһүөлэк дьоно «саҥа мэхээнньикпит, саха улуу булчута, хонууга фанера саайан баран хааһы кэтэһэр эбит» диэн күлүү-элэк, үгэ-хоһоон бөҕөлөрө. Профиль диэни билбэт дьон эбит. Кинилэр манна собуокка оҥоһуллубут бэлэм хаас мончуугун эрэ туһаналлар. Төһө да кинилэр күлбүттэрин иһин, дьиҥинэн, хаастар мин профильбар син саантыыр этилэр. Онтум ахсаана аҕыйаҕа эрэ кыайбыта.    Бу дойдуга, биһиги курдук, куска дурда эҥин оҥостон сордоммоттор. Өрүс устун мотуордаах оҥочонон төттөрү-таары уста сылдьан ытыалыыллар. Кустара: көҕөн, моонньоҕон, чөркөөкү, мороду. Ардыгар, саас өрүһү бата тыйаах, биргинэх ааһар.    Иккис сылым сааһыгар кыттыгас дьон көстөн, хаастыы бардыбыт. Бултуур сирбитигэр тыраахтарынан бырахтардыбыт. Тиийэн балаакка туруоран, кыратык хабыалыы түһэн баран, дьонум мотуорунан өрүһү өрө-таҥнары сыымайдыы бардылар. Икки куһу өлөрөн кэлбиттэрин, «сиэн кэбиһиэҕиҥ» диэн этии киллэрбиппэр, адьас, өлө сыстылар. Биири да энчирэппэккэ мунньан иһэр кыһалҕалаах дьон эбит. Мин, сулумах киһи, куһу онно да, манна да сиирим – суумата биир. Наадыйбаппын. Онон, кэнсиэрбэ сиэтибит.    Дьоммут өрүһү сыыйар кэмнэригэр мин Серафим диэн бэйэм курдук мэхээнньик оҕонньор­дуун сатыы уулары кэрийэбит, бааһынаҕа хаас оҥку­чаҕар олорон ма­ныыбыт. Бу сылдьан көрдөх­пүнэ, өрүс кытыытыгар тыаҕа кус түһүөн сөптөөх уулара бэрт элбэхтэр. Ити мотуорка айдааныттан үргүбүт кус төһө баҕарар кэлиэн сөпкө дылы. Мин уонча хотуобай кус мончууктааҕым таһынан, мас төбөлөөн, пеноплаһынан эмиэ соччо устууканы оҥорон аҕалбытым. Бултуу сылдьан оҕонньорбор Саха сиригэр саас куһу хайдах бултуурбутун кэпсиибин. «Биһиэхэ түүн сырдык буолан, мончуук быраҕан баран түүннэри маныыбыт, күнүс утуйабыт...» эҥин диирбин оҕонньорум соччо баардылаабат. «Ол кыырай халлаанынан көтө сылдьар кус ол эн сымыйа мончууккар түһэр үһү дуо?» – эҥин дэтэлиир. Билбэт дьыалата эбит.    Биһиги күнүскү өттүгэр оҕонньор урут бэлэмнээбит оҥкучаҕар олорон, 5-6 күн иһигэр уонча хааһы бултаатыбыт. Хааспыт мончууга да элбэҕэ бэрт этэ. Дьэ биир күн уопсай сүбэнэн, «кус­туоҕуҥ» диэн буолла. Хааһы тохтото түһэргэ быһаарынныбыт. Мин соҕотоҕун туспа баран, өрүстэн килэмиэтир курдук тэйиччи бэртээхэй көлүйэни булан, мончууктарбын олортум. Кытыыга аҕыйах хаас мончуугун уурбуппар саантаан кэлбит хаастары күөрэтэн, биири ыллым. Ол түүн кус биллибэтэ.    Иккис түүммүт олус тымныы буолла. Чугастааҕы уулары дэлби кэрийэн тириппит киһи, түүн дэлби тоҥон, ала кулуну төрөтө хоннум. Уум кытыыта араас дьэрэкээн ойууну түһэрэн, үрүмэ мууһунан бүрүллэн туртайан барда. Кус суох. Саабын дурдам инники туора маһыгар өйөннөрөн баран ирээри тыыллаҥнаан, илиибин-атахпын мускунан эрдэхпинэ, эмискэ, мончууктарым ойоҕосторугар атыырдаах тыһы көҕөн супту сурулаан кэлэн олорунан кэбистилэр. Түһэн баран, тыас иһиллээн, хамсаабакка хороһон баран олороллор. Саабын ылар кыаҕа да суох балаһыанньаҕа түбэстим. Устунан тиритэн бардым. Олоруом дуо, саабын ыллахпына сатанар. Сэрэниин-сэрэнэн саабын атахпынан бэттэх хаһыйа сатыы олордохпуна, кустарым тыаһырҕаан өрө көтөн лаһыгыраан таҕыстылар. Мин «синим биир» диэн саабын харбаан ылаат, ойуур күлүгүттэн имҥэ тахсалларын кытта, иккитэ дүпүлүөттээн ытан саайдым. Хараҥаҕа биир кус ыраах турар хаппыт хатыҥ туһаайыытынан таҥнары түһэн эрэрин көрөн хааллым. Ол дойду түүнэ хараҥата сүр, биһиэнигэр ханан да холооно суох. Бука, ол да иһин онно түүн кустаабаттара буолуо. Сэргэхсийэ түстүм. Тыһытын таппыппын. Атыыра ыраах саҥара-саҥара эргийэ көтө сылдьар. Мин, оҕо эрдэхпиттэн куска сылдьыбыт киһи, ханнык да тыыннаах көҕөнтөн итэҕэһэ суох айахпынан саҥаран ыҥыра олордум. Чэ ол көҕөн саҥата диэн, киһиргии таарыйа эттэххэ, айахпынан саҥаран умсааҕы да, андыны да тута ыҥыран ылааччыбын. Куһум ханан эргийэ сылдьара көстүбэт, хабыс-хараҥа.    Бу олордохпуна, иннибэр хараара дьиппиэрэ сыппыт уум ньуура үрүҥ талаанынан өрө ыһылла түс­тэ. Мончуукпар атыырдаах тыһы кө­ҕөн кэлэн түстүлэр. Уу талааныттан көрдөхпүнэ, кустарым төттөрү-таары устан, түүлэрин оҥостон-ыраастанан бардылар. Ити кэмҥэ били эргийэ сылдьыбыт атыыр көҕөнүм кэлэн эбии түстэ. Сотору икки атыыр көҕөн охсуһаары дьохсооттоһор саҥалара сүрдэнэ түстэ. Холбостулар... Мин, кыҥаан бэлэм олорбут киһи, иккитэ «уган» ыллым. Тыастарыттан иһит­тэхпинэ, биир көҕөн өрө көтөн тахсан иһэн таптаран суулунна, иккитэ тута «бардылар». Мин бу саабынан былырыын күһүн сүнньүөҕүнэн ытыалаабыт буоламмын, олус ыһар этэ.    Сэргэхсийии буолла. Мин кытты­гастарым уһун күнү-киэһэни быһа мотуордаах оҥочонон өрүһү төттөрү-таары сыыйан төһө бэнсиини салгыҥҥа көтүппүттэрэ биллибэт эрээри, «кустара кэмчи соҕус буолуо» диэн сылыктыыбын.    Түүн туох да көстүбэт буолбутугар, балааккаҕа дьоммор түөрт көҕөннөөх тиийэн сөхтөрдүм. Илим балыгын мииннэнэн иһэн баран, утуйан хааллым. Халлаан саҥа сырдыах буолан эрдэҕинэ, сакааспын толорон, Серафим оҕонньор уһугуннарда. Бу сырыыга Серафим уола Валерий миигин кытта дурдаҕа барсар буолла, «хайдах бултуур эбитий?» диэн интэриэһиргээтэҕэ буолуо.    «Дурдам кыараҕаһа буолуо» дии санаабытым да, хата, икки киһи син батар эбит.    Күн күөрэйиэр диэри олордубут. Бу олорон мин дойдубар кус түүн хас чааска көтөрүн быһаарабын, түүн уу тоҥон билигин кус барыта өрүскэ сытарын, биһиги уолаттарбыт утуйа сыппакка мотуорунан өрүһү кэрийэ бараллара буоллар элбэх куһу көрүөхтэрин сөбүн эҥин кэпсиибин. Ити курдук кэпсэтэ олорон нуктаан эрдэхпитинэ, халлааны хайытар кынат тыаһа өрө куугунуу түспэт дуо?! Халыҥ баҕайы үөрдээх моонньоҕон кэлэн эргийэн, субу тү­һээ­ри даллаҥнаһыы, куоҕаҥнаһыы, хайбаҥалаһыы бөҕө буола түстүлэр. Биһиги ньыкыйан баран олоробут. Кустарбыт биир-биир түһэр тыастара иһиллитэлээн барда. Моон­ньоҕон үөрэ обургу хаһан бары бииргэ түспүттэрэ баарай... Кыракый көлүйэбит былаһын тухары ыһыллан түспүттэр. Валерийбар «хамсаама, хоһулатан баран ытыахпыт» диэн баран, ньыкыйан олордубут. Киһим кус мончуукка түһэрин билбэтэх-көрбөтөх киһи, бэркиһээн төбөтүн быһа илгистэр.    Кустарбыт хоһулаһар былааннара суох. Иккилии-үстүү хоһулаһан ааһара диэн кыра буоллаҕа... Итиччэ элбэх куска. Ити курдук самнарыылаах соҕустук «эккэ» ытаары, олорорго күһэлиннибит. Бу курдук кыһыйа-абара олордохпутуна, халлаантан тааһы бырахпыт курдук, икки чөккөөкү кэлэн уубутугар «палк» гына кэлэн түстүлэр. Мин хаһан да кус итинник халлаантан 90 кыраадыһынан түһэрин көрбөтөҕүм. Арай, бэрт дэҥҥэ, дойдубар анды халлаан тохсус куйаарыттан ити курдук супту түһэн соһутааччы. Өйдөөн көрбүтүм, чөркөөкүлэри сиирэ-халты түсүһэн испит мохсоҕол төттөрү өрө куһууран тахсан үрэх таһынааҕы улахан хаппыт тииккэ олорунан кэбиспитэ. Онтон үргэн моонньоҕотторбут тыас-уус, саҥа-иҥэ бөҕө буолан өрө көтөн айманан бардылар. Ол эрээри, тойонноро чугас сылдьыбыт эбит. Мохсоҕол саҥаран кыыбырҕаабытынан-кыбдьырыммытынан мастан өрө көтөн тахсыбытыгар, моонньоҕоннорбут тута кыбыстыбыттыы аллара саккыраатылар. Мохсоҕол чугас буоллаҕына куттанан көппөттөр эбит. Эбиитин, ууга түһэн баран ыга анньыһан бөлүөхсэллэр. Дьэ-э, эбитээ! Биһиги кус ханан хойуутун көрө-көрө ытыалаан куһуйан барбатыбыт дуо... Улуу аймалҕан диэн дьэ манна саҕаланна! Кустарбыт өрө көтөн тахса-тахса, мохсоҕолтон куттанан төттөрү түһэ тураллар. Ол курдук хаста да төхтүрүйэн ытарбыт тухары барбакка саба күөнтээн көтө сылдьан баран, кини да тэһииркээтэҕэ буолуо, мохсоҕолбут баран хаалла. Ону кытта кустарбыт эмиэ мэлис гыннылар. Оттон көлүйэбит ат сааҕа бөҕө ыһылла сытар сылгы кыбыытын курдук өлбүт куһунан туолла.    Ким тугу саныыра бэйэтин көҥүлэ, оттон онно мин туох да саарбаҕа суох: «Хас да күннээх-түүннээх алгыһым, көрдөһүүм дьэ тиийэн, Баай Барыылаах Тойон эһэм мохсоҕол кыыл буолан дьүһүн кубулуйан кэлэн миигин, бэйэлээх бэйэтин сахатын оҕотун, маанылаата», – диэн бүк итэҕэйбитим. Ол сырыыга биһиги биир олоххо сүүрбэттэн лаппа тахса моонньоҕону ытан ылбыппыт.    Булпутун сүгэн-көтөҕөн дьоммутугар тиийбиппитигэр сөҕүү-махтайыы кытаанаҕа этэ. Онно тиийэн эмиэ уоту аһата-аһата Баай Байанай бэрсибитин, анаан күндүлээбитин этэ сатаан кэбиспитим да, ким да ону наадыйбатаҕа, өйдөөбөтөҕө. Кыттыгаһым Валерий хааман-сиимэн, кэрийэн эрэйдэммэккэ мончуукка олорор үчүгэйин уонна сынньалаҥын, мохсоҕол түбэһэ кэлэн абыраабытын уонна барбакка төттөрү түһэ турар кус акаарытын эрэ үрдүн үөһэ лэбэйдиир этэ. Атын аргыстарым да ону өйдөөбөтөхтөрө. Хайдах гынаахтыаҥый, булт култуурата эҥин диэни билбэт, тугу да итэҕэйбэт халыҥ тириилээх, киһи аһыныан эрэ сөп дьоно буоллахтара! Арай, Серафим оҕонньор тугу да саҥарбат этэ. Арааһа, «бу киһи хас аһылык аайы уоту кытта кэпсэтэн, алҕаан, барыбытыттан табыллан бултаата... Кырдьык, туох эрэ баар быһыылаах...» диэбит буолуон сөп.    Бу сырыыбытыгар биһиги бэһиэ буолан нэдиэлэ кэриҥэ сытаары 12 хааһы, 90-ча куһу өлөрбүппүт. Дьиҥинэн, онно сылдьан мин «кыраны бултаатыбыт» диэн мыына санаабытым да, ол дойду кээмэйинэн сөҕүмэрдик бултуйбут үһүбүт.    Болдьоспут күммүтүгэр бырысыаптаах «Бөлөрүүс» тыраахтарбыт тарылаан тиийэн кэллэ. Сопхуоспут дириэктэрэ Пирогов «бу ыһыы үлэтин үгэнин саҕана икки мэхээнньикпит кустуу оонньуу сылдьыахтара үһү!» диэн биһигини көрдөппүтэ үһүс күнэ буолбут...    Эдэр, кыанар эрдэхпинэ сааскы куска көтүппэккэ сылдьыбыт, куһу-хааһы балай эмэни бултаабыт киһибин эрээри, ити ыраах нуучча уобалаһыгар бултаабытым өйбөр олус кытаанахтык хатанан хаалбыт.   Соччо Ку-ту-каай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан