Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Ээ, ким билэр”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Ээ, ким билэр”
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
19.07.2019 16:28
Биһиги, дьүөгэлииллэр, Марина, Сара уонна Наина буолан, кафеҕа олорон туох кистэлэҥнээхпитин сэлэһэн-хобугунаһан ааһар үгэстээхпит. Онтубут да биһиэнэ буолан баран, хам-хаадьаа эрэ табыллаахтыыр. Оҕо-уруу, үлэ-хамнас элбэх дьоно буолбуппут ырааттаҕа эбээт. Төлөпүөнүнэн оннугу кэпсэтиллибэт. Бэркэлээтэр, күннээҕи сонуну истиһиэхпитин сөп. Чэ, уоннааҕыта эҕэрдэ, бирибиэт этиитинэн түмүктэнэр. Бу сырыыга Маринкабыт хара ааныттан хайдах эрэ кэри-куру курдук. Кини диэтэх киһи, куруук да кэпсээнэ-ипсээнэ, күлүүтэ-үөрүүтэ дэлэй буолааччы. Олоҕо да чаҕылхай буоллаҕа, үөрүмүнэ. Биллэр-көстөр спортсмен кэргэнэ. Сири-дойдуну бараамахтаата. Кэһии киэнэ астыга, сыаналааҕа — киниэхэ. Дьиэлэрэ ат эккирэтэр киэҥ уораҕайа. Аныгы тэрил арааһа кэчигирээбит. Сурунаалга баар дизайн дьиҥ олоххо көстүүтүн кинилэргэ көрүөххэ сөп. Арай кэргэммит хайдах эрэ тоҥуй соҕус. Киһи, ыалдьыт сылдьарын сөбүлээбэт сурахтаах. Онон киниэхэ ордук-хос сыбыытаабаппыт. Дьээдьэтэ бардаҕына, дьэ, баһаалыста. Ону баара, аны бэйэбит солото суох буолааччыбыт. Ити курдук, дьыл-күн биллибэккэ элэстэннэ. Бу сырыыга Маринка, төһө да аҕала сатыы-сатыы үөрэ-көтө сатаатар, санаата атыҥҥа эбитэ көстөр. Ол олорон эмискэ баҕайы ыйыппат дуо: — Доо, эһиги сексуальнай олоххутуттан толору астынаҕыт дуо? Сирэй-сирэйбитин көрсөн кэбистибит. Тиэмэбит соһуччута бэрдиттэн уонна чопчута да бэрт, бастаан утаа ким да хардарбата. Онтон сытыыбыт Сарочка: — Ай-уу чэ. Эрим не такой уж спортсмен туды-сюды, но улаханнык үҥсэргээбэппин. Оттон эйиэхэ буолуо дии – ваще крутяк секс. Спортсменнар диэн айыка дьон буолуохтара ээ. Абыраммыт киһи буолуоҥ. Даа, хата, кырдьык, эт эрэ, оннук да? Маринка курустук сонньуйда: — Ээ, ким билэр. Ити чааһыгар хайабыт абыраммыта буолла?! Бастаан утаа үчүгэй курдук этэ. Оттон эдэр эрдэххэ, то есть бастаан ыал буолар саҕана, бары да актыыбынайдар ини. Спортсмен киэнэ таһыччы дииллэрин итэҕэйбэппин. Итиннэ эбии сотору-сотору сбордарга барар. Ол кэмҥэ мин кураанах хаалабын. Икки-үс ый олор эрэ, бэрт киһи, эрэ суох. Тоска! Аны бастаан утаа ахтылҕан кэнниттэн кэлэн таптаһарыгар мин «уһуктубакка» да хаалабын. Күрэхтэһии чугаһыгар сиэкис туһунан толкуйдуохтааҕар мин баарбар-суохпар да аахайбат буолар. Маннааҕы да киирсиилэр иннилэринэ туттунар. Спортсменнар курутуойдар дииллэр да, төттөрүтүн, хайдах эрэ эбит. Бу кэриэтэ куруук дьиэбэр баар, биллибэт-көстүбэт, судургу эрдээҕим буоллар (дириҥник өрө тыынна). Дьэ, онно эрэ санаатыбыт ээ: үрдүттэн табыллыбыт киһибит диэн санаабыппыт баара. Кырдьык да, кыыспытыгар туһунан кыһалҕа буолуо ээ. Иккис өттүттэн көрдөххө, С. да соруйан гыммат буоллаҕа. Кини кыайыы, өрөспүүбүлүкэ туһугар кыһаллан эрдэҕэ. Дьээбэ кэриэтэ, онон Интэриниэккэ «спортсмен күрэхтэһии иннинэ булгуччу сиэкистэн туттунуохтаах дуо?» – диэн ыйытыыга хоруй көрдөөтөхпүт үһү. Таах да, ньиэмэс омук спорка науката 70-с сылларга быһаарбытынан, эр киһи дьахтарга сырыттаҕына, күүһэ-уоҕа 20 бырыһыан намтыыр диэн. Оттон биһиги кэммитигэр "Рейтер-Здоровье" ааҕыныстыба ити чахчыга сыһыаннаах чинчийии түмүгүн таһаарбыт. Онно көстөрүнэн, сиэкис эр киһи күүһүгэр-күдэҕэр, тулуурдаах буоларыгар, түргэн-тарҕан туттунуутугар, өй-санаа өттүнэн холкутуйарыгар туох да
улахан уларыйыыны, дьайыыны киллэрбэт эбит. Ол аата, урут спортсменнары «күрэхтэһиэхтэрин иннинэ сиэкискэ-дьалыҥҥа аралдьыйбаккыт!! Хаарыан күүскүтүн бараамаҥ» диэн сыыһа хааччах киирэ сылдьыбыт диэн быһаарбыттар. Дьахтары кытта таптастахха, экстрими киллэрбэт түгэҥҥэ, эр киһи эниэргийэтиттэн бэркэлээтэр, 200-250 ккалы «аралдьытан ылар». Онон сорох чинчийээччи: «Кыах сүтэрэ долгуппат. Оттон, дьэ, сиэмэни кытта хаарыаннаахай белоккут биллэ аҕыйыыр», — диэн ити чааһыгар тугу да билбэт спортсменнары куттаабыт түгэннэрэ баарын ыйбыт. Бу «диагноз» кырдьыктаах эбитин аныгы чинчийээччилэр үлэлэрэ хайдах да көрдөрбөт. Аҕыйах кыраам барыыта – муораҕа хааппыла тэҥэ. Дьэ, ол оннугар, төттөрүтүн, сиэкис түмүгэр туох да туораттан эбиитэ суох, айылгытын быһыытынан үөскүүр тестостерон биллэ элбиир. Оттон ол тестостерон быччыҥ үөскүүрүгэр быһаччы кыттыгастаах уонна туһалаах. Күрэхтэһии түмүгэр киирсии иннинээҕи күҥҥэ сиэкистээбитиҥ-сиэкистээбэтэҕиҥ улахан оруола суох. Арай сиэкис куһаҕаннык дьайар кутталлаах, өскөтүн түүнү эргиччи сиэкистээри аанньа утуйбат, киһилии сынньамматах буоллаххына. Оттон утуйуоҥ иннинэ аргыыйдык таптаһан ылбытыҥ, туох да куһаҕана суох. Сарсыардааҥҥы таптаһыы эрчиллэр санааҕын арыый уларытыан син. Аны чинчийии биир түгэни көрдөрбүт. Таптаһыы сыыҥка, тимир сууккатааҕы нуорматын кэбэҕэстик ылар. Оччотугар киһи түргэнник сылайыан сөп. Онон спортсменнар мидия, устрица курдук сыыҥката элбэх аһы сииллэрэ туһалаах диэн. Идэтийбит спортсменнар, футболистан саҕалаан Олимпиадаҕа кыттар сүүрүккэ тиийэ, «Клинический журнал спортивной медицины» сурунаал кэпсииринэн, үксүгэр «кыахтарын» харыстаан, улахан күрэхтэһии иннигэр сиэкистэн туттуналлар. Ол да буоллар сыыҥка, белок кээмэйин «итинник хаһааныы» эт-хаан ирдиир нуорматыттан элбэҕи ылар кыаҕа суоҕунан, оннук да туттунан, кинилэр биллэ «кыаҕырбаттар» эбит. Ону ааһан, ити курдук туттунуу, төттөрүтүн, доруобуйаҕа сэрэхтээҕин медиктэр этэллэр. Тоҕо диэтэххэ, киһи этэ-хаана айылҕа биэрбит аналын туһаммат буоллаҕына, уларыйарыгар тиийэр. Тымырдар, капиллярдар, эрчиллибэккэ, тыҥаан хаалан, туруктара мөлтүүр. Онон варикоз, варикацели курдук ыарыыларга ылларар куттал үөскүүр. Тымырга хаан киирэрэ мөлтөөн, эр киһи сэлтэкэтэ уйан, билэр кыаҕа (чувствительность) сыппыыр. Ол барыта мунньуллан, эр киһи иккис сүрэҕэр – о.э. простататыгар – охсор. Оттон простатит ыарыы туох куһаҕаннааҕын бэйэҕит билэҕит. Хайа уонна иккис аҥаар туһунан эмиэ саныахха наада буоллаҕа дии. Бэйэмсэх буолуу диэн туох аатай. Суруйбучча суруйуум. Спорка сыһыана суох буоллахха, күрэхтэһиинэн үлүһүйбэт түгэҥҥэ, сиэкис бэйэтэ спорт тэҥэ. Таптаһыы кэмигэр сүрэх күүскэ тэбиэлиир, хаан сүүрэрэ түргэтиир, тыҥаҥ үлэтэ күүһүрэр, гормон арааһа бычыахтыыр, простата тиҥиргэччи үлэлиир, быччыҥнар быыппасталлар. Быһата, сэрээккэ кэриэтэ. Умна-умна, дөрүн-дөрүн эрчиллэр спортсмен улахан ситиһиилэнэрэ ахсааннаах. Алҕаһатан кыайыылаах тахсыыттан ураты суоҕун да тэҥэ. Сиэкискэ эмиэ оннук. Онон, син эмиэ спорка курдук, сиэкиһинэн биир кэм дьарыктаныахха, куруук эрчиллиэххэ наада. Ол кимиэхэ толору кыалларый? Сөптөөх хоруй – ыал дьоҥҥо. Манна даҕатан эттэххэ, чинчийии көрдөрөрүнэн, ыал дьон спорка ордук ситиһиилэнэллэр эбит. Онон соҕотохсуйуу муҥун билбэккэ, таптыыр аналы булан, ыал буолбут быдан ордук. Иккиһинэн, оннук түгэҥҥэ, үлүбүөй дьахтардыын
куодарыспат буолан, сааттаах ыарыыга ылларбаккын. Хомойуох иһин, имэҥ-дьалыҥ чааһыгар ыччат сэрэҕэ суох. Оттон үлүбүөй уонна эппиэтинэһэ суох таптаһыы туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Н. С.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан