Кэпсээ
Войти Регистрация

Тэҥнээхтэр булсубуттар

Главная / Кэпсээн арааһа / Тэҥнээхтэр булсубуттар

K
11.07.2019 15:10
Өрдөөҕүтэ, мин кулуупка үлэлии биир дэриэбинэҕэ тиийбиппэр, Марианна диэн кыыс баара. Марианна оннооҕу дэриэбинэттэн төрүттээх, тулаайах, аҕалаах эрэ кыыс этэ. Оскуолатын бүтэрээри сылдьан учууталыттан хат буолан оҕоломмут, онон үөрэнэ барбатах. Оттон ол учуутала буолуохсут (оччотооҕуга эмиэ эдэр киһи) атын ыаллар кыыстарын ойох ылбыт. Марианна оҕото ол учуутал сирэйин көрбүтүнэн төрөөбүт, үүт-үкчү. Кыыс аҕыйах сыл буолан баран иккис оҕотун оҕолонор. Аҕата кимэ биллибэт. «Ээ, ити барыларын кытары сылдьыһар кыыс» диэн дэриэбинэ дьоно улахаҥҥа уурбаттар, оҕолонно да оҕолонноҕо дии. Бу дэриэбинэҕэ хаайыылаахтар холуонньалара баар. Баҕар, ол дьонтон да буолуо, этэргэ дылы, дьыала иһэ хараҥа. Оттон мин, кулууп кубулҕата, аҕыйах устуука ыччат диэҥҥэ киирсэр киһи, Марианналыын эмиэ кэпсэтэр, сэкириэттэһэр этим. Кыыһым саамай улахан баҕата – ыал буолуу. Ким эмэ иҥээҥнээтэҕинэ, олус дьиҥнээхтик ылынан сыһыаҥҥа киирэ охсоро. Онтон быраҕыллан хаалара... Ким да кинини аанньа ахтыбат, ойох ылыан баҕарбат, күүлэйдьит дьахтар курдук саныыллара. Испэр мин Марианнаны олус аһынарым. Ол саҕана Саша диэн холуонньаҕа үлэлиир уол баара. Олус уһун, көнө уҥуохтаах гынан баран сирэйинэн олус модороон киһи. Саша ийэлээх эрэ соҕотох оҕо, олус хаһаайыстыбанньаҥ быһыылааҕа. Кинини тоҕо эрэ бары «бисексуал» диэн ааттыыллара. Сири-буору аннынан «хаайыылаахтары кытары сылдьыһар үһү» дииллэрэ. Мин хантыраагым бүтэн Дьокуускайбар кэлбитим уонча сыл ааста... Арай үнүр маҕаһыыҥҥа баран иһэн, били Марианнабын уулуссаҕа уун-утары көрсө түстүм. Кыыс тупсан хаалбыт. Көрсүбүччэ, ким да ханна да ыксаабат буолан, кафеҕа киирэн аһаатыбыт. Эдэр сааспытын санаатыбыт. Марианнам били Сашаҕа кэргэн тахсыбыт эбит: – Олоро сатаан бараммын ыксаабытым. Атын сиргэ көһөр, үлэ булунар кыаҕым суох этэ. Өйдүүгүн, били, холуонньа ¤ааскатын? Мин киниэхэ кэргэн тахсыбытым дии. – Оттон кинини гомосек дииллэр этэ?... – Барытын билэ-билэбин. Тиийбитим, эрийэн ылбытым, хоонньоспутум да «сразу залеттаабытым». Ону билэн баран киниэхэ тиийэн ойох ыл да сабаас диибин. Таптал эҥин суох. Киһим улаханнык саарбахтыы барбатаҕа. Бэйэтин да репутацията оннук үчүгэйэ суох буоллаҕа дии. Хата, ийэтэ барахсан үөрбүтэ аҕай. Кыра кыыһым үүт-үкчү аҕатын курдук. Билигин кинини эбэбит хайдах да атаахтатыан билбэт. Онтон туран, сыбаайбата таймата суох олорон киирэн барбыппыт. Киһим арыгылыыр аҕай этэ. Үстүү-түөртүү хонукка сүтэн хаалара. Онтон биирдэ арыгылыы сырыттаҕына оннуккун-манныккын диэн үөхпүппэр кырбаабыта. Мин арахсан барарга быһаарыммытым. Икки ый курдук аҕабар көһөн хаалбытым. Онно туран киһим ытыы-ытыы тиийэн кэлбитэ: «Бырастыы гын, эйигин олус күүскэ таптыыр эбиппин. Олоҕум саамай күндү дьоно эһиги эбиккит, акаарыбын. Аны ити дьарыкпын быраҕыам. Мин бэйэм да маннык сылдьарбыттан эрэйдэнэбин. Дьон туох да диэтин дии саныыр этим. Билигин өйдөннүм», – диэн көрдөспүтэ. Ол кэнниттэн тосту уларыйбыта. Эбиитин Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Саша билигин сыбаанньата үрдээн, бэркэ үлэлии сылдьар. Арыгылаабат даҕаны, кырбаабат даҕаны, тьфу-тьфу-тьфу!
Олус күүскэ таптыыбын, ¤аашкабыын... Алла, дьахтар эрин таптыыра бииргэ олорон бардаҕына эрэ кэлэр эбит. Оҕолорбут да улааттылар. Уолум – 13-үн, улахан кыыһым – 11-рин, кыра кыыһым 7-тин туоллулар, былырыын ипотеканан дьиэ ылыммыппыт дии. Онтубутун төлөһөөрү, сүбэлэһэн баран, «материнскай капитал» ылыахпыт диэн оҕолонорго быһаарыммыппыт. – Кыыс олох «крутизнааҕын» дии. Маладьыас. Наһаа да маладьыас кыыс Марианна! Чахчыта, дьахтары эр киһи буортулуур, хатыйар, дьоло суох оҥорор... Оттон «дьахтар дьоллоох буолуон баҕардаҕына, кинини ким да тохтоппот» диэн итини этэллэрэ буолуо...
kyym.ru сайтан