Кэпсээ
Войти
Регистрация
КӨРДӨРБҮТҮНЭН БАЛЫЙЫЫ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ КӨРДӨРБҮТҮНЭН БАЛЫЙЫЫ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
12.10.2023 16:28
Камскайдааҕы перинатальнай кииҥҥэ, сөп түбэспитэ да бэрт, биир үтүө күн, 2016 сыл атырдьах ыйын 6 күнүгэр, Людмила Александровна диэн атылыы ааттаах, биирдэрэ – Набережнай Челныттан, иккиһэ Мензелинскэйтэн сылдьар дьахталлар, баара эрэ 1 мүн. арыттаах биирдии кыыс оҕону күн сиригэр көрдөрбүттэр. Ийэлэр саастара да араа-бараа эбит: 28 уонна 31. Аны, анаабыт курдук, кккиэн иккис оҕолоро төрөөбүт. Кэккэлэһэ сытар буоксаларга быыһаммыттар. Дьиҥинэн, кырачааннар төрүүллэригэр ыйааһыннара араастаһара: 2800 уонна 3800 г. Ол курдук, биирдэрэ быыһанаатын кытта «толуу оҕо төрөөтө» диэбиттэр эрээри, быыкаа, баара-суоҕа 2800 г. кырачааны эмтэрэ биэрбиттэр. Анараа дьахтарга, төттөрүтүн, ыйааһыыннааҕа кэлбит. Онон икки ийэ кэпсэтэн көрөн баран, тута бутуур тахсыбытын өйдөөн, эмчиттэргэ ол санааларын тиэрдэ охсубуттар. Ону баара, анараалар: «Сымыйа! Хайдах да бутуйар кыах суох! Оннук буолар туһа суох. Төрүүр ыарыыттан төбөҕүт хамсаабыт!» – диир дьон буолбуттар. Хайыахтарай, аахса барбатахтар. Хата, маладьыастарыҥ, сэрэххэ диэн, төлөпүөннэрин нүөмэрин атастаспыттар. Ийэлэр сотору-сотору кэпсэтэллэр, кырачааннарын хаартыскатын ыытыһаллар эбит. Оҕолоро бороохтуйан истэхтэрин аайы, күүтүллүбүтүн да курдук, иннинээҕи оҕолоругар адьас маарыннаабат буолан испиттэр. Холобур, Анечка – анараа Людмила кыыһыгар, оттон Айшат Трофимовтар уолларыгар маарынныыра. Аҕалартан аан бастаан Айшат аҕата саарбахтаабыт. Хата, кэргэнин куһаҕан быһыыга күтүрүү барбатах, кэргэнэ кыыһын ыйааһынын туһунан ытырыктата кэпсээбитин саныыр эбит. Инньэ гынан, анаан-минээн Казаҥҥа тиийэн, 12 тыһ. солк. төлөөн, ДНК бэрэбиэркэтин оҥорторбут. Онто, кырдьык да: «Ваше отцовство исключается» диэн тахсан ыксаппыт. Кэргэнниилэр Набережные Челны Трофимовтарыгар тиэтэлинэн эрийэн тирилэппиттэр. Аны, ыксаабыт ийэлэр ДНК бэрэбиэркэлэтэ айаннаабыттар. Эмиэ харчы төлөөн туран, бэрэбиэркэлэппиттэрэ – туох да мөккүөрэ суох кыргыттары бутуйбут чахчылара илэ бааччы арыллан тахсыбыт! «Анаалыс оҥоһуллар, түмүгүн күүтэр кэммитигэр, ньиэрбэбиттэн буолуо, ыйааһыным кытта түспүтэ. Оттон Уфаттан кэлбит түмүгү ааҕан баран, сүрэҕим кытта ыалдьыбыта», – диир Людмила Трофимова. Ити мучумааҥҥа ийэ устунан олох да уолан, оҕотун эмнэрэр кыаҕын сүтэрбит. Ол да буоллар, хата, кырдьыктара көстүбүт. Кырдьык кыайбыт Ону баара, ити үлүгэр дакаастабыл баарын үрдүнэн, перинатальнай киин үлэһиттэрэ билиммэтэхтэр. Дьонуҥ өссө ДНК түмүгүн саарбахтыыллар үһү! Төрөппүттэр ыксаан, Эпиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ уорганыгар үҥсүбүттэр. Олор «маннык түбэлтэ хаһан да буолбатаҕа» диэн соһуйуу бөҕөнү соһуйбуттар. «Салгыы маннык сиэрэ суох быһыы тахсыбатын, дьон дьылҕатынан оонньооботуннар. Саатар, быраастар алҕастарын билиммиттэрэ буоллар, син өйдүө, бырастыы гыныа этибит. Дьалаҕай сыһыан тохтуохтаах!» – диэн, төрөппүттэр албакаат наймылаһан, Татарстан Силиэстийэлиир управлениетыгар үҥсүү түһэрбиттэр. Дьэ, онуоха силиэстийэ, айдаан саҕаланар. Өрөспүүбүлүкэлэрин бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов Набережные Челны туох баар төрүүр, перинатальнай кииннэрин бэрэбиэркэлиир туһунан ыйаах таһаарбыт. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр хонтуруоллааҥ диэн эбээһинэс сүктэрбит. Медкиин кылаабынай бырааһын, доруобуйа харыстабылын управлениетын начаалынньыгын үлэлэриттэн устубуттар. Онон сайдыылаах үйэ буолан, бу дьон кырдьыктара дакаастаммыт. Арай урукку кэм эбит буоллун?! Эмиэ көрдөрбүтүнэн балыллыах этилэр! Татьяна САВВИНОВА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан