Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олоххо маннык эмиэ баара...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олоххо маннык эмиэ баара...
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
12.10.2023 16:19
Е.Гаврильев, Сунтаар улууһа: – Сүүрбэччэ сыллааҕыта киин балыыһаҕа киирэн эмтэнэ сылдьабын. Биир балаатаҕа бэһиэ буолан сытабыт. Мин хаҥас диэки түннүк таһынааҕы ороҥҥо сытарым. Атах өттүбэр, аан таһыгар – кырдьаҕас оҕонньор, кинини утары, аан нөҥүө өттүгэр эмиэ биир аҕа саастаах киһи сыталлара. Ону таһынан өссө икки эдэр киһи баара. Биир киэһэ сиэстэрэлэр, утуйар кэм кэлэн, уоту умуруоран барбыттара эрээри, истиэнэ уонна аан быыһынан көрүдүөр уотун сырдыга тыгара, балаата иһэ борук-сорук этэ. Мин аттыбар баар кырдьаҕас оҕонньордуун аа-дьуо буолары-буолбаты кэпсэтэ сыппыппыт. Арай ол сытан көрдөхпүнэ, эмискэ үрдүбэр хара бэкир, уһун, сыгынньах киһи нөрүйэн эрэр эбит. Ону көрөөт, мин: “¤уу! Бу кимий?” – диэт, хаһыытаабытынан олоро биэрдим. Сонно аны аттыбар сытар дьукааҕым: “¤уу! Бу барда”, – диэн ойон турда. Онно өйдөөн көрбүтүм, биир киһи орон үрдүгэр туран илиитинэн сапсыйан эрэр эбит. Мин ол икки ардыгар ойон тураат, дьиэбиттэн аҕалбыт остуолум лаампатын уматтым. Бары туран тула өттүбүтүн көрбүппүт, ханна да, ким да суох. Итиччэ улахан хап-хара бэкир киһи көрдөрбүтүнэн туран сүппүтүн бэркиһээн эрэ кэбистибит. Дьэ, дьикти. Сарсыныгар бу балаатаҕа сыппыт икки ыарыһах балыыһаттан тахсан барбыппыт. Ол күн биһиги тахсааппытын кытта, сарсыарда дьиэтин таһыгар мас хайыта сылдьыбыт кырдьаҕас оҕонньор оһоллонон киирбитин истибиппит. Кинини, били, хара бэкир киһи сапсыммыт оронугар сытыарбыттар үһү. Эрэйдээх ол түүн өйдөммөккө да, анараа дойдуга бараахтаабыт. Ону биһиги кэлин: “Киһи өлөрүн билэн, харахпытыгар илэ көһүннэҕэ”,– дэһиспиппит. Онтон ыла көстүбэт буолбут Чэ, баҕар, итэҕэйиҥ, баҕар итэҕэйимэҥ. Кырдьык, олоххо буолбут түбэлтэ диэн кэпсээбиттэрэ. Арай биир киһи атынан айаннаан испит. Дэлби сылайан-элэйэн, утуктаан, ханна-ханна тиийбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт. Суолуттан туораан хаалбытыттан олус диэн ыксаабыт. Бу ыккардыгар хараҥа обургу бүрүүкүү охсубут. “Аара биир эмэ ыалга түбэһэн хоммут киһи. Быстыы да буолла”, – диэн санаабыт. Бу кэмҥэ, кини дьолугар, биир кыракый балаҕан турара көстүбүт. Айанньыт үөрүүтүгэр ол диэки атын салайа туппут. Балаҕаҥҥа төһөнөн чугаһаан иһэрий да, ата соччонон сиргэнэн, өрө тыбыыр да тыбыыр буолбут. Быстыа дуу, ойдуо дуу – айанньыт бачча хонор сир көстүбүтүн кэннэ, төннөр санаата отой суох буолбут. Балаҕаҥҥа киирэригэр, бука, сэрэхэдийдэҕэ буолуо, атын ыҥыырын устубатах, быатын сүөрэ тардыы гына баайбыт. Дьэ уонна балаҕан аанын аһан киирбит. Киирбитэ, балаҕаҥҥа быр бааччы оһох оттуллубут. Остуолга ыалдьыты кэтэспит курдук, ас-үөл тардыллыбыт. Чочумча турбахтаан көрөн баран, киирбит киһи быһыытынан улахан соҕустук дорооболоспут да, эппиэт иһиллибэтэх. Айанньыт саҥата-иҥэтэ суох балаҕан ортотун диэки киирэн, ол-бу диэки өҥөйтөлөөн көрө турбут. Арай хайдах эрэ эмискэ сиһин этэ таппыт, иэнэ кэдэҥнээбит. Сонно тута кэннин хайыһан көрбүтэ, оһох кэнниттэн биир эдэркээн кыыс тахсан, былаатын көннөрүнэ-көннөрүнэ, кинини көрөн турар үһү. Киһи эргиллибитигэр биирдэ: “Дорообо, айан киһитэ. Ыраахтан ыалдьыт кэлэр буолла диэн сэрэйбитим. Эчи, киһи бу диэки сылдьыбатаҕа да ыраатта”, – диэн хаһан эрэ билэр киһитин курдук эйэлээхтик кэпсэтэн-ипсэтэн барбыт. Дьиэлээх үчүгэйдик көрсүбүтүттэн айанньыт били куттаммыта, этэ саласпыта ааспыт. Ол эрээри маннык кураанах сиргэ, бачча эдэркээн кыыс тоҕо соҕотоҕун олороруттан иһигэр ытырыктата санаабыт, дьиктиргээбит. Аһаан-сиэн бүтэн кыыс аны: “Айан киһитэ, сылайдаҕыҥ буолуо”, – дии-дии, утуйар таҥас-сап бэлэмнээн биэрбит. Ол кэмҥэ айанньыт таһырдьа тахсан атын көрбүтэ, букатын да сиргэнэн иэдэйбит ат турар үһү. “Кэбис, бу ат букатын табыллымаары гыммыт”, – диэн мөҕүттүбүт да, атыгар эрэнэрэ бэрт буолан, син биир сэрэхэдийбит. Дьэ, ити курдук түүн үөһэ буолбут. Айанньыт киһилии утуйан биэрбэтэх. Биир кэм уута кэлбэккэ, эргичиҥнии сыппыт. Арай ол сытан көрдөҕүнэ, оһох иннигэр киһи олорор үһү. Соһуйан, өндөйөн көрбүтэ, били кыыһа арбаллыбыт баттахтаах, уҥуох-тирии буолбут илиитин сараппытынан, хоноһо диэки эргиллибит. Онно, доҕоор, өйдөөн көрбүтэ – кыыһа сүүһүгэр үһүс харахтаах эбит уонна хайдах эрэ ис-иһиттэн тыбыс-тымныынан кини диэки тонолуппакка көрбүт. Бачча үлүгэрдээҕи көрбүт айанньыт ииримтийэ куттаммыт да, хаһыыра түһээт, таһырдьа ыстаммыт. Атын сүөрэ тардаат, миинээт, көтүтэ турбут. Арай ол куотан иһэн иһиттэҕинэ, кэннигэр кыыс ынырыктаах часкыыра иһиллэрэ үһү. Айанньыт бу куотан төһө өр айаннаабытын да билбэккэ хаалбыт. Арай ата биир балаҕан иннигэр кэлэн хорус гына тохтуу биэрбитигэр биирдэ өйдөммүт. Кутталыттан саараан олордоҕуна, дьиэлээх оҕонньор тахсан, соһуйан-өмүрэн киллэрбит. Ирэн-хорон, куттаммыта арыый ааһыыта оҕонньор сэрэнэн-сэрэнэн: “Эн, арааһата, били, киһи-сүөһү таарыйбат буолбут алааһыгар киирэн биэрээхтээбиккин. Биһиги манна төрүт былыргыттан олорор буоламмыт билэбит”, – диэбит уонна кэпсээбит. Онтуката, кырдьык да, өтөрдөөҕүтэ ол алааска төгүрүк тулаайах кыысчаан олорбута үһү. Сүүһүгэр үһүс харахтаах буолан, онтун былаатынан куруутун саба баанар эбит. Биирдэ эмиэ айанньыттар хоно сытан, кыыс үс харахтааҕын алҕас көрбүттэр уонна атах балай куоппуттар. Эбиитин абааһы кыыһа диэн сурах-садьык ыыппыттар. Онтон ыла биир да киһи бу алааска таарыйбат буолбут. Кыысчаан муҥнаах ону тулуйбакка, бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Ол уҥуоҕа хараллыбакка, итинник мунан тиийбит дьоҥҥо көстөр үһү. Маны айанньыт барытын сиһилии истэн баран, кыыһы сүрдээҕин аһыммыт: “Ол, арааһа, уҥуоҕун харайтараары көстөр эбит буоллаҕа”, – диэбит. Кэлин сэниэлэнэн баран, доҕордоох-атастаах бу алааска кэлэн, кыыс көмүс уҥуоҕун булан кистээбит. Онтон ыла кыыс көстүбэт буолбут. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан