Кэпсээ
Войти Регистрация

Ийэлээх кыыс дьоллоро

Главная / Кэпсээн арааһа / Ийэлээх кыыс дьоллоро

K
20.06.2019 15:10
Имэҥҥэ, тапталга, дьахтардаах эр киһи сыһыаннарын туһунан суруйууга ааҕааччыбыт санаата араастаһар. Ким эрэ өлөрдүү абааһы көрөр, ким эрэ төһө да мөҕүтүннэр, кистии-саба аахпытын, ити лииһи ала-чуо арыйбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Дьиҥинэн, бу Орто дойду олоҕор көстөр түгэннэри суруйуу, кыбытан, биллэрэн ааһыы булгуччу оннукка ыҥырыы, аҕытаассыйа диэн буолбатах эбээт. Төттөрүтүн, сорох өттүгэр бу маннык курдукка тиийбэтэх ордугун, сэрэхтээх буоларга, инникини көрөн дьаһанарга толкуйдаттын диэн таһаарыы эмиэ баар буолар. Оттон ким эрэ биһириир, «Имэҥ» балаһа суох буоллаҕына, аахпатах да ордук диэн санаатын атастаһар. Быһата, төһөнөн элбэх киһи баар да, оччонон санаа – араас. Оттон бу сырыыга эмиэ туһунан санаа этиллэр суругун туттубут. Онно биһиэхэ тахсыбыт суорумньу туһунан суруйуу түмүгэр, дьон дьоллорун булбуттарын туһунан этиллэр. Оттон кимиэхэ эрэ көмөнү, үтүөнү оҥорууттан ордук үчүгэй, ама, туох баар үһүө. Итинник диэн туран, бу сурук ааптардарыгар толору дьолу, ситиһиини баҕарабыт. Ааҕааччыларбыт үгүстэрэ да бу санаабытын кытта сөбүлэһиэхтэрэ диэн бүк эрэнэбит. Ийэлээх кыыс дьоллоро (Дьиҥ олохтон икки сурук) Дьылҕам бэлэҕэ Үтүө күнүнэн, ытыктабыллаах норуот хаһыатын үлэһиттэрэ! Сахабыт сиригэр саас барахсан салаллан тиийэн кэлбитэ, эчи, кэрэтин, сырдыгын. Мин эһиги хаһыаккытынан бар дьоммор тус үөрүүбүн үллэстиэхпин баҕарабын. Бу иннинэ хаһан да хаһыат диэҥҥэ суруйбатах киһибин. Онон, бука диэн, баалаамаҥ, санаабын тэлэйэ аспыппын көрөн, наардаан, көннөрөн биэрээриҥ дуу диэн көрдөһүүлээхпин. Бэйэм үс оҕолоох аҥаардас ийэбин. Кэргэним эрдэ олохтон туораан, 26 сааспар огдообо туран хаалбытым. Онон оҕолорбун соҕотоҕун атахтарыгар туруортаан, үлэһит дьон оҥортоотум. Билигин биэс уон ордугуна алта саастаахпын. Ол эбэтэр олорбутум отут сылын тухары соҕотох ийэ бары кыһалҕатын эппинэн-хааммынан илэ билэн, эдэр сааспын соҕотоҕун атаарбыт киһи, соҕотох дьахтар олоҕо диэн хайдаҕын билэбин. Саллабын. Онон кыыһым ыал буолбакка сылдьарыттан олус хараастар, долгуйар этим. Ол сылдьан эһиги хаһыаккытыгар суорумньуһут Людмила Егоровна диэн баарын ааҕан олус сэргээбитим. Кыыспыттан кистээн, төлөпүөннээн, билсэн, санаабын үллэстибитим. Ол кэннэ сылтан ордук кэм ааспытын кэннэ дьэ күүтүүлээх субонуок кэлбэт дуо! Сөптөөх уол көстүбүт үһү диэн буолла. Аны, ол туһунан кыыспар хайдах этэбин, иннинэн буолан сөбүлэһиэ дуо, саарбах. Билиһиннэрэ да илдьэриҥ уустук буолуох курдук. Хата, биһиги дьолбутугар, Людмила Егоровна бу суорумньулуур дьарыкка ылсыбыта ырааппыт буолан, бэрт кэбэҕэстик тахсар суолу тобула охсубута. Инньэ гынан уопсай сүбэнэн отонното илдьэр буолбуппут. Хоно-өрүү сытан билистиннэр диэн. Ол билиһиннэриибитин, холобур, киинэ гына таҥар буоллар, бэрт интэриэһинэй уонна көрүдьүөс да курдук буолуо этэ. Бэртээхэй сюжет диэн күлсээччибит. Кырдьык, киһи кутун тутар бэртээхэй хартыына тахсыа этэ. Дьэ, ол сылдьан суорумньуһутум аны бэйэбин биир киһиэхэ сыыттаан «сирилэттэ». Аны кэлэн истиҥник саныыр, чугастык ылынар киһбин көрсүөм диэн санаабат этим. Ол туһунан толкуйдуохтааҕар буолуох, санаабар да оҕустаран көрбөтөх
киһи буоллаҕым. Ол эрээри киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн кэлэр түгэнэ бу сиргэ баар эбит. Быһата, бу үтүө сааһы мин эмиэ дьоллоох уонна доҕордоох көрсөр буолан, үөрүүм үрдээн олорор. Түгэни туһанан үтүө-мааны, кырдьыга да дьон туһугар доруобуйатын да умнан туран, кыһалла-мүһэллэ сылдьаахтыыр, дьон дьоллоох буоларын туһугар туруулаһар Людмила Егоровнаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин. Киниэхэ бу үлэтигэр-хамнаһыгар көмө, тирэх буолуон баҕалаах дьон бааллара буолаарай? Үтүө үтүөнү түстүүр диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ эрэбил. Төһөнөн дьоллоох дьон элбэх да, оччонон үчүгэй буоллаҕа эбээт. Кини төл. нүөмэрэ +89841139619 Эрэли кытта Мария Яковлева. Кэпсиэххэ наада, баҕар, кимиэхэ эмэ туһалаарай, толкуйга тиэрдээрэй диэн, тус олохпуттан биир түгэни билиһиннэрэр санааланным. Ол иннинэ, бастатан туран, күндү киһим, күн күбэй ийэм Мария Федотовнаҕа ис сүрэхпиттэн махтанарбын көҥүллээҥ. Кини баар уонна дьаныардаах буолан, сааһырдарбын даҕаны, ыал буолуу, ийэ дэнэр толору дьолу биллим диэн билиниэх кэриҥнээхпин. Оттон ийэм эһиги «Кыым» хаһыаккыт көмөтүнэн билсиһии кулуубун булан, мин олохпун, кырдьыга да, оҥордо. Онон хаһыакка туһунан махтал буолуохтун. Итинник диэн туран, саас-сааһынан олоҕум дьикти устуоруйатын кэпсиим дуу. 25 саас кэнниттэн сулумах сылдьар, өссө да аналгын көрсөн унаар буруо таһаара илик буоллаххына, «КБК» дьаралык иҥэрин билэр буолуохтааххын. Куорат сиргэ күн аайы уларыйбат «дьиэ-үлэ-дьиэ» маршрутунан сылдьааччы элбэх. Сааһыран истэх аайы киһи билсэр-көрсөр да сирэ суох курдук. Оттон дьыл-хонук кими күүппүтэ баарай. Саас ылбытын өйдөөбөккө да хаалбыт буолаҕын. Устудьуоннуу сылдьан уопсай биэчэрдэригэр тиийдэххэ да, хайдах эрэ туората көрүү баар курдуга. Дискэтиэкэҕэ наар уопсайга олорор оҕолор сылдьаллара. Таһыттан киирии уустуга. Онно холоотоххо, мин көрүүбэр, тыа сиригэр бөһүөлэк олоҕор-дьаһаҕар кыттан-хайаан, быдан көхтөөхтүк олоруохха сөп эбит. Мин билигин да оннук салгымтыалаах, биир кэм хатыланар маршруппунан сылдьыа эбитим буолуо... Хата, ийэм барахсан миигиттэн чып кистээн билсиһии кулуубун салайааччытын кытта сибээстэспит. Мин билбэппинэн, үлэ, былаан бөҕө буолбуттарын бу кэлин истэн соһуйабын. Арай биирдэ ийэм туран этэр: «Оо, дьэ, биир билэр дьахтарым отоҥҥо ыҥырар да, хааным баттааһына үрдээн, кыайан сылдьыа суохпун. Аккаастанар буоллум быһыылаах. Кыһыылаах да баҕайы. Массыына бэлэм, түһэр сир бэлэм эбит. Арай эн барыстаргын, сири-дойдуну көрөн хаалыллыа этэ». Ити курдук икки күнү супту араастаан моһуйда, барыан олус баҕарарын биллэрдэ.Үөһэ тыыныы бөҕө. Мин, бачча сааспар диэри ийэм итинник дьиктитийбитин көрө илик киһи, хайдах эрэ өссө дьиксинэ санаан ыллым. Онон: «Чэ, бардыбыт», — диэн буолла. Дьэ, доҕор, ийэм барахсан тута атын сирэй-харах буола түстэ. Оҥостуу, бэлэмнэнии улахана саҕаланна. Тоҕо эрэ миэхэ ону-маны кэт, итини кэтимэ диэн, сүбэ-ама, киэргэтии бөҕөтө. Ол аайы мин ойуурга барар аата тугу да оннук оҥоһуннамый диэн буолуммаппын. Онуоха ийэм туой: «Чэ, мааны бөҕө дьону кытта барабыт. Биһиги эрэ ньүдьүрүү сылдьыахпыт дуо, маны кэт,
бу ордук барсар», — диэн иһэр. Инньэ гынан ох курдук оҥостунуу буолла. Бүтүн оптуобус дьон эбиппит. Салайааччыбытын тоҕо эрэ «биригэдьиир» дииллэр. Саҥа-иҥэ, кэпсээн-ипсээн, хамаанда кытаанаҕа. Бэрт сотору “кэлиэхтээх сирбитигэр кэллибит” диэтилэр. Бары да салгыҥҥа тахсан сүргэбит көтөҕүллүбүтэ биллэр. База диэн ааттанар улахан баҕайы дьиэ баар эбит. Ырааһа, хомуллуута мааны. Быһата, арамаантыка тыына илгийэр курдук. Биригэдьиирбит биһигини, саҥа дьон диэн ааттанааччылары, анаан-минээн алҕаан, «сүрэхтэтэлээтэ». Барыта сонун баҕайы. Киэһэтин баанньык үлэлээтэ, үрэххэ чомполонуу саҕаланна. Били, отоммут букатын да умнулунна. Сарсыардааҥҥы бырагыраамабыт «жоскай»: 6 ч. эмтээх от хомуура. Сарсыарда 11 ч манна түмсүү. 12 ч. – тэллэйдии барыы. Биир «ноолоох» эбит, ол хайаан да бааранан, иккилии буолан сылдьар үһүбүт. Сэрэҕэ бэрт дииллэр. Онон миэхэ биир Кеша диэн уолу туттаран кэбистилэр. Ол кэннэ барыбытыгар куомпас уонна бэйэ оҥоһуга хаартаны түҥэттилэр. Ким хайа диэки баҕарарынан көрөн бааранан арҕам-тарҕам тарҕастыбыт. Этиллибитин курдук, 11 ч. били мааҕыҥҥы сирбитигэр (табор дииллэр) кэлэн, ас буһардыбыт. Дьиктитэ, ким да биһигиттэн атын суох. Кэтэспэхтээн баран, аны тэллэйдии бардыбыт. Кэлбиппит... эмиэ ким да суох. Биһиги күүт да күүт. Киэһэрэн барда. Биһиги дьоммутун көрдүү тыаҕа бардыбыт. Ол сылдьан өссө муна сыстыбыт эҥин. Кэлбиппит, дьоммут бэлиэр утуйа сыталлар. Биһиги эмиэ иккиэйэҕин чэйдээт, сөтүөлүү киирдибит. Анаабыт курдук, күммүт да үчүгэйэ, нуурала. Ити курдук сыыйа билистибит. Икки ыйынан ол базабытыгар тиийэн «бэргэһэлэннибит». «Аҕабыыппыт», бу иннинэ «биригэдьиирбит» — Людмила Егоровна. Онон түгэни туһанан киниэхэ барҕа махтал буолуохтун. Бэртээхэй сынньалаҥы тэрийэн, аналбын булларан, ыал буолан, дьахтар дьолун билэр кыахтаммыппар. Кэпсээним манан бүппэт. Ортото эрэ буолла. Людмила Егоровна миигинэн тохтообото, бэйэтэ этэринии, салгыы баран, аны ийэбин сыбааттаан «сирилэттэ». Онно дии – эр дьон барахсаттар, дурда-хахха буолалларын, киһи бу сиргэ икки буолаары кэлэрин, олох сааһырдахха тохтооботун туһунан элэ-была тыл эгэлгэтэ, үөрэтии-такайыы саҕаланыыта! Инньэ гынан ийэм кини этэригэр сөбүлэһэн, бэйэтигэр сөптөөх доҕор булунан, билигин үөрэ-көтө сылдьарын көрөн, мин икки бүк дьоллонобун. Ийэм барахсан кырдьар сааһыгар тэҥнээҕин булан, дьиэтэ-уота кытта сырдаан көстөргө дылы буолбут. Киһи төһө саастааҕыттан тутулуга суох таптал кэлэр, ситэр эбитин илэ көрөн итэҕэйдим. Ийэбин таптыыр харах көрсөрүн, кинитэ суох чуҥкуйарын, суохтуурун билэриҥ биир туспа үөрүү эбээт. Били, дьоммутун сүтүктээбиппит диэн үөһэ суруйбутум дии. Онтум баара, дьоммут уҥуоргу биэрэккэ турар үүтээҥҥэ саһан олорбуттар, биһигини чуҥнуу-чуҥнуу. Ити аата суорумньу өссө биир ньымата үһү. Кыргыттар, олорон хаалымаҥ. Ийэ буолар толору дьолу куоттарымаҥ. Уолаттар, таптал уотун уматыҥ, төрөппүттэр оҕоҕут дьолун уһансыҥ, бары дьоллоох буолуоҕуҥ. «Кыым», эн кэрэ эйгэҕэр, тулалыыр тусаһаҕар куруук дьон толору уонна дьоллоох буоллуннар, айар үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт, махтал! Бары үчүгэйи кытта Эльвира. Муус устар 28, 2011 с. № 16
(22009) тахсыбыт матырыйаал.
kyym.ru сайтан