Кэпсээ
Войти Регистрация

Күннэй

Главная / Кэпсээн арааһа / Күннэй

K
17.06.2019 11:07
Мин Күннэйдиин хайдах билсиспиппин кэпсиим. Дьүөгэбин кытта уулусса устун хаамсан иһэн гостиница аттыгар биир кыыһы көрсүбүппүт. — Уой, привет, Күннэй! – аргыстаһан испит дьүөгэм ити кыыһы билээччи буолла. – Манна баар эбиккин дуу? — Привет! – сахалыы ис киирбэх ааттаах кыыс дьүөгэбин ыга кууһаат, иэдэһиттэн сыллаата. Арааһа, чугастык билсэллэр быһыылаах. Чугастан көрдөххө, балаҕан аайы баар кыра-хара кыыс эбит, эбиитин маадьаҕардыҥы уонна биитэ суох кыараҕас харахтардаах буолан биэрдэ, — Ааспыт нэдиэлэҕэ кэлбитим. Айакка, дьиэҕэ олорон сөп буоллум, “туттарсыам” диэн баран, кэлэн хааллым. Киирбэтэхпинэ, саатар быылбын тэбии түһэн, истириэспин таһааран баран төннүөм, — Күннэй күлэн көбүс-көнө маҥан тиистэрин көрдөрдө. Биһиги таһырдьа турар сайыҥҥы чугастыы кафеҕа эбиэттии баран иһэр буоламмыт, дьүөгэм биир дойдулааҕын кыттыһыннардыбыт, көрсүспэтэхтэрэ быданнаабыт буоллаҕа. Билистибит: Күннэй дьүөгэм тастыҥ балта эбит. Соһуйуом иһин, үөрэххэ туттарсааччыбыт күрүлүүр күнүс диэбэккэ, пиибэ ылла – утаппыт, бэҕэһээҥҥиттэн “сушняктыы” сылдьар үһү. Таах даҕаны 18-таах оҕо буоллаҕай, сиппит дьахтар, бэйэтэ билэн эрдэҕэ дии санаатым. Кыргыттар салгыы кэпсэтэллэр: — Оттон оҕоҥ аҕатыныын хаалла дуо? – ыйытар дьүөгэм. — Ээ, көрдүн! – Балтын мичилиҥнэс-пит харахтара кыл түгэнэ кэри-куру буоллулар, онтон эмиэ күлүм гыннылар. — Киһим акаары баҕайы, арахсыам этэ... Ыһыахха күнүүлээбитэ буолан кырбаабыта, ойоҕоһум тостон, доргуйан балыыһаҕа сытан тахсыбытым. Онтон бу кэллим... Баҕар, ха-ха, манна дьолбун булуом дии! Кырдьык, бачча эдэр кыыс эрэйдээх-сордоох олохтон дьалты хаама сатыыра баа буолуо дуо? Баҕар, дьоллоох Дьокуускай киниэхэ эмиэ дьол кыырпаҕын тигиһиннэриэ... Арай биири бэлиэтиим – солуута суох соҕус диэххэ дуу, чычаас өйдөөх диэххэ дуу – саҥарара, туттара-хаптара омуннаах курдук, көрөрө-истэрэ олуонатыҥы. Утаҕын омуртаҕын аайы, Күннэй тыла өһүллэн истэ. —Доо, мин манна гостиницаҕа үлэҕэ киирдим дии, горничнайынан, хата, кэлиилэргэ табыллыы бөҕө, өссө даҕаны үчүгэй эбиппин ээ, төһө да үс сыл дьиэ бөҕө буолан олордорбун! — Күннэй, дьэ, кыыс оҕото, булан сылдьаҕын ээ, кэм даҕаны, —дьүөгэм хайгыыра да, сэмэлиирэ да тута өйдөммөт. – Оттон туттарсаргар мэһэйдэппэккин дуо? Хамнаһа хайдаҕый? — Оттон, син диэбит курдук... Дэриэбинэҕэ түүнүгүрэ сытыахтааҕар, ордук буоллаҕа дии, — Күннэй өрүкүнэйэр, сарапаанын быата санныттан түспүт – эмиийин чопчута “өҥөс” гынан, кэлэр-барар эр дьону хаадьылыыр. – Уонна өссө биир барыйаан баар... Күннэй улуу кытай норуота оҥорбут лаахтаах маҥан суумкатыттан уһун синньигэс табаҕы таһааран, аттынааҕы остуолга олорор эдэр нуучча уолуттан уот көрдөөн тарта, онтуката ойон туран субу саба баттыах айылаах буола түстэ. Бу кафеттан Күннэй соҕотох дьиэлээбэтин сүрэхпинэн сэрэйдим. — Эр киһитэ суох сатаммаппын бэйэҥ билэҕин – «бешенство матки», ха-ха, — Күннэй мин баарбыттан сааппат, эбиитин, аттынааҕы дьон истиэхтэрэ диэн кыһаллыбат. – Бэҕэһээ хоонньоспут киһим үс тыһыынчаны хаалларан барбыт, прикинь! Оруобуна биир да харчыта
суох сылдьар кэммэр. Табах да ылынар харчым суох этэ, ынырык «мощнай» буолбаат?! Бу бүгүн күнү быһа SMS-тыыр, “дьиэ куортамнаан биэриэм” диир. Кини Питертэн сылдьар, манна куруук кэлэр-барар үһү, онон илии анныгар илдьэ сылдьарга бастайааннай бэлэм дьахтар наада үһү, сырыы аайы ону көрдөнөр эмиэ туспа кыһалҕа буолуо дии, хи-хи. Мин киниэхэ эппитим: “Уонна көрсүбэппит, олорор сирим суох, онон дойдубар төннөбүн”. Так-ти-ка! – Күннэй ыйар тарбаҕын чороҥнотто. — Билигин тугу да эппиэттээбэккэ сылдьабын, оонньоон өһүргэммит үһүбүн, өссө харчы хаалларбыт буола-буола, өссө үс эрэ тыһыынчаны эҥин диэххэ, — Күннэй харахтарыгар күн оонньуур. Тулалыыр эр дьон харахтарынан эрэ буолбакка, хайдах эрэ “сэптэринэн” биһиги олорор остуолбут диэки көрөр курдуктар. Пыы, саатыан. Кыл түгэнэ эр дьонтон сиргэниэх, бу кыыстан кыбыстыах санаам кэллэ. Тарҕаһарбытыгар, таайбыт курдук, Күннэйгэ аттынааҕы остуолга олорбут эр киһи чугаһаата, илиитигэр икки бытыылка пиибэлээх, онон кыыспыт хаалар буолан, биһигини кытта быраһаайдаста. * * * Кыргыттар барахсаттар, эчи, дьүөгэбит, билэр киһибит да элбэҕэ. Дьүөгэбит дьүөгэтэ, дьүөгэлэр дьүөгэлэрэ, кинилэр эдьиийдэрэ уонна балыстара. Сорохторун умнан да кэбиһэҕин, онно-манна билбэт кыргыттарым миигинниин «бирибиэттэстэхтэринэ» «ити ким этээй?» диэн уһун күнү быһа толкуйдааччыбын. Ол курдук Күннэй диэн дьүөгэм балта баарын туһунан таһыччы умнан баран сырыттахпына, алтынньыга (түөрт ыйынан) дьүөгэм төрөөбүт күнэ буолла. Аһаҕас дууһалаах уонна эмиэ оннук айахтаах кыыс Күннэй ыһа-тоҕо олоҕун туһунан кэпсээтэ, хата, миигин истиҥ дьүөгэтин көрсүбүт курдук үөрдэ. Сайын дойдулаабатах, уолун кэргэнэ биэбэйдиир эбит. Кэргэнэ да диэн – саахсата суох үс сыл олорбуттар, Күннэйтэн сүүрбэччэ сыл аҕа киһи. Хата, дьиэлээх-уоттаах, массыыналаах эбит (онтон ордук уһуну-киэҥи толкуйдаабат эдэр кыыска туох наада?), тугунан дьарыктанарын субу диэн сатаан эппэккин, “ону-маны” гынар үһү. Күннэй оскуолатын бүтэрээт, киниттэн төрөөбүт. Күннэй ийэтэ иһэр-аһыыр буолан кыыс көрүүтэ-истиитэ суох улааппыт. Хата, кини дьолугар диэххэ, дьиэлээх-уоттаах киһиэхэ ойох тахсыбытыгар, бас билэр дьиэлэммитигэр, хаһаайыстыбаламмытыгар баһыыба диэххэ сөп... Ол эрээри... — Тоска дии, ващееее! Тыыным хаайтарар! Оҕо, иик-саах, миин-соркуой! Миэхэ болҕомто наада, миигин ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьаллара, көҥүл олох, сыаналаах бэлэх-туһах наада! Дьиҥнээх дьахтарга курдук!!! Мин билигин эрэ эдэрбин, онтон сотору эмээхсин буолан дьиэҕэ олоруом эбээт! Күннэй мап-маҥан кырыллыбыт түү кууркалаах (туох кыыл киэнэ буолара биллибэт), лаахтаах соппуоскалаах, кып-кылгас туникатын анныттан сиэккэ чулкулаах. Минньигэс сыттаах духуулаах, бэл тыҥырахтара кып-кыһыл лаахтарын үөһэ өттүгэр страза таастарынан киэргэтиллибит. Мин саныахпар, уус-уран киинэҕэ боростутуукканы көрдөрөөрү гыннахтарына, маннык симииллэр. — Ээ, үөрэҕэ да суох айахпын булунуом, — Күннэй мичээрдээн тиистэрэ кэчигирэһэллэр. — Мин билигин бастайааннай биэс киһилээхпин, этэргэ дылы, «совмещаю приятное с полезным»! Бэйэ-бэйэлэрин туһунан билбэттэр, “таптыыллар” үһү. Бары кэргэннээхтэр, иккитэ саха. Сөбүлүүр дьарыгым миэхэ дохуот, үп-харчы аҕалара куһаҕан үһү дуо? Тыһыынчанан киһи
хал буолбут үлэлэригэр күн аайы сордоноллор, онтуларыгар кэппиэйкэни ылаллар, оттон мин астына-дуоһуйа хоонньоһобун, эбиитин куруук харчылаахпын. — Ол аата боростутууккалыыгын дуо? – мин малтаччы ыйытар киһи буоллум. Итинник идэлээх саха кыыһын харахтаан көрбөтөх буолан, саҥа аллайбыппын бэйэм да билбэккэ хааллым. — Эс, хайдах буоллаххыный? - өһүргэммиттии кынчыаттанна. – Бэйэлэрэ биэрэллэр ээ, мин кыратык «намектуубун» эрэ. Эн миигин панельга турар курдук санаама! — Ол аата хайдах, өйдөөбөтүм? — Мин тыыннаахпар үөрэнэн хаал, хата. Эр дьону “хайытан” иһиэхтээххин. Кинилэргэ: «Уой, мин бэҕэһээ наһаа үчүгэй соппуосканы көрдүм, «мечта всей моей жизни» диэбит сымыйа! Отут тыһыынчалаах. Хаарыаны, атахчааннарым наһаа да тупсан көстүө этилэр!” – диэбит курдук, атаахтаан саҥараҕын уонна сыгынньах атаҕыҥ тарбахтарынан кини буутун ис өттүнэн үөһэ имэрийэн таһаараҕын, ха-ха-ха! Эйигин сыаналыыр (!) дьээдьискэ буоллаҕына, эппит суумаҕыттан чорбойор соҕуһу хайаан да биэрэр. Оттон биэрбэтэҕинэ, бырастыы гын, адью, бакаалаһан кэбиһэҕин. Ха, кырдьыгынан эттэхпинэ, кэччэгэй киһи миэхэ көстө илик, успуонсардарым үчүгэйдэр. Мин биир бэйэм, ону истэн баран, кэргэннээх дьон ити кэннэ ойохторун, оҕолорун сыллаан, биэбэйдээн сылдьалларын өйбөр батарбатым. — Мин туох да буруйум суох. Ойохтор сатаан “биэрбэттэр”, улахан сах буолаллар, эр киһи кистэлэҥ ыра санаатын толоро сатаабаттар. Эр киһини хайдах бэйэҕэр баайаргын этэбин дуо? Кэннигинэн биэр, онон бүтэр! Ол-бу ас астыыр, наскы сууйар наадата суох, ха-ха! * * * Сыл ааспыта. Мин эмиэ Күннэй туһунан умнан кэбиспитим. Биир өрөбүлгэ утуйа сыттахпына, арай төлөпүөн тырылыыр. Дьүөгэм ыксаабыт куолаһа тохтоло суох кутан кэбистэ: — Күннэй эрийэ сырытта, ханнык эрэ саунаҕа хаайылла сытар үһү, харчы уорбуккун диэн буруйдаан кырбаабыттар эҥин быһыылаах, ытыыр-соҥуур!.. Хайыыбыный? Милииссийэни ыҥырыма диир. Ханнык саунатын баттаһан эппэтэ, төлөпүөнэ арахсан хаалла. Аны өлөрөллөрө буолуо! Хайыахпытый, милииссийэҕэ син биир тыллыахха диэн буолла. Онтуларбыт ол аайы кымаардаан көрбөт дьон буолан биэрдилэр – сураҕа суох сүтүктээхтэр үс толору суукка буолан баран биирдэ сайабылыанньа суруйуохтаахтар үһү... Ыксаан, Күннэй кэргэнигэр тыллаатыбыт. Ол киһи улууһуттан ойутан кэлэн, бэйэтин “ханаалларынан” ойоҕун булан, сууйан-тараан, дойдутугар илдьэ барбытын истибитим. Кэһэттэҕэ буолуо. Сотору буолан баран Күннэй бааһын саланан, эт тутан, уохтаах дууһата эмиэ көҥүлү көрдөөн, Дьокуускайга күрээбит сурахтааҕа. * * * Мин кинини билбитим үһүс сайыныгар уулуссаҕа көрсө түспүтүм. Сирэйэ-хараҕа аһыы утаҕы иһэрин сөбүлүүрүн туоһулуура, этэ-сиинэ дарбайан хаалбыт этэ. “Красная Якутия”-ҕа киирэн баран, ситэ эмтэммэккэ, күрээн хаалбытын истибитим дии, арба! — Үп кириисиһэ буолбутун, дьэ, эппинэн-хаммынан билэ сылдьабын. Уруккута “фи” дии-дии килийиэннэри талымастыыр, күҥҥэ 10-15 тыһыынчаны киллэрэр бэйэм, билигин хаачыктарга, «равшаннаах джамшуттарга» түстүм. Этэргэ дылы, деньги не пахнут, чааһа аҕыс мөһөөх, онтон чэпчээн барар... СПИД-тээҕим буолуо диэн куттанабын да, көрдөрүнэ иликпин. Ол-бу араас кыра ыарыыны антибиотигынан хаптатан
кэбиһэ-кэбиһэ сылдьабын ээ оттон... Эр дьонтон наһаа да сылайды-ыым... - кыыһым санна нүксүччү түспүккэ дылы. — Оттон тоҕо дьиэлээбэккин, дэриэбинэлээн хаал ээ, оҕоҕор, оҕонньоргор, Күннэ-ээй? — Сахабыт сирин ыалдьыттарыгар Ньургуһун диэн сымыйа ааттанан, экзотика кыыс буолан, этинэн-сиининэ атыыланан, үлэ үөһүгэр буһа-хата сылдьар кыыһы өйдөтө, мөҕө сатаан кэбиһэбин. — Ээ, онно туохпун сүтэрэн барыахпыный! Сотору уолбун бэйэбэр ылыам... Атахпар туран баран... Доо, миигин кэргэним, Алешам, наһаа таптыыр ээ! Төннөрө сатаан баран, билигин атыылаһан ылар дии. Арай биирдэ сакааска тиийбитим, кини эбит! Билбэтэ буолуо дии санаабытым, дойдум дьоно бары билэллэр эбит ээ! “Мин эйигин атыыластым”, — дии-дии сирэйбэр харчы бөҕөтүн ыста уонна араастаан, талбытынан “ылла”. Урут, бииргэ олорон, кинилиин хоонньоһорбуттан ситэ астыммат этим. Билигин отой атын сыһыаннаахпыт. Таптыыбын! Ол эрээри бииргэ олорор кыахпыт суох. “Өлөрүөм, син биир хаһан эмэ өлөрүөм!” — диир уонна... ...Уонна уохтаахтык таптыыр. Мин хайдах эрэ кыйаханыах санаам кэллэ. Бу бэйэтин сааһыттан эрдэ кырдьыбыт, илдьи тыытыллыбыт, үлбүрүллүбүт кыыс – ийэ эбээт! Соруйан, кыһыйан, дьэ оччотугар күлүү гыныах санаам киирдэ: — Күннэй, оттон эн тоҕо кириисис дии-дии Дьокуускайга олороҕун? Киһи үүнэн иһэр баҕайыта, Москубаҕа барыаххын, онно азиаткаларга сыана аһара үрдүк үһү дии... — Думаешь, у меня получится? – Күннэй ыйаастыгас харахтарыгар эрэл кыыма оонньоото. – Манна сахалар элбэхпит ээ, кыргыттарбын кучуйан көрүүһүкпүн, кырдьык... Таайа.
kyym.ru сайтан