Кэпсээ
Войти Регистрация

Хадаардаах Сырдык

Главная / Кэпсээн арааһа / Хадаардаах Сырдык

K
kyym.ru сайтан Айымньы
15.03.2022 17:24
Наталия РЯЗАНСКАЯ Ньукулай Дьарааһынабыс, уоскуйаары, оронугар хат сытта. Сиэнэ Айта иннигэр илин-кэлин түһэн, буруйун билинэн, эһэтин чоп гына сүүһүттэн сыллаан ылла. Оронугар өйөөн сэрэнэн сытыарда, сыттыгын көннөрдө уонна хаһан да итинник быһыы-майгы тахсыа суоҕа диэн кырдьаҕас киһиэхэ элэ-была тылын эттэ. Дьиҥэр, туораттан көрдөххө, киһи улаханнык сүөргүлүүрэ суохха дылыта. Айта биэстээх уола Мичил, ыскаапка сыаналаах маллары кытта, быдан үйэтээҕи былыргы талах оонньуурдары ылан, биэдэрэлээх ууга уган сөтүөлэтэ оонньообут этэ. Оттомо суох кыра киһини онон баалыыр табыгаһа да суох курдуга. Ол эрээри, бу быһыы Батаакаптар халыҥ аймахха сиэргэ баппат улахан аньыыга тэҥнээҕэ. Сэрии тулаайаҕа, хос эһэлэрэ, үйэтин-сааһын тухары салайар үлэҕэ сылдьыбыт, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Ньукулай Дьарааһынабыс, олус кичэйэн харыстыыр, баар суох кэриэс-хомуруос мала этэ. Бу оонньуурдар дириҥ суолталарын алта оҕото биэс тарбахтарын курдук эҥкилэ суох билэллэрэ. Сиэннэрэ даҕаны үгүстүк истибит буолан, эһэлэрин үгүс элбэх сыаналаах наҕараадатынааҕар чорбото, күндүргэтэ көрөллөрө. Тылынан да этиллибэтэр, ким даҕаны тыытара, эгэ, оонньуура букатын да көҥүллэммэт этэ. Оронугар сытан эрэ, Ньукулай оҕонньор, Ньуукка (оҕо эрдэҕинээҕи таптал аата), дар уҥуох ытыстарыгар оҕустаах ынаҕын биир-биир сэрэнэн имэрийтэлээн көрдө. Муннугар даҕайан сытырҕалаан ылла: курас аһыы салгын ил гынна, кыһалҕалаах оҕо сааһа хараҕар биир кэм ирбэнньиктэнэн барда. Чахчыта да, уу нуурал, күн кыһалҕата суох дьоллоох оҕо сааһын үрэйбит, аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт сэрии алдьархайын кырачаан Ньуукка хаһан өйдөөтө этэй? Оҕонньор дириҥник үөһэ тыынна, сэрии ыар сылларыгар хат эргиллэн, халтаһалара ибигирээн, биир кэм харааста, уйадыйа сытта. * * * Ньуукка уһуктубута, күн ырааппыт быһыылааҕа. Хараҕын онон-манан кылатан, олоруох курдук төбөтүн өндөтөөрү гыммыта, ыбыс-ыарахан этэ. Сүрэҕэ эмиэ биир кэм доҕуурга иҥнибит туллук оҕотунуу толугуруу мөхсөрө. Этэ-сиинэ сэниэтэ суох, нукаай курдуга, мэйиитэ эргийэрэ, балаҕанын алын буора сотору-сотору ирим-дьирим барара. “Кэбис, сытар эбиппин...” диэх курдук быстах санаа төбөтүгэр охсуллан ааһарга дылы гыммыта уонна, халтаһалара ыараан, мунна сурдургуу-сурдургуу, салгыы утуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Төһө өр сыппыта буолла, арай биирдэ өйдөммүтэ, кини утуйар оронун үрдүнэн эбэтэ Ааныска ытамньыйар, аттыгар кыра, хара бараан киһи сөҥ куолаһынан тугу эрэ кэпсиир, быһаарар курдуга. Онтон ол киһитэ аттыгар олорон эрэ сып-сымнаҕас, чэрдээх ытыһынан иһин сэрэнэн имэрийбитэ уонна кыра чохооҕо ап-аһыы тугу эрэ иһэрдибитэ. Ас да, уу да диэни иҥэриммэтэҕэ ырааппыт куртах, куолутунан, киирбити төттөрү утаарыах курдук буолан иһэн, тохтоон, иһийэн хаалбыта. Ньуукка: “Дьэ бэрт, бэттэхтииһи. Мантыгыт эһиги төрдүгүтүн аатырдар киһи бэрдэ буолууһу”, – диэн саҥаны истээт, эмиэ бэрт түргэнник икки хараҕын быһа симэн, түүл-бит дойдутун диэки айанныы турбута. Бу түгэн кэннэ аҕыйах хонугунан Ньуукка, бэттэх кэлэн, иһин таарымтата харахтан сыыһы ылбыт курдук ааһан хаалбыта. Кинини өлөр өлүүттэн быыһаабыт киһи, уоттаах сэриигэ аттанаары, бу кыра нэһилиэккэ тайҕаттан киирбит Буут Сиидэрэп этэ. Дьон Бууту сири-буору аннынан ааттаах отоһут, ойуун диэн олус ытыктыыллара. Кимиэхэ да улаханнык аккаастаабат, дьоҥҥо барытыгар кыаҕа тиийэринэн көмөлөһөр, уһугулаабыты да бэттэх аҕалар дьикти дьарыктаах киһи. Онон кинилэргэ соһуччу өрүһүлтэ буолбута. Ону, биллэн турар, Ньуукка ким кинини эмтээн үтүөрдүбүтүн билбэтэҕэ даҕаны. Дьонуттан ыйыталастаҕына: “Ааһан иһэр киһи этэ, билбэппит”, – диэнтэн атыннык хоруйдаабаттара. Ньуукка, оҕотугар тэптэрэн, бэйэтэ да улаханнык иҥэн-тоҥон токкоолоһор өйө-санаата суоҕа. Онон сотору кэминэн ыалдьа сылдьыбыта букатын да умнууга хаалбыта. Ыйтан ордук өлөр-тиллэр икки ардынан сыппыт кыра киһи, дьэ, тулатын өйдөөн-дьүүллээн көрөр буолбута. Арай дьоно бары туохтан эрэ олус санаарҕаабыт, саппаҕырбыт көрүҥнээхтэрэ, күлэр-үөрэр төрдүттэн мэлийбиккэ дылыта. Эбэтэ Ааныска, киҥинэйэн ыллыыра уурайан, сотору-сотору, кистээн, былаатын уһугунан хараҕын уутун соттор идэлэммит этэ. Ийэтэ Тээйэ уонна убайа Лааһар хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри холкуос үлэтиттэн ордубаттара. Убайа, бэйэтэ да сааһыгар сөбө суох дуоспуруннаах оҕо, букатын улаатан хаалбыт курдуга. Аҕата Дьарааһын суох этэ. Холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи, оройуон киинигэр киирэн баран тардыллыбытын ийэтэ кэпсээбитин Ньуукка муодаргыы санаабыта. Кырыктаах сэрии буолбута иккис сылыгар баран, холкуос туруу үлэһит дьоно үгүстэрэ фроҥҥа ыҥырыллан, кыра нэһилиэк дьоно тарбахха баттанар эр киһилээх хаалбыт этэ. Сир-дойду бүтүннүү умайар уот курааҥҥа бүрүллэн, манна эбии улахан өрт туран, күн хойуу буруо быыһынан аат эрэ харата кытарымтыйан көстөрө. Турар-турбат бука бары уот умуруоруутугар сылдьара. Эр киһи-дьахтар, эдэр-кырдьаҕас диэн араарыы суоҕа. Халлааҥҥа биир да уулаах былыт көстүбэтэ. Арыт киһи күөмэйин, хараҕын аһытар буруо быыһынан кураанах этиҥ лүһүгүрээн ааһара. Ходуһа, сыһыы ото үүммэккэ, дьон ыраах үрэхтэргэ оттуу барарга күһэллибитэ. Кыратык да быган эрэр оту аата-ахса суох аһыҥа тута мэлитэн иһэрэ. Салгын да хамсаабат, тыала суох өҥүрүк куйаас сатыылаабыта. Ньуукка бэттэх кэлбитин истэн, аҕыйах хонугунан убайын Лааһары кытта үрэххэ окко ыытар буолбуттара. Кинилэри кытта таһынааҕы ыалларын оҕолоро Киирик уонна кини балта Таанньыска барсар сурахтара иһиллибитэ. Киирик кини убайынаан эт саастыылара, ол аата, уон үстэрин томточчу туолан сылдьаллара. Ньуукка быйыл кыһын тоҕуһугар барыахтааҕа, оттон Таанньыска уонун саҥа ааһан эрэрэ. Дьон, тоҕо эрэ, Таанньысканы мааны, ыарыһах кыыс диэнтэн атыннык ааттаабат этэ. Ийэтэ даҕаны кыыс барарын истэн: “Чээн, үлэһит баранан ыарыһах кыыһы илдьэн эрдэхтэрин...” – диэбитэ. Үрэххэ биир оҕустаах сатыы айаннаабыттара. Тиийиэхтэригэр диэри хаста эмэ төхтүрүйэн аара суолга тохтообуттара. Таанньысканы бээгэй оҕуска олордубуттара, сотору-сотору сууллаары, ый-хай бөҕөтүн түһэрэрэ. Кинилэри сирдээн иһэр Сэмэй Сэмэн, саҥата суох, кыыһы оҕуһугар хат олордон иһэрэ, кытаанахтык тутуһан олорорун аргыый, наллаан сүбэлиирэ. Ол эрээри, оҕустара аҕыйахта атыллаатын кытта кыыстара эмиэ сарылыыра, онтон кэлин, ыксаан, оҕонньордоро убайын Киириги кытта мэҥиһиннэрэн кэбиспитэ. Дьэ, ол кэннэ син этэҥҥэ биэс чаастан ордук айаннаан үрэхтэрин булбуттара. Кинилэр тиийиилэригэр үрэххэ соҕотох Түмэппий оҕонньору кытта Лааһардаах Киириги кытта эт саастыы икки уолаттар, Өндөрөй уонна Акыым, бааллара. Дьонноро бэлиэр балай эмэ сири охсубут этилэр. Кинилэр кэлбиттэрин көрөн олус үөрбүттэрэ. Түмэппий: “Чээн, бу Дьарааһын барахсан уолаттара дуу?” – диэн Лааһардаах Ньуукканы эйэргии дуу, аһына дуу көрбүтүн, Ньуукка улаханнык кымаардаабатаҕа. Арай улахан киһи Лааһар, умса көрөн баран, аргыый үөһэ тыынан кэбиспитэ. Син чочумча күө-дьаа буолан кэпсэтэн, чэйдээн баран, Таанньысканы уонна Ньуукканы субуу, лэкээ оҥорооччунан, от түгэҕин харбааччынан, оттон обургу дьону – Лааһардаах Киириги – от охсооччунан анаан кэбиспиттэрэ. Үрэххэ үөн-көйүүр олус дэлэйэ. Ордук кунаннара иэдэйбитэ. Муннун уута субуруйа-субуруйа, сотору-сотору “пуус” гына тыына-тыына, туйахтарынан сир кырсын алдьатара, биир кэм бырдахтан, күлүмэнтэн күрэнэн төбөтүн булкуйа, кутуруктарын тохтоло суох эйэҥэлэтэ иһэрэ. Ол иһин бары оҕолуун-оҕустуун, отууга кэллэллэр эрэ, оҕонньотторо түптэ уматалларын кэтэһэллэр. Сып-сап түптэлээн баран, оҕустарын сыбыдахтыыллар уонна, кудуххай соҕустук аһыы охсон, эмиэ отторугар киирэллэр. Ол кэннэ күн киириэр диэри хаалбыт субууларын бугуллууллар, арыт кэбиһиилээх от да туруораллар. Күн тахсыаҕыттан киэһэ үс туман түһүөр диэри үлэлииллэр. Уолаттар бары даҕаны Сэмэй Сэмэн таһыгар сылдьалларын ордороллор. Түмэппий таһыгар түбэстэххинэ, төһө да ис сүрэххиттэн кыһаллан, бааргынан-суоххунан үлэлээбитиҥ иһин, оҕонньор баҕатын хоту буолбатаҕына, ыарыылаах соҕустук кэтэххэр да ыаллыан сөбө. Оҕонньотторо, харыйалаах тиити утары туруоран кэбиспит курдук, тус-туһунан дьүһүннээхтэр уонна майгылаахтар. Сэмэй Сэмэн – кытархай сырдык дьүһүннээх, үскэл, арыы саһыл хааннаах, сахаҕа ортону үрдүнэн уҥуохтаах киһи. Улахан саҥата-иҥэтэ суох сылдьан барыны бары бүтэрэ-оһоро, отторун тэрилин көрө-истэ, кыра эмэ көөрөттүбүтү им-дьим абырахтыы сылдьар идэлээх. Сааһа алта уонугар чугаһаан сылдьар. Оттон Түмэппийдэрэ куруук соһуйбут курдук төп-төгүрүгүнэн эриличчи көрбүт, кыра, хатыҥыр, хара бараан оҕонньор этэ. Хара сарсыардаттан биир кэм аппыт айаҕын саппат элбэх саҥалаах, киэһэ хойукка диэри ходуһаҕа мөҕүттэр саҥата ыраахтан иһиллэр. Ыгым соҕус эрээри, арыт көнньүөрдэҕинэ дьээбэлээх майгылаах. Куруук: “Чэ-чэ, ходьох гынан иһиҥ”, – диэн тыллаах. Ол да буоллар, соруйсарынан, түргэнинэн уонна тылынан кыайар буолан, уолаттары куруук кини дьаһайар, “хамандыыргыт” диэн ааттанар. Бэйэтэ ис-иһиттэн чэбэр, чэнчис туттуулаах киһи. Хас киэһэ аайы үлэһиттэрин хотуур таптайарга уонна оттуур тэриллэрин барытын дьаарыстаан, бэлэмнээн утуйарга үөрэтэр. Сааһын киһи улаханнык араарбат, эдэр диэххин – кырдьаҕас, кырдьаҕас диэххин – эдэрчи ньалҕаархай дьүһүннээх. Ол эрээри, Сэмэй Сэмэнтэн уонча сыл аҕабын диэн, күөн тутта кэпсииринэн сылыктаатахха, алта уонун лаппа ааһан баран сылдьар быһыылааҕа. Уолаттар бары да от үлэтигэр, кыра эрдэхтэриттэн сыстаҕас буолан, кыайыгас, сып-сап туттунуулаахтар, тэҥ баайыылаахтар. Лааһардаах Өндөрөй бэйэ-бэйэлэригэр олус маарыннаһаллар: орто уҥуохтаахтара, кыаһаан дьүһүннээхтэрэ, ырыгаттара. Элбэх саҥата-иҥэтэ суох дьон. Оттон Киириги, көбүс-көнө, иҥиир-ситии, уһун илиилээх-атахтаах, сып-сырдыгынан сандаарыччы көрбүт чороччу улаатан эрэр кыыс кэрэ дьүһүннээх уолу, харахтаах эрэ барыта хайгыы көрөрө. Арай Акыымнара, кыра эрээри, илиитэ-атаҕа модьу, кылгас моойдоох, кэтит дараҕар сарыннаах, тирэхтээх көрүҥнээх. “Борбуйун көтөхтөҕүнэ баабый үлэһит буолууһу”, – диэн Түмэппий сылыктыыр. Элэккэйинэн, үөрүнньэҥинэн да барыларыттан таһыччы ураты уол. Икки кыра дьон, Ньуукка Таанньыскалыын, эмиэ уҥуохтарынан, хотуурунан быһа охсубут курдук, тэбис-тэҥнэр. Таанньыска маҥан төгүрүк сирэйдээх, куп-кугас чачархай убаҕас баттахтаах. Кыараҕас эрээри, саһархайдыҥы кугас хараҕынан унаарыччы көрбүт ис киирбэх, аргыый-наллаан сылдьар кыыс. Оттон Ньуукка синньигэс уһун муруннаах, лоппоҕор сүүстээх, улахан кэтэхтээх, чох хара харахтаах. Туохтан барытыттан соһуйар-өмүрэр, кыраттан да үөрэр-хоргутар, олус уйан, чараас дууһалаах оҕо. Кинини Түмэппий, омуннааҕын иһин, “чөкчөҥө уол” диэн ааттыыр. Хата, уоллаах кыыс бэркэ тапсыбыттара. Күп-күөх уостаах кубархай кыыс, көлөһүн-балаһын алла-алла, уолу кытта бугул харбаан тэбис-тэҥҥэ уопсар. Арыт, киһи эрэ итэҕэйиэх курдук, ис-иһиттэн былыргыны, ону-маны абааһылааҕы кэпсээн Ньуукканы аралдьытар, арыт куттаан да ылар. Эчи, кини билэрэ элбэҕин уол иһигэр олус сөҕө саныыр. Быыс-арыт булан биирдэ эмэ үрэххэ киирэн сөтүөлээн тахсаллар. Таанньыскаҕа, былырыын бастакы хомуурга ыҥырыллан, сэриигэ өлбүт аҕата оҥорбут олус сиэдэрэй ойуулаах түөрт талах ынахтаах уонна оҕустаах. Онтун сыа-сым курдук тутан, өрбөххө суулаан кистээн илдьэ сылдьар. Биирдэ эмэ, хостоон таһааран, Ньууккаҕа көрдөрөр. Оонньуохтарын бэркэ баҕараллар да, онно бириэмэ көстүбэт. “Дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ оонньуохпут”, – диэн Таанньыска ылыннарыылаах тылын Ньуукка мас-таас курдук эрэнэ истэр. Онон кистэлэҥ оонньуурдарын харахтаан, тутан-хабан көрдөхтөрүнэ да сөп буолаллар. Мантыларын кимиэхэ да кэпсээбэттэр, бэйэ-бэйэлэригэр өктөбүрүөнэк андаҕарын бэрсибиттэрэ. Ким ону кэспит таҥнарыахсыт буолуохтаах. Онон чып кистэлэҥҥэ туталлар. Хата, оннук куомуннаһалларын кэнникинэн иккиэн да олус сөбүлээтилэр. Ол эрээри, ый курдук үлэлээбиттэрин кэннэ Таанньыскалара олус сылааргыыр, нукаай курдук сыта-олоро сылдьар буолан хаалла. Биир кэм аҕылыы-аҕылыы, бугул кэннигэр саһар “идэлэннэ”. Ону көрөн, оҕонньоттор, аһыннахтара буолуо, отууга чэй өрөөччүнэн уонна өйүө лэппиэскэни, суораты наардааччынан хаалларар буоллулар. Ньууккаҕа бугул оҥорооччунан сытыы-хотуу Акыымы туруордулар. Арай Түмэппийдэрэ сотору-сотору: “Бу байыаннай кэмҥэ сүрэҕэ суохтары ытан кэбиһэллэр”, – диэн сөбүлээбэтэхтии үгэргиир идэлэннэ. Ити тыллар кимиэхэ ананалларын бары бэркэ билэллэрэ эрээри, саҥата суох истэн кэбиһэллэр. Оттон Таанньыска күннээҕи эбээһинэһин эҥкилэ суох толорор. Куп-кубархай бэйэтэ бэрт эрэйинэн, сэттэтэ олорон, сынньанан үрэхтэн уутун баһан таһаарар. Тыаттан оттор маһын эмиэ бэйэтэ киллэрэр. Сарсыарда күн тахсыан иннинэ турар уонна отчуттар окко киириилэригэр аһа бэлэм буолар. Дьиҥэр, улаханнык киһи тото-хана аһыыр аһа да суоҕа. Күннээҕи аһылык нуормата диэн икки сүүс биэс уон кыраам лэппиэскэ, иэдьэгэй уонна лиитэрэ суорат этэ. Бу аһы нэһилиэктэн күн аайы Миисэ уол таһар. Кини Баабый диэн улахан баҕайы күрэҥ оҕустаах. Бэйэтэ иинэ хаппыт быыкаа уон биирдээх уол. Миисэ иһэрэ ыраахтан иһиллэр. Кылыһахтаах чуор куолаһынан ыллаан ыыра барар, утары көрбүтүн барытын хоһуйан иһэр идэлээх. Куруук күлэ-үөрэ сылдьар, сытыы-хотуу, тэбэнэттээх. Сурах-садьык эмиэ кинини кытта кэлсэр. Оҕолор киниэхэ ымсыыра, куттаҕаһа суоҕун сөҕө, ордургуу саныыллар. Кинилэргэ суостаах Түмэппий оҕонньордорун кытта тэбис-тэҥҥэ, харса-хабара суох кэпсэтэр. Онон бары даҕаны Миисэни ытыктыы көрөллөр, кэлэрин-барарын ыраахтан кыраҕытык кэтииллэр. Биирдэ уоллара ыаллыы нэһилиэк дьоно ыал ыалынан хоргуйан өлбүттэр диэн амырыын сонуннаах кэллэ. Оҕонньоттор билэр дьонноро буолан ордук харааһыннылар. Күнүскү омурҕаҥҥа олорон эрэ Түмэппийдэрэ: – Эһиги аҕаҕыт курдук дьон туһугар бэйэтин сиэртибэлиир салайааччылара суох буолан быһыннахтара, – диэтэ. – Ол аата хайдах? – диэн Ньуукка, соһуйан, оҕонньортон утары ыйытта. Оҕонньоттор бэйэ-бэйэлэрин утары көрсөн кэбистилэр. Оҕолор да харахтарын Ньууккаттан күрэтэн туора хайыстылар. Бары тугу эрэ билэллэрэ да, кистииллэрэ өтө көстө сылдьар. Чочумча дьикти чуумпу сатыылаата. – Мин аҕам хайаабытый? Ханна баарый билигин? – диэн Ньуукка хос тоһоҕолоон ыйытар киһи буолан биэрдэ. Онуоха хаһан да кыыһырбат Сэмэй Сэмэнэ: – Саҥарба! Итини уонна хаһан да дьон ортотугар сураһыма! – диэн ордоотоон кэбистэ. Бу күнтэн ыла Ньуукка аҕата туох эрэ бобуулааҕы оҥорон, оройуон киинигэр киирэн баран сүппүт эбит диэн улахан толкуйга түстэ. Убайыттан ыйытаары гынан баран, син да этиэ суоҕа диэн туттунна. Оттон Таанньыскаттан ону токкоолоһор түгэн көстөн биэрбэтэ. “Нэһилиэккэ киирдэхпинэ, кырдьыга да, ийэлээх эбэбиттэн ыйыталаһар эбиппин” диэн бүччүм санааны ылынна. * * * Биир үтүө күн Таанньыскалара отуутун иһиттэн кыайан тахсыбата. Оҕонньоттор, сарсыардааҥҥы чэй оргуйбатаҕын көрөн, кыыс соҕотох сытар кыра отуутугар киирдилэр уонна сотору кэминэн убайын Киириги ыҥырдылар. Киирик хайдах эрэ дэлби саппаҕырбыт көрүҥнээх отууттан таҕыста, бэл, хараҕа ууламмыт курдуга. Ол да буоллар, утаакы буолбакка, отторун охсо, кэбиһэ барардыы тэриннилэр. Сэмэй Сэмэн, бараары туран, Ньууккаҕа: – Эн, чэй оргута, бүгүн арыый эрдэ тахсаар, Акыым бэйэтэ да сылдьыа. Боломуочунай ыйдааҕы былаан туолан эрэр диэбитэ. Таарыччы Таанньысканы көрөөр, – диэтэ. Ньуукка Сэмэн оҕонньор сорудаҕынан арыый эрдэ бүттэ. Күнү быһа Таанньысканы көрсөр түгэнин хараҕар ойуулаан көрбүтэ. Хайдах эрэ, акаары санаатыгар, хата, Таанньыскалыын сэһэргэһиэм, талах ынахтарбытынан дьэ оонньуохпут диэн иһигэр үөрэ санаабыта. Тута, кыыс сытар отуутугар ааста. Арай, доҕоор, саҥа киириэх курдук атыллаан истэҕинэ, Таанньыската отуу айаҕар быарынан сыыллан тахсан сытар эбит. Дэлби ыран, аҕыйах хонук иһигэр киһи билбэт гына уҥуох-тирии буолбутун, сирэйэ-хараҕа кырыыламмытын, баттаҕын дуома сирэйигэр саба түһэн үрэллибитин көрүөххэ сүөргү этэ. – Таанньыскаа, тыый, хайдах буоллуҥ, хайдаххыный?.. – дии-дии, Ньуукка кыыһы сэрэнэн өйөөн олордубута. – Уу иһиэм этэ... Утаттым аҕай... Сатаан турбат буолбуппун дии… Киһи кыаммата диэн дьэ сүр эбит... – диэн баран, оҥойбут харахтарынан уол диэки унаарыччы көрөн кэбистэ. Ньуукка, хап-сабар ойон туран, туос тордуйаҕа дьэс чаанньыктан тымныы уу кутан аҕалла. Таанньыска, өрүһүспүттүү, иккитэ-үстэ ыйырбахтаат, уолга төттөрү уунна. Онтон, оннук отуу айаҕар олорон эрэ, оргууй аҕай: – Ньуукка, мин өлөн эрэбин быһыылаах... анараа дойду диэн баара буолуо дуо... учууталбыт суох диэбитэ дии... таҥара да, абааһы да... – диэтэ. Манныгы эрэ истиэм диэбэтэх уол күөмэйин туох эрэ кыбыс-кытаанах бүөлүү аста. Бэйэтэ да билбэтинэн икки хараҕын уута кирдээх, көлөһүннээх иэдэһин устун сүүрэн ньолҕойон түстэ. Ньуукка тыын быһаҕаһынан тыына-тыына саҥаран барда. – Таанньыска, хайдах маннык өлүөххүнүй?.. Таҥара баара буолуо, баҕар... Баар буоллаҕына кини эйиигин аһыныа уонна быыһыа! Кини быыһаабат диир буоллаххына... Күн Сталинтан көрдөс, кини эйигин хайаан да быыһыа. Мин ыалдьыбыппар ийэм аах кини мэтириэтиттэн көрдөһөр этилэр... – дии-дии, бэйэтэ да өйдөөбөтүнэн сүбэлээбитэ буолан, ытаан мэрбэйэ-мэрбэйэ, түҥ-таҥ саҥара олордо. Кыыс кини ытыырыгар кыһаммат курдук, хата, хайдах эрэ ураты куолаһынан саҥарда. – Көр эрэ, ол көстөр талахтар быыстарыгар талах оонньуурдарбын кистээбитим. Ону өллөхпүнэ иккитин уҥуохпар уураар, анараа дойдуга бардахпына оонньуом дии. Мааны ынахпын Мааны Кыыһы уонна сымнаҕас Даадары, оттон кэйиик Хадаары уонна саамай үүттээх ынахпын Сырдыгы бэйэҕэр хааллараар, кэриэс-хомуруос ылаар. Сатаан көрөр инигин, Хадаар оҕуһу, уолгун дии, эр киһигин, – диэтэ. Онтон, Ньууккаҕа чугаһаан, уол арбайбыт баттаҕын улахан киһи курдук имэрийэ-имэрийэ уҕарытта. – Ньуукка, ытаама. Көр, уонна эбэм этэр этэ... бу эмиэ кистэлэҥ. Кимиэхэ да кэпсээйэххин. Киһи өлбүтүн кэннэ түөрт уон хонук устата олорбут сирин-уотун кэрийэр, ол кэннэ биирдэ дууһата бу орто дойдуттан барар диэн. Ол аата, мин да оннук сылдьыам буоллаҕа. Хата, киэһэ аайы дьиэҕиттэн тахсаар, ынахтарбытынан оонньуохпут, – диэн баран, аат эрэ харата мичээрдээн ыттайда. Онтон: – Чэ, сытыар миигин, хаһан ардах түһэн дьиэбэр барабын... – диэтэ уонна, отуутун аанын тэлэччи арыйардыы, хаҥас илиитинэн сэниэтэ суох далбаатанна. Уол, “ээх” да, “суох” да диир кыаҕа суох, ытаан сыҥсырыйа-сыҥсырыйа, Таанньыскатын хат оннугар сытыарда. Санаатыгар, кини эмиэ маннык буола сылдьан баран, бэрт түргэнник үтүөрбүт курдуга. Онон Ньуукка, оҕо киһи, кыыс туһунан “наһаа өлбөт ини” диэн эрэх-турах санаабыта. * * * Ол эрээри, Ньуукка баҕатын хоту буолбатаҕа. Уонча хонук буолан баран, Таанньыска эрэйдээх чаҕаарар куолаһа аны иһиллибэт буолбута. Бары да кыыстарын олус аһыйбыттара. Уйан киһи, Ньуукка, ордук буорайбыта, биир кэм хараҕын уутун кыаммакка Түмэппийтэн хаста да мөҕүллүбүтэ. Кыыстарын, икки оҕонньоттор сүбэлэһэн баран, оҕустарыгар тиэйэн, Сэмэй Сэмэн Таанньыска ийэтин аахха илдьэ барбыта. Киирик барсыан баҕарбыта да, үлэ күнэ сүтэрэ табыллыбат, бүгүн кэбиһии диэн батан кэбиспиттэрэ. Киэһэ хойут бэркэ хараастыбыт көрүҥнээх оҕонньордоро төннөн кэлбитэ. Түмэппийдиин отур-ботур тугу эрэ кэпсэппиттэрэ. Онтон Лааһары, ыҥыран ылан, бэйэлэрин отууларыгар киллэрбиттэрэ. Уол сотору кэминэн отууттан бэрт эрчимнээхтик ойон тахсыбыта уонна саҥата суох, дьэс алтанын курдук кытара кыыһан баран, аллара үрэххэ сүүрбүтэ. Ньуукка убайын оннук дьүһүн-бодо буоларыгар кыһаммакка, наар Таанньыскатын кытта сылдьыбыт, үлэлээбит кэмнэрин ахтан-санаан уйа-хайа суох, улаҕа хайыһан баран, отуутун иһигэр кистээн ытыы сыппыта. Онтон эмискэ, уокка оҕустарбыттыы, ойон турбута. “Бу иэдээни, Таанньыскам оонньуурдарын тиксэрбэтэхпин!” диэн санаан баран, отуутуттан ойон тахсан, аллара, кыыһа тыыннааҕар ыйбыт талахтарыгар ыстаммыта. Сайын үтүөтэ бүтэн, күһүн кэлэн эрэр тыына биллибит кэмэ этэ. Түүнүн лаппа тымныйара, хараҥарара. Онон талах оонньуурдарын булар бэрт күчүмэҕэй буолбута. Талахтар быыстарыгар, бэрт улаханнык ытаан энэлийэ-энэлийэ, хараҥаҕа харбыалаһа олордоҕуна, ким эрэ кэтэҕин аһыттан ылан умса баттаабыта. Соһуччута бэрдиттэн Ньуукка куттаммытын да улаханнык өйдөөбөккө хаалбыта. – Дьэ ытаа-ытаа, сиэхсит, аҕабыт өлбүт! Эн куруук ытанньах, куһаҕаны түүйэр буолаҥҥын дьон өлөр! – дии-дии, убайа Лааһар инитин сирэйинэн сири-буору уоптарбыта. Онтон хойуу, дулҕа сиэлин курдук баттаҕыттан харбаан ылан туора садьыйбыта уонна, бэйэтэ эмиэ лах гына олорон баран, уйа-хайа суох ытаан барбыта. Хаһан да инитигэр илиитинэн киирбэт убайа маннык быһыыламмытыттан буолбакка, аҕата өлбүтүн истэн, Ньуукка мах бэрдэрбитэ. Били күнү быһа аалбыт Таанньыскатын кураххай аһыыта биирдэ үрэллэн хаалбыта. Аны хараҕар аҕатын сырдык мөссүөнэ, саас бүтэһигин куска илдьэ сылдьыбыт үтүөкэн күннэрэ элэҥнээн ааспыттара. Ол да буоллар, хайдах эрэ, “ама, хайдах аҕабыт өлүөй, ыалдьыбат этэ дии...” диэх курдук саарбахтыыр дьикти санаа үүйэ-хаайа туппута. Ытыырын тохтотон, убайыгар аргыый аҕай тобугунан үнэн кэлбитэ. – Убаай, оттон аҕабыт хайдах өлбүтүй, ыалдьыбат этэ дии? Сэриигэ барбыт дуу?.. – диэн сэрэнэн ыйыппыта. – Акаары, хаайыыга... саанан ытан өлөрбүттэр!.. – диэн баран, Лааһар инитин тиэрэ анньыбыта. – Тоҕо?.. Хайдах... хайдах саанан? – дии-дии, Ньуукка, төттөрү түөрт атах буолан эргиллэн кэлэн, убайын сирэйин мыҥаабыта. Бу сырыыга убайа, инитин сирэйин чопчу көрбөтөр даҕаны, борук-сорукка тонолоппуппакка одуулаан олорон эрэ, лаппа уоскуйбут куолаһынан сибигинэйэ былаастаан эппитэ. – Холкуос сүөһүтүн өлөрөн, дьоҥҥо түҥэтэн хаайыыга барбыта. Хоргуйбуттары быыһаары. Аҕабытын норуот өстөөҕө оҥорбуттар. Онтон, инитин бэйэтигэр ыксары тардан баран, кытаанахтык сэрэппитэ. – Бу туһунан, аҕабыт тугу гыммытын, биир тыынар тыннаахха кэпсээмэ. Аҕаҕын биир куһаҕан тылынан хараардыма. Өйдөөтүҥ дуо? Иккистээн ыйытыма уонна бу туһунан кимниин да кэпсэтимэ. Чиэһинэй тылгын биэр, мин эмиэ пиэнньиэр мэктиэ тылын этэбин. Илии тутуһуохха, – диэбитэ. – Өктөбүрүөнэк чиэһинэй тылын биэрэбин. Кимиэхэ да кэпсиэм суоҕа, – Ньуукка, хап-сабар утары уунан, кырачаан илиилэринэн Лааһар уҥа ытыһын төһө кыалларынан ыга туппута. Бу кэмҥэ инилээх бии, биир иэдээҥҥэ түбэспит дьон, туох эрэ көстүбэт күүһүнэн – сөллүбэт кэлгиэ быанан – ситимнэммит курдук буолбуттара. Соторутааҕыта эрэ ытаан, харахтарын уутунан сууна олорбут уолаттар иккиэн тута уоскуйан, чочумча саҥата суох соҥуоран олорбуттара. Сүрэхтэригэр дириҥник сөҥөрдүбүт аҕаларын сүтэрбит аһыылара уонна хардарыта этиспит мэктиэ тыллара биир сомоҕо күүс буолан, ыксаллаах кэмҥэ хорсун, булгуруйбат модун санааны иҥэрбитэ. Сарсыҥҥытыгар, сарсыарда бэрт эрдэ туран, Ньуукка, уу баһа таарыйа, Таанньыска кистээбит талах оонньуурдарын көрдөөбүтэ. Син өр тиҥсирийэн, иирбэ-таарба талах кыбычаан сириттэн, сииктээх от анныгар бэркэ билэр өрбөҕүн көрбүтэ. Долгуйа үөрэн, оонньуурдарын сулбу тардан хостоон таһаарбыта уонна сүрэҕин туһаайыытынан тутан эмиэ ытаан барбыта. Ол эрээри, бу сырыыга тута кэриэтэ, сымыһаҕын быһа ытыран, хараҕын уутун киэр илгибитэ уонна ынахтарын, оҕустарын биир-биир сэрэнэн имэрийтэлээн көрбүтэ. Онтон, соруктааҕын санаан, бэрт ыксалынан төттөрү өрбөҕөр кичэллээхтик суулаабыта уонна: – Күһүн хайаан да ылыам, билигин эһиги манна саҥата суох сытыҥ, сөп дуо? – диэн баран, ортоку талахха, бэлиэ сиргэ, кистээн кэбиспитэ. * * * Балаҕан ыйын бүтүүтэ, күһүҥҥү добдурҕа иннинэ, отторун көрүөлээн-хаһаалаан, былааннарын куоһара толорон, отчуттар бары суулаһан нэһилиэккэ киирбиттэрэ. Суорат уонна лэппиэскэ таһааччы Миисэлэрэ, атырдьах ыйыттан саҕалаан күн көтө-көтө, суорат эрэ аҕалар буолбута. Нэһилиэккэ бурдук бүппүт, хоргуйуу буолбут, ол киһи өлбүт, бу киһи барбыт диэн хобдох сонуннаах кэлэрэ. Ону истэн, оҕонньоттор, талаҕынан туу оҥорон, үрэххэ балыктыыр буолбуттара. – Сут дьылга балык да аҕыйаабыт... – диэн сөҕөн кэпсэтэллэрэ. Муҥутаан, күҥҥэ уонча кыра балыгы туттараллара. Дьиҥэр, үрэххэ кус оҕото дэлэй этэ даҕаны, ону бултуур тэриллэрэ да, сололоро да суоҕа. Барыта күн былдьаһыга этэ. Онон балыктарын мииннээн, син инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан күһүҥҥэ диэри тиийбиттэрэ. Аҕыйах ый иһигэр Лааһардаах Ньуукка дьоннорун олус ахтыбыт этилэр. Хата, ийэлээх эбэтэ тыыннаахтарын көрөн уйадыйыахтарыгар диэри үөрбүттэрэ. Ньуукка, биир кэм, кыра оҕо курдук төбөтүн тоһуйа сылдьан, идэтинэн, олус элбэхтэ дьонугар сыллаппыта. – Пахайбын, бу уол олох улааппатах. Убай буолаары сылдьаҥҥын. Дьон көрөн сүөргүлүө, – дии-дии, эбэтэ Ааныска, мөҕүттүбүтэ буолара эрээри, түгэн көһүннэр эрэ сиэнин сыллаан сырылата сылдьара. Ийэтэ Тээйэ даҕаны кыра уолун ньырамсытан атаахтатара. Ас минньигэһин бастакынан киниэхэ хадаҕалыыра, түүнүн уолун ыксары кууһан, кэтэҕиттэн сыллыы-сыллыы хоонньоһон утуйара. Ол эрээри, кини биллэ дьүдьэйбит, биир кэм сэниэтэ суох, сылааргыыр буолбут этэ. Саатар, оҕолонор кэмэ чугаһаан, урут да, хаана баран, ыараханнык быыһанар буолан, туохтан эрэ дьаарханар курдуга. Эбэлэригэр сотору-сотору түүлүн тойонноторо, онто, бэрдэ суох быһыылааҕа. Ас-таҥас ыал аайы кырыымчык этэ. Сайынын кыра оҕолор, дьахталлар кииһилэ, кириэн от, бэс үөрэтин, сутукатын хомуйан хатаран хаһааммыттара. Ол онтуларыттан, кыра-кыралаан, бурдугу кытта ууга булкуйан хааһылаан сииллэрэ. Нуорма бурдуктарын олус харыстыыллара. Дьон кэпсээниттэн иһиттэххэ, атын нэһилиэктэри кытта тэҥнээтэххэ, туох да олус “тоттук” олороллоро, тыыл үлэтин бары былаанын толорон иһэллэрэ. Холкуоска төһүү күүһүнэн чороччу улаатан эрэр ыччат дьон, оҕолор этилэр. Оннооҕор оройуон хаһыатыгар “Быһыт нэһилиэгин оҕолоро үчүгэй көрдөрүүнү ситистилэр. Биирдии оҕо баһыгар 10-нуу гааны оҕустулар, 11 гааны мустулар уонна ортотунан ыллахха, биирдии оҕо 31 көлөһүн күнүн ааҕыстылар. Маннык үчүгэй үлэлээх оҕолорунан киэн туттабыт”, биитэр “Коля Дьячковскай, Вася Данилов, Роман Нестеров, Миша Максимов от үлэтигэр бастаан иһэллэр. От кыраабылынан 2,5 гаа нуормаларын, 3,5 гааны мустаран, аһары толордулар” диэн курдук хаста да бэчээттэммиттэрэ. Бэл, оройуон бочуотун дуоскатыгар быһыттартан, 144 үлэ күнүн өлөрөн, Христина Ефремова, сааскы ыһыы үлэтигэр сир хорутуутун былаанын 175 бырыһыан толорон Николай Феофанов хайҕанан тахсыбыттара. Ньууккалаах эбэлэрэ Ааныска эмээхсин, иистэнньэҥ буолан, түүннэри-күнүстэри торбос үтүлүк, ынах этэрбэс тигэрэ, онтун суотугар дьахталлар кыраны эмэ – үүт, суорат, бурдук, кус, собо балык – дук гынан үөрдэллэрэ. Үөрэх кэмэ кэлбитэ даҕаны, Ньууккалаах оскуолалара аһыллыбатаҕа. Алта уонча биэрэстэлээх улахан нэһилиэккэ Таас Эбэҕэ арыллыбыт сурахтааҕа да, онно барар кыахтара суоҕа. Онон уолаттар үөрэхтэрэ тохтообута. Оскуола оҕолорунан, хата, алтаны-көмүһү хомуйтарбыттара, ыалтан ньуоска, ытарҕа-биһилэх, араас киэргэл-симэх тастарбыттара. Дьахталлар сылаас таҥас-сап тигэн фроҥҥа ыыталлара. Дьон туох баардааҕын кыайыы туһугар кэрэйбэккэ туттарара. Лааһары тута фермаҕа от тиэйиитигэр ылбыттара, онон кыһыннары онно үлэлиир буолбута. Ньуукка даҕаны таах олорботоҕо, мутук ыраастааһыныгар, сааскы борохуот кэлиитигэр мас бэлэмнээһинигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьыспыта. Сотору хаар түспүтүн кэннэ нэһилиэккэ уоттаах сэрииттэн, атаҕар улаханнык бааһыран, ааттаах булчут Бөҕө Баһылай эргиллэн кэлбитэ. Били, хата, алдьархайтан ас таһааран диэбиккэ дылы, бу кэмтэн ыла кыра нэһилиэк олоҕо көнөн, аччыктаан, хоргуйан өлүү диэн букатын суох буолбута. Бөҕө Баһылай, төһө да ыараханнык бааһырдар, бултуур кыаҕын сүтэрбэтэх этэ. Кэллэ-кэлээт, икки күн иһигэр үс тайаҕы суулларан икки сыарҕанан тиэйэн киллэрбитэ. Ол булт үөрүүтэ, малааһына үлүскэн буолбута. Этэ бука барыларыгар тиксибитэ. Мантан инньэ, Баһылай бултаан кэлбитин иһиттэллэр эрэ, дьахталлар иһит-хомуос туппутунан кэлэн, Баай Байанай бэрсибититтэн өлүүлэһэн тиксэр буолбуттара. Онон, хара аһы үссэммит дьон, сэниэлэнэн, улахан үлэ-хамнас этэҥҥэ үмүрүйэн, дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. * * * Өссө дьиэтигэр кэлиэн инниттэн Ньуукка Таанньыскатын кэриэс тылын, бүтэһик баҕатын хайдах толорорун толкуйдуур буолбута. Үрэхтэн киирбит күнүн сарсыҥҥытыгар эбэтэ тикпит саҥа тирии этэрбэһин, чомпой бэргэһэтин, эргэ суккун сонун кэтэн, онтун ситии быанан быакаччы курданан баран, кыыс олорбут алааһыгар тиийбитэ. Бэлиэр, күһүн хахсаат тыына сайыҥҥы чээлэй айылҕа күөх кэрэтин устан, көмүс солотуу дуйунан сири-дойдуну бүрүйбүт этэ. Үөр кус-хаас төрөөбүт дойдуларыттан арахсар курус ырыалара-тойуктара, истибит эрэ сүрэҕин-быарын ортотунан киирэн, ахтылҕан тыынынан мунчаарда туорхаһытара. Бастаан Ньуукка, кими эмэ көрсөн, Таанньыска ханна көмүллэн сытарын ыйыталаһарым дуу диэн санаан баран, аны кистэлэҥмит биллэн хаалыа диэн туттуммута. Алаас халдьаайытынан, сыыр быарын кэрийэн, былыргы дьон уҥуоҕар тиийбитэ. Манна элбэх киһи уҥуоҕа суоҕа. Онон чуо бааччы соторутааҕыта көмүллүбүт Таанньыскатын буора бэлиэ этэ. Ньуукка өрбөххө суулана сылдьар талах оонньуурдарын хоонньуттан хостоон таһаарбыта. Салгыы, чохчойон олорон эрэ, биир-биир ынахтарын, оҕустарын таһааран кыыс буоругар кэчигирэччи туруортаан кэбиспитэ. Онтон Даадардаах Мааны Кыыһы, өрбөххө төттөрү суулаан баран, кыыс уҥуоҕар сэрэнэн уурбута. Тугу да саҥарбатаҕа. Саҥарар кыаҕа да суох курдуга. Икки хараҕа тобус-толору көлүйэ уунан туолбута... Кини киһи тоҕо өлөрүн, биирдэ баар, биирдэ суох буоларын кыайан быһааран өйдөөбөтөҕө... Син чочумча тура түһүөх курдук буолан иһэн, аттыгар баар былыр үйэҕэ өлбүт дьон уҥуохтарыгар хараҕа быраҕыллыбыта. Онон-манан күөрэ-лаҥкы барбыт, харааран, оҥойон турар былыргы дьон ампаар уҥуохтара барыһан туралларын көрөргө дьулаан этэ. Эмискэ этин сааһа аһыллан, сиһэ кэдэҥэлээн, сүрэҕэ “парк!” гына түспүтэ. Хадаардаах Сырдыгын икки ытыһыгар бобо туппута да, муҥ түргэнинэн сыыры таҥнары сүүрбүтэ. Санаатыгар, ким эрэ кэнниттэн кэлэн тутан ылыах, харбыах курдуга. Тэппит атаҕын кубулуппакка, бэйэтин алааһын куулатыгар киирэн баран биирдэ тохтоон, тыын ыла, уоскуйа сатыы турбута. “Хата, хорсун да эбиппин, аны иккистээн дьон уҥуоҕар саахар да манньаҕа барбаппын...” дии санаат, Таанньыскатын кэриэс оонньуурдарын күүскэ да күүскэ сүрэҕин ыксатынан хам кууспута. Онтон бытааннык аа-дьуо хааман, күһүҥҥү кэрэ айылҕаны кэрэхсии, Хадаардаах Сырдыгын халлааҥҥа көтүтэн, санаатыгар, Таанньыскатын кытта дьэ тэҥҥэ оонньоон, ирэ-хоро кэпсэтэ-кэпсэтэ, аа-дьуо дьиэтин диэки лэппэрдии турбута. Аара, кинини арыаллаан, килбик күн симиктик мичээрдии, нуоҕайбыт хатыҥ мас көмүс сэбирдэхтэрин сиргэ тамнааттыы, нарын лабааларынан далбаатыы, махтана турар курдуктара... Аҕыйах хонугунан, сир тоҥон, кыстык хаар түспүтүн кэннэ, сарсыарда Ньуукка ынырык энэлгэнтэн уһуктан кэлбитэ. Убайа кинини, өйдөнөр түгэн биэрбэккэ, сиирэ-халты сонун, этэрбэһин кэтэрдээт, дэллэриппитинэн ыаллыы Киириктээххэ илдьибитэ. Суол былаһын тухары тугу да саҥарбатаҕа. Ол эрээри, сирэйэ дьэбин уоһуйбутуттан көрдөххө, соччо бөрүкүтэ суох быһыы-майгы буола турара. Онно ким сыһыаннааҕын Ньуукка эмиэ тута сэрэйбитэ, ийэтэ барахсан төрөөрү, өлөр-тиллэр ухханыгар сытарын, көрбөтөр да, куолаһыттан эндэппэккэ билбитэ. Киирик ийэтинээн, эрдэ холкуос үлэтигэр барбыт буоланнар, дьиэлэригэр суохтара. Арай хараҕа суох эбэлэрэ Мааппыс уонна кырдьаҕас эһэлэрэ Толунньаҥ оҕонньор бааллара. Хара сарсыардаттан Ньууккалаах Киирик киирэн кэлбиттэригэр ыаллар олус соһуйбуттара. Лааһар, киирээт, аан айаҕар туох диэн булбакка, биир сиргэ тэпсэҥнээбитэ, мух-мах бара-бара саҥарбыта. – Туох... туох... ийэбит быыһанаары гынар... Ыарахан курдук туруга... Туох... ол иһин эбэм бу инибин Ньуукканы эһиэхэ ыытта... Киэһэ үлэбиттэн кэлэн иһэн ылыам... – дии-дии, үтүлүгүн мускуйа турбута. Мааппыс, уол хас биирдии тылын олус болҕомтолоохтук истэ олорон, хап-сабар сөбүлэспитэ. – Ээ, оннук буолумуна. Хааллын-хааллын. Оо, Тээйэ барахсан этэҥҥэ быыһаннар... – диэбитэ. Ньуукка урут бу ыалга син элбэхтэ сылдьар этэ. Ол саҕана убайын кытта көннөрү оонньуу, дьаарбайа кэлэллэрэ, биитэр ол-бу кыра сорукка таарыйан ааһаллара. Оччолорго, аҕалара Баардаах Баһылай баар эрдэҕинэ, дьиэ иһэ мэлдьи элбэх ыалдьыттаах буолара. Ардыгар Ньуукка Киириктээх уус аҕаларыгар олус ымсыыра саныыра. Кини баҕарар чаачар саатын эгэлгэтэ дьиэ иһинэн-таһынан толорутун сөҕө көрөрө. Таанньыскалыын улаханнык алтыспат этэ. Убайын Лааһары саппай уопсан, Киириктээҕи кытта тыаҕа тахсан моҕотойдууллара, сэриилээх оонньууллара, илин-арҕаа хас эмэ алааһынан ураҕас атынан көтүтэллэрэ. Ол кыһалҕата суох оонньообут кэмнэрэ билигин бэрт түргэнник кылам гынан ааспыт, өйдөрүгэр-санааларыгар эрэ дьоллоох оҕо саас өйдөбүлэ буолан хаалбыт курдуга. Бу сэрии ыар сылларын кэмигэр оонньуур, мээнэ көҥүл көччүйэр кыаллыбат этэ. Сааттаах да быһыыга тэҥнээҕэ. Итини барытын Ньуукка, төһө да кыра буоллар, бигэтик өйдүүрэ. Убайа Лааһар тахсан бараатын кытта уол сонун, бэргэһэтин устан көхөҕө ыйаата уонна, сэрэнэн киирэн, аан таһынааҕы наара ороҥҥо олордо. Мээнэ эргичиҥнии, дьиэ иһин олоотуу олордоҕуна: – Тоойуом, Ньуукка, чэй иһэҕин дуо? – диэн Мааппыс тирии имитэрин кубулуппакка эрэ ыйытта. – Оо, бу да эмээхсин, иһэҕин да буолан. Ис диэ, ыл. Чэ, мин тыалаатым. Көр, бүгүн ити сыарҕанан оонньоон лаппа хойутаатым ээ. Толунньаҥ оҕонньор, тирии сонун ыга курданан, чомпой бэргэһэтин тимиччи кэтэн, үтүлүгүнэн икки этэрбэһин тэп гына охсунаат, таһырдьа тилир гынан хаалла. – Иһэбин, – диэн Ньуукка хап-сабар хоруйдатаа. Бэҕэһээ киэһэ тар уутун эрэ испитэ, онон куртаҕа сотору-сотору кураанаҕынан курулуурун иһиттэххэ, туос аччык этэ. Уол хоруйун истээт, Мааппыс, талкытын туора анньан, сэрэнэн, үс атахтаах остуолугар кэллэ. Ньуукка көрдөҕүнэ, харахтаах киһи курдук, эмээхсин бэрт үөрүйэхтик туттан-хаптан аһын бэрийэ оҕуста. – Чэ, Ньуукка, кэл олор, чэйдээ. Бу, Киирик туһах иитэн, бэҕэһээ куобах амсайар дьолго тигистибит. Иккини туттарбыт этэ. Хата, быйыл куобах баар буолууһу дииллэр. Оҕом, бэлиэр улаатан, аҕатын курдук булчут бэрдэ буолан эрэр. Айаххар бааттаах эбиккин, куобах буутун кирэр буоллуҥ, – дии-дии, Мааппыс мичээрдээн мытырыйбыта. Ньуукка, санаатыгар, маннык минньигэс куобаҕы урут биирдэ да амсайан көрө илик курдуга. Сыа-сым курдук тутан, куобаҕын этин сиэн баран, итии чэйин кыра чохооҕо үрэн сыпсырыйа олордо. – Тоойуом, Таанньыска үрэххэ хайдах сылдьыбытай? Тиийиэҕиттэн ыалдьыбыта дуо? – диэн эмискэ Мааппыс, оһоҕун иннигэр тиийэн, хардаҕастары биир-биир уокка биэрэ туран ыйытта. Итинник ыйытыыны кэтэспит буолан, Ньуукка хап-сабар хоруйдаата. – Суох, бастаан үчүгэй этэ. Иккиэн от мунньар, бугул түгэҕин харбыыр этибит. Ыалдьара биллибэт курдук этэ, – диэтэ. – Оҕом барахсан... төрүөҕүттэн иринньэх этэ. Кыратыгар эрэй бөҕөтүн көрдөрбүт кыыс. Син итиччэ бороохтуйан иһэн барбыта дьэ абалаах... – диэн баран, эмээхсин үөттүрэҕи ылан уотун булкуйда. – Бу кырыыстаах сэрии буолбатаҕа буоллар... уолум да тыыннаах буолуо этэ, оҕолорум барахсаттар... – дии-дии, холбугур көхсө нүксүйэн, Мааппыс эрэйдээх киһи аһыныах, ытыырын кыатана сатыы-сатыы, хатырбыт илиилэринэн сирэйин ньуххарынан, хараҕын уутун сотто турда. Маннык хараастыылаах түгэҥҥэ кырдьаҕас киһиэхэ туох диэн булбакка, Ньуукка саҥата суох остуолтан туран, төттөрү наара оронугар кэллэ уонна эмиэ балаҕан иһин эркинин сыныйан көрбүтэ буола олордо. – Чэ, туох да аньыыта-харата суох аанньал кэриэтэ үтүө дьон этэ, анараа дойдуга да тиийэн олохторун оҥостуохтара. Хата, Таанньыска аҕатын кытта тэҥҥэ сыһа барда. Бииргэ сылдьыахтара буоллаҕа дии, – диэн баран, Мааппыс, уоскуйа быһыытыйан, сирэйэ сырдаан кэллэ. Салгыы, көмүлүөк иннигэр олорон, кыра саппыйаан мөһөөччүгүттэн хамсатын таһааран топ гыннаран тобугар охсубута уонна табаҕын симтэн, тымтыгынан уматтан баран, минньигэс-минньигэстик сыпсырытан тардан барда. – Тоойуом, бэттэх кэл эрэ, миэхэ көмөлөс. Уол хап-сабар эмээхсин таһыгар кэллэ. – Бу кыраадаҕа куурбут хардаҕастар бааллар. Харахтаах киһи, ону сэрэнэн ылан тымтыкта тыыр эрэ. Быһаҕа эмиэ онно буолуо. Ити оҕонньор бүгүн хойутуура буолуо, – дии-дии, Мааппыс оһох кэннин диэки ыйда. Ньуукка, кыраада үрдүгэр сытар үс хатырыга суох хардаҕас мастары ылан, биир-биир судургутук тыырыам дии санаабыта, кини кыаҕар уустук буолан биэрдэ. Ол да буоллар, син өр ырычаахтаһан, көлөһүн-балаһын аллан, уол хас да тымтыгы тыырда. Салгыы, иннилэрин ылан баран тэйэр өһөс майгыта уһугунна, онон саҥата суох сымыһаҕын быһа ытыран, кыра талах олоппоско тирэхтээхтик тэбинэн, биир кэм мастарын кытта мадьыктаһа олордо. – Тоойуом, дьэ, эһиги, сэбиэскэй кэм оҕолоро, абааһыны да, аньыыны да итэҕэйбэккит ээ? – диэн Мааппыс чуҥкунуур чуумпуга соһуччу ыйытык биэрэн, Ньуукканы өмүтүннэрдэ. – Ээ, оттон... оннук. Учууталбыт Сэмэн Сэмэнэбис инньэ диир куруук. Таҥара суох, абааһы суох диэн кэпсээччи. Барыта сымыйа... Итини адьас итэҕэйимэҥ, былыргы, хаалынньаҥ олох көстүүтэ диэччи, – диэн уол, син кэтэмэҕэйдээн баран, баарынан малтаччы хоруйдаата. – Оннук буолумуна, ол кыһыл бартыһаан, дьаарай хомуньуус киһи инньэ диир бөҕө буоллаҕа. Сымыйа диэбит буола-буола... – талкытын эрчимнээхтик талкыйан, Мааппыс өс саҕа буола түстэ. Ол кэннэ: – Былыргытын, сиэрин-туомун билбэт, омугун итэҕэлин ылыммат киһи наһаа өр уһун отун оттоммото буолуо ээ... – диэн баран, эмээхсин кэлэйбит курдук саҥата суох барда. Ньуукка, тугу эрэ сыыһаны этэммин, кырдьаҕас киһини хомоттум быһыылаах диэн бэйэтин буруйдана санаата. Ол иһин алы гынаары: – Арба, Таанньыска миэхэ анараа дойду диэн баар диэбитэ, – диэтэ. – Киһи өллөҕүнэ түөрт уон хонук дууһата бу сиргэ сылдьар курдук кэпсээбитэ, ол кырдьык дуо? Мааппыс Ньуукка ыйытыытыттан сэгэс гына түстэ. – Чээн, хор, оҕом мин былыргы кэпсээммин ылынан, дьоҥҥо кэпсии сылдьар эбит дии. Дьэ, Ньуукка, бу орто дойдунан киһи олоҕо муҥурдаммат. Анараа дойду диэн баар бөҕө буоллаҕа. Киһи өллөҕүнэ онно тиийэр. Ол эрээри, онно өлүү хара уутугар чачайыаххын баҕарбат буоллаххына, бу олоххор аньыыны-хараны, туох да куһаҕаны оҥорбокко, үтүө сиэрдээх сылдьыахтааххын. Түөрт уон хонук устатын тухары сылдьыбыт сиргин-уоккун кэрийэҕин уонна, дьэ, ол кэннэ букатын бараҕын... Эмээхсин сирэйэ-хараҕа сырдаан, айаҕа аһыллан, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдугу, үгүһү-элбэҕи кэпсии олордо. Ити курдук ону-маны буолары-буолбаты лабаҥхалаһан, күн лаппа киэһэрбитин, икки чугас дьоннорун сүтэрбит ыар аһыылаах дьон, билбэккэ хааллылар. Өлбүт дьон анараа дойдуга тиийэр олохторо Ньуукканы ордук сэҥээртэ. Кырдьаҕас киһи ылыннарыылаах тыла-өһө хайдах эрэ чараас сүрэххэ уйаламмыт санаа-оноо баттыгын суох оҥордо, оҕо киһи дууһалыын чэпчииргэ дылы буолла. Тапталлаах аҕата хайыы үйэ онно тиийэн үөрэ-көтө, сэриитэ, кыһалҕата суох олорорун, Таанньыска харысхаллаах ынахтаах оҕуһунан дуоһуйа оонньуу сылдьарын хараҕар ойуулаан көрдө. Халлаан хараҥарбытын кэннэ Толунньаҥ оҕонньор хара тыаттан мас мастаан, тоҥон-хатан киирдэ. Киирик ииппит туһахтарыттан, аара, эмиэ икки куобаҕы ылбыт. Байанай куду анньыбыт булдун истэн, Мааппыс үөрэн күлүм аллайда. Сотору ферматтан убайа Лааһар Киириктиин аргыстаһан кэллилэр. Ыаллара чэйдээн баран барыҥ диэбиттэрин Лааһар буолуммата. Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, бэркэ ыгылыйбыт көрүҥнээх. Онон, Ньуукка, сып-сап таҥнан, убайын кэнниттэн саппай уопсарга күһэлиннэ. Балаҕантан тахсааттарын кытта кэннилэриттэн Киирик, биир бөдөҥ куобаҕы туппутунан: – Бу куобаҕы илдьэ барыҥ! – диэн хаһыытыы-хаһыытыы эккирэтэн кэллэ. Лааһар, үөрэн, доҕоругар махтанан икки ытыһын бобо тутта. Ол кэннэ убайа хаҥас өттүгэр куобах тутуурдаах, уҥа өттүнэн инитин сиэппитинэн ыксал бөҕөнөн алаастарын диэки түһэ турдулар. Бу баран иһэн, Ньуукка: – Убаай, ийэбит, эн санааҕар, кыыһы төрөөбүтэ буолуо дуу, уолу дуу? – диэн кыҥнайа-кыҥнайа, убайын сирэйин мыҥаата. – Саҥарба, акаары, акаарытык ону-маны сураһыма, – диэн убайа саба саҥаран кэбистэ. Кэпсэтии онон бүттэ. Ньуукка иһигэр Лааһарга өһүргэнэ санаата да, тоҕо эрэ, убайыттан толлон утары тугу да саҥарбата. Арай дьиэлэригэр чугаһаан иһэн көрдөхтөрүнэ, балаҕаннарын ураатыттан оһохторун буруота сэниэтэ суохтук унаарыйарга дылы. Ыттара Кырса, кулгааҕа ньалбайан, кутуругун кумуччу туттан, тэлгэһэлэрин тула ыйылыы сылдьар. Туох эрэ куһаҕан буолбутун сэрэйэн, уолаттар, сэрэнэн, балаҕаннарын аанын арыйан, дьиэлэригэр киирдилэр. Оһох иннигэр эбэлэрэ Ааныска эрэйдээх нүксүччү түһэн олороро. Хаҥас ороҥҥо ийэлэрэ, туох да буолбатаҕын курдук, сатамньыта суох, былаатынан сыҥааҕа төгүрүччү бааллан, дэлби кубарыйыаҕынан кубарыйан баран, утуйа сытар курдуга. – Ийээ!.. Ийээ, хайдах буоллуҥ?!. Ийээ, тур-тур!.. – диэн аан таһыттан сарылаабытынан, сонун да устубакка, Ньуукка бу күн сирин анныгар саамай күндү киһитигэр ыстанна. Ийэтэ барахсан, мааны уолун аймалҕаныгар кыһаммакка, аны кинини истэр быһыыта суох, биир да тымыра хамсаан көрбөтө. Тыбыс-тымныы ийэтин илиилэрин харбаан баран, түөһүгэр сытан истэҕинэ, Ньуукканы ким эрэ эрчимнээхтик кэннинэн чинэриттэ. Уол, ону өйдөөн-дьүүллээн көрбөккө: – Ийээ, ийээ!.. – дии-дии, сары-ору бөҕөтүн түһэрдэ. – Аньыытын баҕаһын, ити уолу киэр гыныҥ, айаҕын бүөлээҥ эрэ! – диэн эбэтэ үөгүлээбитигэр убайа Лааһар дьукаах Кэнтик оҕонньордуун уолу таһырдьа соһон таһаардылар. Убайа хамсаабат да гына хам кууһан туран эрэ: – Ньуукка, ытаан бүт, – диэтэ. – Итинник кэбилэннэххинэ ийэбит тиллэн кэлбэт. Өлбүт ийэбит, аны биһиэхэ хаһан да кэлбэт... Өйдөөтүҥ дуо? Уоскуй, – диэн, бэйэтэ ытыырын кыатана-кыатана, кыбыс-кытаанахтык эттэ. Убайа сотору кэминэн Ньуукканы төлө ыытан кэбистэ. Онтон, инитин соҕотохтуу хаалларан, дьиэ иһигэр киирэн хаалла. Ол эрээри, тымныы дьыбардаах киэһэ ыар сүтүктээх киһини аһыныах, уоскутуох чинчитэ суоҕа. Хотуттан үрэр тыал биир кэм сонун курдат этин-сиинин мууһунан хаарыйда, кулгааҕа, икки илиитэ аһыс гыныар диэри тыбыс-тымныынан ытарчалыы салаамахтаата. Төһө да дөйө тоҥнор, маҥан хаар ньууругар чохчойон олорон эрэ, Ньуукка өр ытаата. Ийэлээх аҕатын кытта олорбут дьоллоох кэмнэрин ахтан-санаан уйа-хайа суох барда. Ол эрээри, сотору син көхсө кэҥээн уоскуйа быһыытыйда. Санна ыгдаҥныы-ыгдаҥныы, Мааппыс эмээхсин анараа дойду туһунан бүгүҥҥү кэпсээнин өйдүү сатыы олордо. “Ийэм аҕабын кытта көрсөр буоллахтара, биһигини да кэтэһиэхтэрэ” диэн дьикти санаатыттан арыый эгди буолла. Бу түгэҥҥэ кинини туох эрэ ураты күүс иилии кууһан, уоскутарга дылыта... Ол эрээри, ийэтэ көмүллүбүтэ уонча хонук буолбутун кэннэ, Ньуукка дэлби туорхаһыйар, ийэтин суохтуур буолбута. Эбэтэ даҕаны куруук кыыһын ахтан, аны хайдах-туох олоробут диэн муҥатыйан, бэйэтэ да баастаах кыра киһи сүрэҕин аймаан кэбиспитэ. Бу күнтэн саҕалаан киэһэ хойут, халлаан хараҥарбытын кэннэ, таһырдьа тахсан, уол хараҥаҕа турар идэлэммитэ. Хоонньугар Таанньыскатын Хадаардаах Сырдыгын уктан баран, сулустаах халлааны өр да өр одуулуура. “Баҕар, ийэм кэлэн ааһыа...” диэн бүтүннүү харах-кулгаах иччитэ буолан иһиллиирэ. “Ийээ...” – диэн иһиллэр-иһиллибэттик сибигинэйэрэ. Кыстык хаар күөдэпчилэнэ сирэйигэр-хараҕар түһэрин ийэтин сымнаҕас илиилэригэр холоон сылаанньыйан ылара. Иһин түгэҕэр, ийэтин ыҥыран, арааһы бары ботугуруура. Саҥата суох, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа, тулатын кыҥастаһара. Ардыгар Таанньыскатын оонньуурдарын хостоон, халлааҥҥа көтүтэ оонньуура, дэбигис киһи өйдөөбөт быһыытын быһыыланара. Биир киэһэ Лааһар дьукаах Кэнтик оҕонньордуун ферматтан кэлэн иһэн, Ньуукка, бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, таһырдьа ытыы турарын көрөн олус соһуйбуттара. Убайа аах иһэллэрин эргиллэн көрөөт, уол түөкүн курдук балаҕанын диэки куотан хопчооруҥнаабыта. – Хайа, эбээ, бу уолуҥ таһырдьа тугу гынарый? – диэбитинэн убайа дьиэтигэр көтөн түспүтэ. – Тыый, хайыырый ол?.. – диэн эбэтэ Ааныска эмээхсин, соһуйан, сиэниттэн төттөрү ыйыппыта. – Халлааны кытта кэпсэтэр, быһыыта, – дии-дии, кэннинэн туран эрэ, Кэнтик оҕонньор көхөҕө сонун ыйаабыта. Түгэх, оһох кэтэҕинээҕи ороҥҥо Ньуукка, буруйдаах курдук умса туттан, дьиэ иһинээҕи дьон бары кинини тургутардыы көрөллөрүттэн уолуйан, барыах-кэлиэх сирин билбэккэ олордо. Эбэтэ Ааныска сиэнигэр чугаһаан кэллэ уонна, аттыгар олорон эрэ, аргыый санныттан кууһан баран: – Ньуукка, бачча хараҥаҕа, чахчы, тугу гынаҕын? – диэн сэрэнэн ыйытта. Ньуукка сирэйэ чоххо баттаабыт курдук кытар гына түстэ. – Ээ, көннөрү, халлаан сулустарын көрөбүн, – диэн сымыйалаан бытарытта. – Өктөбүрүөнэк чиэһинэй тыла да ити? – диэн убайа Лааһар уун-утары кэлэн тобулу одуулаан туран ыйытта. Харытыттан харбаппыт уоруйах курдук, тугу гыныан билбэккэ, Ньуукка мух-мах барда. Онтон хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа: – Ийэбин көрүөхпүн баҕарабын... – диэтэ. – Мааппыс эмээхсин киһи өллөҕүнэ түөрт уон хонук устата олорбут сирин кэрийэр диэбитэ. Ол иһин, баҕар, ааһан иһэрин, саатар, ыраахтан көрүөм диэммин кинини ыҥырабын, ийэбин наһаа аҕынным... – дии-дии ытаан ньуххарыйан барда. Кыра балаҕаҥҥа баар дьон, итинниги эрэ истиэхпит диэбэтэх буолан, мах бэрдэрэн тылларыттан маттылар. Эбэтэ: – Оо, бу үлүгэри!.. – диэт, оһоҕун иннигэр тиийэн, талах олоппоһун ылла. Онтон тугу эрэ толкуйдуур курдук чочумча олорон баран, туран, эргиллэ биэрээт, долбууругар тиийдэ. Бэрт өр онтун хаһыста уонна, оһоҕор кэлэн, кэриэрбит сыт таһаарда. Ким да эмээхсин оһоххо тугу ботугураабытын истибэтэ, бырахпытын өйдөөн көрбөтө. Бу түгэҥҥэ дьиэлээхтэр бары бэйэлэрин истэригэр арааһы санаабыттара. Ньуукка иннигэр олох биллибэт кистэлэҥнээх дириҥ чүөмпэтин арыйар кыахтара суоҕун билинэн үөһэ тыыммыттара. Балаҕан иһигэр кэриэрбит сыты кытта ураты чуҥкунуур чуумпу сатыылаабыта. * * * Сэрии аас-туор биир кыһынын кэннэ салаллан кэлбит сандал сааһы, онтон самаан сайыны Батаакаптар, ити курдук, күндү дьон сүтүктээх көрсүбүттэрэ. Ньуукка, уонугар чугаһаан, лаппа улааппыт, оттомурбут курдук буолбута. Өйө-санаата, былырыыҥҥыга холоотоххо, ийэлээх аҕата баалларыгар тэҥнээтэххэ, чыҥха атына. Уруккутун курдук атаахтыыра уурайан, бэйэтэ да билбэтинэн, олох тосту-туора уларыйыыта уол уйулҕатыгар күүскэ дьайбыт этэ. Саас убайа Лааһар холкуоска мас-от, балбаах тиэйиитигэр, сайынын от, бурдук үлэтигэр, оттон Ньуукка миэлиҥсэҕэ солбуллубат оҕус сиэтээччинэн үлэлээбитэ. Күһүн, Таас Эбэҕэ интэринээт аһыллар сураҕын истэн, эбэлэрэ Ааныска уолаттарын, дьону үтүктэн, киин сиргэ үөрэттэрэ ыытарга санаммыта. Төһө да кырдьаҕас буоллар, биир да күн оскуола паартатыгар олорботор, үөрэх суолтатын бэйэтин кыаҕынан быһаарар, дириҥник, хорутан өйдүүр мындыр эмээхсин этэ. Лааһар бастаан, эбэтин соҕотохтуу хаалларымаары, утарылаһыах курдук буолан иһэн, кэлин син сөбүлэһэригэр тиийбитэ. Онно сүрүн төрүөтүнэн ийэлээх аҕаларын ыра санаалара, оҕолорун үөрэхтээх дьон оҥорор баҕалара буолбута. Биир үтүө күн кыра өйүө дуомнаах уолаттар алта уон биэрэстэлээх Таас Эбэҕэ сарсыарда эрдэттэн сатыы айаҥҥа туруммуттара. Баралларыгар: – Аҕаҕыт табаарыһыгар, үөлээннээҕэр Дьэкиим Додуохапка тохтооруҥ, бэркэ билсэр киһитэ этэ, этэҥҥэ сылдьыҥ, – диэн баран, эбэлэрэ биир-биир сиэннэрин сүүстэриттэн сыллаталаан ылбыта. Эбэлэрэ эрэйдээх ыалларыгар, дьонтон кистээн, саары этэрбэс тикпитин: – Тиийдиҥ да биэрээр, үөрүөхтэрэ, – дии-дии, Лааһар хас да сиринэн абырахтаах эргэ тирии матаҕатыгар бэркэ кичэйэн укпута. Ааныска барахсан, сиэннэрэ алаас куула тыатыгар киирэн көстүбэт буолуохтарыгар диэри чарапчыланан көрө, харах уулаах атаара хаалбыта. Сарсыарда эрдэ туруммут оҕолор киэһэ күн киириитэ Таас Эбэҕэ үктэммиттэрэ. Дьонунан ыйдаран, Лааһардаах Ньуукка Дьэкиим аах олорор дьиэлэрин бэрт дөбөҥнүк булбуттара. Кип-киэҥ, ып-ыраас тэлгэһэ иһигэр нууччалыы таас түннүктээх, кырыыбалыы түөрт муннуктаах улахан мас дьиэ борук-сорукка дьэндэйэн турара. Уолаттар, хаһан да маннык дьиэни харахтыы илик буолан, улаханнык салла быһыытыйбыттара. Арай, доҕоор, саҥа тэлгэһэҕэ үктэниэх курдук буолан истэхтэринэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, олус улахан хара ыт моргуйбутунан кэлээт, Лааһар атаҕар түспүтэ. Уолаттар хаһыытаспытынан бүтэй күрүө баҕанатын үрдүгэр биирдэ баар буола түспүттэрэ. Ньуукка кутталыттан сүрэҕэ айаҕар тахсыбыта, төһө кыалларынан кумуйуоҕунан кумуйан, атаҕын-илиитин хомуйан, күрүө баҕанатын үрдүгэр олорбута. Ыт, тоҕо эрэ, киниэхэ кыһаммакка, бара-бара, убайын атаҕын сиирэ-халты хабыалыыра. Сотору кэминэн дьиэ аана тыастаахтык аһыллан, биир сонос соҕус орто саастаах киһи, ытын ыҥыра-ыҥыра, тахсан кэлбитэ. – Хайа, бу бачча түүн кимнээх кэллигит? – диэн улахан соҕустук ыраахтан ордоотоон ыйыппыта. Убай киһи Лааһар хап-сабар: – Ээ, биһиги, бу Дьарааһын Батаакап уолаттара, кэллибит. Бу күһүн оскуолаҕа киирээри, интэринээккэ олорон, – диэн хардарбыта. – Дьарааһын дуо? – диэн өйдөөбөтөх курдук эр киһи хаттаан ыйыппыта, онтон тохтуу түһэн баран, салгыы саҥарбыта. – Ээ, чэ, кэлиҥ, чугаһааҥ манна, бу ыт ытырбат, мээнэ үрэр эрэ. Моойторук, кэл-кэл, – дии-дии, дьиэтин айаҕыттан ытын ыҥыран туора илдьэ барбыта. Ыта, иччитэ эйэргиирин билэн, кутуругун кумуччу туттан, улгумнук батыһан, ампаар ойоҕоһугар тиийэн сытынан кэбиспитэ. Дьэкиим эргиллэн кэлээтин кытта Лааһар, өй булан: – Бу эбэм ыытта, – диэн баран, эбэтин кэһиитин, тырыттыбыт матаҕатыттан ыксыы-бохсуу хостоон, эр киһиэхэ утары ууммута. Киһитэ, соһуйбут дуу, сэрэммит дуу курдук, уолаттары биир-биир бастарыттан атахтарыгар диэри сыныйан көрө-көрө: – Туох даа?! – диэн ыйытта. – Туох кэһиитэ? Бээ эрэ, кэтэһиҥ, – диэт, төттөрү эргиллэ биэрбитэ уонна этэрбэстэрин, аанньа ахтыбатахтыы, тэнитэн көрбөккө даҕаны, холустук уҥа илиитинэн харбаат, дьиэтин иһигэр сылыпыс гынан хаалбыта. Онтон, чочумча буолаат, дьиэтин аанын кыараҕастык арыйан: – Киириҥ эрэ, – диэн сибигинэйэ былаастаан ыҥырбыта. Харахтаан көрбөтөх мааны мас муосталаах дьиэлэригэр киирэн, хараҥаҕа, тулламай этэрбэстэрин устуохтарын дуу, устумуохтарын дуу кэтэмэҕэйдии турдахтарына, Дьэкиимнэрэ кэллэ. – Чэ, уолаттар, бу манна сытан сынньаныҥ, аан таһыгар. Адьас айдаарымаҥ, дьонум утуйа сыталлар, – диэбитэ уонна тырыттыбыт таба тириитин бырахпыта. Суорҕан да, сыттык да мэлигир этэ. Мантан салгыы туох да кэпсэтии тахсыбатаҕа. Хос иһигэр ким эрэ тимир ороҥҥо тыастаахтык тыынар, төттөрү-таары эргийэр тыаһын Ньууккалаах Киирик муодаргыы истибиттэрэ. Ол эрээри, сылайбыттара таайан, төбөлөрүн тэллэххэ уураат, кыбыс-кытаанахтык утуйан хаалбыттара. Сарсыарда, бэрт эрдэ, Ньуукка, дьиэ уорааныттан дьагдьайан, уһуктан кэлбитэ. Арай иһиттэҕинэ хос иһигэр дьахтардаах эр киһи киҥир-хаҥыр саҥарсаллара. – Оччотугар, тугуй, ол түөкүн дьон оҕолорун манна олордоору гынаҕын дуо? – диэн дьахтар умайыктана тымтыбыта. – Аргыый, истиэхтэрэ. Мин да улаханнык бэйэм олордор, айах адаҕата оҥостор санаам суох. Тугу эмэ толкуйдуохпут. Туох да диэбитиҥ иһин, Дьарааһын, оттон, син үчүгэй киһи этэ. Туһалаабыта да элбэх дии, биһиэхэ, – диэн Дьэкиим хардарбыта. – Ол үчүгэйигэр норуот өстөөҕө аатырар дуо? Билигин бэйэҕин эрийиэхтэрэ, хаайыыга ыытыахтара, итинник дьон оҕолорун хорҕото сыппыккар! – диэт, дьахтар тимир оронтон тыастаахтык турар тыаһа иһиллибитэ. Онтон бэтэрээ диэки чугаһаан иһэн: – Хайа, эмиэ туох бөҕө сытарый, тугуй бу?! – диэн саҥа аллайбыта. – Этэрбэс дии, мааны, саары этэрбэс. Уолаттар эбэлэрин кэһиитэ. Айдаарыма, бээ, кыратык саҥар, – диэн Дьэкиим дьахтарын буойан күргүйдээбитэ. – Пахайбыын, ким маны билигин кэтэр үһү, ыт да тырыта тыыппат ини, киэр гын мантыккын! – диэн баран, дьахтар этэрбэстэрин биир-биир тамнааттыыр тыаһа иһиллибитэ. Эмискэ убайа Лааһар Ньуукканы уҥа харытыттан харбаан ылбыта. Утуйа сытар дии санаабыт убайа уһуктаҕаһыттан соһуйан, уол ходьох гына олоро түспүтэ. – Бардыбыт, тур, – диэт, Лааһар бэйэтэ бэрт ыксалынан ойон турбута. Убайа, бэйэтэ сиирэ-халты таҥнаат, Ньууккаҕа сонун уонна этэрбэһин сирэйигэр быһа анньыбыта. Иккиэн, бэрт ыксалынан, туохтан эрэ куотан эрэр курдук, таһырдьаны былдьаспыттара. Халлаан лаппа сырдаабыт этэ. Били бэҕэһээ сии сыспыт ыттара эмиэ ырдьыгынаабытынан кэлиэх курдук гынан иһэн, Лааһар: Чот! – диэтин кытта, кини турбут сирэйин-хараҕын көрөөт, кулгааҕын кумуччу туттан, буруйдаах курдук төттөрү купчурус гынан хаалбыта. Дьэкиимнээх тэлгэһэлэриттэн тэйэн, билигин ханна барыахтарын чопчу билбэтэллэр даҕаны, уолаттар иккиэн суксуруһан айан суолугар киирбиттэрэ. Нэһилиэктэн хас да биэрэстэни дьулурҕатык бараат, тохтоон тыын ылбыттара. Лааһар, инитин санныгар икки илиитин ууран баран, утары көрөн туран эрэ: – Ньуукка, эн улахаҥҥын, барытын өйдүүгүн дии, – диэтэ. – Биһиги аҕабытын сымыйанан “норуот өстөөҕө” дииллэр. Эн ону хаһан да итэҕэйбэт буол... Уонна аҕабытын таҥнарбыт дьону кытта илии тутуспат, кэпсэппэт, эйэргээбэт буол. Эн биһиги билэбит, биһиги аҕабыт – үчүгэй киһи. Онон бүттэ. Өйдөөтүҥ дуо? – диэн быһыта-орута, кыбыс-кытаанахтык эппитэ. Ньуукка: – Сөп, – диир хоруйун истээт, эргиллэн, иннин диэки эрчимнээхтик хардыылыы турбута. Арай убайын уҥа атаҕын кэнниттэн өйдөөн көрбүтэ, ыстаанын, этэрбэһин дуома барыта хатаччы хаппыт кыа хаан эбит этэ. Онно эбии доҕолоҥнуура, торбос ыстаана тырыта баран, этэ барыта көстө сылдьара. – Убаай, атаҕыҥ барыта хаан буолбут, ыт улаханнык ытырбыт дии! – дии-дии, кэнниттэн аҕылыы-аҕылыы ситэн кэлбитэ. – Ээ, бу диэн кыра буоллаҕа. Ааһар, Ньуукка. Ыалдьыбат. Арай ити кинилэр аҕабытын үөхпүт, эбэбитин аанньа ахтыбатах тыллара үйэ тухары хаалыа буоллаҕа. Эбэбитигэр бүгүн киэһэ дьэ туох диибит... – диэн баран эргиллэн, Лааһар салгыы содьороҥноон бара турбута. Икки-үс биэрэстэни барааттарын кытта, үрдүк сыыр үрдүгэр сыарҕалаах оҕустаах эр киһиэхэ кэтиллэ түспүттэрэ. Уолаттар саҥата суох, мулук-халык тутта-тутта ааһыах курдук буолан истэхтэринэ: – Туох кэпсиэ, хантан иһэр оҕолоргутуй? – диэн эр киһи, тохтоон, сылбырҕатык сыарҕатыттан ойон тураат, бэрт сэргэхтик ыйыппыта. – Ээ, биһиги Таас Эбэттэн иһэбит, – диэн, Лааһар Ньуукканы бэйэтин диэки хап-сабар тардаат, аат эрэ харата хоруйдаабыта. – Ээ, үөрэх оҕолороҕут дуо? – диэн эр киһи салгыы токкоолоһор киһи буолбута. – Оннук даҕаны, төннөн иһэбит, – Лааһар тиэрэ хайыспыта. – Тыый, ол тоҕо төнүннүгүт, үөрэххит саҕалана да илигиттэн. Хантан сылдьаҕыт, кимнээх оҕолоро буолаҕыт? – дии-дии, аргыстара, оҕуһун хатыҥ маска баайан, уолаттарга чугаһаан кэлбитэ. – Быһыттан сылдьабыт, – диэбитэ Лааһар уонна сымыһаҕын быһа ытырбыта. – Кимнээх оҕолоро буолаҕыт? Мин дьонум төрдүлэрэ эмиэ быһыттар. Онон барыгытын билэбин. Хата, аймахтарым буолуоххут, – дии-дии, эр киһи күлэн абына-табына тиистэрэ атыгыраабыттара. Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин сиирэ-халты көрсүбүттэрэ уонна, билбэт киһилэригэр салгыы тугу хоруйдуохтарын билбэккэ, таалан турбуттара. Онтон Ньуукка, хайдах эрэ сатамньыта суох быһыы-майгы үөскээбитин өйдөөн дуу, биитэр ыксаан дуу: – Ийэлээх аҕабыт өлбүттэрэ, – дии охсубута. – Аҕабыт аатын сатаан эппэппит, кутталлаах, – диэн баран, убайын диэки кылап-халап көрбүтэ. Лааһар кинини сүр үлүгэрдик кынчарыйбыта уонна хайдах эрэ иҥиэттэргэ дылы гыммыта, кэлэйбиттии чыпчырынан баран түҥнэри хайыспыта. Сыыһа гыммытын өйдөөн, Ньуукка кэннинэн тэйэ хаамыах курдук гынан истэҕинэ, анараа киһилэрэ: – Ээ, сөп, өйдөөтүм-өйдөөтүм, Дьарааһын Батаакап уолаттара эбиккит дии, – диэн бэйэтэ таайбыта. – Ол иһин хараҕым бэркэ таптыы көрөр. Биир сайын от сии эһиги нэһилиэккэ сылдьан турардаахпын. Онно, икки оторой-моторой кыра дьон, баар этигит. Дьарааһын барахсан киһи үтүөтэ этэ. Куттанымаҥ, уолаттар, мин бэйэ киһитэбин. Тиит диэммин, Тиит Лааһараппын, – дии-дии, уолаттарга чэрдээх ытыһын ууммута. Салгыы, суолтан туораан, сыгынах мас үрдүгэр олордон эрэ, уолаттары тардаах суоратынан уонна лэппиэскэнэн күндүлээбитэ. Лааһар атаҕын өйдөөн көрөн, ыт ытырбыт сирин тарынан сэрэнэн сууйан ыраастаабыта. Онтон бэйэтин кэтэ сылдьар ырбаахытыттан хайыта тардан, уол атаҕын ыга баайан кэбиспитэ. Били, бастакы дьаархаммыттара ааһан, уолаттар элэккэй киһилэрин кытта сотору кэминэн айахтара аһыллан, уостара хоҥнон, ону-маны барытын кэпсэппиттэрэ. Тиит быйыл кыһын, улаханнык бааһыран, сэрииттэн эргиллибитин, кыргыһыы толоонуттан хайдах тыыннаах ордубутун, ньиэмэс диэн кимин-тугун, сэрии сэбэ хайдаҕын үгүһү-элбэҕи кэпсээбитэ. Ордук кыра киһи, Ньуукка, бэркэ сэҥээрэн, тохтоло суох токкоолоһон, айаҕа хам буолбатаҕа. Дуоспуруннаах Лааһар да сэргээн, биир кэм кэҕиҥнии олорбута. Онтон, дьэ өй булан, Тииттэрэ өссө төгүл Таас Эбэттэн тоҕо төннөн иһэллэрин ыйыталаспыта. Омуннаах киһи, Ньуукка, хайдах убайа ыкка ытыртарбытыттан саҕалаан, Дьэкиимнээх эбэлэрин этэрбэһин аанньа ахтыбакка тамнааттаммыттарыгар тиийэ, уйадыйа-уйадыйа, сиһилии кэпсээн биэрбитэ. Хамсалаах табаҕын соппойо-соппойо, ону барытын Тиит бэркэ болҕойон истэ олорбута. Онтон Ньуукка кэпсээн бүтээтин кытта эппитэ. – Чэ, уолаттар, истиҥ. Дьон араас, билигин да, былыр да. Ити Дьэкиим, холкуос бэрэссэдээтэлэ буолан, сааһын эбинэн сэриигэ барбакка гынан баран, топпутун уйбакка, итинник дьаабыланар. Кэргэнэ да, Харбас Маабыра, кэпсээҥҥэ киирэр, киэһээҥҥи аһыырдаах киһи ыалласпат дьахтара. Эһиги аҕаҕыт тыыннааҕар иннигэр хайдах күөх оту тэлгиэхтэрин билбэт курдуктара. Билигин ол бэйэлэрэ ити буола сырыттахтара. Чэ, кэм-кэрдии оннуларын булларыаҕа. Билигин маннык, эһиги миигин кытта барсыаххыт. Бачча кэлэн баран, үөрэхтэн матар табыллыбат. Интэринээккитин эҥин мин кэпсэтиэм. Онтугут хойутуу аһыллар диэбиттэрэ. Аһыллыар диэри миэхэ олоруоххут. Эмиэ эһиги саастыы уоллаах кыыс оҕолоохпун. Хата, бииргэ сылдьыаххыт, – диэн үгүһү-элбэҕи этиттэрбэккэ быһааран кэбиспитэ. Лааһардаах Ньуукка, эбэлэригэр илдьэ испит “ыар сүгэһэрдэриттэн” босхолонон, хайдах эрэ чэпчээн хаалбыкка дылы буолбуттара. Кэхтэн эрэр айылҕа кэрэтин аргыый одуулуу-одуулуу, төттөрү кэлбит суолларынан эргиллэн, Тиит оҕустаах сыарҕатыгар айаннаан иһэн, үгүһү-элбэҕи саныы олорбуттара. Бэйэлэрэ да билбэттэринэн, иккиэн биир кэмҥэ дьоннорун ыра санааларын хайаан да толорор, төһө кыалларарынан үөрэх-билии суолун сомсор, үрдүккэ дабайар сорук туруоруммуттара. Ньуукка, күһүҥҥү мэник тыал сирэйин саба үрэриттэн тэбэнэттэнэн, биир кэм манньыйа, мичээрдии испитэ. Хоонньугар баар талах оонньуурдара, баалларын биллэрэн, уол түөһүгэр хам сыстыбыттара. Таанньыскатын Хадаар оҕуһа, була-була, Сырдыгын тобулу кэйиэлиирэ эрээри, маанылаах ынаҕа хаһан да иннин биэрбэт этэ. Син биир ханан эрэ быыс-хайаҕас булан, уол илиитигэр бастакынан баар буолара. Олоххо эмиэ биир оннук. Хайа да ыксаллаах түгэҥҥэ, олорон биэрбэккэ, күүстээх санааҕынан, дьулуургунан, самныбат майгыгынан иннин диэки эрэллээхтик хардыылаан, хадаардаах сырдыгы туораатаххына, дьоллоох киһи буоларыҥ саарбаҕа суох. Кыра киһи аны икки сылынан бу алдьархайдаах ыар сэрии бүтэн, өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы буоларын билбэт этэ. Хаһан эрэ үөрэхтэнэн, убайын кытта тутуспутунан Саха сирин аатырдар, улахан үлэһит үтүөтэ буолуохтарын эмиэ сэрэйэн да көрбөтө. Аҕаларын сырдык аата тиллэн, үйэтитиллэн, кини хорсун быһыытын, чиэһинэй, сиэрдээх майгытын кэлэр кэнчээри ыччакка киэн тутта кэпсиэхтэрин өйүгэр да оҥорон көрбөтө. Ол эрээри, кырдьыгы эрэ баардыыр олох чахчытын бу түгэҥҥэ кини бигэтик өйдөөбүтэ. Амма.   Наталия Константиновна Рязанская Аммаҕа академик Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэйгэ саха тылын-уран суругун үөрэтэр. Айымньыта хаһыакка-сурунаалга үгүстүк бэчээттэнэр, уран сурук күрэхтэригэр бэлиэтэнэр, биһирэнэр. Күрүлгэн. – 2021. – 1-кы №. Саҥа “Кыымҥа” Егор Картузов-Чоруун Дьөгүөр “Ааҕааччы хараҕынан” күрэххэ бастаабыт анаарыыта тахсыаҕа. Кини Наталия Рязанская бу кэпсээнин туһунан санаатын суруйбут.
kyym.ru сайтан