Кэпсээ
Войти Регистрация

Нуучча дойдутугар тайахтаспытым

Главная / Кэпсээн арааһа / Нуучча дойдутугар тайахтаспытым

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
20.10.2023 13:02
   Бу иннинэ хаста да суруйбутум курдук, Томскай уобалаһын Бакчаар оройуона олус бултаах дойду эбит этэ. Былыр мантан ырааҕа суох ыаллыы оройуоҥҥа баар Казанка диэн Томскай күбүөрүнэтин биир бөһүөлэгэр улуу Былатыан Ойуунускай учууталлыы сылдьыбытын истэрим. Саха киһитин сиэринэн, кини эмиэ бултаатаҕа буолуо дии саныыбын.        Бултаах дойду буолан, маннааҕы булчуттар саха булчуттарынааҕар элбэҕи бултуйалларын улаханнык сөхпүтүм. Ордук киистэрэ сөхтөрбүтэ, улахан уонна хап-хара этэ. Ол иһин, тиийдэҕим утаа, 2 иһит сомогуоҥҥа, 1-дии бытыылка буоккаҕа уонна кыһыл арыгыга мэнэйдэһэн, туох да докумуона суох эргэ 12-лээх доруоп сааны атыыластым. Эбиитин, гараас бөҕө буола сылдьар ыт оҕотун ылан иитинним. Ол кэннэ, булчут толору «кэмпилиэгэ» баар курдук сананным.    Күһүн үлэм эргэ бортобуой «уазигынан» биир уолу илдьэ баран фаралаан кэлэбит. Куобах лахса курдук элбэх буолара. Люцерна үүннэрил­либит бааһынатын тула туртас бөҕө мустар. Олохтоох дьон туртаһы фаралыыр диэни билбэт этилэр. Быһата, саабын сүкпүтүнэн, ытым оҕотун батыһыннар­бытынан тыаҕа таҕыстым да, үрүсээгим туолуор диэри бултуубун. Улар, куртуйах курдук мас көтөрө эрэ дэлэй. Арба, ол саҕана мас көтөрүн этин маҕаһыыҥҥа туталлар этэ. Манна илим атыыламмат буолан, дойдубуттан куһаҕан, эргэ-урба илимнэри баһыылкалаппытым. Онон илимниибин. Олохтоохтор эмиэ илимнээбитэ буолаллар да, тоҕо эрэ, дагдатар хотоҕосторо илимнэрин икки баһыгар эрэ баар буолар. Оннук илим ууга тимирэн быа буолан хаалар бы­һыылаах. Балыгы адьас туппаттар этэ. «Хотоҕоһун элбэтэн биэриҥ» диэн ыйа-кэрдэ, сүбэлии сатыыбын да, ким да ону истибэт. Оттон мин балыгы төһө наадатынан көрөн хостуубун.    Булпун-алпын, балыкпын бэйэм сиирим таһынан, оройуон киинигэр ыс­кы­лаакка үлэлиир нуучча дьахталларыгар кэһиилэнэн алы гынабын, сапчаас ылабын. Тиийбит сылбар дьоҥ­ҥо тыл быраҕаттаан көрбүтүм да, кү­һүҥ­ҥү тайахха ким да илдьэ барбата. Бу дойдуга тайахсыттар күһүн бултуур сирдэригэр тыраахтарынан бырахтаран баран, сатыы сылдьаллар эбит. Сылгыны мииммэттэр.    Үлэлээбитим иккис сылыгар, кү­һүн Валера диэн табаарыһым аҕата, кэллиэгэм, сопхуос кырдьаҕас мэхээнньигэ Серафим оҕонньор «булка барсаҕын дуо?» диэн бэйэтинэн кэлэн тылланна. Айабыын, үөрүү­нэн буоллаҕа! Бө­һүө­лэкпитигэр Кёнгаҕа Серафим улаханнык ытыктанар киһи этэ. Эмтээх оту хомуйан отоһуттуур, күнү-дьылы билгэлиир, аныгылыынан эттэххэ, «экстрасенс аҥаардаах» оҕонньор. Кини тылын ким да быһа гыммат. Биирдэ эмэ кинилэргэ ыалдьыттыы тиийдэхпинэ, остуол хотойорунан ас бөҕө тардан баран, Серафим оҕонньор Саха сиригэр хайдах бултуулларын токкоолоһон тахсааччы. Сомогуону баҕас бырастыы гыммат оҕонньор этэ. Ол үтүө аһын бэйэтэ оҥосторо.    Биһиги бөһүөлэкпит Обь өрүс салаата Кёнга өрүс үрдүгэр турар. Болдьохтоох күммүтүгэр оҕонньорбун кытта иккиэ буолан «бөлөрүүс» тыраахтарынан бултуур сирбитигэр бырахтардыбыт. 30-ча килэмиэтирдээх сиргэ. Оҕонньорум мала-сала – буолунай, мин биир үрүсээк эрэ сыыстаахпын. Оҕонньор өрүс үрдүгэр кыра үүтээн оҕолоох эбит.    Тиийэн баран икки күн устата үүтээм­мит тулатын чээччэйдибит. Улар эл­бэҕэ сүрдээх да, мин ботуруонум кэмчи. Ботуруоммун үксүн сүнньүөҕүнэн ииттэ сылдьар буоламмын, харыстаан ыппаппын. Бу дойдуга кедр мас үүнэр буолан, сорох сиртэн улар хас хардыы ахсыттан көтөн лиһигирээн тахсар. Бу дойду улара биһиэниттэн арыый сырдык уонна улахан курдук.    Тиийдэхпит иккис киэһэтигэр утуйаары сытан оҕонньорум сарсын балааккабытын эҥин илдьэ өрүс үөһэ өттүгэр барарбытын эттэ, тугу да булбатын иһин ытын үөҕүстэ. Дьиҥинэн, ыта туох да улуу булчут диэн истэрим. Адьас, дьиҥнээх ыраас хааннаах лаайка. Бу дойдуга булчут ыттарын Новосибирскай питомнигыттан аҕалаллар эбит этэ. Адьас утуйан эрдэхпитинэ, Серафим кырдьаҕаһым эмискэ: «Дьэ, бултааччыбын диигин... Сахалар булчуттарын, бэргэннэрин туһунан мин эмиэ истэбин. Дьэ, эт эрэ, үөр тайахха түбэстэххинэ, бастаан ханныгы ытаҕын? Манна үөр тайах элбэх буолааччы...» – диэн ыйытта. Урут ол туһунан миигиттэн ким да ыйыппатаҕа. Онон, түбэһиэх, «саамай эмистэрин, улаханнарын буоллаҕа» диэн бал гыннардым. Онуоха оҕонньорум: «Дьэ, ол сыыһа. Үөр саамай улахана – атыыра. Атыырын ыттыҥ да тыһыта баран хаалар. Ол атыырыҥ өссө эмис буолуо биллибэт. Онон бастаан тыһытын ытар куолу. Охторбот эрэ курдук улаханнык бааһыртаххына, өссө үчүгэй. Оччоҕуна атыырын да, тыһаҕаһын да барытын ылыаххын сөп. Туран биэрэллэр», – диэн лоп бааччы быһааран биэрдэ.    Даҕатан эттэххэ, бастаан тиийэн баран мин алгыы-алгыы уоту аһатарбын көрөн оҕонньорум аһара улаханнык сөхпүтэ, туоһуласпыта. Бултуу сылдьан киһим тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу улахан бэскэ табаах уурбутун мин эмиэ бэркэ уруургуу көрбүтүм.    Сарсыныгар чэйдээн баран, аны биир нэдиэлэнэн манна төннөр былааннаах (тыраахтарбыт мантан ылыахтаах), бардыбыт.    Үүтээммититтэн 5-6 биэрэстэни бар­быппыт кэннэ, ыттарбыт кедр чагда быыһынан субурус гынан хаал­лылар. Тугу эрэ сибикилээтилэр. Өр-өтөр буолбата, үрэн маргыйар саҥа­лара иһилиннэ. Оҕонньорум: «Тайаҕы үрэн эрэллэр. Саха улуу булчута, эдэр киһи, төһө бэркин көрдөр... Мин таһа­ҕас­пын да сүөкүүрбэр бириэмэ барыа. Бэйэҥ бар, сүүр!» – диэтэ. Улуу булчут буол­батаҕым эҥин туһунан аахса барбакка, сүгэн иһэр малбын быраҕан баран, ыстанан кэбистим. Ол иһэн саабар икки сүнньүөҕү батары биэрдим, түргэнник ылардыы тарбаҕым ыыраахтарыгар икки ботуруону кыбыттым, икки сүнньүөҕү айахпар уоптум. Ыт саҥата хойуннаҕына – сүүрэн, үрэн бүттэҕинэ – тохтоон, өр гымматым. Мастар быыстарынан, чахчы, үөр тайах көстөр. Тула икки ыт үрэ сылдьаллар, атыыр тайахтар охсуһаары дьохсооттоһоллорун таһынан, ыттарга боотургууллар. Мин ытым оҕото хаалсыбакка сампай уопса, тэҥҥэ түсүһэ сылдьарын көрөн үөрэ санаатым.    Лаппа чугаһаан баран, оҕонньорум бэҕэһээҥҥи сүбэтин санаан, улахан тыһы тайахтан саҕалаан иккитэ ытан тута икки тайаҕы охтордум. Ыттым да атахтара адаарыс гына түһэр. Сүнньүөх барахсан үчүгэйэ ити ээ. Үөс батааска биэрбэккэ, тарбаҕым быыһыгар кыбыппыт, айахпар уктубут сүнньүөхтэрбинэн иитэ охсон, ытыыбын аахтаран, барыларын сууллардым. Тайахтарым бара да сатаабатахтара, итиэннэ туох да хойомууна-бааһырыыта суох, таптым да, сымыйанан кэпсээбит курдук, тыраадыс гынан иһэллэрэ. Улахан тыһы, икки атыыр лөкөй, икки тыһаҕас (бу дойду тыһы тайахтара иккилии оҕолоох буолалларын соһуйа көрбүттээҕим).    Саа тыаһын истэн, оҕонньорум бэркэ сэргэхсийэн, өрү­күйэн тиийэн кэллэ. Булду көрөн үөрүү бөҕө буолла. Ол кэлээтин кытта тоҕо эрэ, «оҕонньор обургу бэҕэһээ киэһэ мээ­нэҕэ үөр тайах туһунан кэпсээбэтэх эбит. Барытын курдаттыы сэрэйэ-билэ сылдьар эбит дуу, тугуй?» диэн уорбалыы санаан аһардым. Ол да иһин дойдутугар «знахарь» аатыран эрдэҕэ.    Дьэ ол кэннэ биһиги манна балааккабытын тардынан, бэркэ оҥостон, тайахтарбытын астаатыбыт. Манна тайах этин чараас гына хайыта быһан баран күн уотугар хатараллар эбит. Биһиги курдук судургутук эттээн баран лаабыстаан-араҥастаан тоҥорон кэбиспэттэр. Ити курдук эппитин икки күнү быһа хатардыбыт. Биир тайах этин сибиэһэйдии киллэриэхпит диэн омуһах хаһан уктубут. Ону муоҕунан бүрүйэн оҕонньортон улаханнык хайҕанным. «Бука, 20-тин эрэ ааспыт саастаах эдэр киһиэхэ хабаана суох сыстаҕастык тутуннум-хабынным быһыылааҕа» диэн кыратык киһиргэнэр баа буолбат ини...    Оҕонньорум асчыта сүрдээх эбит. Тайах быарыттан, сүрэҕиттэн куһуок­тары быһан ылан, итирин сыатыгар суу­лаан буһарар. Мин тайах быысаһын илиибинэн ньиккэрийэн ыраастаан баран буһарбыппын адьас сөбүлээбэтэ. «Саахтаах оһоҕоһу тоҕо сууйбакка сиигин» диэн буолла. Дьэ, ол курдук итинник мааны аһы сомогуонунан утахтанан аһаатыбыт...    Тыраахтарбыт ыла кэлэрэ өссө 5 хонук баар. Биһиги тута тугу да гынара суох туос иллэҥ дьон буола түстүбүт. Кырдьаҕаһым: «Тугу да гынарбыт суох, хата, эн улардаа. Ботуруон бэрсиэм. Тайаҕы көрдөххүнэ ытыма. Мин, таах сытыахтааҕар, клюква үргүөм», – диэн быһаарда. Бу дойдуга, биһиэхэ курдук, уулаах отон үүммэт. Ол оннугар отоннооҕор бөдөҥ, аһыы амтаннаах клюква диэн отон үүнэр. Улахан, кытаанах уонна хойуутук үүнэр буолан, киһи биир солууру начаас толорор. Бу иннинэ тэрилтэбитинэн бары күргүөмнээн клюквалыы тахса сылдьыбыппыт. Онно, бэл, мин курдук отонньута суох киһи, 2 солууру начаас хомуйбутум. Ол чороҥ соҕотох айахпар туох да клюквата аны наадата суох. Үргүөхпүн сүрэҕэлдьиибин даҕаны. Дьиҥинэн, сүрэхтээх-бэлэстээх киһиэхэ, биэ эмиийэ эмиэ олус хойуутук үүнэр этэ. Ахтан аһарбытым курдук, мин бултаабыт мас көтөрүм, куобаҕын этин, ол клюквабын даҕаны, Томскай куоракка командировкаҕа бардахпына устудьуон доҕотторбор, саха кыргыттарыгар кэһии гынар үгэстээхпин. Аччык устудьуоннар үөрүүлэрэ сүрдээх буолааччы. Ол саҕана эт-арыы барыта толуонунан этэ...    Сарсыныгар сарсыарда ас минньигэс сыта дыргыйарыттан уһугуннум. Оҕонньорум буспут эти таһынан, тайах быарын, тылын сыаҕа ыһаарылаабыт. Куолутунан, остуолбут ортотугар сомогуон бытыылката хоройон көстөр. Ону аһара туттан баран, кыратык утуйа түстүбүт. Күнүс, оҕонньорум этиитинэн, бииргэ хаама түһэр буоллубут...    Балааккабытыттан чаас курдук хаампыппыт кэннэ, ыттарбыт үрдүлэр. Оҕонньорум тута чохчос гына түстэ, илиитинэн бэлиэ биэрэн саҥата суох батыһарбар соруйда. Үөмэн истибит. Бу иһэн мин «сөп буолар тайаҕы бултаабыппыт ээ, тоҕо үөмэр баҕайытай?» дии саныыбын. Ол курдук барбахтыы түһэн баран, оҕонньорум «эһэ» диэн имнэннэ. Кырдьык, иннибитигэр өттүгэстээн сытар өҥкөгөр мас төрдүгэр ыттарбыт эһэни кытта булумахтана сылдьаллар. Эһэ хамсанара сылбырҕата сүр. Ыттары үүрэн кэбиһэ-кэбиһэ, тута биир сиргэ тиийэн тугу эрэ букунаһа сатыыр. Инники испит оҕонньорум эһэни кыҥаан баран, тоҕо эрэ, миигин ытарбар соруйда. Чугас этэ. Мин кыҥаан баран, утуу-субуу иккитэ ыттым. Эһэбит харбыс гынан хаалла. Аа-дьуо чугаһаан кэлбиппит да кэннэ, ыттарбыт үрэллэрэ тохтообот. Өҥкөгөр мас төрдүгэр баар хороону хаһа-хаһа үрэллэр эбит. Серафим оҕонньор быһаарбытынан, ыттарбыт барсугу бултаһа сылдьар эһэни булан үрбүттэр. Аны, салгыы барсугу бултаһар буоллубут. Барсук сыата, этэ барыта күндү эмп, тириитэ сыанаҕа турар үһү. Ыттарбытын баайталаан баран, кырдьаҕаһым сүбэтинэн, оту, кур сэбирдэҕи мунньан барсук уйатын айаҕар буруолатан ыһаардыбыт. Өр гыммата, буруо быыһынан барсук сирэйэ бу мэлэс гыммытын манаан туран ытан кэбистим. Уйатыттан хостообуппут, ыттан кыра, кылгас баҕайы атахтаах гынан баран, туох да ыга симиллибит курдук ыарахан эттээх кыыл буолан биэрдэ. «Дьэ, бу кыылыҥ сыата туох да алдьархайдаах күндү эмп. Бааһы тута оһордор, ис-үөс, оһоҕос ыарыыларыгар тэҥнээҕэ суох. Сөтөлү тута эмтиир. Ууһатар уорганнарга дьайыыта туох да тэҥнээҕэ суох. Эр киһи адьас чиччигинии түһэр... Сыатын уулларбытым кэннэ, аҥаардаһыахпыт. Оттон барсук түүтүн сылааһа...» – диэн оҕонньорум эһэни өлөрбүппүтүнээҕэр ордук барсуктан үөрдэ...    Дьэ ити курдук дойдубуттан ыраах баран балысханнык уонна быһымахтык бултуйан турардааҕым. Баай хара тыалаах үтүө дойду этэ.   Соччо Кутукаай.   Тарҕат:
kyym.ru сайтан