Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кутаахаан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кутаахаан
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
20.10.2023 13:00
Күтүр Эмээхсин аччыгый уола Кутаахаан ойуун – абааһылар тойонноро, айыылар эмчиттэрэ. Ойуун аатынан күөнтээн, үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэккэ, аннынан сур күүдээҕи аһарбакка аар-дьаалы аатыран олордоҕуна, сайыҥҥы кымыстыыр биэ ыамын ардыгар сэлэҕэ баайыллыбыт сэттэ кулуннара сэттиэн төбөлөрө быстан сыталларын биэни ыаччылар көрөннөр, алдьархай ааҥнаабытын, үдүгэр үтүрүйбүтүн тойонноругар Кутаахааҥҥа тыллаан, аһара ыарахан соһумар үлүгэри көрдөрбүттэр. Иэдээн, уйаларыгар уу киирдэҕэ ити. Куһаҕан санаа, сидьиҥ өй оҥоһуута буоллаҕа. Көрбүт да, сэрэйбит да биир – куһаҕан үчүгэйдээҕэр аҕыйаҕа биллэр. Чугас эргин дьиибэни, куһаҕаны оҥорооччунан аатырбыт Бытык түөкүн баара иһиллэр эбит. Кутаахаан киирбэтэх кээҥэли дьүһүннэнэн, убайа Бутуйаска тиийбит. Дьиэҕэ киирээт, тоҕо диэн ыйыттара барбакка: «Биир сыллаах төрүөҕүм кылааннааҕын биири да ордорбокко, айыы оҕолорун аһыммакка, сэттэ көлөһүммүн сэлэҕэ бааллыбытынан төбөлөрүн бысталаабыттар. Атын ким да буолбатах, Быгык түөкүн дьаабыта. Сатаан олордумаары оҥоһуннаҕа, убайбыт өлбүтүнэн биһигини сэнээн, өлбүт-алдьаммыт дьону атаҕастаатаҕа. Куһаҕан санаалаахха имнэттэрэн төбөтүгэр түстэҕэ, төрдүгэр киирдэҕэ. Ити аата «бэйэҕитин төбөҕүтүн бысталыам» диэн кэбилэннэҕэ. Аны итинник буолтун, бэйэтин биллэрбитин кэннэ, эбии куһаҕаны оҥорорун күүтэн олорбокко, иэс баайбыты суола сылааһыгар, ир суолун ирдээн, тор суолун солоон тиийэн сабыта баттаһарбыт сөп» диэбит. «Кини соччо бэрдэ суох хоһуун курдук иһиллэрэ. Ол иһин бөрө курдук саһа сылдьан, бааллан турар сүөһүлэри өлөртүүр. Оҥостоммут сарсыарда барабыт. Туттар сэпкин булунан, аккын баанан хон. Тыҥ хатыыта кэлэммин ааһыам, оҥосто сытаҥҥын батыһаар», – диэбит. Ол саҥарса олордохторуна, оһохторун уота улахан үлүгэрдик «чууп» диэбитин дьиэлээх киһи кэргэнэ: «Уоппут эттэҕэ тугун сүрэй, сыыһа тэринэн эрэр буолаайаҕыт, манна олороҥҥут аныгы кэлиитин кэтииргит ордук этэ», – диэбитин кэргэнэ ылымматах. «Куһаҕаны элэктии олорума», – диэн дьахтары саба саҥарбыт. Итинэн, куһаҕанынан буоллаҕына, кыргыһа-өлөрсө барары бэрт судургутук бултуу эрэ барардыы кэпсэттилэр. Кутаахап барбытын кэннэ Бугуйас атын сиртэн тутан аҕалан, ыҥыырдаан күлүк сиргэ баайан, үҥүү-быһах сытыыланан аттыгар уурунан, ааннарын олуйан утуйбуттар. Бугуйас кэргэнэ таһырдьа тахса сылдьан, бааллан турар аты көнтөһүн төлө тардан кэбиспит. Сарсыарда дьиэ иһэ күлүгүрэ сырдыыта, им аһыллыыта киһи таһыттан кэлэн олуурдаах ааннарын тардыалаан иһэн сүтэн хаалбыт. Бутугас батыйатын үрдүгэр түһэн, ааны сэгэтэн көрбүтэ – ким да суох, тахсан эргийэ хааман атыгар барбыта – ата мэлигир, сэргэтэ эрэ турар. Түөкүн кэлэн аппын уордаҕа диэбит санаатыгар, куттанан, дьиэтигэр төннөн киирэн, аанын иккиһин олуйан, кэтэнэн олорбут. Барбакка кэтэнэн төһө кэмҥэ, хас хонукка олорбутун бэйэтэ билэр. Кутаахаан күн муҥутуур үөһэ ойуута үс көс холобурдаах сиргэ Быгык ордуутугар чугаһаан тохтоон, убайын күүтэр да, киһитэ биллибэт. Күүтэр кэмигэр таах олоруохтааҕар хаппыт хатыҥ мас лабаатыттан батыйатын хабыры охсон икки окумалын оҥостон кэлгиммит. Убайа батыспатаҕын билэ-билэ, алаас саҕатыгар атын кистии баайан, Бытык ураһатыгар ир суолун ирдээн, иэримэ дьиэтин үүт курдук иҥнэрэ, алаһа дьиэтин аймыы, аал уотун умуруора, хара санааланан, батыйатын туппутунан, бэрбээкэй күрүөтүгэр киирэн, күл күрдьүгү төбөтүн оройунан бүрүммүт. Былыргы саҕана уоту-күлү ыһар аһара улахан өһөгөйдөөһүнүнэн, ыарахан хаан атаҕастабылынан ааҕыллар эбит. Ол иһин өһү-сааһы иэстэһиини уоту умуруоруу, күлү булкуйуу диэн өйдүүллэрэ. Ол инниттэн былыргылар эбэ-эһэ саҕаттан уутуйан олорбут ыырдарыгар ураһа-дьиэ аанын утарыта ымыы буоллун диэннэр, уоттарын күлүнэн булгунньах оҥороннор, күрүөлээн туруорар үгэстээхтэр. Онтуларын бэркэ диэн ытыктыыллар эбит. Кыргыһа кэлбитин биллэрэн Кутаахаан ойуумсуйарын киэбинэн оҕус абааһы буолбут дьүһүнэ буолуо, айаатыы-айаатыы, мөҕүрүү-мөҕүрүү күлү бүрүнэн, киһи киэбин сүтэрэн, кэйэ-сүргэйэ олорбут. Ол дьаабыны ураһа иһиттэн истэннэр быган көрбүттэрэ киһи да, сүөһү да буолбатах, күллэрин анныттан күөрэйэн тахсан, аан туманы, ала холоругу көтүтэн, кулгаах истибэтэх кэп тойугу туойан күллэрин өрүкүтэн эрэрэ үһү. Ол дьаабыны тойонноругар Бытыкка: «Алдьархай ааҥнаабыт, үлүгэр үөдүйбүт, күл күрдьүкпүт абааһы дьөлө күөрэйэн тахсан олорор», – диэбиттэр. Сылтаҕы бэйэтинэн оҥорбут киһи сэрэйэн: «Куттанымаҥ, абааһы да, туох да буолбатах. Кутаахаан ойуун кэллэҕэ. Икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи ойуунунан суоһурҕанан утары көрдөрбөккө олорбута. Сэттэ ньылбатын иэстэһэн эккирэтэн кэллэҕэ. Дьэ, эбэтэ, көөчөөн көрүн көрүлээтэхпит буоллун», – диэбитинэн, сулурбах батыйатын туппутунан таһырдьа ыстаммыт. Күл күрүөтүн үрдүнэн ойон, күлү-буору бүрүнэн, хара туманынан бурҕайа олорор Кутаахааны төбөтүн сиигинэн туох баарынан далайбытын Кутаахаан сартаах окумалын даллах гынан тоһуйан биэрбитигэр түбэһэн, Бытык батыйата тууратынан тосту ыстанан илиитигэр угун эрэ тутан хаалбыт. Кутаахаан күлгэ анньан сытыарар батыйатын харбаан ылан Бытыгы иһин түгэҕиттэн батары анньан өрө сиэлийэн таһаарбыт. Бытык хараҕалаппытынан үс мас бэрбээкэй күрүөтүн үрдүнэн ыстаммытын батары аспытынан нөҥүө түсүһэн, өстөөҕүн тыынын салҕаабыт. Кыайбытын-хоппутун көрдөрөөрү сэрэҕэ суох олордоҕуна, Бытык кэргэнэ Кутаахааны биллэрбэккэ кэнниттэн саһан кэлэн, сул мас тайыынан көхсүн хараҕын тобулу саайан өлөрбүт сиригэр киһитин мииннэрбитинэн суулларбыт. Афанасий Попов А.Н. Сыроватскайтан, З.А. Сивцевтэн 1940 с. истибититтэн суруйуута. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан