Кэпсээ
Войти Регистрация

Клеопатра

Главная / Кэпсээн арааһа / Клеопатра

K
23.05.2019 14:51
Саха ааты баҕас, дьэ, булан ааттыыр. Бу саас ортолоох, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, номоҕон дьүһүннээх дьахтар төрөппүттэрэ, баҕар, устуорук буолуохтара, ол иһин итинник ааттаатахтара. Былыргы Рим саҕанааҕы сарыыссаны кытары бу эрчимнээх Клеопатраны өйгөр оҥорон тэҥнээтэххинэ, биллэн турар, туох да маарыннаһар айылааҕы булбаккын. Ол эрээри үчүгэйдик өйдөөн-дьүүллээн көрдөххүнэ, бу көҕөрүмтүйэр сырдык харахтаах, үүт маҥан сирэйдээх ис киирбэх дьахтар тугунан эрэ абылыыр, бэйэтигэр тардар курдук. Кини – быраас. Буолаары-буолан, суһал көмө биир тутаах үлэһитэ. Атахтарыгар турбут уолаттардаах, онтуларын кытары бары биир дьиэҕэ суулаһан олороллор. Хата, дьиэлэрэ түөрт хостоох буолан, соччо-бачча билиннэрбэт. Аҕалара, уруккута тутуу инженерэ, билигин биэнсийэҕэ тахсан, быстах-остох үлэҕэ сылдьар. Биир үксүн куораттан чугас баар даачатыгар харабыл кэриэтэ олорор. Тарбыйах саҕа хапкаас апчааркатын кытта бодьуустаһар. Ол сүүнэ ыта Карай иччитин эрэ истэр, бэл, хаһаайката Клеопатра нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ кэлэн барарыгар моргуор бөҕөтүн түһэрэр. Балай эмэ өр олорбут ыал диэтэххэ, дьикти соҕус олохтоохтор. Бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара, таһыттан көрдөххө, туох да ааттаах: сөп буола-буола Эдик (кэргэнин аата) иномаркатынан кэлэн ырыынактарынан иһиирдэллэр. Клеопатра Киргиэлэйдээххэ сөп буола-буола сылдьа турар, Стелла да өрөбүл аайы тахсааччы. Дьиэлэрэ чугас-чугас турар буолан, ардыгар бырааһынньыгы бииргэ ылааччылар. Эдик арыгыны испэт, барбах суолтатыгар үрүүмкэтин охсуһуннарар эрэ, оттон Клеопатра омук кыһыл арыгытын бэркэ минньигэһиргэтэн иһэр. Өссө «маннык аһы кыратык иһэриҥ доруобуйаҕа туһалаах» диэтэҕинэ, Стелла икки үрүүмкэни баҕас «ыытар». Аһаабыт дьон сиэринэн син күө-дьаа буолан иһэн уку-суку баран, устунан тарҕаһан хаалаллар. Баҕар, ол Эдик арыгыны испэтиттэн буолуо. Ол гынан баран, Клеопатра да, Стелла да арыгыны мэлдьи иһэр буолбатахтар. Киргиэлэй муодаргыыр эрэ. Чахчы, бу ыалга туох эрэ ааспат-арахпат ыар баттык баар быһыылаах. Ол эрээри Стеллатын кытта кини даҕаны үүт тураан олохтоох буолбатах. Кэнникинэн иирсэллэрэ элбээтэ. Киһи, дьиҥинэн, төһөнөн сааһырар да, соччонон кэргэнин кытта сомоҕо буолуох эбит. Ол суох. Хата, «киэр хайыһан кэбистиҥ, ол аата адьас ахсарбат эбиккин, миигин сэниириҥ итинтэн да көстөр» биитэр «олус сөтөллөҕүн, арааһа, арыгы иһээри гына-гына миигиттэн иҥнэн сылдьаҕын быһыылаах, ол тоҕото биллэр» эҥин диэн, араас түмүгү оҥорбута эрэ баар буолар. Сороҕор Киргиэлэй «ээ, чуортута, кырдьык даҕаны, буоккалаан бурҕатыахха, туох ааттаах хара накааһай?!» дии санаан ылаттыыр. Ити курдук олохторо аастар-ааһан иһэр. Истиҥ сыһыан, дьиҥэр, кинилэртэн тэйбитэ ыраатта. Билбэт дьон көрдөхтөрүнэ, күлэн-салан, туттан-хаптан киһи эрэ ымсыыра саныах ыаллара буолуохтара. Стеллата хаһааҥҥыттан маннык майгыламмытын, сыһыана уорастыйбытын Киргиэлэй бу диэн өйдөөбөт. Хаһан этэй, били уохтаах тапталлара? Соҕуруу командировкаҕа бардаҕын аайы Стеллатыгар чап-чараас, этигэр сыста сылдьар куруһуба туруусук, үчүгэйкээн бэйэлээх, хараҥа өҥнөөх намылхай хоппуруон чулку атыылаһан аҕалара. Утуйар кэмҥэ да тиийбэккэ, Стелла сонно сыгынньахтана охсон, Киргиэлэй кэһиитин аа-дьуо сэрэнэн кэтэн сиэркилэҕэ көрүнүү киэнэ кытаанаҕа буолара. Маны барытын видеоҕа
түһэрэ охсон, көмпүүтэргэ киллэрэн көрөллөрө. Кэргэнэ киниттэн лаппа эдэр, эбиитин айылҕаттан балачча бэриһиннэрбит кырасаабысса буолан, омук порнозвездатыттан туох да итэҕэһэ суоҕа. Дьэ, ону баҕас билинэрэ. Киргиэлэй сыгынньахтанан сыппытын кэннэ, дьыбааҥҥа тахсан кини үрдүгэр араастаан имиллэҥниирэ. Онтон оруобуна, били эротикалаах киинэҕэ курдук туттан, таҥаһын сыыһын биир-биир устан Киргиэлэй сирэйигэр быраҕара. Ийэттэн төрүү сыгынньах хааллаҕына, өттүгэр ойуулаппыт эриэн моҕойо кытары хамсаан, эриллэҥнээн барар курдуга. Стелла балай эмэ ити курдук видеоҕа уһуллан баран, эмискэччи сапта түһэрэ да, өй-мэйдээх тулуйбат энэлгэнин кытта таптал уоттаах байҕалыгар умсан хаалара. Киргиэлэй даҕаны тугу барытын умнара, сир үрдүгэр киһини дьоллуур, уоскутар бу быстах таптал ол курдук сүдү күүстээҕэ. Ити урут этэ. Билигин ити барыта үтүө өйдөбүл эрэ быһыытынан хаалбыт. * * * Стелла Хабаровскайдаабыта иккис хонуга. Сылга иккитэ хаста хаһыа да буолан командировкаҕа барааччылар. Нэдиэлэ курдук сылдьан баран, хаһааҥҥа эмэ диэри чэрчийэн кэлэрэ хайаларыгар да үчүгэйэ. Киргиэлэй үлэтигэр умса түһэр; киэһэлик сылайан кэлэн, бэҕэһээҥҥи аһын сылытан аһыыр да кыаҕа суох эстэр. Сол курдук утуйан хаалар. Бүгүн үлэтиттэн дэлби ыалдьан кэллэ. Төбөтө, хас эмэ күн арыгылаабыт киһи курдук, дьап-дьалкыҥнас. Эти кытта ыһаарылаабыт хортуоскатын сылытан баран, биир да ыстыыны сиэбэтэ: сүрэҕэ эриллэр, хотуолуон баҕарталыыр. Хомуоттан дьоппуон омук хаан баттааһынын кээмэйдиир тэрилин таһааран кэмнэммитэ 200-кэ тиийбит! Хаһан да итиччэ буола илигэ! Балай эмэ тохтуу түһэн баран, суһал көмөнү ыҥырда. Чаас аҥаарын кураҥынан ааны субонуоктаабыттарыгар тиийэн аспыта – Клеопатра сиэстэрэтин кытары тураллар. Киргиэлэйи дьыбааҥҥа сытыара охсон электрокардиограммаҕа уһуллулар. Хата, сүрэҕэ төһө эмэ ама эбит. Оччоҕо туохтан дабылыанньата тахсыбытый? Укуоллаан чып гыннардылар, эмп биэрдилэр. Тахсарыгар Клеопатра: «Симиэнэм бүттэҕинэ таарыйан ааһыам, сытан утуйа сатаа», — диэн баран, Киргиэлэйи илиититтэн бобо тутан ылла. — Өстүбэһи, суотабайыҥ нүөмэрин, сэрэххэ, аҕал. Төлөпүөннүөм, — диэт, арылыччы көрөн кэбистэ уонна сурунаат тахсан барда. Барахсаны... Кырдьык даҕаны, арыый да буоллум дии. Чэ, ол эрээри сытыахха. Киһи барахсан кыраттан да тутуллан сылдьаахтыыр. Киниэхэ адьас кыра, быыкаа наада. Ол – сылаас, истиҥ сыһыан. Клеопатра тугу да саҥарбакка, көннөрү ити курдук илиибин эрэ бобо туппута да буоллар, син биир үчүгэй турукка киириэм этэ. Киргиэлэй ураты үтүө санааҕа куустаран, кум гынан ылла. Арай иһиттэҕинэ, төлөпүөнэ тохтоло суох быыгыныыр. Клеопатра эбит... Киргиэлэй дьахтар туох диирин сүрэҕэ эппэҥнээн, аанньа да истибэтэ, ол эрээри «киирэ сырыттаргын» диэбитин өйдөөбөккө да хаалла. Санаата көнөн, бэл, муннун анныгар тугу эрэ киҥинэйэн ыллыы-ыллыы туран сирэйин суунна. Сиэркилэҕэ көрүммүтэ, оо, кубарыйан түһэн тоҕо сүрэй?! Ити ыккардыгар ааҥҥа субонуок лыҥкырдаата – Клеопатра сандааран киирдэ. Суумкатыттан ороон таһааран эмиэ, били хаанын баттааһынын кээмэйдээбитэ – түспүт! — Маладьыас, бэттэх кэлбиккин, ол эрээри сарсын поликлиникаҕар баран,
бырааскар көрдөрдөххүнэ сатанар. Билигин хайдаххыный, настарыанньаҥ үчүгэй дуо? — Арыый ама курдукпун эрээри, бу эн эрэ баар буолаҥҥын, бөҕөх санаалаахпын. Түүнүн ордук бэргиибин быһыылаах. — Оо, дьэ. Хайыахпыный, эйигин кэтээн олоро түһүүм. Кылаабынайа, эн уоскуйуоххун эрэ наада. Атыны, үлэҕин эҥин, араас кыһалҕаны санаама, — диэн баран, Клеопатра сонун устан көхөҕө ыйаата. Киргиэлэй чэйин тэрийдэ, халадьыынньыкка уруккуттан турар омук арыгытын туруорда. Икки бакаалы таһааран онтуттан кылыгыраччы кутта уонна «барыта үчүгэй буоларын туһугар» диэн баран күөрэччи көтөхтө. Клеопатра үгэһинэн сыпсырыйан истэ уонна «маннык олус үчүгэй амтаннаах арыгыны хантан ыллыҥ?» диэн туоһуласта. Киргиэлэй арыгыны испэтэҕэ, дьиҥэр, иһэр да кыаҕа суоҕа. Ол эрээри санаата олус көтөҕүллэн, маннык кэрэ дьахтары ыыппат туһуттан ону-маны барытын түөһэн кэпсээнэ-ипсээнэ ырааппыта. — Гриша, эн бааннаҕа киирэн сыта түстэргин, лаппа бэттэх кэлиэҥ этэ, — Клеопатра көһүппэтэх өттүттэн этии киллэрдэ. Киргиэлэй «бу бэйэлээх үчүгэйдик саҕалаан бараммын, баанналанан тойдонон утуйар буоллаҕым» диэн, хайдах эрэ курус гынна. Тэҥнэһиэ дуо – бааннатын диэки куоҕаҥнаата. Уу ыһыллыбатын диэн, баанна үрдүнэн ыйанан турар устуораны «саарк» гына тардан баран душтанан барда. Сып-сылаас уу чарылас, куугунас. Эт-этэ итийдэ, иҥиир-иҥиирэ кытаатта, чиҥээтэ, быыппаһынна, тыҥаата, сүрэҕэ тиҥиргэччи тэптэ, имэ кэйдэ. Хараҕын симэн бу курдук турдаҕына, устуораны сэгэтэн Клеопатра киирэн кэллэ. Киргиэлэйтэн душ сылаангатын ылан үөһэ ыйаата уонна дьикти сыттаах сомпуунунан сотто-сотто ыкса сыһынна. Иккиэн сылаас уулаах бааннаҕа олорон имэристилэр, ньылбырхайа, сымнаҕаһа, сылааһа туох да олус. Ол тухары саҥа диэн суох. Клеопатра Киргиэлэйгэ кэннинэн сыстан, тобуктаан, иһийэн олордо, онуоха биирдэрэ иилии кууһан, кыбыс-кытаанах буола тыҥаабыт эмиийин тумуктарын имэрийтэлээтэ. Чочумча буолаат, аны иннинэн олорон, атаҕын Киргиэлэй санныгар ууран иттэнэ сытан имиллэҥнээн барда... Дьикти эбээт таптал диэннэрэ! Ким маннык гынан көрбүтэ баарай? Киргиэлэй эдэр да сылдьан, бэл, кинигэҕэ да маннык суруллубутун өйдөөбөт. Имэҥнээх тапталы тууһугуран көрдөрөр омук киинэтигэр даҕаны баанна иһигэр таптаһыы диэни биири да көрбөтөҕө. Били, дабылыанньата эрэ, туга эрэ – барыта умнулунна. Бэл, урут баанна иһигэр тобуктаатаҕына, айакката бэрдэ, «туох эрэ сымнаҕаһы тэлгэппит киһи» диэн абаккаран мөҕүттэрэ ханна да суох. Таптал дьиҥнээх «уйата» бу – баанна эбит! Клеопатра толору дьолломмут, астыммыт-дуоһуйбут дьүһүнэ Киргиэлэйи чымаан үрдүккэ көтүппүтэ. Киһиэхэ бэрт кыра да наада ээ. Ону суобаһырҕаабыта, кыбыстыбыта буолан туттунабыт, кистии-саба таптаһары туохтааҕар да аньыыргыыбыт. Олох киһиэхэ биирдэ бэриллэр, өрүс сүүрүгүн курдук хаһан да тохтообот эбээт! Онон тугу барытын билэн-көрөн, боруобалаан, аһыытын-ньулуунун амсайан хаалыахха тоҕо сатамматый? БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан