Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Бу күүскэ бас бэриммэт атын күүс суох буолуо!”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Бу күүскэ бас бэриммэт атын күүс суох буолуо!”
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.03.2022 18:15
Сүүрбэччэлээх сылдьаммын Күннээх Украина күлэ-үөрэ сылдьар уолаттарыныын аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабытым. Сэбиэскэй Сойуус бырааттыы омуктарын дьоллоох ыччаттара илиибитигэр саа-саадах тутан, андаҕар биэрэн, төрөөбүт Ийэ дойдубут эйэлээх олоҕун харыстаан, харабыллаан, эр дьон быһыытынан сибэтиэй иэспитин чиэһинэйдик толорбуппут. Биһиги, гвардейскай Волновахскай тааҥкабай пуолкабыт 1918 сыллаахха Волноваха куоракка тэриллибит буолан, ити курдук бочуоттаах ааттааҕа. Ол иһин сыллата “бочуоттаах волноваховецтар” быһыытынан Украина уолаттара сулууспалыы кэлэллэрэ. Тыыллан-хабыллан, бөдөҥнөрө-садаҥнара, саҥаран-иҥэрэн, бөтөккөлдьүһэн сүрдээх этилэр. Чыыҥҥа-хааҥҥа тардыһалларын, эппилиэттэригэр сержант лыычыкаларын иилиниэхтэрин баҕаралларын сөҕөрүм. Эписиэрдэргэ чугас дьон буола түһэллэрэ. Дэлэҕэ, батальоннарга роталар старшиналарынан наар кинилэр ананаллара. Биһиги 6-с ротабытыгар Макеевка шахтера, миэтэрэ аҥардыыта дарайбыт сарыннардаах Олео Макар ( Анатолий диэн ааттыырбыт) старшиналаабыта. Волновахаттан Никола Чеботарь 5-с рота, Запорожьеттан “казакпын” дэнэн түөһүн охсунар Петр Ковляшенко 4-с рота старшиналара этилэр. Барахсаттар, кыһыннары-сайыннары араас учениеларга, танкодромҥа, полигоҥҥа тоҥор-титириир, буһар-хатар кэмнэрбитигэр аһатан-хаттыктаан абырыыллар этэ. Аармыйа хабыр олоҕор көрөн-истэн, хайҕаан-мөҥөн ыраах ийэбитин-аҕабытын солбуйар дьоммут буоллаҕа… Тэлэбиисэринэн Волноваха куоракка сэрии бара турарын көрө-көрө, уолаттарбын саныыбын, хараастабын. Бэйэм курдук эмиэ сааһыраахтаатахтара, бүдүгүрээхтээтэхтэрэ. Кырдьар саастарыгар күннээх Украиналарын үрдүнэн сэрии, өлүү-сүтүү өһөх буруота саба халыйда. 77 сыл анараа өртүгэр бырааттыы омуктар модун күүстэрин түмпүт нуучча аармыйата үлтү тэпсиллибит Украинаны фашистар хам баттааһыннарыттан сорунуулаахтык босхолообута. Харахпынан көрөбүн, кулгаахпынан истэбин: кутаа уокка умайа турар Тарас Бульба тиһэх тыллара Киевтээҕи нуучча сирин үрдүнэн сатарыйарын: “Кэм кэлиэ, кэм үүнүө, нуучча православнай итэҕэлэ диэн тугун билиэххит. Билэбин, нуучча сириттэн ыраах, чугас норуоттар турунан эрэллэр. Аан дойду үрдүнэн бу күүскэ бас бэриммэт атын күүс суох буолуо!” Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан