Кэпсээ
Войти Регистрация

Сааскы куска

Главная / Кэпсээн арааһа / Сааскы куска

K
16.05.2019 17:19
Бу дойдуга ыам ыйыттан куска бэлэмнэнии саҕаланар. Хантан эрэ, урут тутуу барбыт сириттэн эҥин, бэс бурускуу тобоҕо көстөр (Уһук Хоту дойдуга, дьиҥэр, бэс буолуохтааҕар, тиит да кэмчи), дьэ, уонна «харыал» (мончуук) оҥостуутугар түһэллэр. Ол гынан баран Кирииһэ курдук салаҥ сааһыттар күрүө элээмэтэ эмэҕирэн сиҥнибититтэн арыый эттээх соҕус сиэрдийэни талан, быһыта эрбээн, син куска майгыннатан бастаан суораллар, онтон нарылаан кыспыта буолаллар. Ааттаах уус Бытык Мөрүөн килиэп ыла маҕаһыыннаан иһэн ол «оҥоһуктарын» көрөн күлүм аллайар: «Аата, сүрүкэтин оҕолор! Аныгы кус кытта акаарытыйан истэҕэ! Дьэ, бу сылгы төбөтө буолбат дуо – кус киэнигэр майгынныыр дуо, ээ?» – дии-дии, баһын быһа илгистэр уонна чахчы кэлэйбит киһи быһыытынан чыпчырынан кэбиһэ-кэбиһэ, Кирииһэ хас эмэ киэһэни быһа кыһан молуойдаабыт «кустарын төбөтүн» киэр анньар. Баҕар, олус атыырҕаан эбитэ дуу, биитэр, кырдьык, акаарылара бэргээн эбитэ дуу кустар маннык да дьаабы оҥоһуулаах харыаллары син биир атыҥырааччылара суох. Киһи да күлэр: эр дьон эрэһиинэ «дьахталларга» ымсыырыа эбиттэрэ дуу? Бытык Мөрүөн этиэн этэр – абааһы икки киһи икки ардынан сирэйдээх-харахтаах дьахтарга хайа киһи саантыай?! Чэ, буоллун, мончуук кыһалҕата ити курдук син быһаарылынна. Аны тыыта суох тугу бултуоҥуй. Былырыыҥҥа диэри биһиги киһибит Мэхэйиил кырдьаҕас эргэ тыытын уларсан сылдьыбыта – бэйэтигэр тыыта да, саата да суох урааҥхай. Ону даҕаны Кирииһэ дойду киһитин сиэринэн, бастыҥ хотуурдьут аатыран, сайынын от охсон нэлэһитиэх буолан, ол наймыытыгар уларсара. Саатын эмиэ итинник «кэпсэтиигэ» Тиэхэ Баһылайтан күһүн-саас ыһыгыннарааччы. Онто оруобуна «бурдуктааҕым буоллар, ыалтан хобордоох уларсан, кимтэн эрэ арыы умналаһан алаадьылыам этэ» диэбитин курдук. Сааһыары оһох турбатыгар диэн ааттаан, улуус кииниттэн балай эмэ тимир лииһи аҕалбыттара. Ону нэһилиэк баһылыгын дьаһалынан – хас эмэ бэчээттээх көҥүл суругунан – бэрэдэбиэс айгыстан атыылыыр. Мантыбыт да нуормалаах – үстүү лиис. Ол гынан баран турба оҥостооччута, дьиҥэр, биир эмэ. Хата, ити үс лиис тимир – сыалай биир тыы тахсар матырыйаала. Оттон тыыҥ түгэҕин, иэдэстэринээҕи икки синньигэс хаптаһыны көнө маһы суоран, дьэ, бэйэҥ оҥостоҕун. Манна да Кирииһэҥ сатаата: тугу эмэ уһамматаҕына, «иһэ ыалдьар» Хокуорун Хонооһойго соторутааҕыта улуус киинигэр киирэ сылдьан таһаарбыт икки буоккатын туруорбута. Онуоха атаһа кугас сэрбэгэр бытыгын имэринэн кэбиһэн баран, начаас ыккардыгар аллаах тыыны «тигэн» тыбыгыраппыта. Манта суох бу дойдуга – бултуом диэн саараама. Сэрээт чааһыгар баҕас уолуҥ кыһаммат – үс сүүс ботуруоннаах, сатаннаҕына, күһүҥҥү куска да тиийиэҕэ. Кирииһэ бу дойдуга аҕыйах сыллааҕыта арамаантыка көрдөөн кэлбитэ. Сулумах. Кырдьык, бастаан утаа Дьокуускай хайа эрэ тыатыттан төрүттээх быраас кыыска иҥээҥнии сатаабыта табыллыбатаҕа – кыыһа үлэтинэн үрдээн, министиэристибэҕэ туох эрэ дуоһунаска ананан, бэл, быраһаайдаспакка да айаннаабыта. Ол айыыта онон. Олохтоох кыргыттар тоҕо эрэ чугаһаабат этилэр, арай киниттэн хас
эмэ сыл аҕа дьахталлар түгэн эрэ көһүннэр кэпсэтэн, таайтарыылаахтык көрөн-истэн ааһаллара. Балар сорохторо эрдээх, оҕолордоох даҕаны эрээри, Киргиэлэйгэ хайдах эмэ гынан чугасаһыахтарын баҕараллара. Ол – кинилэр туох эрэ кистэлэҥнээҕи, бобуулааҕы олус күүскэ баҕарар, эрэйэр дьүһүннэриттэн көстөрө. Ким билиэй, бу «торуой муоладастарыгар» сылдьар барахсаттар, баҕар, эрдэрин астымматтара эбэтэр «дьокууккай киһитэ» хайдаҕын тургутан көрөөрү гыналлара буолуо. Олоххо туох барыта күүппэтэх өттүгүттэн тахсар үгэстээх. Инньэ гынан Киргиэлэй дьахтар элбэҕиттэн алааран хаалан, күнэ-дьыла элэҥнээн көтөрүн өйдөөбөт этэ. Арай ыкса киэһэ кэҥэс соҕус тимир оронугар утуйардыы оҥостон, халыҥ суорҕанын кумунуоҕунан-кумунан сытан «хаарыаны, хоойго сытар холоонноох дьахтардаммыт киһи ньии» диэн ымсыыра саныыра, ол гынан баран онто, саатар, түүлүгэр да киирэн манньыппат буолара. Саас барахсан хоту дойдуга омуннаахтык кэлэр: күн түүннэри-күнүстэри эргийэ сылдьан чаҕылыччы тыгар, көтөр-сүүрэр арааһа тохтоло суох айманар. Сорох күн өҥүрүк куйаас түһэн тиритэҕин-хорутаҕын, сороҕор аргыардаах тымныы сатыылаан дьагдьайаҕын. «Хоту дойду дьахтарын майгыта-сигилитэ эмиэ ийэ айылҕатын батыһан кубулҕат» дииллэр. Ол аата, таптала эмиэ оннук омуннаах-төлөннөөх буоллаҕа дуу? * * * Кус ытыытын кэмэ кэллэ. Бөһүөлэккэ эр дьон көстүбэт кэриэтэ буолла. Арай ыстаансыйаҕа – дисэлиис Уйбаан, бодобуоска Бадаа Балантыын эрэ хааллылар. Туох баар былаас барыта дьахтар аймах илиитигэр киирдэ. Кус саҕана улуус үрдүнэн да оннук. Хата, бу кэмҥэ туох да мунньах-инньэх, буолар-буолбат тэрээһин ыытыллыбат. Били, «бары – фроҥҥа» диэбит курдук: бары – куска! Алҕаһаатым. Дьиҥэ, Дьокуускайтан араас тойон «хомондьуруопкаҕа» хас эмэ сөмөлүөтүнэн «көһөн» кэлэр! Ол гынан баран быыбар хампаанньатын курдук кэнсиэрэ тойо суох, адьас биллибэккэ-көстүбэккэ, барбах бөртөлүөтүнэн эрэ бирилэтэн сылдьан ааспыт буолаллар. Кус ытар болдьох бүтээтин кытта үрдүк сололоохторгун кустуур, балыктыыр күөллэриттэн сонно быһа Дьокуускайдыыр сөмөлүөккэ илдьэн киллэрэллэр. Ол да иһин, бэл, дьыссаакка сылдьар оҕолорун төрөппүттэрэ «оҕом котоку, улаатан, тойон дуу, дьокутаат дуу буолан итинник далбарга дьаарбайаар» дии-дии, төбөтүттэн имэрийэллэрэ. Нэһилиэккэ бултуур учаастактарынан тарҕаһыах иннинэ булт уопсастыбатын уопсай мунньаҕар бэрэссэдээтэл Тиэхэ Баһылай этии киллэриитинэн, дисэлиискэ уонна бодобуос суоппарыгар саамай тутаах үлэлээх дьон хаарыан кустан матан эрэллэринэн «хас биирдии биригээдэ баччалыы куһу өлүүлүөхтээх» диэн дьаһал тахсыбыта. Бу дьонуҥ онон абыраннылар: үлэлэриттэн син биир быыс-арыт булан, чугас эргин тиийэн мөлтөх сааһыттааҕар элбэҕи бултуйаллара эрэбил. Онуоха уонтан тахса биригээдэ биэстии хастыы куһун эптэххэ элбээн тахсар. Кирииһэ дьоҕус балааккатын, тимир оһоҕун, саҥа тыытын, тэллэҕин тойун, ботуруонун оскуола бөлөрүүһүнэн бултуур сиригэр эрдэ илтэрбитэ. Дьиҥэр, күөлэ бөһүөлэги кытта атахтаһа кэриэтэ сытар, бэркэ гыннаҕына, сэһээккэтэ үс-түөрт биэрэстэ буолуо. Хоту дойду күөлэ – муора! Дьокуускай эргин күөлбүт диэн, омуннаан эттэххэ, бүлүүһэлээх чэй саҕа ууну этээхтииллэр эбит. Дьэ, манна баар – киһи хараҕа ылбат киэҥ күөлэ! Мантыҥ өссө кэрийэн истэххэ, ол-бу куоһааҕа, булуҥа, аата-ахса биллибэт
арыыта-тумуһаҕа толору. Ити гынан баран ол – барыта хаһаайыннаах. Ону ким хаһан олохтообута биллибэт, хайа да докумуоҥҥа суруллан хаалбатах эрээри, маны бары халбаҥа суох тутуһаллар. Оттон Кирииһэ бултуур көлүкэтин (хотулар дьороон дииллэр) Тырыылгыннар аҕа уустара «кус кэлбэт буолбут» диэн сирэн бырахпыттара ырааппыт. Бу көннөрү көлүкэ буолбатах, киин улуустар миэркэлэринэн балай эмэ киэҥ күөл. Хоту диэки булуҥнаах, талах быыһыгар турар балааккатын иннигэр синньээн ылар уулаах. Соҕуруу өттүгэр – билии уҥуоргутугар – киэҥ байҕал, арҕаа – элбэх арыылаах, хойуу оттоох хас эмэ көлүччэ. Хаҥас – уу кыламаныгар хойуу талахтаах, үрдүк халдьаайытыгар сэндэҥэ тииттээх. * * * Быһаас талах быыһынааҕы үрдүк сиргэ улахан таараҕа харыалларын уурбутун биир-биир ылаттаан, саҥа тыытынан сылдьан тарҕаччы туруортаата. Сэһээккэтигэр киирэн саҥардыы олорон эрдэҕинэ, кынат тыаһа бииргэм куугунас буолла да – уонча анды түһэн сараадыс гыннылар. Кирииһэ икки тыһы холбуурун кытта ытан түптэлиннэрдэ, тугу да өйдөөбөккө булумахтаһа сылдьар кустары иккиһин саайда. Аҕыс хаалбыт! Икки анды арыый тэйиччи баран түстүлэр эрээри, уһаабатылар: субу үрдүнэн суһугураһан кэллилэр. Кирииһэ чугас түһэрэн ытаары, ньыкыйыаҕынан-ньыкыйан олордоҕуна, адьас чугас саа эстэн «пас!» гынна да, биир анды кулаачыктаммытынан сэһээккэтин иннигэр палк гына түстэ. Иккис анды бэрт ырааҕынан эргийэн, намтаан сундулуйан кэлбитин Кирииһэ дүпүлүөттээн суулларда. Тыынан киирэн кустарын хомуйан тахсыытыгар сэһээккэ аттыгар бириһиэн кууркалаах, тулламай саппыкылаах эдэр дьахтар мичээрдии турара. Дуунньа эбит. Дьиктитэ диэн, Кирииһэттэн лаппа аҕа эрээри, онто дьүһүнүгэр ончу көстүбэт. Бу – эриттэн арахсыбыт (киһитэ учуутал дьахтары эккирэтэн барбыт) маннааҕы дьыссаат сэбиэдиссэйэ этэ. Оҕото суох. – Куһу кыайбыккын дии, Григорий Ильич. – Ээ, хата, эн кэлэ сылдьаҥҥын, хаһан да бултуйбатахпын бултаатым. Бу хайа диэки хаамтыҥ? – Ынахтарбын көрдүү таарыйа чугас эргиннээҕи дьорооннору кэрийэбин. Икки умсаахтаахпын. Хата, эн харыалларгар кэлбит андыны суулларбыппар кыыһырбат инигин? – дьахтар бэтиэхэлээхтик көрө-көрө. Дуунньа, 28-с халыыбырдаах биир уостаах саатын сүкпүтүнэн кэлэн, Кирииһэ ууммут атыыр андытын ыараҥнатан көрдө уонна: – Быйыл анды эрдэлээбит, – диэтэ. – Сэһээккэҕэ киир, манна олоруох. Таба тэллэххэ сэргэстэһэ олорон арааһы бары кэпсэттилэр, ол быыһыгар соҕуруу диэкиттэн харахтарын араарбаттар. Кирииһэни «маннык ис киирбэх дьахтары эрэ тоҕо бырахпыта буолла?» диэн санаа тэһитэ кэйиэлээтэ. Сааһыары, муус устарга, мас кэрдиитин субуотунньугар Дуунньа аһа минньигэс да этэ! Эмиэ хайдах эрэ дьикти баҕайытык сэргэстэһэ олорбуттаахтар. Бу дойду дьоно субуотунньукка көҕүспүт курдук, анаан-минээн минньигэс аһы астаан илдьэр үгэстээхтэр. Күөлтэн тымныы салгын охсуллара күүһүрэн барда, Киргиэлэй дьагдьайыах курдук буолла. Балааккаларын кэтэҕэр хабдьы бэбээрдэ, ону сэргэ чугас иккис хабдьы көбдьүөрэн турда. – Сарсыардааҥҥа диэри аны кус көппөт, хата, балааккабытыгар тахсыах, чэйдиэхпит, – хаһаайын сиэринэн Дуунньаны ыҥырда. Начаас ыккардыгар хочулуогар уонна чаанньыгар уу баһан таһаарда. Онуоха диэри
Дуунньа тимир оһоҕу оттон, аһыыр хоппону оннун булларан үрүсээгиттэн ас арааһын таһааран бэлэмнээтэ. – Сири-уоту аһатыахха, бастакы андыны амсайыахха, – диэн Кирииһэ тиргиллэн турбутугар дьахтар тугу да хардарбата. Эр бэрдэ талах төрдүгэр андытын үргүү сатаан мучумааннанна. – Аҕал, бэйэм үргүүм, – диэт, Дуунньа сүр түргэнник турдурҕатан кэбистэ уонна көрүөх бэтэрээ өттүгэр хол-буут арааран буһара туруорда... ...Эмис андыны сиэн, хоргуннаах миини иһэн букатын атын турукка киирбиттэрэ. Тимир оһох суоһуттан эбитэ дуу, баҕар, ыра санаалара туолан эрэриттэн да буолуо – эт-эттэрэ итийбитэ, имнэрэ кэйиэлээбитэ, сүрэхтэрэ битиргэччи тэппитэ. Туох да саҥа-иҥэ суоҕа. Күнү быһа ыга тута сылдьар таҥастан төлө көтөн томтоҕор түөс аргыый аҕай күөгэҥнээбитэ, дьылыгырас атах ибигирии туналыҥнаабыта, нарын-намчы тарбахтар көҥүл күүлэйдээбиттэрэ. Айылҕа да иһийиэҕинэн иһийбитэ... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан