Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыраастаныы
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыраастаныы
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
26.10.2023 14:37
Хоһу, дьиэни-уоту, кыбартыыраны сууйуу-сотуу тулхадыйбат дьарык. Ону таһынан атын «киртэн», быһа этииттэн, дьон ордугурҕааһыныттан ыраастаныы диэн – эмиэ былыр-былыргыттан баар көстүү. Аныгылыынан саҥардахха, кирдээх, омсолоох эньиэргийэттэн ыраастаныы диэн буолар. Араас дойдулар олохтоохторо тустаах култуураларыгар, итэҕэллэригэр олоҕуран, төһө да тус-туһунан ньыманы туһаммыттарын иһин, сыаллара биир – куһаҕан эньиэргийэттэн ыраастаныы, доруобуйа туругун тупсарынарга дьулуһуу, бэйэ олорор сиригэр ситиһиини ыҥырыы, олохсутуу. Маныаха хас да суол ньыма баара биллэр. Чуолаан Саха сирин олохтоохторо дьиэни ыраастыырга тууһу, уотунан, чүмэчини, араас «аптаах», туһалаах оту, үүнээйини, этиҥ түспүт маһыттан чыыппааны уматан, сорохтор чуораанчыгы тыаһатыы курдук араас тыаһы таһааран, ыраастаналлар эбит. Ким эрэ анаан алгысчыты ыҥыран ыраастатар эбэтэр айалҕаттан айдарыылаахтары ыҥыран. Оттон ким эрэ итини букатын итэҕэйбэт, билиммэт. Ону ааһан сонньуйар. Ол да буоллар, син биир сэргээччи элбэх чинчилээх. Онон билсиэҕиҥ. Тууһунан * Биэдэрэ аҥаара уулаах биэдэрэҕэ 1 ост. ньуоска тууһу суурайан баран, муостаны сууйуу, истиэнэни сотуу. Маныаха киирэр аантан саамай ыраах түстэммит хостон саҕалаан, «кири» тахсар ааҥҥа «сотон» аҕалар курдук, сууйуллар, саамай кэнники – киирэр ааны. Онуоха ааны бастаан ис өттүн, ол кэнниттэн таһын, аан холуодатын, арааматын кытта сууйуллар. Ол иннигэр туустаах уунан бары сиэркилэлэри, сиэркилэтиҥи, киһи күлүгэ көстөр матырыйаалларын сотуллар. Хос муннуктарын уонна билиинтиһи кичэйэн соторго сүбэлииллэр. Туустаах уунан соппуккунан хаалларбаккын, хайаан да сайҕаан, ыраас уунан иккистэнэр. Бу сууйаргар туттубут тирээпкэҕин салапааҥҥа уган, ыбылы баайан баран, бөх дьааһыгар тахсан угуохтааххын. * Аны, бу сууйбут уугун туалекка буолбатах, хайаан да дьиэ тас өттүгэр тахсан, аспаалга буолбакка, буорга сүөкүөхтээххин диэбиттэр. Иккистээбит уугар ити сыһыана суох. Чүмэчинэн Ыраастаныы ордук күттүөннээх буоларын туһугар ити кэнниттэн чүмэчи уматан ыраастанар. Булгуччу ити күн диэн буолбатах. Хас да хонон баран эмиэ буолуон сөп. Хас хоһуҥ ахсаанын аайы чүмэчи ылан, хас биирдии хоскун саҥа чүмэчинэн ыраастыыгын диэбиттэр. Көрүдүөргэр, ол аата, эмиэ туһунан чүмэчилэнэҕин. Ону таһынан өссө хоско биирдии бүлүүһэни туттаҕын. Бастаан хобордоох түгэҕин көстүбэт гына тилэри бөдөҥ тууһу таммалатаҕын. Ол кэнниттэн чүмэчилэргин, бүлүүһэлэргин бэлэмниигин. Холобур, үс хостооххо биэстии чүмэчи, бүлүүһэ наада. Онуоха чүмэчигин бүлүүһэни тиэрэ эргитэн баран, түгэҕэр сыһыарыахтааххын. «Тоҕо ис өттүгэр сыһыарыллыбатый?» диэн ыйытыы туруон сөп. Онно маннык быһаарбыттар: ыраастаан баран бүлүүһэбитин төһө да сууйбуппут иһин, негатив тобоҕо бүлүүһэҕэ иҥэн хаалыан сөбүнэн, эргитиллэр. Чүмэчини хосторго илдьэн, кыалларынан, ортотугар ууруллар. Ол кэнниттэн тус-туһунан испиискэ сототун уматан, чүмэчигэ таҕайаҕын. Оттон хобордоохтоох туускун куукунаҕа туруораҕын. Чүмэчи эмиэ уматыллар. Ити курдук, хас хоһуҥ аайы чүмэчи умайа турдаҕына, бэһис чүмэчигин уматан баран, киирэр аантан саҕалаан, чаһы хаамыытын батыһа хостору кэрийэн саҕалаабыт сиргэр эргиллэҕин. Чүмэчигин хаҥас илиигэр түөһүҥ тылын туһаайыытынан тута сылдьыахтааҕыҥ этиллэр. Бытаан-бытааннык истиэнэни кыйа хаамыллар. Ханна хара
буруо унаарар да, онно тохтоон өрө-таҥнары хамсатан, хараарара тохтуор диэри кэтэҕэһин. Ити курдук айаннаан тахсар аан таһыгар кэлэн, чүмэчигин онно уураҕын. Эн хосторго чүмэчилээх хаама сырыттаххына, хобордоохтоох туус тачыргыахтаах. Тачырҕаан бүттэ да, арааран, туус сойорун кэтэһэҕин. Хостордооҕу чүмэчилэргит умайан бүттэхтэринэ, бүлүүһэлэри хомуйаҕыт. Бакыат ылан, онно туттубут туускутун, чүмэчилэргит тобохторун, туттубут испиискэҕитин уган, ыбылы баайан баран, таһырдьатааҕы бөх кэнтиэйнэригэр угаҕыт. Бүттэ. Ыраастаныы түмүктэннэ. Судургу ыраастаныы Дьиэбит «киртийбит» дии санаатаххытына: араас бэрдэ суох түүллэри түһүүр буоллаххытына, эбэтэр улахан мөккүөр, кыыһырсыы тахса сылдьыбыт түгэнигэр, эбэтэр ыарахан тыыннаах ыалдьыт сылдьан бардаҕына судургу ыраастаныыны ыытыаххытын сөп. 1. Уотунан. Хосторго чүмэчи уматан. 2. Чуораанчыгы, хобону тыаһатан. Чуораан илигириирэ салгыны хамсатан, эниэргийэни ыраастыыр дииллэр. Истэргэ да үчүгэй. Чаһы хаамыытын батыһа, тыаһата-тыаһата дьиэ иһин эргийэҕин. Чуораанчык суох да буоллаҕына, чуораан тыаһын холбоон истиэххэ сөп. 3. Сыт таһааран. Бу ордук тарҕаммыт ньыма. Холобур, лавр сэбирдэҕин, боҕуруоскай оту, кытыаны, сытыган эрбэһини уматыллар. Быһа этиини, «порчаны» эмиэ итинэн ыраастыыллар. Бу судургу ньыма биопатогеннай суонаҕа турар дьиэлээхтэргэ көмөлөспөт. Анал идэтийбит дьоҥҥо көмөлөһүннэрэр ордук диэбиттэр. Дьиэ «киртийбитин» бэлиэтэ «Дьиэм эниэргийэтэ киртийбитин хантан билэбин?» диэн ыйытааччылар. Дьэ, ону туох кэрэһилиир эбитий? Көрүөҕүҥ: – Көстөр төрүөтэ суох туоххут эрэ сотору-сотору алдьанар, үлэлээбэт буолан хаалыыта. – Дьиэлээхтэр сотору-сотору ыарытыйаллар. Сылаабайдыыллар, кыраттан да тымта сылдьар буолан хаалаллар. – Лаампалар сотору-сотору алдьанар буолаллар. – Хантан эрэ соччото суох сыт кэлэргэ дылы буолар. Убуорка да кэнниттэн ол ааспат курдук. – Дьиэ аанын аһан киирээти кытта нүһэр салгын тыына биллэр. * Ону тэҥэ ыраастанар наада, өскөтүн: – Дьиэлээхтэртэн ким эрэ өр ыарытыйдаҕына. – Дьиэлээхтэртэн ким эрэ олохтон туораатаҕына. – Саҥа көһөн кэлбит кыбартыыраҕытын. – Саҥа атыыласпыт кыбартыыраҕыт буоллаҕына. – Бохоруонаттан кэлэн баран, дьиэҕэ киириэх иннинэ чүмэчи уотунан эбэтэр кытыаны уматан ыраастанар ордук. Т.ЗАХАРОВА бэлэмнээтэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан