Кэпсээ
Войти Регистрация

Эбэтэ ыҥырбыт быһыылааҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Эбэтэ ыҥырбыт быһыылааҕа

K
26.10.2023 14:34
Саҥа үөрэххэ киирбит сылбытыгар хоспутугар биир куурус үөһээ үөрэнэр Ньурба кыыһын олохтообуттара. Өссө үөрэххэ туттарсыахпытыттан үһүө буолан тутуһан кэлбит кыргыттар, туора кыыһы соччо сөбүлээбэтэрбит да, хайыахпытый, сөбүлэһэрбитигэр тиийбиппит. Кыыспыт кэмэндээн ырааҕынан аймаҕа дуу, биир дойдулааҕа дуу быһыылааҕа. Эдэр кыргыттар күүскэ утуйар буоламмыт буолуо, түүн Саргыбыт түлээгирэрин көрбөт-истибэт эбиппит. Арай биир түүн тииһим ыалдьан уһуктубутум. Түннүгүнэн киирэр ыйдаҥа уотугар көрдөхпүнэ, Саргы оронугар олороро. Атын кыргыттарым утуйа сыталлара. Кыыспыт утуйарыгар кэтэр уһун чараас былаачыйатынан, илиитин холкутук иннигэр ууран олороро уонна, киһи этэ тардыах, баттаҕын сирэйэ көстүбэт гына ыспыт этэ. Ол олорон олох сэргэхтик кимниин эрэ кэпсэтэр. Чуолкай баҕайытык: «Ампаар иннинээҕи сэргэ таһыгар кэтэс диэбитим дии», – диэбитин субу курдук өйдүүбүн. Санаан кэллэхпинэ, этим сааһа аһыллар. Биирдэ эмэ саҥа таһаарар киһиэхэ дьиппиэн, кытаанах саҥа этэ. Итинниккэ түбэспэтэх киһи, мин, улаханнык куттаммытым. Итинтэн салгыы истэрбэр тугу даҕаны саҥарбатаҕа. Чочумча олоро түһэн баран сыппыта. Онтон сотору сүрдээх куһаҕаннык ыҥыранан, баттатан барбытыгар: «Саргы, Саргыы, уһугун! Баһаалыста, уһугун!» – диэн хаһыытаабытым. Кыыһым хаһыс да үөгүбэр дьэ бэттэх кэлбитэ. Ол кэмҥэ кыргыттарым уһуктан, иккиэн мин ороммор сырсан кэлбиттэрэ. Ама да ааспытын иһин, амырыын түүн этэ. Сарсыныгар Саргыттан бөлүүн туох буолбутун ыйыталастыбыт. Онуоха: «Түүлбэр эбэм киирэн эрэйдиир буолла. Кыргыттаар, мин кылгас үйэлэнэбин ээ», – диэн баран, киэҥ баҕайытык эргиччи көрүтэлээн кэбиспитэ. Ити курдук сиэссийэбит кэмигэр эмиэ хаста да баттатарыттан уһукта сылдьыбыппыт. Каникул кэнниттэн Саргыбыт кэлбэтэҕэ. Деканакка кыыспыт бэйэтигэр тиийиммитин туһунан хараастыылаах сурах кэлбит этэ. Онтон куораттааҕы дьоно кэлэн, кыыспыт малын-салын хомуйбуттара, кэлиҥҥи кэмҥэ хайдах тугу гыммытын ыйыталаспыттара. Биһиги ити көрбүппүтүн барытын кэпсээбиппит. Ону саастаах биир киһи: «Эбэтин тапталлаах сиэнэ этэ», – диэбитэ. Сааһыары биһиги кэмэндээммититтэн көрдөһөн, атын хоско көспүппүт. Урукку хоспутугар уолаттар киирбиттэрэ. Устудьуон сэргэх олоҕо салгыы Саргы туһунан өйдөбүлү суурайбыта. Айталина, Горнай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан