Кэпсээ
Войти Регистрация

Тылынан ыһыахтанар сатаммат

Главная / Кэпсээн арааһа / Тылынан ыһыахтанар сатаммат

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
26.10.2023 14:32
Киһи тыла – ох. Ону, бэҕэһээ эрэ төрөөбөтөх, саастаах киһи буолан, олохпор даҕаны көрөн, чахчы, итэҕэйэбин. Куоракка көһөн киирбиппит уонча сыл буолла. Ол иннинэ 500 киһини кыайбат нэһилиэнньэлээх дэриэбинэҕэ олорбуппут. «Не суди, да не судим будешь» диэн таҥара үөрэҕэ сөпкө да этэр эбит. Ордук тыа сиригэр дьону ырытан кэпсэтии аһара тэнийбит. Дьахтар киһи буолан, мин да ойоҕум онтон туора турбатаҕа. Сөп буола-буола өҥөйөн ааһар ыалбыт Балаайа кэпсээнигэр олорсо охсон, Орто дойдуга кинилэр эрэ сөпкө олороллорун курдук, түмүк оҥостоллоруттан арыт кыйаханан, таһырдьаны былдьаһарым. Ыалбыт отутун ааспыт соҕотох кыыстара кэргэннээх киһини кытта көссүүлэһэрин ыас оҥостон аҕай биэрбиттэрэ. Оччолорго оҕолорбут кыралара. «Онтон эһиги туоххут итиирий? Сырыттыннар ээ», – диэн кэбиһэммин, аны бэйэм хаарыллыбытым. Икки дьиэни нөҥүөлээн олорор ыалбыт уола нуучча кыыһын кэргэн ылан, аҕыс айдаан тардыллыбыта. Саамай айманааччы ойоҕум этэ. «Нуучча да киһи буоллаҕа. Хата, Сэмэнчик нууччалыы холкутук саҥара үөрэниэ» диэн айахтатаммын, мэктиэтигэр, нэдиэлэ кэриҥэ кэпсэппэтэҕэ. Балаайатыныын дьүлэй аҥаардаах нуучча тылын учууталын ырытыыттан күннэрин саҕалыыллара. Эмиэ араастаан этэн көрөрүм – истибэтэ. Ол учуутал үлэтиттэн тохтуурун дуу, тохтооботун дуу быһаарар хотуна-тойоно элбэх буоллаҕа. Ону биһиги дьоммут икки чаанньык чэйи иһэн бүтэриэхтэригэр диэри быһаарсаллара. Кулууп үлэһитэ кыыс кэргэнэ суох «хонууттан» оҕоломмута эмиэ хас эмэ сылы быһа ырытыллыбыта. Күн-дьыл ааста. Бэлиэр бэйэбит хос эбэ, эһэ буоллубут. Олорбуппут тухары арааһы биллэхпит-көрдөхпүт. Уонна биир бэйэм ити 80-нус сылларга ойоҕум күннээн-хааннаан олорон дьонтон иҥнибитэ бэйэбитигэр иэҕиллэн кэлбитин бэркиһиибин. Киһи эрэ буоллар, итэҕэл диэни билинэр, тылын-өһүн туттунар буолан сылдьар. Дьэ, ол төрүөтэ маннык: кэнники икки сылга кыра кыыспыт кэргэннээх киһини кытта булсан, олоҕо олох буолбата. Ыйааһын хараҕар ууран көрөн, хайа да өрүтү өйдүөххэ сөп. Эр киһини да, икки дьахтары да. Ол эрээри дьон саҥата олоҕу огдолутара чахчы эбит. Кыыспыт сүнньүттэн тахсан хаалан, хас аҥыы арахсыан билиминэ эрэйи көрдө. Былырыын улахан сиэммит бүрээт уолугар кэргэн баран, ойоҕум олох да ууну омурдан сылдьар. Төрөппүттэрэ, аныгы дьон, ону утарбаттар. Бачча кэлиилээх-барыылаах үйэҕэ атын да омук киһитигэр кэргэн барыахха сөп буоллаҕа. Биир бэйэм сэмэй, үлэһит күтүөппүн сөбүлүүбүн. Атын омук киһитэ, биһигиттэн уратылаах диэн көрбөппүн. Аны туран, устудьуоннуу сылдьар, баара эрэ уон аҕыстаах сиэн кыыспыт ыарахан буолан, соһутта. Били, дьону саҥарбыта бэйэбитигэр эргиллибит курдук. Онно эбии аҕыйах сылтан бэттэх ойоҕум кулгааҕынан моһуогурар буолла. Ситэ истибэтиттэн, өйдөөбөтүттэн кыйаханаахтыыр. Оннук түгэҥҥэ мин, били, хаһан эрэ «уҥуоҕун сууйбут» нуучча тылын учууталын саныыбын. Баҕар, оонньуу-көр курдук суруйбутум буолуо эрээри, чахчы, дьону дьүүллүүр сатамньыта суох. Хас биирдии киһиэхэ олоҕо Үөһээттэн суруллан, ыйыллан кэлэр буоллаҕа. Киһиэхэ кини төһөнү тулуйарынан эрэйэ бэриллэр. Ону ырытан, ыас гынан, бэйэҕэ эрэ куһаҕаны оҥостуохха сөбө биллэр.
Онон дьону дьүүллээмэ – бэйэҥ эмиэ дьүүлгэ туруоххун сөп. Былатыан, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан