Кэпсээ
Войти Регистрация

Хап-хара харахтар

Главная / Кэпсээн арааһа / Хап-хара харахтар

K
08.05.2019 17:27
Надялаах Саргы өссө дьыссаакка сылдьыахтарыттан дьүөгэлиилэр этэ. Майгылара атын-атын эрээри, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр курдуктара. Саргы улахан саҥалаах, көрдөөх-нардаах, эппитин энчирэппэт, толорторон баран биирдэ төннөр сытыы-хотуу кыыс этэ. Барытын кини билбит-көрбүт буолара, онон суолталаах боппуруостарга быһаарыыны кини ылынара, дьаһайара. Оттон Надя элбэх саҥата суох, симик, сэмэй майгылааҕа, күлэн мичик гынара, унаарыччы көрөн кэбиһэрэ. Саргы имигэс, курбуу курдук уҥуохтааҕа, Надята орто уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп уурбут-туппут курдук быһыылааҕа. Саргы “классическай” дэнэр дьүһүннээх буоллаҕына, Надяны “куукула курдуккун” дииллэрэ: кини арылхай киэҥ харахтаах, хоп-хойуу тиэриллибит кыламаннаах, айылҕаттан эриллэр куудара сырдык баттахтаах, обуйук уостаах маҥан номоҕон дьүһүннээх, бааһынайдыҥы кыыс этэ. Симик, саҥата суох Надяны уолаттар чаҕылхай Саргытааҕар ордороллоро. Тоҕо оннугун кини таайа сатаабата: уол болҕомтотугар букатын кыһаллыбат этэ. Кыргыттар бэйэ-бэйэлэриттэн туох да кистэлэҥнэрэ суоҕа. Тохсус кылааска диэри үөрүүнү-хомолтону тэҥҥэ үллэстэн, улааппыттара. Пионер, хомсомуол буолан, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кытталлара. Саргы спордунан үлүһүйэрэ, чэпчэки атлетикаҕа кыттара, оттон Надя үчүгэй куоластааҕа, самодеятельноска кыттан ыллыыра. * * * Ахсыһы бүтэрэн тохсуска тахсалларыгар кинилэр кылаастарыгар элбэх саҥа оҕо кэлбитэ. Олор истэригэр өрүс уҥуордааҕы кырыы нэһилиэктэн сылдьар Гена диэн уол баара. Ийэлэрэ элбэх оҕону соҕотоҕун иитэрэ, онон уолун интэринээттээх оскуолаҕа үөрэттэрэ диэн ыыппыт этэ. Гена кыргыттары дьээбэлэтэлиир, мэник-тэник соҕус этэ. Тустуунан утумнаахтык дьарыктанан, оройуон, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээттэригэр ситиһиилээхтик кыттара. Уол сатабыллаах, оҥорбута-гыммыта барыта уурбут-туппут курдуга, тыаҕа бардахха, кулуһун оттуута буоллун – кини, лааҕырга балыктааһын буолун – кини, спорт күрэҕин тэрийиигэ – кини, эркин хаһыатын таһаарыыга – кини этэ. Оҕолор, уолаттар кини тылын истэллэрэ, кини тула тоҕуоруһаллара, түмсэллэрэ. Уол, харахха быраҕыллар улахан “красавчик” да буолбатар, хараҕар сытыы уот умайара. Күллэҕинэ, үп-үрүҥ тииһэ килбэйэрэ, иэдэһигэр икки “ямочка” тахсан кэлэрэ. Хара хойуу баттаҕа куруук өрө үрэллэ сылдьара. Хаһан барыта уларыйда этэй? Онус кылааска, саас. Кырдьык, ол саас барыта уларыйбыта. Надя сэбиргэхтэтэн, дьиэтигэр өр эмтэнэн баран үөрэнэ кэлбитэ. Кылааска кини паартата инники турара. Ким эрэ кэнниттэн тонолуппакка одуулуурун бүтэйдии сэрэйэн, кэннин хайыспыта, Гена кинини одуулаан олороро. Харахтара көрсүһэн, соһуйан, симиттэн, иккиэн умса көрбүттэрэ. Онтон ыла Надя билэрэ: кини кэннин хайыста да, бу хап-харанан көрбүт харахтарга иҥнэрин. Кыыс “бу уол туох ааттаах миигин одуулуур баҕайыный” диэн бастаан эрэ кыбыста санаабыта, онтон кэлин уол күрэхтэһиигэ баран, аҕыйах да хонукка суох буоллаҕына, чуҥкуйар, туга эрэ тиийбэт курдук сананара. Ол сааскыттан ыла мэлдьи туйгуннук үөрэнэр бэйэтэ үөрэҕэр түөрт сыананы ылара элбээбитэ, кылаас салайааччытыттан сэмэлэммитэ. Буолуохтаах эксээмэннэригэр да соччо кыһаммат этэ. Дьиктитэ баар, Геналыын айах атан кэпсэппиттэрэ да суоҕа ээ! Көннөрү кылааска бииргэ үөрэнэр дьоннуу дорооболоһоллоро уонна бүттэ... Сэргэстэһэ хаамыахтара дуу, үҥкүүлүөхтэрэ дуу. Уураһар, куустуһар туһунан этэ да барыллыбат – ол букатын
да суоҕа... Надя арай киэһэ аайы сарсын оскуолаҕа бардаҕына, онно хап-хара харахтар кинини күүтэллэрин санаан, ол харахтары санаан-ахтан утуйара... * * * Оннук күнтэн-күн ааһан испитэ. Саргылаана дьүөгэтин туруга биллэ уларыйбытын ким-хайа иннинэ өйдөөн көрбүтэ. Ким онуоха буруйдааҕын эмиэ сэрэйбитэ. Ону өйдөөн, кини үөрбэтэҕэ. Төттөрүтүн, сүрэххэ ыттарбыт курдук буолбута, дууһата хаанынан ытаабыта... Биирдэ эр ылан, дьүөгэтин кытта кэпсэтиини саҕалыырга санаммыта: “Надя, мин эйигиттэн сөҕөбүн”, – диэбитигэр биирэ мап-маҥан бэйэтэ тэтэрэ кыыспыта. Аат харата, нэһиилэ: “Ол тоҕо?” – диэхтээбитэ. Саргыта: “Хайдах тоҕо? Миигин хараҕа суох диигин дуо? Тугу да өйдөөн көрбөт акаары диигин дуу?! Төһө да кистээбитиҥ иһин, барытын көрө, билэ сылдьабын”, — диэн ыарахан-ыараханнык саҥартаабыта. Надя тылыттан матан, мах бэрдэрэн, туох да диэн билбэккэ турбута: “Тугу этэҕин, мин өйдөөбөппүн”, – диэн ыган таһаарбыта... “Оннук-маннык диэн кубулунума! Кини эйиэхэ паара буолбатах!” – диэн, арай Саргы мас-таас курдук эппитэ. Надя халлаана хараҥарбыкка дылы буолан: “Тоҕо эн итинник диигин?” – диэн сибигинэйбитигэр Саргы: “Хайдах билбэккин? Кини кыргыттары барыларын сырсар... Аанчыгы, Варикканы... Оннооҕор миэхэ эмиэ саппыыска суруйбута, ону мин аккаастаабытым уонна эйиэхэ эппэтэҕим!” – диэн кэпсээн үллэҥнэтэн барбыта... “Кини эйигин соруйан сырсар! Бэйэтэ тулаайах, онон мааны ыал кыыһа кытта миигин таптыыр диэн киһиргээри! Уолаттарга итинник диэбит үһү, ону Һааска эппитэ, миэхэ. Онон эн киниэхэ букатын да наадата суоххун!” – Саргы өссө тугу-тугу эрдиэ эбитэ буолла – арай көрбүтэ Надя букатын буорайан, кубарыйан олорор эбит. Кэрэни эрэ күүтэр ыраас санаатын, киһи тылынан эппэт дьикти иэйиитин дьүөгэтин ыар тыллара үрдүнэн үлтү солоон барбыттара... Надя хантан билиэй, бу барыта туос сымыйа буоларын? Кини билбэтэ, Саргы сүрэҕэр эмиэ иэйии уйаламмытын, оттон ол төрүөтэ эмиэ Гена буоларын. Саргы уол кини дьүөгэтин таптыырын тута өйдөөбүтэ. Ону билэн, дьүөгэтин ис дууһатыттан абааһы көрбүтэ. “Кини миигиттэн туох да ордуга суох эбээт уонна Гена тоҕо кинини талла?!”—диэн, бэйэтигэр сүүс ыйытыыны биэрбитэ. Саргы “Гена син биир миэнэ буолуо!” – диэн соругу туруоруммута... * * * Ити кэпсэтии кэннэ Надя кута-сүрэ тостубуттуу күлүгэ эрэ сылдьыбыта. Ол эрээри, төһө да хоргуттар, хомойдор, кини Генаны абааһы көрбөтөҕө, суох, төттөрүтүн! Өссө ылларбыта, иһигэр күүтэрэ өссө күүһүрбүтэ. Ол эрээри туох эрэ биллибэт күүскэ бэринэн, уолтан дьалты туттан, киэр хаамара, уруокка кэннин хайыспат курдук тулуйан олоро сатыыра. Уол көрдүүр, ирдиир, күүтэр харахтарын көрсө түһүөм, оччоҕо тулуйуом суоҕа диэн бэйэтиттэн куттанара. Эксээмэн сүпсүлгэнэ биллибэккэ ааспыта. Ол мучумааҥҥа, сүрэх-өй киирсиитигэр Надя оскуоланы хайдах бүтэрбитин даҕаны өйдөөбөккө хаалбыта. Туйгуннук да буолбатар, үксэ биэс сыаналаах ачыстаат ылбыта. Генаны кытта сол да кэпсэппэккэ сылдьаллара. Онтон арай оскуолаҕа буолбут выпускной баал кэнниттэн ыһыахтыыр пааркаҕа кылааһынан күүлэйдии
барбыттара. Надя хайдах эрэ манна бүтэһиктээх быһаарсыы буолуо диэн долгуйа, эрэнэ күүппүтэ. “Умнуллубат онус кылаас, таптыыр нарын эдэр саас”, “Майа сайына” ырыалары ыллаан, сарсын күүтэр улахан олохторун ыраламмыттара. Надя Генаны көрсүөм диэн ыллык устун тыа иһирдьэ киирэн испитэ. Эмискэ уоллаах кыыс уураһа туралларын көрөн тохтуу биэрбитэ. Кимнээҕин тута билбитэ: Гена уонна дьүөгэтэ Саргы этилэр. Көрбөтөллөр ханнык диэн, кыыс кэннинэн чугуруйбута, онтон хараҕын уута субулла-субулла, дэриэбинэ диэки сүүрэр-хаамар икки ардынан тэбиммитэ... Бииргэ үөрэммит оҕолоруттан кими да көрсүбэккэ, соҕуруу улахан куоракка туттарса барбыта. Онно институкка үөрэнэ сырыттаҕына, төрөппүттэрэ суох буолбуттара. Надя үөрэммит куоратыгар хаалан, нуучча уолугар кэргэн тахсан, онно олохсуйбута. Кэргэнин кытта улахан собуокка үлэлээбиттэрэ, икки оҕоломмуттара, дьиэлэммиттэрэ. Надежда Сергеевна дойдутугар кэлэ сылдьыбатаҕа букатын ыраатта. Кэргэнэ Игорь боростуой нуучча киһитэ, кинини “мин хотугу кырасаабыссам” диирэ, олус таптыыра, дьиэ кэргэнигэр бэриниилээх этэ. Кинилэр орто ыал сиэринэн иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара эрээри, Игорь эмискэ лейкозтаан суох буолбута үс сыл буолла. * * * Биир күн Надяҕа эрийдилэр. Суотабайын ылла. Билэр баҕайы куолаһа үчүгэмсийбиттии нууччалыы-сахалыы кута-симэ ыйытта: “Надежда, это ты, дорогая? Сколько лет, сколько зим! Тоҕо олох сүтэн хааллыҥ? Мин Саргылаанабын дии, билбэтиҥ дуо?” Надя кинини эрэ күүппэтэх буолан: “Хайыы, хайдах билиэм суоҕай? Саргычок, эн дуо?” – диэн үрүт-үөһэ сибигинэйдэ, өр сыл дойдутуттан тэйэ сылдьар, соҕотохсуйбут киһи долгуйан хараҕыттан уу-хаар баста. Саргылаана: “Быйыл оскуоланы бүтэрбиппит 30 сыла дии, умнубатыҥ ини? Сайын, бэс ыйын ортото дойдубутугар үбүлүөйүнэн сибээстээн улахан ыһыах ыһаллар, оҕолордуун онно көрсүһүөххэ дэстибит. Харчы кыттыһан, оскуолаҕа уонна учууталларга бэлэх ылыахпыт. Тэрээһин үлэтигэр бары көхтөөхтүк кыттыахха! Эн эмиэ туора турума! Ыһыахха булгуччу кэлэҕин!” — диэн үгэһинэн, дьаһайан кээстэ. Надя ону “ээх” диэбитин бэйэтэ да өйдөөбөтө. Онтон киэһэ өйдөнөн “Бээ эрэ... онтон мин хайдах буолабын? Барабын дуу, суох дуу? Бардахпына, өр көрбөтөх аймахтарбын, оҕолорбун көрсөн, астына дуоһуйа күүлэйдээн, дойдум салгынын тыынан, аралдьыйан, сынньана түһэн кэлиэм этэ буоллаҕа... Игорь туох диэ этэй? Оҕолор миэхэ наадыйбаттар” – диэн оҕонньорун, оҕолорун санаан ылла... Сарсыныгар Надежда Сергеевна Дьокуускайдыыр сөмөлүөккэ билиэт ыла барда. * * * ...Кинилэр кылааһынан ыһыах күн көрүстүлэр. Оҕо саастарын санаан, мэниктээн, ыллаан-туойан айдааран, үрүҥ түүнү атаардылар. Уолаттар баараҕыдыйан, кыргыттар үксүлэрэ кута-мата буолан, соноон, урукку номоҕон дьүһүннэрэ төһө да уларыйдар, бэйэ бэйэлэрин уруккулуу Сэмэнчик, Бүөккэ, Уйбаанчык, Таанньыска, Суойка диэн ыҥырсан дьээбэлэннилэр. Үксүлэрэ ыал буолбуттар, хастыы эмэ оҕолоохтор, сиэннээхтэр, улуус араас нэһилиэгэр, Мииринэйгэ, Дьокуускайга олороллор. Арай икки киһи тоҕо эрэ кэлбэтэх: Саргылааналаах Гена. “Тоҕо суохтарый, Саргылаах Гена?” – диэн сэрэнэн ыйытта Надя. “Хайыа, эн билбэккин дуо? Арба, эн ыраах сырыттаҕыҥ, сибээһиҥ суох буоллаҕа, онно эбии бэйэҥ кыһалҕаҥ. Кинилэр кэргэннии этилэр дии,
холбоһон олорбуттара. Онтон тоҕо эбитэ буолла, арахсыбыттара үһүс сылыгар барда. Саргылаана, дьиҥинэн, Генаны олус таптыыр ээ... Олох эккирэтэн туран, киниэхэ тахсыбыта. Онон тоҕо арахсыбыттарын дьиктиргиибит эрэ. Эмиэ да куһаҕаннык олорбот курдуктара. Генаны арыгылыыр, күүлэйдиир диэҕи эмиэ суох. Билигин иккиэннэрин ыҥырдахха, хайа хайалара да кэлбэт: бэйэ-бэйэлэрин соннук абааһы көрсөллөр дуу, хайдах. Саргы көрсүһүүгэ олох кэлбэппин диэн бастакыттан сэрэппитэ ”, – диэн бииргэ үөрэммит кыыстара Рита, билигин Маргарита Константиновна Еремеева, дьаһалта буҕаалтыра, кэпсии олордо... Маргарита: “Гена, оттон билигин Геннадий Михайлович, ыаллыы улууска улахан тэрилтэ салайааччыта, тутуу бөҕөнү ыытар, манна өтөр буола-буола охсуллан ааһааччы, онтон Саргылаана Дьокуускайга мээрийэҕэ туох эрэ дуоһунаска үлэлиир. Иккиэн бииргэ түбэсиһэр тэрээһиннэригэр хаһан да кэлбэттэр. Уопсай оҕолоро суох. Саргылаана наар үөрэҕи, үлэни сырсан, кэлин оҕолонуом диэн хаһаана сылдьыбыта, сааһа ыраатан, ийэ буолар аналын куоттарда. Хаарыан кыыс... Гена мин кэргэним Ньукулайдыын билсэр, бу диэки охсулуннаҕына биһиэхэ таарыйааччы, сороҕор хонон-өрөөн барааччы”, – диэн, үөлээннээхтэрин олохторун кистэлэҥин кэпсии-ипсии олордо. * * * Онтон арай төлөпүөн тырылаата. Маргарита: “Оҕонньорум эрийэ сырытта. Билигин аҕай Гена тиийэн кэлбит! Манна кэлээри сууна-тараана сылдьар үһү! Эчи дьиктитин! Бу үйэҕэ сылдьыбат киһи бэйэтинэн тиийэн кэлбитэ, дьэ хайдаҕый! Арааһа, ыһыахха сылдьар баҕата баһыйдаҕа буолуо дуу, хайдах”, – диэн дьиктиргээтэ. Надежда Сергеевна сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэ. Саргылаана бэйэтэ сылдьыбат эрээри тоҕо кинини булгуччу кэлэҕин диэн ыҥырбытын дьэ өйдөөтө... Кинини эрэ күүтэр, көрдүүр, дьикти иэйиини бэлэхтиир хап-хара харахтары санаан сүрэҕэ дьиктитик нүөлүйэн ылла... Саас баттыга, ыар сүтүк, кэлэйии, өр сыллааҕы хомолто – барыта умнулунна. Тулата барыта сырдаабыкка дылы буолла. Сүрэх, эн өссө да эдэрдии тэбэҕин! Таптал, эн тыыннааххын! ЧҮҮЙЭ.
kyym.ru сайтан