Кэпсээ
Войти Регистрация

Учууталым кэпсээбититтэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Учууталым кэпсээбититтэн

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.06.2021 17:58
Айылҕа барахсан        Үйэтин тухары сылгыһыттаабыт Ньукулай Сэмиэнэп диэн бииргэ төрөөбүт бырааттаахпын. Сылгыны кытта кэпсэппэт эрэ. Сылгыһыт айылҕаны кытта тэҥҥэ тыынар. Айылҕа барахсан дьикти абылаҥар ылларан, иһин түгэҕэр ыллаан киҥинэйэ-киҥинэйэ, сылгыларын көрө-истэ сырыттаҕа.      Аҕабыт уолаттарын атаахтатарын билбэтэҕим. Бырааттарбын үлэҕэ, булка-алка, айылҕаҕа отой кыра эрдэхтэриттэн сыһыартыыра. Ол сылдьан кинилэр ыраас салгыны тыынан, тиритэн-хорутан булт абылаҥар кыраларыттан үөрэммиттэрэ.    Алта бииргэ төрөөбүт уолтан биир да туора туран хаалбытын өйдөөбөппүн. Сааны кыайар буолаат, бултаспытынан барбыттара. Айылҕа кистэлэҥнэрин биир-биир кинигэни арыйар курдук арыйталаан үөрэтэр эбит этэ.    Аҕабыт Степан Иннокентьевич Семенов уолаттара борбуйдарын көтөхтүлэр да тэҥҥэ сырытыннарара. Кэмиттэн көрөн, булт тыһытын харыстаатахха, эһиилгигэ хаһаас хааларын, быстан хаалбатын туһунан өйдөбүлү иҥэрбитэ. Бултаан кэллэхтэринэ, ким хайдах бултаабыта, тоҕо сыыһа-халты ыппыта барыта быһаарыллан иһэрэ. Онон аныгыскыга сөпкө туттан-хаптан бултуйдубут диэн буолара. Булка сылдьан эҥин араас түбэлтэ тахсыталыыра. Олортон быһа тардан кэпсии түһүүм.   Кыһыл саһылы илиинэн      Биир үтүө-мааны күн Орто Күөл диэн эбэҕэ быраатым Ньукулай сылгыларын көрө барбыт. Ол эбэ – өбүгэбит олоҕо. Эбэ ортотунан айаннатан иһэн тоҥуу хаарга туох эрэ сырдыырын көрө биэрбит. Онто чугаһаан истэҕин аайы кытарымтыйан барбыт...    Оччолорго сылгылары ат сүүрдүүтүгэр бэлэмнииллэрэ. Анаан-минээн айааһыы сылдьар сылгыта эбит. Саха ата. Сааһыары күн уота киһи хараҕын саатырдар буолуута.    Өссө чугаһаабытыгар саһыла андаатардаан сии сылдьан, дьэ көрөн, сүүрэн куйбарыҥнаан барбыт. Биһиги киһибит ону кытта сүүрүк атын тиҥилэхтээн кэбиһэр.    Бэйэтэ да сүүрээри дьигиһийэ сылдьар ата маннык тиҥилэхтээһини эрэ кэтэһэ сылдьыбыт курдук, өрө ыһыллаҥхайдана түспүт! Тыал тыаһа куугунаабыт! Өр гымматах – ситэ баттаан ылбыт.    Иһигэр “тоҥуу хаарга сатаан сүүрбэт дуу, атым түргэн дуу?” диэн ырыта иһэр. Саһыл туора-маара ойуоккалаатаҕын аайы иннин күөйэ көтүтэ сылдьан, ойор кэмигэр түбэһиннэрэн, уҥа илиитинэн арҕаһыттан хаба тардан ылбыт. Адьырҕа адьырҕа курдук тоҕоноҕор түспүт. Ытыран ылан баһын быһа илгистибит, ол икки ардыгар быраатым чуут ыһыкта сыспыт. Хата, кыһыҥҥы таҥаһын уста илик буолан, халыҥ сиэҕин курдары ыстаабатах. Ол тухары ата тохтооботох. Өссө эбии тыбыыра-тыбыыра иннин хоту түһэн испит!     Оннук салыбыраппытынан ат үрдүгэр нэһиилэ суулуу тутан  сүнньүн булгу эрийбит! Дьэ, кытаанах талҕаланыы диэтэҕиҥ!     Дьиэтигэр кэлэн кэпсээбитигэр ким да итэҕэйбэтэх. “Ээ, хапкааҥҥар иҥиннэрэн бараҥын” дэһии буолбут. Арай тутан көрдөхтөрүнэ, саһыллара сып-сылаас эбит. Хараҕын харата да болооро илик! Ханан да хапкаан, туһах суола суоҕун көрөн, дьэ итэҕэйэллэр. Дьэ, ол курдук быраатым биһигини бэркэ сөхтөрөн турар.   Иккис Мэхээлэчээн булчут      Балтым уола Дьулус Осипов диэн бырааттаахпын. Мэхээлэчээн Булчут курдук бултаан турардаах, итэҕэй-итэҕэйимэ. Куска үөмэн сыбдыйан киирэн, хоһулаан баран чыркымайдары ыппыт.    Оччолорго буруолаах буорах “ыһылла сытара”. Онон кыратык буруо астыар диэри көрүтэлии түспүт. Буруо-тараа, сыт-сымар уҕарыйыыта өйдөөн көрбүтэ,  кустарын уҥуор андаатар иҥиир ситиитин тартара сытар эбит. Уол соһуйар. Чыркымайдар көрдүгэн уҥуоругар чугас олорбуттар эбит. Эргийэн тиийбит. Уһун үөтү бэйэ-бэйэтигэр отунан баайан, салҕаан кустарын уонна андаатарын ылбыт.    Бултуйбут киһи быһыытынан, онно тута олорон, сиригэр-уотугар кыратык алаадьы кээһээри үрүсээгин арыйа баттаан, хаба түһэрдии оҥостубут. Сонно тута тиит төрдүгэр сонос эмэх баарын көрөн олбох оҥостоору гыммыта, арай моҕотой доруобунньукка таптаран, өлөөрү мөхсө сытар эбит! Дьэ, ол булдун дьоҥҥо айахтатан кэбиһэн, бырааппын “Мэхээлэчээн Булчут - II” диэн аат хойукка диэри иҥэн сылдьыбыта.   Ымыылаах ыт      Булчут хааннаах Тыҥырах диэн ыттаах этибит. Бэһискэ үөрэнэбин. Ол – 1970 сыл сааскы бэстибээллэр кэмнэрэ. Ыллаан баран дьиэбэр кэлбитим.    Ыппыт хап-хара уонна түөһүгэр үрүҥнээҕэ. Ону өссө күннээх ыт диэччилэр. Ыппыт суох. Ийэбиттэн туоһулаһааччы буоллум. Онуоха маннык кэпсээбитэ.    Оччолорго дэриэбинэбит диисэлинэн уоттанан-күөстэнэн олороро. Сороҕор уоттара баран хаалара. Оннукка бырааттарбыныын бары мустан үлэ үмүрүйдэҕинэ, чүмэчи уотугар сэһэргэһэ түһэрбит. Арай ол олордохторуна, күүлэҕэ туох эрэ тыаһаабыт. Киһи суулларын курдук иһиллибит.    Убайым Слава оччолорго ахсыска үөрэнэр. Ойон туран ким-хайа иннинэ ким кэлбитин көрөөрү гыммыт. “Ок, ыппыт киһини тутта, быһыылаах” диэбитинэн аан диэки былдьаспыт.    Кыл мүччү халҕан тутааҕын тутан эрдэҕинэ ийэм: “Ноо, тахсыма!” диэн тохтотон кэбиспит. “Ким оҕото билигин кэлэр үһү! Түүн оройо буолбат дуо?!” диэн өйдөтөр. “Хата, истэн тохтообута...” диэн махтанара.     Ол икки ардыгар ыппыт тугу эрэ кытта тиниктэһэр, охсуһар, көхсүн тыаһатан ырдьыгыныыр, тыаһа-ууһа дьулаан буолан барбыт. Күүлэҕэ турбут иһит-хомуос, таас эҥин сууллан таҥкынаспыттар.  Күөрэ-лаҥкы барар тыас ырааппыт! Син балай эмэ тилигирэспиттэр! Онтон ыт саҥата “ньах” диэтин кытта күүлэ аана сабыллан “лик” гынан хаалбыт. Уу чуумпу бүрүүкээбит...    “Хайдах-хайдах буолла?” диэн, үөмэн тиийэн көрбүттэр. Ыппыт эрэйдээх, дьиэни арҕаа өттүнэн киирэн үстэ эргийэн, тоҥуу хаары кэһэн, хаҥас куукуна түннүгүн аннынан сыылан ааспыт...    Биһигиттэн чугас соҕус, Бадыбаал диэн киһи уҥуохтаах сир баар. Ол сир диэки сыылан бара турбут. “Чэ, бээ, хойута бэрт, сарсын сырдыкка...” дэспиттэр.    Сарсыныгар туран суоллаан тиийэн көрбүттэрэ, ол сиргэ тиийбэккэ, сыылан иһэн, тоҥон өлө сытарын булбуттар... Киһи дьиктиргиэх, кырбаммыт сибикитэ ончу биллибэт. Хаан-сиин тахсыбыта көстүбэт эбит...    Ыппытын “ымыылаах ыт” дииллэрэ. Дьиэҕэ сибиэн киирээри гыммытын киллэрбэтэх. Ыттан эрэ ураты өҥнөөх-түүлээх этэ.    Булка да сылдьан ымыылаах ыттаах булчуттар ити курдук кэпсээн соһутааччылар. Бултуу сылдьан, эҥин араас айылҕалаах сиргэ-уокка сылдьан эрдэхтэрэ. Ол аайы элбэх булчуттан “ытым абыраан турар” диэн сэрэтэр аҥаардаах кэпсээннэрин истэрим.  Онон ыккытын мээнэ “туһата суох эҥин” диэн аат иҥэримэҥ — анала атын буолаарай.   Эһэ оҕото     Сылгыһыт быраатым эһэ оҕотун иитэ сылдьыбыттаах. Ол маннык этэ. Арҕахтан бултаан баран, оҕото кыра баҕайытын иһин илиитэ барбатах. Улахан киһи үтүлүгүн саҕа. Дьэ, ол эһэтин оҕотун дьиэтигэр илдьэ кэлэр. Көрөөрү дьон бөҕө мустар.    Улааппыт. Адьырҕа адьырҕата өтөр эбит. Улаатан истэҕин аайы дьон илиитин сыыһа-халты хабыталыыр буолуталаабыт. Ол иһин кытаанах тимир сиэккэнэн уйатын төгүрүтэн кэбиспиттэр. Тэлгэһэ ортотугар баар уйатыгар сааһыары киллэрбиттэр. Сайылаабыт. Күһүн буолар.    Ыкса күһүн улаатан, тахсан барыа диэн, сыабынан баайан кэбиспиттэр. Онтон алтынньы 14 күнүгэр Бокуруопка хаар түһэр диэн буолар. Ол күнтэн ыла кыһын диэн ааҕыллар. Бу 90-с сыллар эргин. Оччолорго “Орто Дойду” саҥа тэриллэн эрэр. Аҕам балары кытта кэпсэппит эҥин эбит. Кыратыгар тоҕо илпэтэҕэ буолла.    Алтынньы 11 күнүттэн эһэ оҕото били уйатын иһигэр тугу эрэ гынан букунайан барбыт. Онно тиийэн, чуҥнаабыттар. Арай, доҕоор, били эһэлэрин оҕото арҕах хастар айдааныгар сылдьар эбит. Эһэлэрэ арҕаҕын туруору хастан түспэккэ, сытыары гына хастыбыт. Ийэм өйүн сөхпүт этэ. Хос курдук оҥостор эбит. Арҕаҕын үс күн иһигэр хастан бүтэрэн кэбиспит.    Биһиги икки атахтаахтар үс күн иһигэр дьиэбитин туттубаппыт. Оннооҕор эһэ оҕото айылҕатын күүһэ бэрдэ сөҕүмэр. Ким кинини үөрэппитэ кэлээхтиэй, айылҕата тугу этэринэн сылдьаахтыыр буоллаҕа дии.    Үһүс күнүгэр эһэ оҕото арҕаҕар киирэн сүтэн хаалбыт. Ол кэмҥэ дьонҥо сүөһү өлөрбүт. Онтон эһэҕэ биэрбиттэрин сиэбит. Хагдаҥ от сыыһын сиэккэтигэр бырахпыт. Эмиэ кэтээн турдаҕына, эһэтин оҕото били отуттан илиитигэр мас сыыһын ийэм курдук ылан ууран баран, отун туппутунан кэннинэн хааман, арҕаҕар киирэн хаалбыт. Иһиттэн бүөлэнэн лигийбит! Дьэ, бу тугуй?!  Ол кэннэ тахсыбатах...    Кырыа кыһын. Ийэм хотонугар барар суола буоллаҕа дии. Эһэ уйатын үрдүнэн хаар тибэр. Эһэтин оҕото тоҥуо дии санаан, буруо оҕото тахсарын көрөн, бүөлээн кэбиспит. Онтубут били эрэйдээх тыынар хайаҕаһа буоллаҕа дии... Онто бүөлэнэн, өлөн хаалаахтаабыт буолуохтаах. Бүөлээбитин кыбыстан, кимиэхэ да эппэтэх.    Саас арай эһэлэрэ тахсыбат да тахсыбат үһү. Быраатым Коликка: “Хаарыан эһэбин угаардатан өлөрбүккүн”, — диэн ытамньыйара. Күһүн киирэригэр лаппа улааппыта диэн кэпсииллэрэ. Саатар, хаартыскаҕа түһэрбэтэхтэр. Бачча буолбута диэн көрө сылдьыах этибит.   Түүллээх булчут      Быраатым Байбал Бооҕуда диэн сиргэ бултуур. Сылын аайы онно кэлэн кустаан, айылҕатын кытта алтыһан, сынньанан, күүс-уох эбинэн барар. Эбэбит, эһэбит дойдулара. Сыл аайы андылыы тэринэн кэлэр. Анды таптаан түһэр эбэтэ. “Кэлиҥҥи кэмҥэ айылҕаны кытта алтыһыы мөлтөөн, айылҕабыт төттөрү барда” диир. Хайаан да аһата, айылҕаттан көрдөһө-ааттаһа сылдьыллыахтааҕын ыччат билбэт буолан иһэрин сиилээччи.    Хоно сытан, түүл түһээн табылларын-табыллыбатын билэр, сэрэйэр эбит. Түүлүнэн барҕаланар. Табыллыа суохпун диэтэ да, төннөр. “Хайаан да киирээт, эбэбин аһатабын” диир.     Ол иһин айылҕатын кытта ситимин быһа илик киһиэхэ түүл-бит буолан киирэн, биллэрэн эрдэхтэрэ.   Розалия Семенова, Бүлүү.
kyym.ru сайтан