Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бочуок саллаат
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бочуок саллаат
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
24.04.2019 19:03
Ыһыах саҕана дьаабылыка маһа сибэккилээн, көрүөхтэн кэрэ – киһи эрэ ымсыырыах, биир кэм үп-үрүҥ буолар. Баһылай даачатыгар, оруобуна тэпилииссэтин таһыгар, ыала Федотовна эмээхсин сүүнэ бэйэлээх ити маһа чэлгийэ үүнэн, чугастааҕы дьону барытын сөхтөрөр. Бу мас муҥутаан сибэккилээн турар кэмигэр эмээхсин үтүө санаата киирэн, ким баҕарар кинини кытта ол дьикти көстүүлээх үүнээйитин аттыгар хаартыскаҕа түһэрин көҥүллүүр. Ити курдук – саас аайы. Биирдэ Баһылайдаахха сиэн балта Күннэй табаарыһа уолу – Айсиэни – билиһиннэрэ аҕалла. Арааһа, күтүөт буоларга чахчы бэлэм уол быһыылаах: Күннэйи ухаасыбайдыыра туох да ааттаах – туруох да, олоруох да бокуой биэрбэт. Саҥардыы аармыйаттан кэлбит буолан, пуорматын кэппитинэн сылдьар. Дьэ, пуорма да пуорма! Аксельбана, эппилиэтэ, омуннаабакка эттэххэ, бииргэм үп-үрүҥ, били, Федотовна дьаабылыкалаах маһа чэчирээн аҕай турарын курдук! Аармыйаҕа бары итинник мундирдаах эбиттэрэ дуу, биитэр диэмбэллэр бэйэлэрэ хас эмэ ыйы быһа симэнэр-оҥостор баҕайылара дуу? Баһылай, оччолорго Бочуок саллаат, итинник пуорманы түһээн да көрбөт этэ. Ол саҕана, ордук сулууспалаан бүтэн дойдулуур кэм чугаһаатаҕына, эмиэ, дьэ, таҥныы-симэнии, оҥостуу-дьаһаныы бөҕө буолаллара. Үчүгэй да кэмнэр этилэр... * * * Кинилэр чаастара Иркутскай уобалас түҥ тыатыгар сытара. Куорат эҥин чугаһынан суоҕа, тимир суол ыстаансыйата кый ыраах баара, арай былыргыы-былыргы дэриэбинэлэр самнаһан тураахтыыллара. Байыаннай чаастан туох эмэ наадаҕа куоракка барарга оптуобус да, туох да тырааныспар суоҕа. Хата, бу байыаннай чаас таһаҕас тиэйэр икки массыыната күн аайы солбуһан араас наадаҕа куорат эбэтэр тимир суол ыстаансыйатыгар сылдьаллара. Увольнениеҕа эбэтэр уоппускаҕа барар саллааттар сайыннары-кыһыннары ол массыыналарга куусап үрдүгэр олорон айанныыллара. Бочуок, бу дойдуга маҥнай утаа туорхаһыйыах курдук буолан иһэн, эр киһи эр киһитэ өтөн, аармыйа олоҕор түргэнник үөрэммитэ, ол гынан баран төрөөбүт дойдутун, оттуур Тэҥкэтин түһээн син биир көрөрө. Бу чааска араас омук барыта баара: венгригэр, румыныгар, ньиэмэһигэр, финн омукка тиийэ. Оттон хаһаах, татаар, Хапкаас омуктарын, о.д.а. этэ да барыллыбат. Сахалар онуо этилэр эрээри, атын-атын отделениеҕа сылдьаллара. Бочуок, оскуолаҕа нуучча тылыгар син хоп курдук үөрэммит буолан, онуоха эбии нууччалар маат-муут тылларын тоҕооһуннаран туттан, дьону кытта түргэнник бодоруспута. Маҥнай «аны сыыһа-халты саҥаран күлүүгэ барыам» диэн толло саныыра, онуоха холоотоххо, хапкаастар обургулар бэйэтинээҕэр мөлтөх нууччаһыт этилэр эрээри, онтуларыттан төрүт кыбыстыбат буолан соһуппуттара. Өссө биир сөҕөрө диэн баар – нуучча уолаттара «ещё» диэн баара-суоҕа үс буукубалаах төрөөбүт тылларын араастаан кэбилээн сыыһа суруйаллара! Ити өттүгэр баҕас саха уолаттара үчүгэй суруксут, бэртээхэй ойууһут буолан, эписиэрдэр ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьаллара. Балтараа сыл сулууспалаабыт, диэмбэл буолара чугаһаабыт саллааттарга эписиэр аймах сыһыана биллэ сымнаҕас этэ. Оттон саҥардыы кэлбиттэри, түгэн эрэ көһүннэр, чааһы-чааһынан устуруойунан хаамтараллара, бэл, туалекка баралларыгар ньиргиччи ырыалаах чиккэҥнэтэллэрэ. * * * Биирдэ Бочуоктаах өрөбүл күн хаһаарымаҕа сырыттахтарына,
старшина Брюла каптеркатыгар ыҥырда. «Туох эрэ сорудаҕы биэрээри гыннаҕа, эрдэ тыаҕа элэс гыммакка түбэстэхпитин» диэн, табаарыһа Олег Косякову кытта мөҕүттэ-мөҕүттэ хоско киирбиттэрэ, көбүс-көнө дьулугур уҥуохтаах младшай сержант дьахтар старшиналарын кытта кэпсэтэ олорор. – Любовь Эдуардовна, бу икки өрүөлү биэрэбин, күүс-уох да баар уолаттара, оннук буолбат дуо?! – диэн баран, Брюла Бочуоктаах диэки чыпчык гынна. Онуоха дьахтар: – Табаарыс старшина, ааспыт сырыыга биэрбит уолаттарыҥ күөх көппө этилэр уонна хас да тушенка бааҥканы сойбото сатаабыттара. Дьиҥэр, биир да саллаат сөп. Чэ, бу уолу аҕал, – диэн баран, дьахтар Бочуогу ыйан кэбиспитэ. Косяков чэпчээбиттии үөһэ тыыммыта уонна старшинаттан көҥүллэтэн, сылыпыс гынан хаалбыта. Бочуок бу младшай сержант дьахтары соторутааҕыта, бүтүн отделениенан остолобуойга хортуоска хастыы сылдьан, элэҥэскэ көрөн аһарбыттааҕа. Кылгас соҕус дьууппалаах, хоппуруон чулку курдат чочуонай сотото кылбаҥныыра, быһыы-таһаа да оһуобай этэ. Хамандыырдара Кушнарь бу дьахтартан икки баах хортуосканы ылбыттарын кэннэ ымаҥныы-ымаҥныы «ыскылаат саҥа кыладыапсыга кырасаабысса миэхэ хараҕын бэркэ хатаата, дьэ, уолаттар, бэрт сотору кини миэнэ буолуо, көрөөрүҥ да истээриҥ!» диэн киһиргээбиттээҕэ. Хайаспыта буолла? Кушнарь ротаҕа биир «улуу ойоҕумсах» сержант быһыытынан биллэрэ. Бочуок бу дьахтартан олус симиттэ-толло санаабыта. Хантыраагынан сулууспалыыр буолан, пуормата үүт-үкчү эписиэрдэр киэннэрин курдуга. Онто бэйэтигэр олус барсара, арай дьууппата арыый кылгас буолан, көбүс-көнө атаҕа сороҕор бүтүннүү арыллан кэлэрэ. 500-чэкэ эр киһи сулууспалыыр чааһыгар бу тугунан диэлийиэ биллибэт. Кинини таһынан остолобуой буфетыгар өссө Агафья диэн суп-суон дьахтар үлэлиирэ да, ким да сэҥээрбэт этэ. Арай Карасик диэн үһүс рота старшината үрүллүбүт мээчик курдук иһин имэринэ-имэринэ, буфеттан арахпат буолара. Ыскылаакка кэнсиэрбэлээх дьааһык толору эбит. Бочуок тиритэ-хорута ону дьаарыстаата, оттон Любовь Эдуардовна (дьахтар итинник ааттаа диэн көрдөспүтэ) болокунуотугар бэлиэтэнэртэн солотуйбат. Сөп буола-буола уолу сынньатар, бэйэтэ аттыгар кэлэн олорор, арааһы бары кэпсиир. Ол кэмҥэ алҕаска дьууппата арыллан, хоппуруон чулкутун оруосабай пуойаһыгар хайдах туттара сылдьара, онтун үрдүнэн сыгынньах этэ көстөн ааста. Бочуок кыбыстан, умса көрөн кэбиспитигэр, дьахтар таҥаһын көннөрүннэ уонна: – Вася, эн олус бэрээдэктээх уол быһыылааххын, табах тарпаккын, маатыра тылы туттубаккын, арыгыны да испэт буолуохтааххын, – диэтэ. – Кырдьык, табаҕы тарпаппын, буокканы да сөбүлээбэппин, арай кыһыл арыгыны кыратык иһэр этим. – Тыый, адьас да сибэтиэй эбиккин дии! Оттон дойдугар таптыыр кыыстааххын дуу, арааһа, маннык уолга дьиҥнээх кырасаабысса баара буолуо. – Любовь Эдуардовна, адьас итэҕэйиэҥ суоҕа – таптыыр кыыспын өссө була иликпин, – диэн Бочуок баары-баарынан эттэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан интэринээккэ олорор биир үрдүкү кылаас кыыһын сөбүлээн муҥнаммыта, өссө сурук суруйан бооччойбута да, харда диэн мэлигир этэ. Ол кыыһа, киниэнэ киниэнин курдук, оскуоланы бүтэрэр сылыгар хат буолан хаалбыта. Оробуочай уолаттары кытта олус иилиҥкэйдэһэрэ, чахчы, ол эрэттэртэн хайалара эрэ
дьаһайдаҕа. Балай эмэ үлэлээн, саҥа киһини (буолаары буолан, кырасыабай дьахтары!) кытта билсэн, Бочуок сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Дьахтар биир бааҥка тушенканы эргэ хаһыакка суулаан «кистээн илдьэ бар» диэн баран, баһыыбалаан, илиитин ыга тутан атаарбыта. Эбиитин «старшинаҕар эппэккэ да, иллэҥсийдэххинэ, көмөлөһө кэлэр буолаар» диэбитэ. * * * Бочуок быыс-арыт булла да, үксүн өрөбүлгэ кэлэн көмөлөһөр идэлэммитэ. Били, маҥнай толлор-симиттэр бэйэтэ дьахтары отой тэҥнээҕин курдук көрөр буолбута. Биирдэрэ даҕаны бодоруһан, аны «көннөрү Люба диириҥ үчүгэй» диэн үөрдүбүтэ. Дьиҥэр, Бочуоктан биэс эрэ сыл аҕа эбит, ол аата, 25 саастаах! Бэйэтиттэн быдан сүүрбэччэ сыл аҕа, майор сыбаанньалаах киһиэхэ, бэйэтэ этэринэн, акаарытыгар тэптэрэн эргэ тахсыбыт. Оҕолоро суох, оттон биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар майор Щукин арыгыта суох ончу сатаммат үһү. Бочуок биир субуотаҕа ротатыгар дьуһуурунайдаары, байыаннай городокка ол майор инструктаж биэрбитин өйдүүр. Лыры-лыхаҕар, эмис-тамыс эписиэр бурулуччу көрө-көрө, устуруой иннигэр дээдэҥниир этэ. Маннык кырасыабай эрээри Люба, дьэ, тугун таптаан эргэ тахсыбыт баҕайытай?! Баҕар, уон эрэ кылаас үөрэхтээх буолан, майор ойоҕо буолан далбарга сылдьыам дии санаабыта буолуо, онто баара... Биирдэ ыскылаакка тиийбитигэр Любата «бүгүн миэхэ – улахан сабыытыйа, дабаай, өрүскэ барыах» диэн соһутта. Бүлүү өрүскэ холоотоххо, бу – үс-түөрт төгүл кыра, уута болоорон түһэн хобдох баҕайы этэ. Ботуруул эҥин үктэммэт сиригэр, балай эмэ тэйиччи, хойуу черемуха быыһыгар баар ырааһыйаҕа кэллилэр. Люба тирии суумкатыттан дьэрэкээн ойуулаах бытыылканы (омук арыгыта эбит!), ону кытта хас да оҕурсуну, помидору, халбаһыны, өссө лимонад таһаарда. Үөрбүтэ-көппүтэ сүрдээх. – Бастаан сөтүөлүөххэ! – диэт, спортивнай көстүүмүн ньылбы тутунна уонна ууга ыстанан чолум гынан хаалла. Бочуок хайыай, саллаат барыта кэтэр күөх өҥнөөх кип-киэҥ туруусугун өрө тардына-тардына, өрүс сылаас уутугар киирдэ уонна ыттыы харбаан иннин диэки ньолбойо уһунна. Любата харбыыһыта ааттаах, ыраах-ыраах дайбаан уунаҥнатар, дьээбэлэнэн, Бочуок атаҕын ыккардынан умсан ыксатар. Сатаан харбаабатыттан кыбыстан, уол кытылга орҕостон олордоҕуна, дьахтар кылбаһыйан таҕыста: үп-үрүҥ туруусуга этигэр сыстан хойуу «үүнээйитэ» курдаттыы көстөр, эмиийин тумуга черемуха отонун курдук хараара бөлтөйөр. – Васёк, таайан эрэйдэнэ сатаама, бүгүн оруобуна 25 сааспын туоллум. Чэ, ону бэлиэтиэх, ол быыһыгар эмиэ да курус санаалаахпын – эн сотору сулууспаҥ бүтэн, букатыннаахтык миигиттэн барыаҥ, ырыых-ыраах хоту дойдугар... Бочуок маннык минньигэс арыгыны хаһан да амсайа илигэ, онто син кыраадыстаах эбит – төбөтүгэр таҕыста, адьас дьикти турукка киирбитин билбэккэ да хаалла. Люба кырасыабай даҕаны! Бу этэ сымнаҕаһын, тарбаҕынан таарыйдаҕын аайы дьахтара дьигик-дьигик гынар, уолга ыга сыстар. Уоһуттан уураабытыгар аны Бочуок, сүрэҕэ бүллүргээн, чабырҕайа кэйиэлээн, ис-иһиттэн имэҥирэн кэллэ. Испит арыгыта хорсун оҥорор эбит: ончу кыбыстыбат. Бу тугуй?! Дьахтар үөрүйэх баҕайытык ньылбы тутунна уонна уол күөх туруусугун сулбу баттаан баран, киэр хаһыйан кэбистэ. Кэтит сотторугар иттэнэ сытан
эрэ дэлби барыахча тыҥаабыт Бочуок «табаарыһын» нарын тарбаҕынан сэрэнэн тутан, барыахтаах аартыгын булларан хам баттаан кэбиспитигэр сып-сылаас күүстээх сүүрээн тыргылла турбута... – Васёк, минньигэскиин, сыт, хамсаама, мин бэйэм... – дии-дии, Люба бүүс-бүтүннүү бас бэриммит уолга ойоҕоһунан сытан эрэ киппэ түөһүттэн аллара түһэн сыллыы-ууруу, нарын тарбахтарынан имэрийэн, бобута туппахтаан барбытыгар диэмбэл саллаат эрэллээх «табаарыһа» мэлдьи бэлэмин көрдөрөн чиккэс гына түспүтэ. Өй мэйдээх тулуйбат энэлгэнэ, ис-иһиттэн тахсар имэҥ уота-күөһэ уостуох, уҕарыах чинчитэ суоҕа... * * * Ити кэнниттэн кинилэр мэлдьи көрсөн таптаһар буолбуттара. Бэл, Бочуок «кэргэҥҥиттэн араҕыс, холбоһуох» диэн хаста да тыл көтөхпүтэ. Биирдэрэ холбоһор санаата суоҕа. Күһүнүгэр Бочуок диэмбэллэммитэ. Дойдулууругар Любата ыскылаатыттан саҥа пуорманы кэтэрдэн ыыппыта. Ол саҕана саҥа пуорма дьэ үөдүйэн эрэрэ. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан