Кэпсээ
Войти Регистрация

Бастакы сааланыы

Главная / Кэпсээн арааһа / Бастакы сааланыы

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
02.11.2023 14:06
Мин 4-с кылаастан саҕалаан ытынан кус оҕотун ирдэтээччи, хойобуун куһу ытынан булларааччы, убайдарым күөрэппит кустарын көрдөөччү, сааскы-күһүҥҥү куска чэй өрөөччү, күһүн куобах үүрээччи эрэ быһыытынан сылдьыһарым. Убайдарым көнньүөрдэхтэринэ, ону да биирдэ эмэ, саанан ыттаран дьоллууллара. Сүнньүнэн, таптаран баран окко түспүт куһу булар эбээһинэстээҕим. 7-с кылааска тахсан баран дьэ сааланарым көҥүллэннэ. Аҕам убайбар Бочуокка таһынан сомуоктаах 20-лээх сааны биэрбитин түмүгэр, убайым эргэ 16-лаах саата миэхэ тигистэ. Саабар 16 устуука тимир ботуруон биэрдилэр. Дьэ, ол кэннэ мин кытаанах хонтуруолга түбэстим. Тыаҕа тахсан киирдим да бары түмсэн мин тугу бултаабыппын туоһулаһаллар, ботуруоммун хостотон хаста ыппыппын ааҕаллар. Ол дьыл адьас чугас олорор эрэ куһу, табарбар 100 бырыһыан эрэллээх буоллахпына эрэ, ытабын. «Куһаҕаннык ытар эбит» диэн баран саабын былдьаан ылалларыттан куттанабын быһыылаах. Дьиҥинэн, күһүн убайдарбын кытта кус оҕотугар тахсан баран, кинилэртэн итэҕэһэ суох куһу ытынан туттарар буолар этим. Сааланан баран булдум биллэ аҕыйаата. Урукку мин оннубар билигин ытынан ирдэтээччинэн быраатым Оппороох сылдьар. Кини ытынан мэлдьи миигиннээҕэр элбэх куһу бултуур. Биирдэ убайым аллар атаһа Саллаанай Уйбаанныын Сыырдаах диэн сиргэ кустуу бардыбыт. Атырдьах ыйа этэ. Ото хойуута бэрт буолан, олорор кус көстүбэт. Көттөҕүнэ эрэ көрөҕүн. Ону мин сыыһыам диэн куттанан ыппаппын. Көтөн тахсыбыт куһу сымыйанан кыҥаабыта буолан батыһыннарабын эрэ. Миэхэ холоотоххо, Саллаанайым ытара сүр. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр 10 ботуруоннааҕын ытан кэбистэ. Ол кэннэ мин саабын уларсаары тиистэ. Мин ботуруоммун харыһыйарым сүр. Биэримээри гыммыппар, киһим «эн сааҕынан, ботуруоҥҥунан ытыалаан баран, онон төһө куһу өлөрбүппүн барытын аҕаҕар «эйигин өлөрдө» диэн кэпсиэҕим» диэтэ. Мин элбэх куһу бултаабыт аатыран хайҕаныахпын баҕам улахан, Уйбаан куһу табарын билэбин. Онон, туох да албына-көлдьүнэ суох инньэ диирин курдук тылынан хантараактаһан баран, саабын биэрэн кэбистим. Саллаанай 16 ботуруоммунан ытан 10-тан тахса куһу өлөрдө. Дьиэбитигэр төннөн кэлбиппитигэр, Саллаанай аҕабар мин үчүгэйдик ытарым туһунан кэпсээн бөҕө буолла. Мин кыбыстан харахпын да өрө көрбөт турукка киирдим. Аҕам дэлби хайҕаатаҕын аайы, сиргэ тимириэхпин сир кытаанах. Быһата, дьонум «уолбут үчүгэйдик ытар эбит, үтүө сааһыт буолууһу» диэн түмүк оҥордулар. Саллаанай түөкүн ол уопсай албыммытын туһанан миигин элбэхтик эрэйдээбитэ. Адьас, сорук боллур уол оҥостон кэбиспитэ. «Уута бас, маста аҕал, уотта отун...» Тугу эмэ утары саҥараары гыннахпына, «биир да куһу ыппатах эрээри сымыйанан сааһыт аатыра сылдьарбын» аҕабар үҥсэн биэриэх буолар. Албыммыт арылларыттан куттанарым сүр, аны, «сымыйалыы сылдьар эбит» диэн баран саабын былдьаан ылыахтара... Ол ахсын Саллаанай соруйара өссө элбээн, өрө баран иһэр. Ити күһүн мин бэйэм 6 чөккөөкүнү бултаатым. Ону хаһан, ханна өлөрбүппүн олус кичэллээхтик тэтэрээккэ сурунан иһэбин. Төһө кустаахпын ыйыттахтарына, били Саллаанайым куһун кытта холбуу ааҕан 16 диибин эрээри, дьиҥнээх бэйэм киэнэ –
6. Ити күһүн биһиги Тарыҥ үрэххэ оттуурбут. Биирдэ үрэхтэн уу баһа сылдьан, үс чөккөөкү олорорун көрөн, отуубутугар төттөрү сыыллан кэриэтэ таҕыстым. Ол кэннэ саабын харбаан ылаат, үөмэн киирэн, биир ытыынан үһүөннэрин биирдэ тоҕо тэптэрэн кэбистим. Дьиҥинэн, от быыһынан биир эрэ кус көстөрө. Ону ыппытым, үһүөн хоһулаһан олорон биэрбиттэр эбит... Дьэ ол кэннэ аатырыы бөҕөтүн аатырдым. Аҕам санаан кэлэ-кэлэ: «Бу Кутукаай курдук биир ытыынан 3 куһу өлөрөр буолуҥ», – диэн убайдарбын үөрэтэр. Үрэххэ туулуубут. Онно сордоҥ, күстэх оҕото, мунду киирэр. Нэдиэлэ курдук өрүү-өрүү, Алар күөлүгэр илимнээн, «соһутан», быччыкы тутабыт. Илимҥин наар үтэн турдаххына иҥнибэт буолан хаалар. Биирдэ эмэ убайдарым атынан биһигиттэн 5-6 биэрэстэлээх Мохулуга баран илимнээн, улахан собо аҕалаллар. Биир күн оҕолор ардаан өрөөтүбүт. Туох да дьарык суох, сытабыт. Күнүс үрэххэ тууларбын көрө баран иһэн, улахан баҕайы тайах аһыы турарын көрөн, балааккабар төттөрү сүүрэн кэллим. Кыл тыынынан саабын харбаан ылан, тайахпар ыстанным. Ол кэннэ, хойуу от быыһынан кырынаастыы сыыллан тайахпар чугаһаан кэллим. Кыылым олох көрбөт эбит. Ити курдук 5-6 миэтэрэ чугаһаан баран, субу мардьайан көстөр сүүһүн кыҥаат, чыыбыспын төлө тардан кэбистим. Тайаҕым өс киирбэх сиргэ «күс» гына кэлэн түстэ. Балысхан үөрүү диэн онно буолла. Ойо эккирээн ылаат, туубун уурбут хоруум үрдүнэн ыстанан, аҕам аах от охсо сылдьар сирдэрин диэки сүүрэн тэлэмээттэнним. Ааһан иһэн туубар балык бөҕө киирэн уу бүтэй кылабачыйан көстөрүн элэс көрөн аһардым уонна, оннооҕор быдан улаханы бултуйбут киһи буолан эбитэ дуу, «эн баҕас» диэн баран эргиллэн хокуоскалаан аастым. Туох дьөлө имнэммитэ буолла? Дьиҥинэн, оннук идэм суох буолара. От охсо сылдьар дьоммор сүүрэн тиийэн, тыын ыла сатыы-сатыы, «тайах, тайах!» эрэ диибин. Бастаан өйдөөбөккө мучумааннанан баран, бары сууласпытынан тайахпытын көрө бардыбыт. Дьиҥинэн, убайдарым улаханнык итэҕэйбэтилэр эрээри, от охсуутуттан быста сүрэҕэлдьээн турар дьоҥҥо кыра да аралдьыйыы наада. Мин бастакынан сүүрэ-хаама былаастаан бэдьэйэн иһэбин, испэр дьоммун улаханнык салыннартыыр былааннаахпын. «Биирдэ ытан 3 куһу эбэтэр биир тайаҕы охторор Кутукаай» диэн хайҕал тыллара илэ-бодо иһиллэргэ дылы гыналлар. Үрэхпитигэр тиийбиппит, тайах сыта да суох. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ, харахпын сотто-сотто тула мэлээриҥниибин. Субу манна сытан хаалбыта ээ! Ону эрэ күүтэн сылдьыбыт дьон, убайдарым, мин үрдүбэр түһэн күлүү-элэк гынан бардылар. Абабыттан ытамньыйа-ытамньыйа аҕабар тайаҕы дьиҥнээхтик ытан охторбуппун кэпсии сатыыбын. Аҕам били тайах турбут сирин көрөн-истэн, чинчилээн баран, «чэ, тоойуом, ытаама. Үчүгэй саалааҕыҥ буолар эн да бултуо эбиккин. Ити дьүһүннээх саанан, кус оҕолуур кыра доруобунан, хотуппатаххын. Сүүскэ түһэрбиккэр дөйөн охтубут. Хаана да тохтубатах. Охтубутун кэннэ кэлэн иккистээн ытан салҕаабытыҥ буоллар хайыа эбитэ буолла... Ону эн хантан билиэҥий. Дьиҥинэн, иккилээх кыра тайах эбит. Харалыырга бэрт буолуо хаалбыт. Ити убайдаргыттан өһүргэнимэ. Бу
дьон тайаҕы харахтаан да көрө иликтэр. Уолум, эһэкээннээх эбиккин. Мээнэ киһиэхэ тайах итинник көстүбэт, бачча чугаһыахха диэри күүтэн туран ыттарбат» диэн уоскутта. Тайах – тайаҕынан. Арай, ол күнтэн ыла мин тууну көрө киирдэхпинэ, балык букатын киирбэт буолан хаалла. Адьас, сымыйанан кэпсээбит курдук. Ол оннугар бырааттарым Оппороох уонна Биичиккэ киирдэхтэринэ, балыгы солуурунан соһоллор. Төһө да оҕо буолларбын, балык кириргээбитэ били хокуосканы кытта быһаччы ситимнээҕин бэйэм да өйдөөбүтүм. Таайа сатыыр этим, «бүгүн тууну мин көрө кэлиэхтээхпин эрдэттэн билэн балык киирбэтэ эбитэ дуу, эбэтэр, мин туу көрө иһэрбин көрөн балык барыта төттөрү тахсара дуу?» диэн. Холобур, мин туу көрө кэлэн иһэн төннөн баран бырааттарбын ыыттахпына, балык түргэн баҕайытык тууга туола охсор дуо? Балык киирбэт буолбутун аҕабар кэпсээбиппэр «эһэкээҥҥин хомотоҥҥун булдуҥ омтуорбут. Аны хаһан да булка хокуоскалаабат, куһаҕаны саҥарбат буол... Сотору оннун булуо, балык туугар киирэр буолуо. Эһэкээн кимиэхэ тугу дук гынарын бэйэтэ билэр. Хата, эн өссө эһэкээннээх буолаҥҥын бачча сааскар ону-маны көрөҕүн» диэн быһааран биэрдэ. Ити курдук, мин ол күһүн биэстэ-алтата ытан 9 куһу бултаабытым, тайаҕы охторо сылдьыбытым, таарыйа, буду хаһан да куһаҕаннык саҥарыллыбаты уонна «эһэкээннээхпин» өйдөөбүтүм. Тарҕат:
kyym.ru сайтан