Кэпсээ
Войти
Регистрация
Үс дьылҕа биир ситимэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Үс дьылҕа биир ситимэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
02.11.2023 14:00
Үс дьүөгэлиилэр муһуннулар. Биир кэмҥэ устудьуоннаабыт буоланнар, үһүөн саастыылар. Кинилэр чаастатык көрсөр кыахтара суох: үлэлээхтэр, бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи олороллор. Ол эрээри бассаап ситиминэн ким хайдах олорорун үчүгэйдик билэллэр. Суругунан ааҕар – биир, утары көрсөн олорон кэпсэтэр – атын. Кыргыттар сыл аҥаарын инниттэн былааннанан, Кристинкалара тэйиччи улуустан сэминээргэ кэлбитин туһанан, Алена Мэҥэ Хаҥаластан кэлэн, Сахаайа дьиэтигэр көрүстүлэр. Өр көрсүбэтэх үөрүүлэриттэн, мэктиэтигэр, ытаһан ыллылар. Сирэйдэрин-харахтарын оҥостон, хаартыскаҕа түстүлэр. Остуолга олороот, бэлэх бэристилэр. Кристинка бэлэҕэ өрүү ураты буолааччы. Кэлин оҕуруону тиһэринэн үлүһүйэр, онон кыргыттарыгар эр-биир түөскэ анньыллар үчүгэйкээн киэргэллэри бэлэхтээтэ. Алена уруккуттан үүнээйигэ сыһыаннаах. Бу сырыыга эмиэ кыһыҥҥы сибэккилэри анал иһиттээн аҕалбыт. Оттон Сахаайа кэсмиэтикэни атыылыыр. Дьүөгэлэригэр барсыа диэбит кириэмнэрин, харандааһы, памааданы дэлэйдик бэлэхтээтэ. Кыргыттар бастаан устудьуон саастарын, бииргэ үөрэммит оҕолорун аҕыннылар. Онтон сыыйа бэйэлэрин олохторугар кэллилэр. Кристинка – өрүү аһаҕас киһи. Кистэлэҥэ ончу суох буолааччы. Ол да иһин ити тиэмэҕэ кэпсэтиини кини саҕалаата. Кристинка – Бэйэм олорорум ордук курдук. «Хаска, хайдах кэлэрэ буолла?» диэн кэтиир-маныыр киһим суоҕа – сынньалаҥ. Арай оҕолорбун көрсөр киһи суоҕа сылаалаах. Сарсыарда иккиэннэрин эрдэ туруортаан, аҕыс ытабылынан таҥнан, дьыссааппытыгар, оскуолабытыгар барабыт. Улуус киинигэр дьыссааппыт дьиэбититтэн тэйиччи, онон аҥаардас таксыыга даҕаны хамнаһым баранар. Үлэм массыынатын хаста даҕаны көрдөһөн көрбүтүм. Суоппар чопчу бириэмэҕэ кэлэн, оҕолорбун тарҕаталаан баран, үлэбэр барсан хааларым наһаа табыгастаах этэ. Ону хотунум «санныбыттан түспэт буолла» диэтэ быһыылаах, сотору боппута, – диэтэ. Кристинка үөрэҕин бүтэрээт, ыал буолбута. Эһиилигэр – бастакы кыыһын, онтон кэлин иккиһин оҕоломмута. Кэргэнэ ыал соҕотох, мааны оҕото буолара хара ааныттан биллэрэ. Онон дьиэ кэргэн муоһатын Кристинка бастакыттан бэйэтэ туппута. – Умайыктаммыт тапталым бэрт сотору суураллан барбытын сөҕөбүн. Чахчы, олох-дьаһах киһи дьиҥнээх сирэйин көрдөрөр эбит. Нууччалыы «быт» диэн киһи уйанын-хатанын быһаарар буоллаҕа. Били, билсэр кэммэр илэмэ-салама түспүт киһим саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, үлэтигэр аат эрэ харата барара. Бу диэн эттэххэ, туох үлэни үлэлиирин уонна төһө хамнаһы аахсарын билбэккэ араҕыстым. Төһө хамнаска дуогабардаспытын, туох инникилээх үлэтин этэн да бэрт. Хамнаһын бастакы эрэ ыйыгар аҕалбыта. Ол харчы кыбартыырабыт куортамын аҥаара эрэ буолбута. Иккис ыйыттан хамнас диэни көрбөтөҕүм. Ыйытан көрөбүн – саҥарбат. Дьонноох буоламмын уонна ийэтэ хам-түм харчы биэрэн, биир сыл ол кыбартыыраҕа олорон баран, кыра төлөбүрдээх чааһынай дьиэҕэ көспүппүт. Киһим кырдьык-хордьук сарсыарда туран «үлэтигэр» барар, оттон хамнаһа – суох. Онтон кэлин билбитим – хабарҕатыгар диэри кирэдьииккэ сылдьар эбит. Ону ийэтэ бэркэ диэн билэр. Арааһа, кирэдьииттэрин төлүүллэр быһыылаах. «Эбиитин эмэһэҕэ тэп» диэбит курдук, киһим устунан төрүт да үлэлээбэт буолбута. Киэһэ хаҥарыыта ханна эрэ барар, сарсыардатын кэлбит буолар. Аһылык бэлэмнэһиэ дуу, иһит сууйуо дуу? Суох. Ол тухары аҕыйах киһилээх улуус киинигэр тугу гынарын
билбэтим. Мин икки кыыһы дьыссаатынан, оскуоланан соһон, үлэлээн, ас-үөл атыылаһан, тылбын былас быраҕан сүүрэ сылдьар кэммэр оҕус саҕа улахан киһи тиэрэ таһыллан сытара кыһыылаах баҕайы. Дьэ, кыргыттаар, ааспыт эрэ күһүн араҕыстым. Букатыннаахтык, төннүбэттик! Миэхэ «оҕолоруҥ тустарыгар олоруоҥ этэ», «өссө да кэргэн тахсыаҥ» диэн тыллары саараама этимэҥ. Кэргэннии олоҕу үчүгэй эбит дии санаабатым. Мин эмиэ дьоммор мааны оҕо этим. Бу кэм устатыгар майгым-сигилим наһаа уларыйда, «тимир» дьахтар буоллум. Хаһан дьиэлэнэрим-уоттанарым өссө да биллибэт. Дьонум ипотекаҕа киирэн, дьиэ ылан биэрээри гыммыттарын – буолумматым. Сотору бэйэм тугу эмэ толкуйдуом. Үлэлиэхпин эрэ наада, – Кристинка бэйэтин кэпсээниттэн бэйэтэ өрө тыынан ылла. Санаатын тоҕо тэбээн, чэпчээбит курдук көрүҥнэннэ. Алена «Кирэдьииттэн сылтаан олох айгырыыра диэн абаккалаах. Мин эмиэ биир үксүн онтон араҕыстаҕым эбээт. Кэргэммин билигин даҕаны саныыбын. Сатаан төннөрбөппүттэн, уруккулуу буолбатыттан санаарҕыыбын», – диэн Алена сыҥаах баттанан олорон ырааҕы көрөр. «Ол кирэдьиити иккиэн хайдах да кыайар кыаххыт суоҕа дуо?» – Сахаайа чэй кутар бириэмэтигэр ыйыталаһар. – Мин көрдөхпүнэ, хаһан даҕаны бүппэт, ситэн төлөммөт кирэдьиит. Өссө холбоһуохпут иннинэ «Кирэдьииккэ төлөпүөн ылан биэрэбин дуо?», «Кирэдьиит ылан соҕуруу баран кэлиэххэ» диэн тыллаһар буолара. Дьиэбитин бииргэ туттан саҕалаабыппыт. Арай киһим сыаналаах баҕайы үстүрүмүөннэри, матырыйааллары таһан барда. «Хантан, хайдах ыллыҥ?» диэн ыйыталаһабын. «Кирэдьииккэ», «Маҕаһыынтан иэс» диир. «Оттон хайдах төлөһөбүт?» диибин буоллаҕа. Ону саараама саҥардыбат: «Тутууга ылсыам. Төлөһөн иһиэм», – диир. Ол курдук ол үстүрүмүөннэр туох да харчытын аҕалбакка, дьэбиннирэ сыспыттара. Ити эн этэриҥ курдук, бастакы эрэ кэмнэргэ хамнаһын аҕалбыта. Онтон төрүт мэлийбитэ. «Кирэдьииппин төлүүбүн» диэн иҥиэттэр буолбута. Салгыы кинини мин иитэн олорбутум. «Бачча сааскар диэри кэргэн тахсыбакка сылдьан баран, булан-булан түбэспит киһиҥ баар», – диэн ийэм хомуруйара. Сотору бааннартан төлөпүөннүүр буолбуттара. Бэйэтиттэн төһө сууманы хайа баантан ылбытын сурастахпына, «кыра», «сотору бүтэрэбин» диэн иһэр. Онтон бэйэм ыйыталаһан билбитим – уопсайа балтараа (!) мөлүйүөнү иэс ылбыт. Ити кыра кэпэрэтииптэр баара эрэ уонтан тахса тыһыынча хамнастаах маҕаһыын үлэһитигэр 100-200 тыһыынчаҕа тиийэр харчыны хайдах кирэдьииккэ биэрэн олорбуттарын сатаан санаабаппын. Ыксаллаах түгэҥҥэ киһи суорҕаны бэйэтигэр саба тардынар эбит. Кини бастакы кэргэниттэн сокуонунан арахса илик буолан, саахсалана илик этибит. Онон даҕаны кини кирэдьиитин төлүүр эбээһинэһим суох. Итэҕэллээх киһитигэр мин ааппын суруйбут. Онно бэйэм илии баттаабатах буоламмын эрэ, хабалаттан быыһанным. Оҕо үөскээбэтэҕэ. Ол да иһин арахсыбытым. Сотору дьиэбин атыылыам уонна куорат эргин дьиэ ыларга турунуом. Кэбис, кинини кытта уһун уоту оттубаппын. Киһи ырааҕы-киэҥи санаан, көмөҕө, өйөбүлгэ наадыйан ыал буолар буоллаҕа. Бэйэм да кыра хамнастаах киһи эрдэнэр туһуттан бүтүн киһини иитэр кыаҕым суох эбит. Билиҥҥитэ кэргэн тахсар туһунан олох толкуйдаабаппын. Наһаа куттанабын. Кими эрэ иитиэм, ким эрэ кирэдьиитин төлүөм
кэриэтин аҥаардас сылдьарбар тиийэбин. Хата, оҕоломмут киһи диэн баҕалаахпын. Сахаайа Сахаайа соторутааҕыта эрэ таас дьиэлэммитэ. «Хрущевкаҕа» да буоллар, биир хостоох дьиэни ылан, киһи билбэт гына үчүгэйдик өрөмүөннэппит. Кини уонугар чугаһаабыт үчүгэйкээн уоллаах. Кэргэннээх эрдэҕинэ «Ильменская» диэн уулуссаҕа чааһынай дьиэҕэ олорбуттара. Оччолорго Сахаайа билиҥҥитин курдук буолбатах этэ. Наар киһититтэн санааргыырын этэрэ. Билигин үчүгэй кырыйыылаах бүрүчүөскэ, оҥоһуу кыламан, тыҥырах кинини мааны көрүҥнүүр. Уоскуйбута, оннун-олоҕун булуммута сирэйиттэн-хараҕыттан көстөр. – Кирэдьииттэрин сатаан төлөөбөккө, хабалаҕа ылларан, синнэригэр түспүт дьон элбээбит. Оннук дьон албын буолар эбит. Биир дьүөгэм 50 тыһыынчаны иэс ылан баран, иккис сылын кэтэһиннэрэ сылдьар. Ол харчы суолтата да сүттэ. Биһиги аҕабыт кирэдьииккэ киирбэтэҕэ. Мин ааппынан ылар этибит. Дьэ, ол оннугар баайы баҕас ыһар киһи этэ. Таксыылаатын диэн, иккитэ төхтүрүйэн массыына ылыммыппыт. Бастакытын эрэ балачча сүүрдүбүтэ. Онтон үлтү көтүппүтэ. Иккиһин ый да буолбакка, эмиэ итирик туруктаах уруулга олорон, суолтан үҥкүрүппүтэ. Массыына сүүрэр эрдэҕинэ, кирэдьииппин холкутук төлүүрүм. Билигин даҕаны иккис кирэдьииппин бүтэрэ иликпин. Биһиги хайдахпыт эрэ дуу, эр дьон уларыйбыттар дуу? Истэрим тухары дьахтар моонньугар олорор эбэтэр дьахтар тугу диэбитинэн сылдьар эр киһи наһаа элбэх. Биир билэр киһим өрүү этээччи: «Дьахталлар ииппит эр дьоннорун көлүөнэтин кэмэ», – диэн. Онто суох дьыссаакка иитээччилэр – дьахталлар, оскуолаҕа учууталлар – дьахталлар. Оттон аҥаардас ийэ ахсаана күннэтэ элбии турар. Биир бэйэм уолбуттан куттанабын. Туох эр киһилии үлэҕэ үөрэтиэхпиний? Аҕабыт бастакы омунугар өрөбүл аайы уолун ылар этэ. Кэлин олох даҕаны сүттэ. «Кирэдьиити төлөс, элимиэн көрдүөм суоҕа», – диэн элэ-была тылбын этэ сатаабытым. Соторутааҕыта эрэ истибитим – саастаах огдообо дьахтарга тиийэн олорор үһү. «Эдэр киһини кытта булсан, эдэрбэр түстүм», – диир үһү ол барахсан... Соҕотохсуйбут киһиэхэ доруобай, эдэр эр киһи аттыгар баар буолбута туһугар үөрүү, дьол буоллаҕа. Ол эрээри киниттэн туох да туһа кэлбэтин биллэҕинэ, хайыыра буолла?.. Дьахтар эр киһини уларытар ааттаах. Баҕар, саастаах дьахтар үүннээн-тэһииннээн, аҕабыт суолун булунуо. Кыргыттар кыһыл арыгылаах бакаалларын көтөхтүлэр. Устудьуон сылларыттан бэйэ-бэйэлэригэр тапталы, дьолу баҕарсан аҕай биэрдэхтэрэ. Бүгүн дьоллоро диэн үлэлэрэ уонна Кристинкалаах Сахаайаҕа оҕолоро буолаллар. Бачча эдэр сааска тапталтан кэлэйэн, олох-дьаһах ыарахаттарыттан аҥаардас хаалар дьылҕаламмыттара хомолтолоох да баҕайы... Бу олорон ырытыһан көрдөхтөрүнэ, хайалара даҕаны ыал буолар санаата суох. Оттон маннык дьылҕалаах төһөлөөх элбэх дьахтар халтай хаамарый? Киэһэтин куорат сынньанар сирдэригэр хас кэрэ аҥаар «баҕар» диэн туох эрэ саҥаҕа, дьолго баҕаран тахсара буолуой? Эр дьон ахсаан өттүнэн аҕыйаҕын үрдүнэн аны кирэдьиит хабалата төһөлөөх элбэх ыалы хаарыйбыта, дьоллорун атахтаабыта буолуой?! Оо, олох, олох! Чахчы, уустуккун даҕаны! УЙААРА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан