Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олоҕум устуоруйата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олоҕум устуоруйата
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
11.04.2019 17:36
Билигин кэлэн 6-7 сыллааҕыны санаатахпына, хайдах эрэ кыбыстыах санаам кэлэр: “Ама, ол мин этэ дуо?” – диэн. Үнүр устудьуоннуу сылдьан суруммут лиэксийэлээх тэтэрээппин көрдүү диэн болкуоҥҥа тахсан баран, эргэ-урба кумааҕылары хасыһа олорон, “хара болокунуоппун” булан ыллым. Хара буолуо дуо, кугас өҥнөөх эрээри, хара дэнэрэ. Хайдах быраҕыллыбакка хаалбыта эбитэ буолла? Бастакы лииһин арыйа баттыыбын: “Бу “Хара болокунуоту” Шоу бас билэр. Маннык болокунуот өссө үс киһиэхэ баар: Баскига, Майклга, Красавчикка”. Иккис лииһин арыйан көрөбүн: “Мин, Шоу, убай-быраат кэриэтэ саныыр доҕотторум Баски, Майкл уонна Красавчик иннигэр сөһүргэстээн олорон хааннаах андаҕар тылбын этэбин. Доҕотторбун кытта ууга-уокка түһэрбин кэрэйиэм суоҕа. Доҕорум туһугар үрүҥү көрөн туран хара диэҕим... (салгыыта илийэн хаалан, чэрэниилэтэ тарҕанан көстүбэт буолбут) ...сылдьыбыт сырыыларбытын сыыска түһэрбэккэ, кэлин ахта-саныы сылдьар курдук бу “Хара болокунуокка” суруйан иһиэхпит”. Уонна аллараа өттүгэр хааннаах эрбэхпинэн илии баттаабыппын. “Хара болокунуот” устуоруйатыттан 2005 сыл 2005 сыллаахха, көр-күлүү курдук эттэххэ, “эдэрбин”, “бааһынайбын”. Орто оскуоланы түөркэ-биэскэ бүтэрэн абитуралыы киирбитим. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри УЛК-ҕа тиэстэбин. Биир сырыыга – бэлэмнэнэ, биир сырыыга – эксээмэҥҥэ. Элбэх киһини көрбөтөх, киэҥ-куоҥ сиргэ сылдьыбатах киһиэхэ барыта сонун. Оннук сылдьан уолаттарбын – доҕотторбун – кытта билсибитим. Баски уонна Майкл эмиэ бэйэм курдук тыа уолаттара, сирдьиппит, өрүөлбүт Красавчик – куорат. Уолаттары кытта билсээт да тута бодоруспутум. Онтон ыла куорат барахсан көрдөөх-нардаах, мүччүргэннээх олоҕо саҕаламмыта. Бастакы бэлиэтээһиннэр. "Фиеста" Билигин “Фиеста” диэн тылы иһиттэхпинэ, хайдах эрэ сонньуйабын, кыбыстабын, эмиэ да таах сибиэ эбит диэн кэмсинэбин. Дьэ, “Фиеста” диэн баара ээ, чымаан дойду. Онно холоотоххо, “Стелс”, “Бочка” билиҥҥи “Дракон” эҥин диэхтээн... Ханна да баппатах, сиирдэрин сиэбит, аһыылларын аһаабыт, турар киһини тыыннаахтыы мэҥиэстиэх эр бэртэрэ манна мусталлар этэ (биһиги иннибитинэ, 2000 сылларга, өссө дьулаан эбитэ үһү). Күһүн бөтөстөр бары үтүктүспүт курдук ньиэрпэ киэпкэлээх, дыраап, эбэтэр тирии плащтаах буолаллара. Кыһын кэллэҕинэ, онтуларын кылгас түүлээх нуорка бэргэһэҕэ, уһун, хара өҥнөөх пуховикка эбэтэр муодаттан тахсан эрэр тирии соҥҥо уларыталлара. Кинилэр саҕа “өҥнөөх” киһи суоҕун курдук туттан-хаптан, танц-полу уҥа-хаҥас хаамыталыыллара, була сатыы-сатыы, кими эмэ “тобуктатаары” сылтах көрдүүллэрэ. Кыргыттар да хаалсыбат буолаллара. Туника, лосина-леггинс кэтэ-кэтэ чыппарыҥнаһаллара. Ол аайы уолаттар харахтара тахсан бараары хаайара. Барахсаттар, ону бэлиэтии көрбөт буолуохтара дуо?! Баар балаһыанньаны бэркэ туһаналлара. Биһиги төрдүө буолан ити кэпсээбит “омоллоонум олоҕуттан” матымаары, сотору-сотору “Фиестаҕа” туусалыыр буолбуппут. Бастаан утаа тыа уолаттара “Ап-салбаныкы айаҕар” түһэн баран, акаа-макаа курдук буолан хаалбыппыт. Мулук-халык туттуу эҥин элбэҕэ. Хата, Красавчик баар буолан, хайдах сылдьарга түргэнник үөрэнэн, тута “олохтоох” уолаттары кытта билсэн, аны туран, бэйэбитин син кыанар буолан, сотору ол эйгэҕэ бэйэ дьон буола түспүппүт. Дьүһүммүтүнэн, тутта-хапта да сылдьарбытынан кыыс аймахха сирдэрбэт этибит. Кэрэ (соччо кэрэтэ суохтара
эбитэ дуу?) аҥаардары былдьаһан, таһырдьа тахсан сирэйбитин таһыйсар этибит. Оторой-моторой соҕустарын кулгаахтарын тыаһатарбыт. Билбэккэ, куорат улахан “убайдарыгар” киирэн биэрэн “олох оскуолатыгар” үөрэнэрбит эмиэ баара. Тоҕо эбитэ буолла, бу “Хара болокунуоппутугар” хас биирдии уол бэйэтин устуоруйатын суруйар этэ. Хаһан кимниин охсуспуппутун, кимниин билсибиппитин, ханнык кыыстыын сылдьыбыппытын уо.д.а. Уопсайынан, судургутук эттэххэ, түүҥҥү олохпут сиэркилэтэ, диниэбинньигэ этэ. Сүрэхтэнии Арай биир субуотаҕа тиийэн Араш “Боро-боро” ырыатыгар (оччолорго хит) “саайа” сырыттахпытына, Майклбыт ыҥыртаан ылла. Тиийбиппит, киһибит үс кырасаабыссаны кытта билсэ охсубут. Биһиги эмиэ билистибит. Кыргыттар Лиза, Шура уонна Марианна диэннэр эбит. Аны туран, Лиза куорат таһыгар кураанах турар дьиэлээх буолла, онно бардыбыт. Баски кылааһынньыгын көрсөн хаалла. Баран иһэн маҕаһыыҥҥа сылдьан “отоваркаланныбыт” (үөрэхпит кэнниттэн Красавчик убайын чааһынай тэрилтэтигэр куруусчуттуур эҥин буолан, наар харчылаах буоларбыт). Дьиэбит диэн икки этээстээх коттеджтыҥы тииптээх дьиэ эбит. Дьиэҕэ киирээт, мусукаалынай сыантыры тоҕо тардан кэбистибит. Көр-күлүү, үөрүү-көтүү, кырдьык-сымыйа аҥаардаах кэпсээн бөҕө саҕаланна. Ыкса билсиһэн бардыбыт. Бииртэн-биир чаас солбуһан ааһан истэ. Сотору буолан баран кыргыттарбыт туалекка бардыбыт диэн, бары субуруһан тахсан бардылар. Онтон утаакы буолбакка, киирэн баран уолаттарбын сиэтэн, хосторунан тарҕаһан хааллылар. Саалга Марианналыын икки буолан хааллыбыт. Кыыһым туттара-хаптара, эчи, имигэһин, быһыы-таһаа да мааны, сирэй-харах да кырасыабай. Кырдьыга эбитэ дуу, грузин аҥаардаах бааһынайбын диэбитэ. Дьэ, саҕаланна ээ, уохтаах уураһыы. Оскуолаҕа сылдьан уураһыы диэн баар үһү дуо, ол диэхтээн... Син сатыырым эбитэ дуу, хайдаҕа дуу, иккиэн ис испититтэн умайа түстүбүт. Ол олордохпуна кыыс илиитэ үөрүйэх баҕайытык(!) онон-манан сүүрэлээтэ. Мин тыыным хаайтарыахча буолла. Онтон Марианна: “Ну, че, красавчик, в первый раз что-ли?” – диэн имэҥнээхтик тыынарын быыһыгар ыйытар. Мин хайдах эрэ кыбыстан хаалан баран: “Суох”, – эҥин диэн албыннаан көрдүм даҕаны итэҕэппэтим быһыылаах. Кыыһым кыратык мүчүк гынан баран: “Ничего. Это даже хорошо. Үөрэтиллиэ”, – диэн баран түһүнэн кэбистэ. Ити кэнниттэн уонча мүнүүтэ уурастыбыт быһыылаах. Кэнникинэн симмэр түһэн, илиим барар-кэлэр сирэ элбээтэ: сотору-сотору сииктээх сири булан тахсар буолла. Ол аайы кыыһым өрүтэ уһуутуур, моонньум, кулгааҕым эминньэҕин ытырбахтыыр, сүр иҥсэлээхтик өрүтэ тыыммахтыыр, өрүтэ уһуутуур. Ууруур да сирим уларыйда, Марианна “итинэн”, “манан” диирэ элбээтэ. Тиритиэхпитинэн-тириттибит, илийиэхпитинэн-илийдибит. Онтон кыыһым түргэн-түргэнник тыынарын быыһыгар миигин туох эрэ диэн хайҕаан үлүгүнэйдэ уонна аны “муоһаны” бэйэтэ тутта. Ууруур сирэ эмиэ уларыйда, илии сүүрэлиирэ эмиэ элбээтэ. Мин да, кини да сүрэҕим тэбиитэ түргэтээн, улаатан барда, имэҥ-дьалыҥ тохтон барыахтыы дьалкыйда. Онтон өйдөнүөх да бокуой биэрбэккэ ис таҥаспын ньылбы тардан ылла да үрдүбэр биирдэ баар буола түстэ. Умса түһэн сылаас инчэҕэй уоһун мин уоспар даҕайда. Түгэни мүччү туппакка Марианнабын кууһан ылан баран, аны кини үрдүгэр мин баар буола түстүм. Саҕаланна... Төһө өр өрүтэ булумахтаммыппыт буолла. Кэмниэ
кэнэҕэс сэниэбит эстэрин саҕана хаһан да билбэтэх дьикти сүүрээним эппин барытын кычыгылатан, сылааһынан кууһан ханна эрэ таһырдьа тахсан куоппута, кыыһым ынчык быыһынан хоһооно иһиллибэттик туох эрэ диэн ботугураан эрэрэ, онтон мин эт-тириим тэнийэн, сүһүөҕүм ууллан хараҥаҕа сүппүтүм. Ити курдук сүрэхтэниим ааспыта. "Зверь" “Сүрэхтээбит” Марианна миигин “Зверь” диэн ааттаабыт этэ. Бастаан утаа кыргыттар тугу эрэ ботугураһа-ботугураһа “Зверь” эҥин дииллэрин иһиттэхпинэ, кыбыстан, мулук-халык туттарым. Кэлин, “сырыыны” син сылдьан баран (иккис хаһыс куурус саҕана), уолу эрэ барытын итинник ааттаабаттарын билэн баран, ааппынан син туһанар буолбутум. Уолаттар сорох ардыгар кырасаабыссалар барыта наар эйиэхэ түбэһэллэр диэн күнүүлүү саныыллар этэ даҕаны кэлин тохтообуттара. Инньэ гынан улахан ситиһиилээҕим. Тоҕо эбитэ буолла, төһө да ити курдук түүннэри сырыттарбыт, биһигиттэн биир да уол иккилэммэт-үстэммэт этэ. Холобур, Майкл наар биэскэ үөрэнэрэ (“кыһылынан” бүтэрбитэ), биһиги – түөркэ. Онон истипиэндьийэбит быстыбатаҕа. Уонна сол даҕаны Красавчик убайыгар холтууралыыр буолан, этэргэ дылы, “всегда при деньгах” буоларбыт. “Дьиэбит” – “Фиеста” сабыллыбыта. Биһиги “Дракоҥ-ҥа” көспүппүт. Тыый, саҥа кулууп биһиги “Фиестабытыгар” холоотоххо, дыбарыас буоллаҕа дии. Барыта баара. Өр-өтөр буолбатаҕа, “пропискаламмыппыт”. Ардыгар тиийэн көннөрү олорор, үҥкүүлүүр этибит, ардыгар “аналбытын көрдүүрбүт”, ардыгар “иэстээхтэри” тутарбыт. Биир оннук киэһэ икки кыыһы кытта ыкса билсэн Красавчиктыын түүн хойукка диэри үҥкүүлээтибит. Үс чаас саҕана сүбэлэһэн баран кыргыттар олорор уопсайдарыгар тиийдибит. Кыргыттарбыт ааны тоҥсуйан киирдилэр. Биһиги болкуоҥҥа ытынныбыт. Хата, бастакы этээс болкуонун түннүгэ аһаҕас турар буолан, туох да кыһалҕата суох киирдибит. Кыргыттарбыт кэтэһэн тураллар эбит. Олорор отсектарыгар тиийэн иһэн Красавчик Юлятыныын куукунаҕа аараатылар. Биһиги хоско киирэн, хатанан кэбистибит. Киирэн уоту көрдөөн хараҥа хоско харбыалаһан истэхпинэ, кыыһым кэллэ да сыста түстэ. Мин даҕаны “Зверь” диэн ааттаах этим ээ. Тутуһуу саҕаланна. Ис-тас таҥас онно манна көттө, адьас илэ “ньиэмэс киинэтэ” саҕаланна... 2012 сыл “Хара болокунуоппун” ааҕан иһэн “лып” гына сабан кэбистим. Түөрт сыл иһигэр бу кыра болокунуокка элбэх да суруллубут. Ити, үөһэ аахпытым диэн, икки-үс эрэ бэлиэтээһин. Кэбис, хайдах эрэ киһи кыбыстар: “Ама, ити мин этэ дуо?” – диэн. Ол гынан баран буолар буолбутун кэнниттэн хайыаҥый? Билигин ити олоҕу хатылаамыахха эрэ наада. Оттон мин билэбин: мин ону ончу хатылыам суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, мин билигин сырдык, дьиҥнээх таптал уонна таптыыр киһим туһугар олоробун. Итинник сылдьан кэлэн баран, ханнык сирэйбинэн таптыыр, миигин эрэнэр, итэҕэйэр кэргэммин утары көрүөхпүнүй, уҥа-таала кинини таптыахпыный?! Кэбии-ис. Сиэппиттэн зажигалка таһааран болокунуокка даҕайабын: “Аны хатыламматын уонна эргийбэтин”. Уолаттарым-доҕотторум, хата, миигин өйүүллэр. Кинилэр эмиэ ыаллар, номнуо күнү-ыйы таһаарар кырачаан дьонноохтор. Оттон мин тоҕус ый ааһарын күүтэбин..
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан