Кэпсээ
Войти Регистрация

Ама, умнуоҥ дуо?

Главная / Кэпсээн арааһа / Ама, умнуоҥ дуо?

K
05.04.2019 16:44
Бобуулаах - күндү быһыылаах Дьон кистээн тапта-һыыта көссүүлэһии диэн билэбит. Ол – үчүгэй олохтон буолбатах. Маныаха араас санаа баар. Ким эрэ сиилиир, ким эрэ сөбүлээн «олох – биир көстүүтэ, хайыыр да кыаҕыҥ суох» диир. Быһата, көссүүлэһии хайаан да сэттээх-сэмэлээх диэн буолар. Сорох судаарыстыбаҕа, бэл, сууттаан өлөрөргө тиийэ бириигэбэрдииллэр үһү. Онон, туох да диэбит иһин, көссүүлэһии – аньыыны оҥостуу. Оттон бобуулаах барыта күндүтүйэн көстөрө чахчы. Оччотугар онтуҥ ордук умсугутуулаах, ыра санаа ымыыта үөскээтэҕэ ол. Онтон ордук минньигэс, ама, туох баар үһүө бу Орто дойдуга?! Ити аҥаардас тапталга эрэ сыһыаннаах буолбатах. Аҕыс уонус сыллар ортолоругар дойдуга «сухуой сокуон» олохтоно сылдьыбытын саастаах дьон бэркэ билэллэр. Саха сиригэр бүтүн бөһүөлэгинэн «арыгыттан аккаастанабыт» диэн ыҥырыы таһаараллара. Кырдьык, ол сороххо туһалаабыта чахчы, оттон ол ыра санаа – чөл олоххо тиийии – кыаллыбатаҕа. Хайа да нэһилиэккэ «туочука» толору этэ. Билигин даҕаны. Ол саҕана да этэллэрэ «үрдүкү салалта наркомания тэнийэригэр бэртээхэй усулуобуйаны тэрийдэ» диэн. Өстүөкүлэ ыраастыыр, таҥас элэктэриичэстибэтин сүтэрэр «Лана» диэн убаҕастары, килиэй арааһын, о.д.а. химияны иһии дэлэйбитэ. Одьукулуон, быраага туһунан этэ да барыллыбат. Арыгы адьас валюта буолбута. Куоракка таксыыһыт омуктар кистии-саба атыылаан сытыйа байбыттара. Оннооҕор Уһук Хоту нэһилиэктэригэр хаһан да үктэммэтэх хара бараан дьон хастыы эмэ массыынанан кэлэн дьааһыгынан атыылыыллара. Маннык дойду баар үһү диэн, кый ыраах дойдуттан билэн-истэн кэлэллэрэ биир туспа сөҕүмэр. Дьэ, эргиэмсик бэрдэ этилэр, били, муннугар сыттаах диэбиккэ дылы. Ити гынан баран олохтоох салалтаттан көҥүл суруктаах тиийдэххэ, арыгы төһө наада буоларынан ылар быраап баара. Өлбүттээх да, сыбаайбалаах да ханна барыай. Онон хоруупсуйа ол саҕана «чэчирии» сайдыбыта. Көссүүлэһии – быстах таптал. Сорох киһи өйдүүрүнэн, «таҕылы таһаарыы». Ону нууччалар «случайная любовь» диэн сиилиир-сэтэриир сиэринэн этээччилэр. «Итинник «тапталтан» араас сыстыганнаах ыарыыга хаптарыахха, салгыы дьону сутуйуохха сөп» диэн, эмчиттэр сэрэтии бөҕөтө. Кырдьыга да оннук. Түүҥҥү кулуупка билсэ охсон баран хоонньоһуу сэрэхтээх буолбакка. Холуочук-илиэчик сылдьан (күн өйдөөх да буол) таптаспытыҥ ыарыы буолан «сиэллэнэн-кутуруктанан» бардаҕына, олоҕуҥ огдолуйара чахчы. Сорох эдэр дьон хас дьахтары кытта хоонньоспуттарын спорт хайа эрэ көрүҥэр, чахчы, үрдүк ситиһиилэммиттэрин курдук, өҥнөн туран кэпсээччилэр. Киһи итэҕэйиэ да суоҕун үлүннэрэн-балыннаран бардахтарына, «тугун сүрэй, аата, сүөһү курдук» дии саныаххар диэри. Манныктан кэлэйэҕин, чугаһыах санааҥ кэлбэт. Кинилэр обургулар билиҥҥитэ сүүсчэкэ эрэ кыыһы кытта утуйан турбуттар, онон ахсааннара быдан аҕыйах үһү! Биир эр бэрдэ утуйан турбут хас биирдии кыыһын туруусугун сыаналаах эспэнээт курдук аатын суруйан баран, сыа-сым курдук тутан, дьылыччы уурунан иһэр сурахтаах. Кэллиэксийэһит бэрдэ диэн кини эбит! * * * Боруок Борокуоппайабыс син сааһырбалаата. Ол эрээри билигин даҕаны балай эмэ тэтиэнэх курдук сананар. Бэйэтэ этэринэн, кини бараллаата дьахталлар олус кырдьаҕас үһүлэр.
Ким билиэй, баҕар, онтуларыҥ эмиэ бэйэтин курдук санаалаахтара буолуо, хата, кимнээҕэр да сирэн-талан ырааппыт хотуускалар сылдьаллар ини. «Кырдьыбыккын» дииллэрин саҕа кыбыстыылаах, сэнэбиллээх тыл, ама, ким сүрэҕин хаарыйбатах үһүө?! Ким да кырдьыан баҕарбат. Ол эрээри, били, «сүрэх баҕатын сүһүөх уйбат» диэбиккэ дылы, оннук кэм тохтоло суох сундулуйан иһэр. Эмээхсинэ киниттэн үс сыл аҕа буолан, «хагдарыйбыт сэбирдэх» ахсааныгар киирбитэ хас эмэ сыл буолла. Биир ороҥҥо утуйбатахтара да ыраатта. Туспа сытар туһунан маҥнай Ааныката тыл көтөхпүтэ. Хата, онтон ыла оҕонньор сытан эрэ элбэҕи эргитэ саныыр идэлэннэ. Көр, кини даҕаны син элбэх дьахтары кытары сылдьыспыт эбит ээ. Ити гынан баран сорохторун төрүт умнуталаан кэбиспит. Сорохторун ончу умнубат, күн бэҕэһээҥҥи курдук саныыр. Өссө ону ымпыгар-чымпыгар диэри өйдөөн кэллэҕинэ, этэ-сиинэ кытаатан, дьырылаан кэлэргэ дылы. Ити билигин сэттэ уонун лаппа ааспыт Глафира Тихоновнаны ылан көрүөх. Оо, оччолорго, дьэ, арылыччы көрөн түһэн, кырасыабай да дьахтар этэ эбээт! Ол кэрэ түүн... Боруок оччолорго отуччалааҕа, оччотугар Глафира түөрт уон биэс саастаах эбит. Кэргэниттэн арахсыбыт, кэтэхтэн үөрэнэр устудьуон сайын аайы таайын аахха – куорат кытыытынааҕы даачаҕа кэлэрэ. Уһук Хоту учууталлыыр буолан, сиэссийэтигэр кэлэригэр сүгэһэринэн анды, балык кэһиилэнэрэ. Дьокуускай дьоно үөрүү-көтүү бөҕөтө. Арай даачаҕа бадыбааллара суох буолан, таайа аах Черемисиннэр диэн дьиэ тастыы олорор ыалларыгар били кэһиилэрин уураллара. Оттон ол ыал хаһаайката Глафира Тихоновна Боруок преподавателэ этэ. Биирдэ таайын кытта алта андыны, биэс ээбиллэни тутан ыалларыгар тахсыбыттара. Дьиэлээх хотуҥҥа тоҥ балыгы кытта андылаах ээбиллэни туттарбыттарыгар үөрэн өлө сыспыта. Хоту дойду хоһууна Боруок хоодуот кустарын туппутунан бадыбаалга киирбитэ, таайа Глафираны кытта үөһээ хаалбыттара. Хаһаайка эрэ Черемисин Владислав (кэргэниттэн уонча сыл аҕа диэн таайа кэпсиирэ) Өлүөнэтээҕи борохуостубаҕа үлэлиир, онон сороҕор сайыны быһа хотунан-соҕуруунан устан тахсар эбит. Бу да сырыыга даачатыгар суох буолан биэрбитэ. Чороччу улааппыт икки уолун мотуруос гынан уһун айаныгар илдьэ барбыт. Боруок кустарын уурталаан баран, кирилиэһинэн тахсан иһэн хантайан көрбүтэ, Глафира Тихоновна адьас субу сандааран турар; кылгас чараас халаата сиккиэр тыалга арыллаҥныыр, ону кытта үүт маҥан буута «көрүүй миигин» диэбиттии, кылбаҥнаан ылар, үп-үрүҥ туруусугун сыыһа туртайар. Итинниги эрэ харахтыам диэбэтэх Боруок мах бэрдэрэн, көрбүтүн кубулуппакка туран, преподавателигэр түбэһэн хаалбыта. Симиттибитэ. Иккиэн да табыгаһа суох балаһыанньаҕа киирэн ылбыттарын таайа өйдөөн көрбөтөҕө... Даачаларын эмиэ да бэстээх, эмиэ да лиҥкир тииттээх, ол быыһыгар нарын хатыҥнаах сиргэ туттубуттара үчүгэй да этэ! Уһук Хоту бэс да, хатыҥ да суох сиригэр олорор буолан, Боруок олус сөбүлээбитэ. Ончу атын олохтоох-дьаһахтаах дьон эбиттэр бу – Дьокуускай дьоно! Үрэххэ киирэн, мотуордарын үлэлэтэн уу хачайдыыллар, дьэ уонна, солотуйа эрэ түстэллэр, тэпилииссэлэригэр мэскэйдэнии! Халлаан хараҥардаҕына (ордук атырдьах ыйыгар), Альберт Бүлүүйүскэй «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускайа»
илэ бэйэтинэн көстөн кэлэр. Оччоҕо сөрүүҥҥэ бэсиэдкэҕэ тиэрэ түһэн олорон, аргыый аҕай пиибэлээн сыыйыаххын сөп. Арамаантыка! Киэһээҥҥилэрин аһаан баран таайа аах тэлэбиисэргэ сонуну-нуомаһы көрөөрү оҥостубуттарыгар Боруок таһырдьа тахсан айылҕа дьикти салгынын тыына олорбута, устунан ураты иэйиигэ ылларбыта. Өйүттэн Глафира Тихоновна арахпатаҕа. Били, сиккиэр тыалга арыллаҥнаан көстөр буута... Боруок ити ымсыырдар-көҕүтэр имэҥнээх санаатын киэр кыйдыы сатаабыта. Төһөтүн да иһин, ытыктыыр учуутала эбээт! Бу, чахчы, үтүө санаалаах преподаватель этэ. Кэтэхтэн үөрэнэр устудьуон муҥнаах сочуот-эксээмэн бу ыган кэллэҕинэ, ыксыыр-бохсуур кэмэ ханна бараахтыай. Хата, ону билбит курдук (билиминэ, балай эмэ уһуннук үлэлээбит преподаватель!), учууталлара аудиторияттан «туох эрэ наадаҕа» тахсан хаалара. Дьэ, оччоҕо шпаргалкаҕа түһүнүү, үөмэс-аамас көрүү көрүдьүөһэ кэлэрэ. Онтон син балай эмэ буолан баран киирдэҕинэ, дьыала хайыы-үйэ быһаарыллыбыт буолара. Боруок, бастакытынан, ыс-таарыста, иккиһинэн, даачаҕа ыала киһи буолан, Глафира Тихоновнаҕа ис сүрэҕиттэн көмөлөһө сатыыра: эксээмэн күнүгэр устудьуоннары дьаһайан муорус, лимонад, сакалаат кэмпиэт, буулка аҕалтарара. Кырдьык, ити чааһыгар баҕас кэлэктиип бэрдэ дьон этилэр. Ол да иһин бырабааллаабыт устудьуон диэн Глафира Тихоновнаҕа төрүт суоҕа. Учууталлара таҥастыын-саптыын (эчи, кырасыабайа да бэрдэ!), саҥалыын-иҥэлиин адьас аанньал курдуга. Биир эмэ устудьуон кинини хобдох тылынан саҥарбытын Боруок өйдөөбөт. Ити курдук дьикти иэйиигэ ылларан олордоҕуна Черемисиннэр кэлииккэлэрэ аһыллар тыаһа иһилиннэ. Глафира илэ бэйэтинэн! – Үтүө киэһэнэн, Боруок. – Үтүө киэһэ, Глафира Тихоновна! – Хоту дойду хоһууна, бу туох буолан чуҥкуйдуҥ? – Ээ, тоҕо оннук буолуой, олус романтичнай дии маннык уу чуумпуга олорор. Үчүгэй да сиргэ олорор эбиккит. – Баһыыба, Боруок. Кырдьыга, мин эйиэхэ көрдөһүүлээх кэлбитим: розеткабын тиийэн көрбөккүн ээ, уот сырдыргыыр, – диэбитэ уонна идэтинэн арылыччы көрөн кэбиспитэ. Боруок хап-сабар бэсиэдкэтиттэн сулбу ойон турбута уонна Глафира Тихоновна кэнниттэн чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн, курбалдьыйан испитэ. Тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэлэрэ адьас хартыына галереятын курдуга: көмүс солотуулаах, улахан араамалаах ойуулар эркин аайы тураллара. Улуу худуоһунньуктар Тициан – 15-с, Аннибале Карраччи – 16-с, Амори-Дюваль 19-с үйэлэргэ сыгынньах Венераны ойуулаабыттара баара. Ити баар! Хас эмэ үйэ тухары сыгынньах дьахтары үҥэр таҥара оҥостуу холобура! Боруок итинтэн алааран, турбахтаан ылбыта, эмиэ сатамньыта суох түгэҥҥэ киирбитин өйдөөн, били, оҥоруохтаах розеткатыгар тиийбитэ. Хата, Глафира Тихоновна этибиэркэни, изолентаны – барытын бэлэмнээн кэбиспит эбит. Өр гымматаҕа, сулбу-салбы тутан көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүтэрбитэ. – Абыраатаххыан, улахан баһыыба, Боруок. Чэ, киирбиччэ, кыратык чэйдии түс, – диэн баран, хаһаайка аны куукунаҕа илпитэ. Остуолга балачча ас тардыллыбыт, өссө ханньаак култайан турара. – Чэ, Боруок, эн тускар бу үрүүмкэни көтөҕүөх. – Ээ суох, хата, эн тускар буоллун, Глафира Тихоновна. Үрүүмкэлэрин охсуһуннар-быттара, испиттэрэ. Боруок, төһө да истэр, тыла-өһө син биир тахсыбатаҕа; хайдах эрэ, итинник моруу буолан олордоҕуна, арай хаһаайка чугаһаан кэлэн ньилбэгэр олорунан
кэбиспитэ уонна моонньуттан кууһан олорон, уураан-сыллаан барбыта... – Манна киириэх, Боруок... – дьахтар туран аны утуйар хоһугар ыҥырбыта. Бу барыта кыл түгэнигэр этэ эрээри, соһуйбут Боруокка бүтүн үйэ буолан көстүбүтэ. «Хайдах буолабын? Хайыах баҕайыбыный? Ытыктыыр учууталым эбээт! Тоҕо итинник быһыыланарый? Хайыыбын?» Боруок гипнозка киирбит курдуга, Глафира Тихоновна этэрин туох да саҥата суох тук курдук толорооччу эрэ буолбута. Арай дьахтар (халаатын хаһан устубута буолла?!) тэрэгэр эмиийэ кини түөһүгэр сыстыбытыгар уонна нарын тарбаҕынан тыҥыаҕынан-тыҥаабыт «доҕорун» бүүс-бүтүннүү харбаан ылбытыгар, онтон илиитин өссө аллараа ыытан, ытыһынан уйан сирин имэрийэн ыла-ыла эмиэ үөһэ таһааран, бобута тутан барбытыгар дьиҥнээх эр хаана оонньообута, тугу барытын умнубута. Иккиэн даҕаны оннук турукка киирбит этилэр... * * * ... Дойдулаары сылдьан Глафира Тихоновнаҕа тахса сылдьыбыта. Бу сырыыга Боруок баҕарбытын курдук буолбатаҕа – таптаспатахтара. – Олоххо араас барыта буолааччы, Боруок. Эн эдэргин. Өссө да элбэҕи билиэҥ-көрүөҥ. Мин кэргэннээх, оҕолордоох дьахтарбын, ол эрээри итинниккэ тиийэн хааллым. Дьоллоох буол, Боруок! Бу содур быһыы үһү дуо? БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан