Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сөҕөн да хайыаҥ баарай...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сөҕөн да хайыаҥ баарай...
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
09.11.2023 14:13
Туох барыта уларыйа турар айылгылаах. Ону сорох «сайдыы» диир, кырдьаҕас өттө «кэхтии» диэнтэн атыннык саҥарбат. Оттон Киргиэлэй, сэттэ уонус сыллар «чолоҕордоро», икки саары ыккардынан сыаналыыр: чопчу маннык-итинник диэбэт. Ол «чолойо» сылдьыбыт кэмигэр, инньэ 60-с сыллар бүтүүлэригэр, 70-с сыллар бастакы аҥаардарыгар, букатын туспа көрүүлээҕэ. Кырдьаҕас дьон «дьэ, бу аныгы ыччаттар тугу да билиммэт, хоҥорууларыгар хоннорбот буолан эрэллэр, оттон биһиги кинилэр саастарыгар...» диэн, өрөөбүт уостарын өһүлэн, өрдөөҕүлэрин ыатаран бардахтарына, чыпчырынан эрэ кэбиһэрэ. «Олохтон ончу хаалбыт дьон» диэнтэн атыннык сыаналаабат этэ. Кулуупка Өктөөп дуу, Саҥа дьыл дуу бырааһынньыга тэрилиннэҕинэ, тибиистээн имиллэҥнээри, кырдьаҕастар хаһан оһуокайдаан бүтэн, дьиэлэригэр тарҕаһалларын кэтэһэр буолара. Дьэ, тибиис үҥкүү диэн баран, кыра кылаас быыкаа оҕотуттан отуччалаах ыччатыгар диэри саастаах барахсаттар «өлөөрү» хаайаллара. Бу арҕаа дойдулартан муода буолан тарҕаммыт үҥкүүнү, сокуон боппотор да, «буржуазнай үҥкүү» диэн, баартыйалаах биитэр сааһыра барбыт, атыннык эттэххэ, түспэтийбит дьон сүрдээҕин сиилииллэрэ. Оройуон хаһыатыгар хам-хаадьаа фельетон курдук кимнээх тибиистээн-имиллэҥнээн, ходьороҥ-идьэрэҥ тэбэн барбыттарын, бэл, ааттарын ыйан туран суруйаллара. Ол эрээри оччотооҕу киин хаһыаттарга бу үҥкүүнү кытаанахтык бобон кэбиһэр туһунан туох эмэ уураах, ыйыы-кэрдии ончу суоҕа. Онон тэтимнээх муусука тыаһаата да, эдэр өттө имиллэҥнээбитинэн барара. Киин куораттарга, ол иһигэр Дьокуускайга үөрэнэр устудьуоннар быраактыкаҕа кэллэхтэринэ, ити курдук арҕааҥҥылартан сүһэн ылбыт үҥкүүлэригэр, аныгылыы эттэххэ, дьиҥнээх «маастар-кылаас» ыыталлара. Дьэ, кыралыын-улаханныын кинилэри көрүү-истии буолара. Кыыс-уол сыһыана да биллэрдик уларыйбыта: киинэҕэ, биэчэргэ, онтон да атын араас тэрээһиҥҥэ урукку курдук саһа-кирийэ сатаабакка, сиэттиспитинэн биитэр бодуруускалаһан сылдьар буолбуттара. Ол эмиэ кырдьаҕастар харахтарын далыгар киирэн, араас хобугунаһыы дэлэйбитэ да, онно ким эмэ кымаардаан көрбүтэ иһиллибэт быһыылааҕа. Хата, сорох оскуолаҕа кимнээх эрэ күөл уҥуор биитэр тыа саҕатыгар сибидээнньэлэспиттэрэ биллэн, педсэбиэккэ дьүүллэнэр түбэлтэлэрэ баара. Үрдүкү кылааска үөрэнэр хайа эрэ кыыс диниэбинньигэр «уол оҕолоннохпуна – Барыыс, кыыстаннахпына, Уйгулаана диэн ааттыам» диэн суруйбутун учууталлар булан ылан, эмиэ педсэбиэккэ дьүүллээн, кытаанах быыгабар биэрбиттэрин Киргиэлэй өйдүүр. Онно биир учуутал: «Онус кылааһы бүтэрээри сылдьар хомсомуол эрээри, баайга-дуолга ымсыыран оҕолорун – Барыыс уонна уйгу-быйаҥ олоххо (буржуйдуу сыһыан буолбакка тугуй?!) талаһан Уйгулаана диэн аат биэриэхтээх үһү. Бу – хомуньууһуму тутааччы сиэрэ үһү дуо?!» – диэн сирэй-харах аспыт. Оччолорго оскуоланы сүүрбэлэрин ааспыт ыччаттар бүтэрэллэрэ сонун буолбатах этэ. Онон сороҕор ситии-хотуу ачыстаатын таһынан эрдии-ойохтуу буолар туһунан сибидиэтэлистибэни ылар түбэлтэлэрэ эмиэ баара. Киргиэлэй арыый алын кылааска үөрэнэ сылдьан кэргэннии курдук сыһыаннаах хас да паараны билэрэ. Бэл, онуска үөрэнэр хап-хара харахтаах биир кыыска тапталыгар билинэн, биир киэһэни быһа дьылыйан олорон, сурук суруйан бооччойбуттаах. Онто, хата, күлүү-элэк гыммакка биитэр көрөн турдаҕына хайыта тыытан сирэйгэ бырахпакка, тоҕоостоох кэми булан «мэ, тоойум, манныгы арыый бэйэҥ тэҥнээххэр суруйаар» диэн баран, илиитигэр туттаран кэбиспитэ. Кирииһэ
боторооску бу томтоҕор түөстээх, толору эттээх-сииннээх кыыһы сөбүлүү саныыра уонна табаарыстара «атын нэһилиэктэн сылдьар тустуук уоллаах, чугаһыы да сорунума» диэбиттэрин төрүт итэҕэйбэт этэ. Түһээн кытта көрөрө, оннооҕор биирдэ түүлүгэр хоонньоспуттаах... Сыгынньах кыыс диэни төрүт харахтыы илик буолан, ол хаарыаннаах түүлүгэр ымсыырбытын-баҕарбытын курдук, тугун да быһааран көрбөтөҕө, өссө ыксалаһыахча буолан иһэн, хомолтолоох баҕайытык уһуктан кэлбитэ. Кыыһа оскуоланы бүтэрдэҕин сол сылыгар били тустуук уолун кытта ыал буолбуттара. Сыбаайбаларыгар Кирииһэ ийэлээх аҕата сылдьан, бэркэ астынан кэлбиттэрэ. Бэйэтэ «урууларын остуолугар ыҥырбыттара да буоллар, барыам суох этэ» диэн, уол санаатын алы гыммыта. Аан маҥнай кыыһы сөбүлүү көрбүтэ ити курдук курустук түмүктэммитэ. * * * Киргиэлэй бүгүн киҥэ-наара алдьанарыттан орпото. Үлэтиттэн дьиэтигэр кэлээри өрүү сылдьар оптуобуһугар киирбитэ – олорор миэстэ суох. Таһыттан көрдөххө, оптуобуска киһи аҕыйах курдуга эрээри, иһигэр киирдэххэ, мэлигир эбит. Кыһыыта диэн, миэстэни барытын кэриэтэ үксэ эдэр дьон ылан олорор. Илги-талгы тутуура суоҕа буоллар, туран да айанныах этэ: син оччо сылдьымахтаатаҕа. Хата, түннүк ыксатыгар олорор биир кыыс, түһүөхтээх тохтобула кэлбит быһыылаах: туран тахсар аан диэки барбытыгар Киргиэлэй «һуу» диэн өрө тыынаат, олоҕун булунан уоскуйда. Онтон чочумча буолаат, сэргэстэһэ олорор киһитин соһуйа көрдө: төбөтүн оройугар чараас сүүмэх баттаҕын эрэһиинэнэн хороччу туттарбыта соҕуруу дойду пальматын курдук сарайар, атына барыта кылбаччы бириэйдэммит. Бүрэ дьүһүннээх бу хатыҥыр уол кулгааҕар (өссө ытарҕалаах!) наушнигы симэн муусука истэр быһыылаах: санаатыгар хайа омук дойдутугар тиийэн сылдьарын ким билиэ баарай?! Киргиэлэй бу уолу, хата, Робинзон Крузо Бээтинсэ диэн ааттаабыт дьикээригэр майгыннатта. «Аныгыскы тохтобулга түһэҕин дуо?» диэн ыйыта сатаан добуочча моһуогурда: киһитэ сахалыы ончу билбэт эбит. «Саха «сайдыбыт» туоһута бу буоллаҕа» диэн санаа элэс гынан ааста. Дьахтара да, эр киһитэ да биллибэт киһийдэх сырыттаҕыан! Кыһыары «саха икки уола эрдии-ойохтуу буолан саахсаланнылар» диэн Интэриниэккэ аахпыттааҕа. Бу олорооччу да онтон ордубута биллибэт. Киргиэлэй өрдөөҕүтэ милииссийэҕэ үлэлии сылдьан «Мужелоство» диэн холуобунай буруйга тардыллан 5 сылга түбэспит киһини көрбүттээҕэ. Сымарыттан түһэн киси бөҕөтө быһыылааҕа. Киниэхэ күтүөт буолаары сылдьар 17 саастаах уолу күүһүлээбит. Оттон приемник-распределительгэ баландёрдаабыт (ас түҥэтээччи) биир эрдьигэн «зонаҕа чэй, табах иһин «дьахтар» оруолун толорор дьон бааллара, оннугу хаста да боруобалаан турабын» диэбитин санаабыта. Хаһан да оннугу истэ илик буолан, ол баландёр кэпсээнин итэҕэйбэтэҕэ. Пахай даҕаны, киһи да сиргэниэх үлүгэрэ! Онтубут билигин көҥүл үһү эбээт, бэл, Дьокуускайга. Киргиэлэй оптуобустан тахсаары босхо айанныыр хаартатын ууммутугар хара дьүһүннээх суоппар приборугар сыһыары тутан баран «хаартаҕар харчыҥ суох эбит, харчынан төлөөн баран биирдэ таҕыс» диэн мордьоҥноон турда. Бу иннинэ оҕонньордоох эмээхсин эмиэ онтулара сатаммакка, уу харчынан төлүүр түбүккэ түспүттэрэ. Суоппар күүһүнэн кыайара буоллар, өссө ыттыйыах эбит. Хата, ону Киргиэлэй прибору эһэ
охсон ылан, маҥнай – аллараа сылдьар кунуопканы, онтон үөһээҥҥини баттаабытыгар күөх уот умайан кэлбитэ. Харчыга хараҥарбыт суоппар ити курдук кырдьаҕас дьону албынныырыан! Онтуттан ымыр да гымматыттан Киргиэлэй иһэ буспута. * * * Киргиэлэй утуйаары сытан бэрт элбэҕи санаабыта. Ордук кыыһа да, уола да биллибэт урааҥхайдартан кэлэйбитэ. Ол эрээри ким билиэй, баҕар, ол эмиэ саҥа үйэ биир уратыта буолуо. Үргүлдьү үөһээ этээскэ олорор саньытаарка Дуунньата, били, үнүр даачатыгар сытан кэпсээбитин өйдөөн кэллэ. Эрэ сордоох сахаҕа олус кырасыабай киһи эрээри, арыгыга ылларан, киһи аатыттан ааспыт. Истэҕинэ, чыркымайдааҕар өссө кыччаабыкка дылы буолан хаалар эбит. Онуоха Дуунньа абаланан, түүрэ харбаан ылан, орон анныгар симэн кэбиһэр үһү. Киһитэ арыый өйдөммүтүн кэннэ «туох хара накааһай, саатар, оҕо да оҥорор кыаҕыҥ суох!» диэн баран, иһин дэлби үктээри хаайар эбит. «Дьэ, итинник кыаҕа суох буоллаххына, аны эн дьахтар буолан көр!» диэн Дуунньа таптаабытынан дьаһайар үһү. Сороҕор бэйэтин чулкутун кэтэрдэн, сирэйин-хараҕын үүт-үкчү дьахтар курдук кырааскалаан-тойдоон баран, тириитэ тэнийиэр диэри үлтү лигийэн биэртэлиир эбит. «Өр кэмҥэ тууйуллан сылдьыбыппын оннук гынан таһаарар этим» диэн Киргиэлэйгэ бэйэтэ кэпсээбитэ. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, Дуунньа арыгыһыт эрин оннук «сордуурун» истэн баран, Киргиэлэй биир түбэлтэни санаан кэлбитэ. Эдэригэр бэйэтиттэн биэс сыл аҕа дьахтарга «хараарчы иирбитэ». Эриттэн арахсыбыта хас да сыл буолбут барахсана Киргиэлэй эрэйдээҕи сонно кэриэтэ эрийэн «тиэрэ көппүтэ». Кыыһы кытта уураһан да көрө илик ыччат имэҥ-дьалыҥ «адьырҕатын» минньигэс аһылыга буолбутун билбэккэ да хаалбыта. Икки оҕолооҕун тыаҕа олорор эбэлэригэр ыытан баран, Биэрэ Киргиэлэй курдук муҥкук, муннугу-ханныгы кэйэ сылдьар уолаттары «бултаһар» дьарыктаах эбит этэ. «Кыраҕа» төрүт сөп буолбат эбитин Киргиэлэй начаас билбитэ. Маҥнай эр бэрдэ уу туҥуй сааһыгар «оннук таптаабыт, маннык гыммыт киһи баар ини» диэн ыраламмыта илэ кэлбититтэн атаҕа сири билбэт буолуор диэри үөрбүтэ. Эдэригэр тэптэрэн, олус түргэнник «иитиллэ охсоро» уонна омуннаахтык «ытыалыыра». Биирдэ Биэрэ ханньаактан иһэрдэ түһэн баран, хаһыс эмэ «төхтүрүйүү» кэнниттэн идиэйэ киллэрбитэ. Ону истэн, Киргиэлэй силигэр чачайа сыспыта: Биэрэтэ ончу астыммат үһү! Ол иһин «мантан инньэ бэйэм туохтуур буолуом» диэн баран, үөһээҥҥи киһи Биэрэ бэйэтэ буолбута. Сотору соҕус буолан баран, аны «сырдыкка дьүһүнүҥ бүрэтэ бэрт эбит» диэн, ороҥҥо сытыахтарын иннинэ Киргиэлэйи хааһын кырааскалыыр, бэл, хараҕын хара харандааһынан тардан тупсарар, уоһун кыһыл памааданан биһэр идэлэммитэ. Биирдэ өссө хантан эрэ дьахтар хараҥа өҥнөөх шиньонун булан, кичэйэн кэтэрдэн куттаабыта. Киргиэлэй «киһим төбөтүнэн ыалдьар быһыылаах» диэн сэрэхэдийэр буоллаҕына, Биэрэтэ, кини үрдүгэр тахсаат, аҕыйахта түһүөлээн баран, түргэн баҕайытык налыс гынан хаалара. «Маннык буоллаҕына, өтөрүнэн өссө тугу көрдөрүө биллибэт» диэн, Киргиэлэй Биэрэттэн тэскилээбитэ. Хата, табаарыстарын эрдэттэн сэрэтэн абыраммыта: дьахтар хаста да кинини «ханна баарый?» диэн көрдүү сылдьыбыт үһү.
Дьэ, ити курдук үйэ уларыйан истэҕин аайы бары-барыта тэҥҥэ хардыылаһан иһэр быһыылаах. Сөҕөн да хайыаҥ баарай... БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан