Кэпсээ
Войти Регистрация

Көмүс уҥуоҕун көтөҕөн, алтан уҥуоҕун араҥастаан

Главная / Кэпсээн арааһа / Көмүс уҥуоҕун көтөҕөн, алтан уҥуоҕун араҥастаан

K
09.11.2023 14:10
Былыр сахалар куһаҕаннык өлбүт дьону эмиэ туспа анал сиэри-туому тутуһан кистиир этилэр. Ол курдук мунан өлбүт киһини хоруобугар угуохтарын иннинэ дэлби таһыйаллара үһү. «Бэйэҥ өлүүгүн бэйэҥ булбутуҥ. Үөр буолан төннөн кэллэххинэ, сирэйгин маннык быһыта сынньан ыытыахпыт», – диэн сэрэтэр быһыылара үһү. А.А. Саввин 1940 сыллаахха Верхоянскайга Дулҕалаах нэһилиэгэр 96 саастаах кырдьаҕастан маннык үһүйээни суруйбут: «Куһаҕаннык өлбүт киһини көмүөхтэрин иннинэ моонньуттан уонна илиититтэн баайан, айаас сылгы кутуругар холбоон ыыталлара үһү». Бэйэтигэр тиийиммит киһини ыраах, киһи сылдьыбат сиригэр, ыккый ойуур иһигэр инчэҕэй буорга сирэйинэн умса, төбөтүн илин диэки бастатан көмөллөр эбит. Үөр буолан орто дойдуга эргийбэтин диэн, түөһүн төрдүгэр сымара тааһы баттата уураллара үһү. Маныаха маарынныырдык чиччик киһини кистииллэр эбит. «Куһаҕан чиччик киһини умса көмөллөр уонна үрэх тааһынан (хайырынан) баттаталлар эбэтэр 9 тааһынан көхсүттэн: «Бу Аан дойдуга күөрэйимэ, аллара түс, айыы айбыт киһитигэр-сүөһүтүгэр тахсыма диээн алгыыллар», – диэн 64 саастаах Стручков Х.П. диэн Дьааҥы киһитэ А.А. Саввиҥҥа кэпсээбит. Ууга дэҥнэнэн эбэтэр мунан сүппүт киһи өлүгэ көстүөр диэри 40 хонук устата күүтэр үгэс баар эбит. онтон ол күн-хонук аастаҕына, сүтүктээх дьон эмэх мастан киһиэхэ маарынныыр эмэгэт быһан, ойуун ыҥыран, өлбүт үөрүн ирдэтэн, ол маска иҥэттэрэллэр. Сүтүктэрин булбукка сананан, бу эмэгэти киһилэрин тэҥэ харайаллар. Хоолдьуга сүөһү өлөрөн, тириитинэн өлүү төрдө буолбут абааһыга кэрэх оҥороллор. Эмэгэккэ сүппүт киһи таҥаһын таҥыннаран, ийэ мастаан, иин хаһан, уҥуоҕун эргитэллэр. Ууга киһи былдьаннаҕына, аҕата эбэтэр инитэ кытылга туран аатынан ыҥырар. Онно күөрэйбэтэҕинэ, ойууну, удаҕаны ыҥыраллар. Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэтин олохтооҕо Баев М.Г. оҕо сылдьан көрбүт түгэнин кэпсээбитэ: «Саҥа советскай былаас киирэн турдаҕына, хас сыллааҕытын чопчу диэн эппэппин. Болтоҥо Дьаппан Ньамах Хара уола ууга түһэн өлбүтэ. Бу аллараа күөлгэ уопсай муҥха кэмигэр. Өлүгүн муҥханан эҥининэн көрдөөн баран булбатахтар. Кырдьаҕас өттө: «Дыгыйыкка үҥэн-сүктэн тиийиэххэ, кини обургу ньачаас булуоҕа», – диэн этэллэр. Мин ол удаҕаны үгүстүк көрөр этим. Нууччалыы аата Прасковья. Төрдө – Игидэй. Үс сыл иирэн удаҕан буолбут. Бастакы эриттэн арахсан, эдэр киһиэхэ кэргэн тахсан, бу дойдуга кэлэр. Эр киһи дьоно «бу уолбутун иирдэн ылла» диэн абааһы көрөллөр, араастаан атаҕастыыллар. Ол аймах эрдэ эстэн турар. Дыгыйык бэйэтэ дьүһүнүнэн кырасыабай, сырдык сэбэрэлээх, туох да кылыһахтаах мааны куоластаах, чэпчэки баҕайытык дыгыйа сылдьар кыра дьахтар этэ». Ол киһи ууга түспүтүгэр, ким да Дыгыйыкка барыан буолуммат, киһи барыта куттанара сүрдээх. Бу кэмҥэ манна аатырбыт Субуруускай баара. Онон киниэхэ: «Дьэ, эн тылгын ылыныа, эн баран көрдөс», – дэһэллэр. Субуруускай ат үрдүгэр түһэн Дыгыйыкка ыстаннарар уонна киэһэ түөртүүр ынах саҕана удаҕанын батыһыннаран тиийэн кэлэр. Дыгыйык чугас турар дьиэҕэ киирэн чабычахха тобус-толору уу куттарар, туоһунан тыылаах киһи эмэгэт
оҥорон ол ууга олордор уонна дьэ алҕаан барар. Онуоха били эмэгэтэ бэйэтэ эргичиҥнии түһэр. Ону Дыгыйык Субуруускайга «тут» диир уонна ботугуруу-ботугуруу күөл диэки киирэр. Кини кэнниттэн Субуруускай били чабычаҕы эмэгэттиин-бэйэлиин тутан барар. Дыгыйык күөлгэ тиийэн кытылга обургу кутаа уматтарар уонна алгыы-алгыы били эмэгэти ылан күөлгэ ыытар. Дьэ, туран, били аатырбыт удаҕаны көрөөрү мустубут үгүс киһи барыта көрөр: эмэгэт ууга киирээт эргичиҥнии түһээт, күөл ортотун диэки уста турар. Онтон били кыракый эмэгэт сыыһа көстүбэт буола түһээтин кытта, күөл ортотугар бэрт улахан тыылаах киһи күлүгэ барыс гына түһэр. Бу киһи бэрт дохсуннук түргэнник күөлү биир гына устан күллүргэтэр. Өр буолбат, удаҕаннара ботугуруу туран, өрө хаһыытыы түһэр да, били хара киһи сүтэн хаалар – эмэгэттэрэ эмиэ көстөн кэлэр. Эмэгэт кытыы диэки дьулуруйа устан иһэрин көрөн тураллар. Онуоха арай эмэгэт кэнниттэн туох эрэ хараарыҥныыр. Өйдөөн көрбүттэрэ, били сүтүктээх киһилэрэ өрө дагдайан иһэр эбит. Дьэ бу киһилэрин сүтүгүн тутаннар көмөн кэбиһэллэр. Субуруускай Дыгыйыкка бэчээттээх советскай кумааҕыны туттарар, албыннаабат, дьоҥҥо туһалаах удаҕан диэн. Тарҕат:
kyym.ru сайтан