Кэпсээ
Войти Регистрация

«Тапталы билэллэр  дьоллоохтор, Тапталы билбэттэр  сордоохтор»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Тапталы билэллэр  дьоллоохтор, Тапталы билбэттэр  сордоохтор»

K
28.03.2019 16:33
БИИР КҮТҮӨТ Олох диэн дьикти бэлэххэ - чугас дьоннуулар биир тапталы үллэстэр түгэннэрэ эмиэ баар... Уол оҕону билбэтэх үс кыыстаах Алексеевтар дьиэ кэргэттэрэ улахан кыыстара Аля күтүөт аҕалан иһэрин истэн эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ. Төрөппүттэр ууга-уокка түһэн, сүөһүлэрин cүүскэ тыаһатан, ас арааһын булан-талан, чугас дьоннорун, аймахтарын түмэн көрсүһүү тэрийэр санаалаахтара. Уоллаах кыыс кэлэр күннэригэр ыраах сиргэ күтүөт кэлэрэ сонун буолан, чугастыы олорор ыаллара бары киирэн көрсүбүттэрэ. Күтүөт дьиэҕэ киирбитигэр бары «уурбут-туппут курдук улахан, кырасыабай, дьүһүн мааныта, киһи киһилээхпин диир астык киһи эбит» диэн сыаналаан дэриэбинэни толорбуттара. Кырдьык даҕаны, Артем кыра да эрдэҕиттэн кыыс аймаҕы көрүүтүнэн-истиитинэн, саҥатынан-иҥэтинэн халты хаамтарбатах уол, оннооҕор хотуна көрдө-көрөөт сөбүлээн «уолум» диэн ааты иҥэрбитэ. Аля дьонугар оҕо күүтэрин иһитиннэрэн кэлбит ыйдарыгар кыра биэчэр тэрийэн ыал буолбуттара, ол кэннэ кыыстара үөрэҕин бүтэрэн кэлбит киһи быһыытынан оскуолаҕа учууталынан үлэлии киирбитэ, күтүөттэрэ күһүн үөрэҕин салгыы куоракка барбыта. Саас күтүөттэрэ быраактыкалана кэлбитигэр кыыстара уол оҕолонон «икки уолланныбыт» диэн төрөппүттэр үөрүүлэрэ үксээбитэ. Бу курдук кэлэ-бара уунан сылдьан олорбуттара, ол кэмҥэ Алексеевтар иккис кыыстара Алена устудьуоннуу сылдьан, уопсайа суох хаалан куоракка күтүөтүн кытта олорор чиэскэ тиксибитэ. Сайын ыаллар икки устудьуоннара Аленалаах Артем дойдуларыгар отой атын сыһыаннаах кэлэн, тапталлаах күтүөттэрэ Аляттан арахсан Аленаҕа көспүтэ. Аля абаран, кэлэйэн, кыһыытын дьонунан таһааран, атын сиргэ көһө сылдьан баран кэлбитэ уонна «олорор буоллахтарына куоракка олохсуйдуннар, мин харахпар көстүбэтиннэр» диэн буолбута, ону таһынан балтыгар төлөпүөннээн арааһы, сүөргүнү үөҕэн-үтэйэн, «ити быһыыҥ бэйэҕэр төннөн тиийиэҕэ», – диэн саҥарбыта сотору кэминэн оҕус буолбута. Эдэрдэр үөрэхтэрин номнуо бүтэрэн кыыс оҕоломмуттара, ол кэннэ күтүөт уол биир сыл куоракка үлэлии сатаан баран харчылара туохха да тиийбэтиттэн дэриэбинэҕэ үлэлиэхпит диэн төрөппүттэригэр төннүбүттэрэ. Бу кэмҥэ Аля оҕотунуун бэйэтэ туспа баран олох оҥосто сылдьара. Эдэр ыаллар дьонноругар сыл буолаары эдьиийигэр, бастакы ойоҕор күнүүлээн этиһиилэрэ-охсуһуулара үксээн, сыһыаннара алдьанан барбыта. Ыһыахха Алексеевтар кыра кыыстара, муннуларын бүөтэ Анетта төрөөбүт дойдутугар өр кэлбэккэ гынан баран, тиийэн кэлбитигэр Артем аны Алексеевтар кыра кыыстарын атын хараҕынан көрөн харааччы иирбитэ, хаһааҥҥытааҕар даҕаны күүскэ таптаабыта... Эдьиийдэрин кыайа-хото туппут буоллахпына, кини да миэнэ буолуоҕа диэн санаалааҕа – атын дьоҥҥо ыарыы курдук сыаналанан элбэх дьон киниттэн тэйбитэ. Ол эрэн эр киһи баҕарбытын ситиһэр диэбиттэринии, Анетта иннин өр биэрбэккэ гынан баран кэлин тиһэҕэр кини - Артем дьиҥнээх анала буолан олорбута уон иккис сылыгар барда, икки оҕолоохтор. Оттон атын кыргыттар Аля – уол оҕотун кэнниттэн булумньу оҕолоох атын дэриэбинэҕэ учууталлыыр, Алена – кыыс оҕотунуун төрөппүттэригэр билигин да олорор, атыынан-эргиэнинэн дьарыктанар. Билигин иккиэн туох да буолбатаҕын курдук билсэллэр, ол эрэн сүрэхтэрэ тугу кэпсиирин ким билэр... Анетта икки эдьиийин сыыһаларын бастааҥҥыттан көннөрдөхпүнэ сатаныыһы диэн,
тутатына уол дойдутугар баран олохсуйбута, кини быраатын, убайын кытары үчүгэй сыһыаны үөскэтэн эр киһиэхэ «сыыһа-халты тутуннахпына, тапталбын сүтэрииһибин» диэн санааны үөскэтэн, баччааҥҥа диэри маннык дьикти киһини илиитигэр тутан олороро бэйэтэ туспа ускуустуба... Интэриэһинэйэ диэн, Артем «тоҕо сүрэй?» диэтэххэ «Анеттаны – дьиҥнээх тапталбын булаары буо, оттон...» диирэ дьахтар дьоҥҥо кыһыытын иһин, баҕар, буолуо, баҕар, инники уоллаах кыыс Орто дойдуга кэлэр аналларыгар маннык буолаахтаатаҕа. Бу курдук Артем аҕас-балыстыыларга соҕотох тапталлара, оттон Алексеевтар дьиэ кэргэттэригэр соҕотох күтүөт буолан күннүү сырыттаҕа... 8 сыл - тоҕо? Нэһилиэккэ Ника уонна Юра Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ саҥа үөрэхтэрин бүтэрэн иккиэн биир идэҕэ үлэлии-хамсыы кэлбиттэр. Иккиэн сытыы-хотуу киирбит-тахсыбыт дьон, биир кыыс оҕолоохтор. Кинилэри кытта өссө араас испэсэлиис кэлэн дэриэбинэҕэ үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Ника сырдык хааннаах, куруутун үөрэ сылдьар харахтаах, мичээрдээх кыыс Юратын бэрийэрин көрө-көрө сөҕөллөр эрэ, «Киһи таптыыр да буолар», – эбит диэн. Нэһилиэк олохтоохторо Юраны өрө тутан, араас үлэҕэ-хамнаска үлэлэтэр буолбуттар, ол аайы киһиргиирэ, наһаалыыра үксээн истэ. Киһибит көрдөрбүтүнэн уларыйдар уларыйан иһэр, ол аайы кыыс кинини батыһа сылдьан өйүүр, арыт ардыгар бэйэтин үлэтин быраҕан туран «Эр киһим туһугар» диэн этиини туһанар, оннук сылдьан иккис оҕоломмуттар. Ника оҕолоно куоракка барбытын кэннэ, киһибит аһыы утаҕы амсайан, араас дьоннуун алтыһар буолан барбыт. Оттон кэлин бу нэһилиэккэ хайдах эрэ олохторо, үлэлэрэ табыллыбакка куоракка көс-пүттэр. Ол оннук ньир бааччы олорон арай биирдэ Ника алҕаска биир түгэҥҥэ суотабайын арыйбыта, кэргэнэ контакка атын кыыстыын суруга көстөн кэлбит. Ол сурук ис хоһоонугар 20 төгүл «Я люблю тебя» диэн, бу аҕыс сыл тухары таптаан көһүтэр киһитэ атын туора киһиэхэ маннык тыллары суруйбутун көрөн уйадыйан ытаабыт. Тутатына кэргэнигэр эрийэн «Бу тугуй? Өйдөөбөтүм?» диэн ыйытыытыгар, киһитэ тохтуу түһэн баран «Дьиэҕэр кэллэххинэ кэпсэтиэхпит» диэбит. Ытыыр-ытаабат икки ардыгар дьиэтигэр тиийбитэ, киһитэ дьыбааҥҥа тэлэбиисэр көрө сытар үһү. «Чэйиий, кэпсэтиэххэ?» диэн этиигэ, барыта өйдөнөр буолбат дуо диэн, туох да буолбатаҕын курдук кэпсэтэр үһү, өссө кэлэн кууһан сыллаары гыммытыгар «Киэр буол!» диэн кыйдаабытыгар «акаарыгын» диэн хардаран, командировкаҕа барарын туһунан этэн, тахсан барбыт. Ника барбытын кэннэ өр ырыҥалаан, баҕар, чэ, кыра кэмҥэ «иирии» буолуо диэн санааннан салайтаран нэдиэлэ буолан баран кэлбитигэр аһаппыт-сиэппит, сууйбут-тараабыт. Оннук олорбуттар, биир күн кыыһа Яночка аҕатын төлөпүөнүн тута сылдьарын көрөн аҕал диэн баран көрбүтэ, смс бөҕө үһү. Бу сурук суолтата ханнык да командировкаҕа бара сылдьыбатах, ол туора дьахтарыгар баран утуйан, хонон-өрөөн кэлбитин көрөн, Юра кэлбитигэр хаһыытаан айдаан бөҕөнү тарпыт. Онуоха киһитэ «Мин эйигин олох да таптаабаппын, таптаабатаҕым даҕаны, мин кинини бастакы тапталым, кинитэ суох сатаммаппын» диэбитигэр ытыыр-ытаабат икки ардынан үүрбүтүгэр барар санаам суох, оҕолорбут туһугар олоробут, ол эрэн эн миигин барарбын-кэлэрбин
туппаккын диэн этиитэ ыарыылаах буолбут. Ника чугас дьонуттан сүбэлэтэн «арахсыахха» диэн тылларынан кэлбитигэр, үүрбүтүгэр бүтэһик тылларынан үөҕэн баран 3 күн сүппүт. Ол кэмҥэ Ника эмиэ кинитэ суох сатамматын билинэн кэллэҕинэ хайаан даҕаны бырастыы көрдөстөхпүнэ сатанар диэн, кэлбитин кэннэ тапталынан угуттана сылдьар Ника илин-кэлин түһэн аһаппыт-сиэппит уонна «толкуйданным, киһи олоҕор маннык түгэннэр баар буолааччылар, ол эрэн эн биһигиттэн барыма, тапталбытын харыстыах» диэбитигэр сирэйгэ силлиир кэриэтэ аһыы олорон: «Ол бу араас буолума, арахсабыт диэбитиҥ дии, арахсабыт, эйигин кытта олорор санаам суох», – диэбитигэр Ника быарга тэбиллибит курдук сананан «тугуй, ол икки оҕоҕун быраҕан туран, атын оҕону иитэ барарга сананныҥ дуо? Акаарыгын» диэн тылларынан арахсыбыттара 3 ый буолбут. Киһитэ, сураҕа «ээ, мин араҕыстым, кинитэ суох олорор үчүгэй» дии сылдьар үһү. Ника ол кэннэ кэргэнин бастакы тапталын кытта кэпсэтэн икки оҕолооҕун билэҕин дуо диэбитигэр, биирэ даҕаны хаалсыбакка – билэбин, онно тугуй, биһиги сылдьыбыппыт ыраатта диэн хардарбыта кулгааҕар субу баардыы иһиллэрэ кыһытар. Билигин Ника санаатын сайҕаан: «8 сыл тухары – тоҕо?» диэн боппуруос төбөтүгэр хатанан, ол эрэн күҥҥэ көрдөрбүт оҕолорум туһугар буолуо эрэ диэн санаатын көтөҕөр. Оттон мин саныахпар, бу киһи тос мааскатын быһа этитэн сылы да кыайбатынан төннө сатыыр түгэнэ үүнүө! Мария КОБЕЛЬЯНОВА - ТУСКУЛААНА.
kyym.ru сайтан