Кэпсээ
Войти Регистрация

Бырактыкаан

Главная / Кэпсээн арааһа / Бырактыкаан

K
22.03.2019 17:50
Лүөҥкэ, бэһис куурус устудьуона, бу Кыталыктаахха хаһыс да кэлиитэ. Быйыл дьупулуом иннинээҕи быраактыкатыгар балтараа ый устата оскуолаҕа учууталы – абаҕатын – солбуйуохтаах. Абаҕата бу дойдуну булбута ыраатта. «Биэнсийэҕэ таҕыстахпына, Лүөҥкэ солбуйуо этэ» диэн, куоракка олорор быраатыгар быдан өрдөөҕүтэ эппиттээх. Былырыын, төрдүс кууруска сылдьан, уол эмиэ бу оскуолаҕа быраактыкаламмыта. Бу дойду, киин сиртэн төһө да ырааҕын иһин, киһини тугунан эрэ тардар, угуйар. Баҕар, ол иһин да буолуо, атын сиртэн кэлбит дьон олохсуйан, күтүөт-кийиит буолаллара элбэх. Абаҕата биир киэһэ бу тиэмэҕэ кэпсэтии буолбутугар, чугастыы оскуола таһынааҕы ыаллартан саҕалаан тэтэрээт лииһигэр бэлиэтии-бэлиэтии ааҕан баран, «таах даҕаны, бөһүөлэк аҥаарын кэриҥэ киин улуус дьоно эбит» диэн түмүк оҥорбута. Онон, быһа холоон эттэххэ, оҕолуун-уруулуун үс сүүсчэкэ киһи эбит. Лүөҥкэни бары үчүгэйдик билэллэр. Эппит тылыгар туругас, мас көнө, үлэһит, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас курдук уопсай тылы булар диэн, өссө сөбүлүүр курдуктар, олус манньаҕастар. Манна диэн эттэххэ, Лүөҥкэни дойдутугар сибэтиэй диэбэттэр этэ. Үөрэҕэр да чорбойбута диэн суоҕа, өссө үрдүкү кылааска сылдьан, биир биэчэргэ арыгы сыттаах кэлэн быыгабардаммыттаах. Кылааһынньыктара, бу дойдуга дьон-сэргэ киниэхэ хайдах сыһыаннааҕын билэллэрэ эбитэ буоллар, сөҕөн, өттүктэрин тосту түһүө этилэр. Уопсайынан даҕаны, сир-сир букатын туспа, киһиэхэ дьайара уратылаах буолар эбит. Бөһүөлэккэ атын сиртэн кэлбит сонун ыччат буолан, кыргыттар бэркэ кэрэхсии көрөллөрө. Ону биһиги киһибит курдаттыы таайар. Айах атан кэпсэппэтэр да, аттынан ааспыт кыыс туох санаалааҕын, хайдах майгылааҕын билэр курдук. Оннук дьоҕур үөһээттэн бэриллэрэ дуу, эмиэ бу дойду ураты дьиктитэ эбитэ дуу. Оскуолаҕа кэллэҕинэ, үөрэ-нээччилэр ураты сыһыаннарын биллэрэн, анаан-минээн доргуччу дорооболоһоллор. Уруокка, баҕар, бырактыкаан диэн буолуо, оҕолор дьорҕоотторо сүрдээх. Ол эрээри абаҕата Лүөҥкэ уруогун сыаналыы киирдэҕинэ, саараама, кылаас иһэ ылы-чып. Бэһис-алтыс кылаас оҕолорун кылгас кэм иһигэр «илиитигэр ылбыта», олус истигэннэр, арай ахсыс кылааска балайда эрэйдэнэр: арааһа, психологтар этэллэринии, «ыарахан» саастара быһыылаах. 11-с кылааска 16 үөрэнээччи баар. Үксүлэрэ аны саас туох үөрэххэ баралларын чопчу быһаарынан сылдьаллар. Кинини убайдарын курдук саныыллар, букатын толлубаттар, арааһы бары ыйыталлар. Ити гынан баран «убайдарын курдук» диэн алҕас эттэ быһыылаах. Бүтэһик паартаҕа Лира Вензель диэн хап-харанан арылыччы көрбүт кыыс соҕотоҕун олорор. Хараҕын Лүөҥкэттэн араарбат, төбөтүгэр араас санаа ытыллар быһыылаах: сороҕор иэдэһэ бүтүннүү кытаран кэлэр, сороҕор туохтан эрэ кыбыстыбыт курдук хараҕын куоттарар. Тоҕо эбитэ буолла, оччоҕо бырактыкаан эмиэ кулук-халык буолан хаалар. Оҕолорго сорудах биэрэн баран, чугаһаан кэлэн хайдах үлэлииллэрин көрөр, оччоҕо мунаарбыт боппуруостарын ыйыталлар. Лираҕа кэллэҕинэ, кыыс олус долгуйарыттан уруучуката кытта ибирдииргэ дылы. Дьикти баҕайы. Лүөҥкэ эмиэ дьикти турукка киирэр. Кыбыстар диэххэ сатаммат, төттөрүтүн, кыыска ыкса олорон быһаарыан, арааһы кэпсэтиэн баҕарар. Ол эрээри, төһөтүн да иһин, учуутал эбээһинэһин толоро сырыттаҕа эбээт! Нууччалыы эттэххэ
«злоупотребление» диэн баар. Учууталбын эрэ диэн, уруок кэмигэр кэккэлэһэ олоро-олоро, сүбэлээтэх буолан, сэлэһэн барыа дуо?! Онтон эмискэччи тэһэ астарбыт курдук дьигис гынна. Бэйи эрэ, хайдах-хайдаҕый? Били, былырыыҥҥы кэрэ кыыс бу Лира Вензель дуо? Чахчы, кини эбит! * * * Былырыын күһүөрү тастыҥ убайа Куочугу кытта куска барбыттаахтар. Оо, онно кус бөҕөтүн сонохтообуттара аҕай! Кус саҥардыы көҥүллэммит кэмэ буолан, ончу тэһииркээбэттэр этэ. Тыынан устан мөлбөһүтэ сылдьан хойуу от быыһыттан субу көтөн далыкычыйан тахсыбыт моонньоҕоттору арыый тэйитэ түһэн баран, түҥнэри ытан түһэрэллэрэ үчүгэйэ бэрдэ. Ууга охторор буолан, биир да куһу сүтэрбэтэхтэрэ. Ол сылдьан халлаан хараҥарбытын билбэккэ да хаалбыттара. Лүөҥкэ тыыта түгэҕинэн тэһэҕэстээх буолан, ыстаана бүтүннүү илийбитэ. Дьаһаллаах Куочук «мантан чугас отор пиэрмэтэ баар, онно тахсан хонон баран, сарсыарда эрдэ киирэн бултуохха» диэбитигэр Лүөҥкэ сөбүлэһэргэ тиийбитэ. Дьиҥэр, сарсыардааҥҥылаабакка-хайаабакка дьиэлээбиттэрэ да буоллар бэрт этэ – баһаамы бултаабыттара. Ону баара, хараҥаҕа ылларбыттара. Сылаас, эбиитин сииктээх буолан, ынах тохтообут сиригэр ураты сыт туран хаалбыт. Отор пиэрмэтигэр нэһииччэ үнүөхтэһэн тиийбиттэрэ. Куочугу батыһан биир дьоҕус балаҕаҥҥа киирбитэ, икки кыыс баар. Биирдэрэ Лүөҥкэттэн лаппа аҕа көрүҥнээҕэ, биирдэрэ эмиэ да оскуола оҕотугар, эмиэ да устудьуоҥҥа маарынныыр номоҕон дьүһүннээҕэ. Түргэн-тарҕан туттуулаах Куочук, Лүөҥкэ таһырдьа тахсан хаһан таҥаһын устан ыгыныар диэри, хайыы-үйэ икки моонньоҕону үргүү охсон, сыыр-саар бысталаат, буһара туруорбута. Кураанах мас барахсан өр гыныа дуо – күөстэрэ начаас буспута. Куочук үрүсээгиттэн «Брусничная» диэн лүкүөрүн таһааран үс иһиккэ куппута, тоҕо эрэ били «устудьуон» кыыска өлүүлээбэтэҕэ. Биирдэрэ да онтон хомойбут быһыыта көстүбэтэҕэ, хата, кус холун сиирин быыһыгар Лүөҥкэни үчүгэй баҕайытык көрүтэлиирэ. Үөрэ-көтө аһаан-сиэн баран утуйарга тэриммиттэрэ. Кыргыттар – быыс нөҥүө, уолаттар – остуол аттынааҕы наараҕа. Лүөҥкэ илийбит таҥаһын оһоххо сараҕыта ыйаабыта уонна убайын аттыгар кэлэн уот кылайарын одуулуу сыппыта. Эчи, сыппыттара түргэнин! Ити кэрэ кыыһы кытта кэпсэтиэх-ипсэтиэх этэ буоллаҕа дии. Ханна баарый?! Куочуга – утуйан бырылатыы! Хаарыаны, арай кыыс соҕотоҕо, Куочук суоҕа буоллар, бэркэ да табыллыах эбиттэр! Чахчы. Хайдах курдук одуулуур этэй?! Кыһыыта диэн, аатын да билбэт эбит дии. Саатар, Куочук сатана билиһиннэрбэтэ даҕаны. Маннык саныы сытан үдүк-бадык барбыта... Биирдэ өйдөммүтэ, Кэрэ Кыыһа кини аттыгар кэлэн, нөрүйэн туран кулгааҕар тугу эрэ сипсийэр. Куочуга суох! Тыый, «бииргэ сытыах» диир дуу? Хайдах-хайдаҕый? Лүөҥкэ кыыһы кууһан ылбыта... – Көтүүнэ Күөлүгэр кустуу сылдьаргын билэҕин дуо? — Тыый, оччоҕо эн Көтүүнэҕин дуо? Кыыс ый сырдыгар имэҥнээхтик мичээрдиирэ, Лүөҥкэ үрдүгэр сытан хам кууһара, ууруура-сыллыыра... Манныгы хаһан да билэ илик буолан, уол таалан хаалан, кыыһы ыксарыы да ыксары кууспута. – Нохоо! Абытай, туох буоллуҥ?! – убайа көбүөлүүр саҥата иһиллибитэ. «Ол иһин да», түүл эбит... Лүөҥкэ үөһэ тыынан кэбиспитэ. * *
* Лүөҥкэ уруок бүппүтүн өйдөөбөккө да хаалла. Тугун сүрэй?! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан