Кэпсээ
Войти Регистрация

Көтүүнэ күөлүгэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Көтүүнэ күөлүгэр

K
22.03.2019 17:46
Хайа да улууска тиий – дьикти ааттаах сир толору. Холобур, Дьокуускайтан кый ыраах сытар Кыталыктаах сиригэр күөлэ элбэҕэ диибин диэн! Бөртөлүөтүнэн ньириһитэн иһэн аллараа диэки көрдөххө, ханан да киэҥ сыһыы-хонуу биитэр харах хатанар халыҥ тыа баара биллибэт, арай дьэллик ыттар былдьаһан тырыта тыыппыт илдьиркэй таҥастарыгар майгынныыр сир көстөр. Сир да буолуо дуо – бүтүннүү ииччэх-бааччах күөл оҥолох-чоҥолох ойууланан сытар. Бүтүннүүтэ – күөл дойду. Дьиктитэ диэн, баларыҥ барыта ааттаахтар. Ааппыт да дьээбэ. Холобур, Өкүлүүнэ Оҕустааҕа, Оҕонньор Бултаабыта, Нуучча Муммута, о.д.а. төһө баҕарар ааттыы туруохха сөп. Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх диэбиккэ дылы, ол барыта туох эрэ төрүөттээх. Били, Өкүлүүнэ Оҕустааҕа диэн күөлбүт аата бэрт судургу быһаарыылаах эбит. Былыр нэһилиэк баар-суох мааны дьахтара оҕуһун миинэн улуус киинигэр дьаарбаҥкаҕа айаннаан иһэн улаханнык моһуогурбут: көлөтө кута хараҕар түһэн өлбүт. Өкүлүүнэбит оҕустаммыта хас эмэ үйэни уҥуордаан нэһилиэк устуоруйатыгар хааллаҕа ол. Өссө бу дойдуга Көтүүнэ Күөлэ диэн баар. Бу эмиэ туһунан устуоруйалаах күөл. Көтүүнэ диэн аҥаардас дьахтар күөл таһынан ааһар суол тоҕойугар олорбут. Айан дьоно аараан-сынньанан, бэркэ абыранан ааһар сирдэрэ эбит. Дьахтар буоллаҕына хайа да эр бэрдин өрүкүнэтэр, нохтолоох сүрэҕин долгутар кэрэ сэбэрэлээх, быһыыта-таһаата даҕаны оннооҕор оһуобай үһү. Кэскиллээх туох дьарыгы булан айаҕын ииттинэн олорорун ким да билбэт. Арай «Көтүүнэ барахсаҥҥа ыалдьыттаан аастыбыт» диэн, чахчы киэн туттан кэпсэнии толору. Эр дьон обургулар, бу эрэ күөлгэ муҥур (чыыр балык) баарыгар дылы, анаан-минээн оҥостон кэлэн, балыктаан айгысталлар эбит. Биллэн турар, оччо аарыгыран-тууһугуран кэлбит дьон Көтүүнэ балаҕанын тумнуохтара баара дуо?! Хонон-өрөөн, тыыннарын таһааран, бэркэ астынан бараллара үһү. Уохтаах таптаһыы манньатыгар бултаабыт балыктарыттан балайданы куду анньан хаалларар эбиттэр. Көр, былыргы да дьонуҥ уоран таптаһыы минньигэс амтанын билбэхтээтэхтэрэ, ама, онтон матыахтара баара дуо. Кыталыктаах нэһилиэгэр Сиикэй Силип диэн аатырбыт хаартыһыт, быһата, дьэссиик бэрдэ, бу Көтүүнэҕэ элбэхтик сылдьар эбит. Сүүйсэр дьаллыктаах эрдьигэн өйө-санаата биллэр – дьэҥкэччи туһаммыт, барыһырбыт киһи диэн. Кини обургу истибэт бэйэлээх буолуо дуо уохтаах таптал манньата төһө-хачча буоларын. Онон Көтүүнэлиин маҥнай хоонньоһоругар бэртээхэй сүбэни булуммут. Кэпсэтиилэрэ маннык буолбут: эр киһи хаста киллэрэрин дьахтар сытан эрэ лабырҕаччы ааҕан иһиэхтээх уонна төлөбүрүн ол ахсаанынан муҥур балыгы ылыахтаах. Бастакы түүнүгэр Силип былааннаабытын курдук буолбут. Көтүүнэ «биир муҥур, икки муҥур, үс муҥур» диэн ааҕан истэҕинэ, киһитэ тохтоло суох түһүнэн кэбиспит. Дьахтар оччо түргэн хамсаныыттан өйө көтөн, «муҥур-муҥур!» дииртэн орпотох. Онон Силип үс муҥуру эрэ хаалларан баран, сыарҕатыгар олорон ыллыы-туойа дьиэтин диэки айанната турбут. Иккис сырыытыгар «дьахтар өйө баттаҕынааҕар кылгас» дииллэрэ сымыйата дакаастаммыт. Дьэ, манна Көтүүнэ күннээбит. Эмиэ урукку курдук төһөнү аахпытынан балыгы аахсарга сөбүлэспиттэр. Дьиэлээх хаһаайка «хайа муҥун наар маннык таптаһыахпытый, астыга суох баҕайы,
ньымабытын уларытыахха» диэбит. Силиби мас оронугар тиэрэ сытыаран баран үрдүгэр ыттыбыт, эбиитин, киһитэ кыһыйыах быатыгар, кими барытын туймаардар тэрэгэр эмиийин көрдөрүмээри ырбаахытын устубатах уонна олорон эрэ аа-дьуо «биир муҥур, икки муҥур, үс муҥур...» диэн ааҕа-ааҕа, ыарыылаах баҕайытык тээһэҥкэтин ыгыта туппалаабыт. Балай эмэ ыйааһыннаах дьахтар түһүөлээн ньиллиргэтэрин Силип нэһииччэ тулуйан сыппыт уонна сарсыарданан ээҕин этэн «балыгы барытын ыл» диэччи буолбут. Көтүүнэ сырдыкка туран хас эмэ бэрэмэдэйи аахпыта, балыга син биир ол ахсааҥҥа тиийбэтэх, ол иһин Сиикэй Силипкэ «баллайар баһаам иэскэ киирдиҥ» диэн иэс баайан ыыппыт. Онтон ыла бу күөл Көтүүнэ Күөлэ диэн ааттаммыт.
kyym.ru сайтан