Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сыгаан дьахтарын кырыыһа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сыгаан дьахтарын кырыыһа
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
17.11.2023 14:59
1990-с сыллар бүтүүлэригэр сыгаан дьахтарыгар «кыратан» турардааҕым. Күһүөрү сайын этэ. Ленин болуоссатын устун күрүлүүр күнүс ааһан иһэн көрдөхпүнэ, сыгаан дьахталлара тугу эрэ атыылаан аймалаһа сылдьаллар. Туох эрэ куһаҕан былаат эҥин курдуктары атыылаан тэлимнэтэллэр, дьону ыҥыран, табаардарын хайҕаан айманаллар. Ол саҕана, кырдьык, Дьокуускай уулуссаларыгар итинник ону-маны атыылыы, түөкүннүү сылдьар сыгааннар элбэх буолаллара. Сорохторо өссө куорат дьиэлэрин кытта кэрийэ сылдьан ону-маны сүүлүктүүллэрэ. Бу истэхпинэ биир сыгаан дьахтара (эмээхсинэ да диэххэ сөп) сүүрэн кэлэн, «милый, погадаю» диэн бөҕө буолла. Адьас, илиибиттэн ыбылы харбаан ылла. Ол кинилэр албыннарыгар-түөкүннэригэр, хаартыларыгар-сэрэбэйдэригэр былыр да, быйыл да наадыйбатах киһибин. «Не надо» дии-дии ааһа сатаатым да, дьахтарым тардыһан баран сылдьар. Көмүс тииһэ биир кэм килэҥнээн, ырдьаҥнаан олорор. Тоҕо эрэ тохтоотум. Дьахтарым тыбыс-тымныы, хап-хара харахтарынан сирэйбин олус күүскэ тобулу көрбүт уонна нууччалыы-сыгаанныы булкуйан тугу эрэ саҥаран баллыгырыыр. Миигин араас «порча» бөҕө буулаабытын, онтон кини эрэ абырыыр кыахтааҕын эҥин туһунан уоһа ыпсыбакка кэпсиирэ. Ол тухары тонолуппакка харахпын супту көрө сылдьар. Чэ, судургутук эттэххэ, гипнозтаабыт эбит. Мин мэй-тэй буолан, туймааран бардым. Сыгаан дьахтарын хамаандатын толорон, сиэппиттэн кумааҕы харчыны (аҕыйаҕы) уунан эрэрим баара... Ол эрээри, өйдүүбүн. Хара балыырга, албыннааһыҥҥа түбэһэн, гипноз сабыдыалыгар баһыйтаран эрэрбин. Онтон эмискэ.. Бэйэ бодобун тардынан, хомуһун оҕууруттан эмискэ төлө түһэн, «харчыбын аҕал эрэ!» диэбитинэн дьахтарым холуттан харбаан ыллым. Сыгаан дьахтара соһуйда, ыарыыланна быһыылаах, хаһыы-ыһыы бөҕөтүн түһэрдэ. Мин харчыбын төттөрү ыла иликпинэ кинини ыытан бэрт! Ол курдук, Саҥа дьыллааҕы харыйа курдук таҥныбыт сыгаан дьахтарын кытта тардыалаһыы-сарахачыһыы, хаһыы-ыһыы бөҕө буолан өрө холоруктуу сырыттыбыт. Ити кэмҥэ аттыбытынан милииссийэ үлэһиттэрэ ааһан иһэллэрин көрөн, дэлби хаһыытаан ыҥыран ыллым. Оттон сыгааммар «группа поддержки» буолан кини хаан-уруу аймахтара, аттыбытыгар сылдьыбыт сыгаан дьахталлара, оҕолоро бөҕө өрө тоҕуоруһа түстүлэр. Куурусса уйатын тоҕута сынньыбыт, үлтү сүргэйбит курдук айдаан бөҕө буолла. Эдэр милииссийэ уолаттарыгар «харчыбын ылла» диэн үҥсэ сатыыбын. Милииссийэлэр сыгаан дьахтарыгар «харчытын төнүннэр» дииллэр да, ол дьэгэ бааба ылбытын ыһыктыбат киһи буолан биэрдэ. «Харчы ылбатаҕым, сымыйата» диэн таһы-быһа мэлдьэһэр, «итэҕэйбэт буоллаххытына – дьэҥдьийиҥ!» дии-дии хас эмиэ уонунан хос гына бүрүммүт кирдээх таҥаһын, дьууппатын тэниҥнэтэр, сахсаҥнатар. Ол быыһыгар, «көрдөөҥ, баҕар «сэппэр» уктубутум буолуо!» дии-дии сарылыыр, үөхсэр, күлэр-ытыыр... Аттыгар аамайдана сылдьар сыгаан дьахталлара эмиэ айдааннара-үөхсүүлэрэ сүр! Чэ, быһата бары көмөлөөн киһи тугу да иилэн-булан ылбат дадарааҥкытын, хаоһын тэрийдилэр. Идэтийбит уоруйахтар, түөкүннэр технологиялара буоллаҕа. Быһата, болуоссат ортотугар оннук кэмиэдьийэлэнэ сырыттыбыт. Тула киһи бөҕө мустан барда. Милииссийэлэрим да ону сөбүлээбэтилэр, «бэйэҕит быһаарсыҥ» диэн баран тэскилээн биэрдилэр. Сыгааным дьахтара миигин үөхсэр, кырыыр-таныйар саҥата сүрдээх. Анаан-минээн табардыы силлээ да силлээ буолар. Саатар, били мааҕын харбаан ылан баран, холуттан туппуппун ыыппакка сылдьар эбиппин. Үчүгэй аҕайдык сирэйгэ
уоптарыахпын баҕарабын да, дьахтары хайдах охсуоҥуй? Ити курдук араҕыстыбыт. Хайыамый, кэннибэр үөр сыгаан дьахтара үөҕэ-үөҕэ батыһыылаах, этэргэ дылы, «улюлюканье» бөҕө быыһыгар сааттаахтык куотарга күһэлинним. Били баҕайы силэ бөҕө атахпар, бачыыҥкабар түспүт этэ. Түбэһиитэ оннуга эбитэ дуу, ол күһүн дойдубар матасыыкыланан фаралыы сылдьан, ол сыгаан дьахтара силэ түспүт уҥа атахпын тоһутан хас да ыйы быһа баттыгынан сылдьыбытым. Онтон ыла ити абааһы омугун көрдөхпүнэ, ырааҕынан тумнан ааһарга кыһанабын. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан