Кэпсээ
Войти
Регистрация
Булчут кабыкка
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Булчут кабыкка
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
17.11.2023 15:07
Мин аҕам сурукка киирэр сокуоннай аата Гаврил Григорьевич Полушкин, төрөппүттэрэ биэрбит таптал аата Кабыкка диэн этэ. Онон дьоно-сэргэтэ Кабыккаттан атыннык ааттаабаттара, ону бэйэтэ да туора истибэт этэ. Аҕам эдэригэр бэрт сытыы-хотуу, сырыыны-айаны кыайар киһи этэ. Хаһан да көннөрү хаампат, куруутун сэлиинэн сылдьар, ылбычча киһи кинини кытта кыайан аргыстаспат этэ диэн, дьон кэлин да кэпсиир буолаллара. Аҕам миигин: «Оҕус курдук бытааҥҥын, оҕо киһи быһыытынан сүүрэ-көтө сылдьыбаккын, куруук хаамыынан лаҕыйаҕын» диэн, үгүстүк сэмэлиир буолара. Сырыыга-айаҥҥа буурҕалаах, ардахтаах диэн, барыахтаах, сылдьыахтаах кэмин хаһан да тохтоппот этэ. Миигиттэн эмиэ оннугу ирдиирэ. Уончабыттан эрэ тахсыбытым кэннэ, балтараа, икки көстөөх сиргэ сатыы даҕаны, көлөнөн даҕаны ыытара. Дьон: «Уолуҥ кырата бэрт, тоҕо соҕотохтуу сырытыннараҕын?»— дииллэрэ. Оччоҕо: «Үөрэннин, кэлин бэйэтигэр туһалаах буолуо»,— диирэ. Уу да, тыа да булдугар мэлдьи сорсуннаах булчут этэ. Биирдэ 28-с халыыбырдаах доруоп саанан бириэмийэлэнэн, дьиэтигэр сабыс-саҥа саалаах үөрэн-көтөн кэлбитин өйдүүбүн. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр холкуоска сылгыһыттаабыта. Ол саҕана ас-таҥас бэрт кэмчи этэ. Аччыктааһын, тоҥуу-хатыы, быстарыы кими да тумнубатаҕа. Оччолорго, хата, бултаан аһыырга туох да бобуу-хааччах суоҕа. Ол оннугар булт тоҕо эрэ олус сэдэх буола сылдьыбыта: күөл балыга өлөн тиэрэ көбөрө, кыыл таба муораттан хайалаах эрэ сиргэ дэҥҥэ тахсара. Тайах да суоҕа. Холкуос дохуота бэрт дуона суох, сорох оннооҕор ыларынааҕар биэрэр иэстээх хаалара. Ол үрдүнэн эт, арыы туттарыыта, байыаннай нолуок, араас көмө, байыаннай сайыамҥа сурутуу баара. Ону барытын болдьох иһигэр төлөнүллүөх тустааҕа. Кыайан төлөөбөтөххүнэ, хаайыыга бардаҕыҥ ол. Үлэҕэ-сырыыга эмиэ биир кытаанах ирдэбил турара. Үлэттэн көҥүлэ суох кыратык да тэйии иһин буруйга-сэмэҕэ тардылларыҥ. Тыаҕа күһүн, саас кыыл таба, тайах булдугар, балыкка, түүлээххэ былаан, сорудах ылбыт дьон болдьохторо туолуор диэри онтуларын толоро сатыыр мөккүөнүгэр сылдьаллара. Сылгыһыттар, табаһыттар «сүүс сэрэҕинэн-кутталынан» тугу эмэ аһыыр кыһалҕаттан, сүбэлэһэн биригээдэттэн биирдии киһини бириэмэтин сөп түбэһиннэрэн, биир эмэ хонукка бултата ыыталлара. Оттон атын холкуостаахтар баҕарбыттарын да иһин барар, сылдьар кыахтара суоҕа. Аҕам төһө да былдьаһыктаах үлэҕэ сырыттар, быыс-арыт, бокуой булан, үлэтин көтүппэккэ бултуу бара охсон кэлэрин өйдүүбүн. Ордук от үлэтин саҕана, киэһэлик үлэ кэнниттэн илимнээн, балык сүгэн кэлэрэ. Отчут сарсыарда туруутугар аҕам хайыы-үйэ кэлэн, үлэҕэ тахсаары олорор буолара. Ол күн отчуттар бары тото-хана аһаан абыранарбыт. Оннук сырыытыгар араас быһылааҥҥа түбэһэн эрэйи этэрбэс гынан кэтэрин, өлө да сыһарын аахсыбат буолара. Оннук халбаҥ сырыытыттан биир маннык түбэлтэни кэпсээбиттээх. Сэрии үгэннээн бара турдаҕына, 1943 сыллаахха саас тоҥот саҕана, бииргэ үлэлиир дьоно сүбэлэһэн баран, «сиргэ хааман көрбөккүн ээ, биир эмэ түүҥҥэ» диэн көрдөспүттэригэр үөрүүнэн сөбүлэһэр. Көс кэриҥэ ыраах сиргэ биир тайаҕы туруорар. Сүрдээх үчүгэй, тоҥоруулаах түүн буолбут. Хаар улаханнык намтаабатах, балачча халыҥа үһү. «Ыадаҥ» булт сонно
турар сиригэр да үрдэриэн, тоҥот хаартан дьулайыан сөп курдуга эрээри, атаҕар эрэнэр сытыы булт түбэһэн, тохтообокко сылдьан, үрдэрэн баран испит. Тайах кэнниттэн Кабыкка харса суох түһүнэн кэбиспит. Ыраах сири барбыттар, тайах тоҥ хаары хабарыгар айаҕа хааннырбыт, онуоха эбии сойуолуурга суокката быстан атаҕын хаана тахсыбыта холбоһон, ньаҕаччы баран, соҕооччу курдук буолбут. Ол үрдүнэн букатын тохтообото үһү. Күн үөһэ ойон, сылыйан, хаар ирэн, өнньүөрэн барбыт. Арай туран ытын саҥата иһиллибэт буолбут. Кабыкка булдун куоттаран, санаата түһэн, нэһиилэ үнүөхтүүр буола эстибит. Тайахтаах ыта үрүйэҕэ киирбит суолларынан дьаар үрдүгэр охто сытар сонос тиит үрдүгэр тиийэн олорбут. Ол олорон сиргэ быстардаҕым, өлөр киһи буоллум, аны кэлэн туох миигин өрүһүйүөй дии саныы олорбут. Саатар, биир кэбиһии чэйдээҕим буоллар, мантан быһа бардахха дьонум 4-5 көс буолуохтара, онно туос аччык киһи хайаан тиийиэмий. Хайдах эмэ тиийдэхпинэ даҕаны кэтэһэн аҕай олорор дьон туга да суохпуттан төһө эрэ хомойоллор. Хомойумуна, били эрэнэн аҕай ыыппыт киһилэрэ буоллаҕым дии... Ытым эрэйдээх дьонноох-киһилээх сири булар инигин, эн түөрт атахтаах буоллаҕыҥ. Ол эрээри эн да аччыгыҥ, ырыганыҥ, байҕалыҥ бараммыта бэрт буоллаҕа... диэн, арааһы барытын эргитэ санаабыт. Онтон тоҕо эрэ обургу соҕустук: «Суорук»,— диэбит. Арай сыыр анныттан ыта бу тахсан кэлбит. Онуоха: «Оо, Суорук, батыһыннаран сиргэ өлөрөргөр тиийдиҥ дии»,— диэбит. Ыта буоллар үөрбүтэ сүрдээх, урут бултаатахпытына эрэ итинник буолара. Иччитин илиитин салыыр, үрүйэ иһин диэки көрөр, кутуругун сырбаҥнатар. Онтон үрүйэ диэки бара-бара төттөрү кэлэр, барыах, батыс диэх курдук гынар. Туох ааттаахха бачча буолла диэн, туран, ытын батыһан үрүйэ диэки үнүөхтээбит. Арай үрүйэни өҥөс гынан көрбүтэ, биир тайах кини диэки утары бастанан, сирэйэ ньолойон, быардыы түһэн өлө сытара үһү. Тула чинчийэн көрбүтэ, туох да суол-иис көстүбэт. Онтон тайаҕын эргийэн көрбүтэ, арай оһоҕоһо кэннинэн хостоно сытар эбит. Арааһа, үрүйэ иһигэр киирэн ыты кытта охсуһа сылдьан, мууска халтарыйан уллуҥун уҥуоҕун тосту түспүт. Ону ыт эмэһэтинэн иһин хостоон өлөрбүт уонна кыраны да сиэбэккэ, иччитин кэтэһэн олорбут. Дьэ, ыт да өйдөөх буолар эбит диэн, Кабыкка хойукка диэри сөҕө, махтана саныыра. Ыта баар буолан, ол курдук тыыннаах хаалан, дьонун-сэргэтин аһаппыт. Василий ПОЛУШКИН. Абый. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан