Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьахтар - илим буолбатах?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьахтар - илим буолбатах?
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
15.03.2019 16:45
Уоһуктаах Ньукулаас икки бытыылка “түгэҕэ көстө” охсубутун кэннэ, үгэстэринэн, дьахтар аймах тиэмэтигэр көһө охсубуттарын бэйэлэрэ да билбэккэ хааллылар. Тыллара-өстөрө лаппа сөллөн, омуннара-төлөннөрө киирэн, ким төһө-хачча кыайыылааҕын ырытыстылар. “Эдэр-сэнэх” эрдэхтэринэ хайа барахсаны сүрэҕин сүүйэн, имэҥ-дьалыҥ дьыалатыгар кулахачыта оонньообуттарын куоталаһа-куоталаһа өҥ тутта кэпсэннилэр. Туораттан иһиттэххэ, туох баар кэрэ аҥаар барыта сыччах кинилэр болҕомтолорун кыра да түгэҥҥэ ылан абырынаары «муннук аайы ытаабыт», оҥой-соҥой көрөн муҥнаммыт курдук буолан таҕыста. Кинилэр буолан баран, эчи, кыахтара да бэрт эбит. Имэҥнээх илиэһэйдэр, дьалыҥнаах дьаабаллар диэн кинилэр буоллулар. Хаста-хаста биир түүҥҥэ ыттабыт диэтилэр? От-мас тиэйиитин сындалҕаннаах үлэтин быыһыгар хаһан быыс-хайаҕас булан, ойохторуттан ордорон, элбэх талыы кырасаабыссаны абырыы охсубут эбиттэрэ буолла?! Эдэр атастара Сэмэн, иһигэр күлэ да санаатар, онтун таһыгар таһаарбата. Доҕотторо барахсаттар, оттон бачча сынньаммычча санааларын ымыытын, ыра санааларын чыпчаалын кэпсээн гынан, дуоһуйдуннар ээ, онтон туох буолуоҕай кини. Туустаах оҕурсуну уобалыы-уобалыы, хобордооххо соркуой тобоҕо ордубутун кэһиэхтии сатыы олордо. Омуннаах да буолбутун иннигэр кыайыгас убайдарын кэпсээнэ киһи эрэ истэ, сэргии олоруох курдук. Били, омуннаах олоҥхоҕо «үөһээ уостарыттан үс хамыйах, аллараа уостарыттан аҕыс хамыйах хаан тохтуор диэри уурастылар» дэммитэ диэн, туох кэлээхтиэй! Пахай, өр-өтөр буолбата, Ньукулаас абыраллаах аһыы утах күүһүттэн барбатах балык миинин курдугунан мэндээриччи көрбүтэ ырааппыт хараҕынан симириҥнии-симириҥнии, хайа кыалларынан, Сэмэни тургутардыы одууласпыта буолла уонна: – Хайа, быраат?! Оттон эн тоҕо олох саҥарбаккын? Бэлэм истээччи эрэ буолан, ньимийэн олороҕун? Бачча сааскар диэри биир да кыыһы-дьахтары боруобалаабатах муҥуҥ буоллаҕа дуу, ама? Чэ, хата, убайдаргын кытта үллэһин. Эдэр киһи уотуҥ-кылыныҥ сүрдээх буолуохтаах. Хата, кэпсээ, чэ-чэ. – Ээ, пахай, бу да дьон! Бэйэм да эмээхсиммин хааччыйдахпына баһыыба. Хата, эһиги мин биир ыйытыыбар хоруйдааҥ эрэ. Ити этэҕит дии – ийэ сиргэ кэлбит аатыгар эр бэрдэ хайаан да дьахтар астыгын, ас амтаннааҕын боруобалыахтаах диэн. Сөпсөһөбүн. Олох биирдэ бэриллэр. “Эр киһи айылгыта – атыыр”, – соторутааҕыта эрэ бэйэлэрин уостарынан хастыыта да хатыламмыт этиини соруйан анаан-минээн тоһоҕолообутуттан бэйэтэ да сонньуйда. Онто бүтэҥитик «һы-һы» диэн күлүү буолан иһилиннэ бадахтаах. – Дьэ, дьэ, – Уоһук туох эрэ бэтиэхэни истиэхтии, ыксалаһа сатаабыт омунугар, олоппоһун соспутунан субу сыҕарыҥнаан кэллэ. Эр киһи уочараттаах омуннаах остуоруйатын истиэхтии, уостуун-тиистиин оҥоһунна. Сэмэн, кини да буоллар, киһи мыыммат аһыыта киирбититтэн буоллаҕа, кэҕэрдэн ылла: – Эр киһи көҥүл күүлэйдиэхтээх. Ону муударай дьахтар бырастыы гыныахтаах? Оннук? – Оннук-оннук, – убайдар эрдэттэн бэлэмнэммит курдук, төбөлөрүн тэбис-тэҥҥэ тоҥхох гыналлар. – Дьэ. Арай, төттөрүтүн... дьахтар таҥнарар буоллун? Оччоҕо хайдаҕый? Ньукулаас: – Атыҥҥа саантаабыт дьахтар туохха нааданый?!! Тос мааскатын биэрэн баран, э... тэбэн кэбиһиэххэ наада. Биирдэ барбыт – бара туруо. Тута кыйдыыгын. Уоһук: - Дьэ, ол табыллыба-ат, быраат. Бор-руо-ба!!—абатыйбытын уоҕугар, мэктиэтигэр,
сутуругун бобута туппахтыыр, сибилигин иннигэр биир эмэ таҥнарыахсыт дьахтар киирэн кэлэрэ буоллар, сонно тута түҥнэри саайан түһэриэхтии туттумахтыыр, – оччоҕо кинини үчүгэй аҕайдык саарытын тарда түһэн бэриллиэхтээх. Көр эрэ маны! Тугуй, ноко, кэргэниҥ «муос үүннэрдэ» дуо?!! Моһуоратын көннөрөн биэр. Туора киһини көрдө да, биэрэстэлээх сиринэн куота сылдьарын курдук гына!! Ньукулаас да хаалсыбат: – Оннук-оннук. Сэмэн сорунуулаахтык баһын быһа илгиһиннэ: – Эс, хайаан! Оннук сор кэлбэтэр бэрт этэ. Мин Маришкам оннук буолбатах. Билэбин. Эркиним курдук эрэнэбин. (Чуут-чаат «мин да киниэхэ эрэллээхпин» дии сыста. Арыый туттунна. Оннугу иһиттэхтэринэ, бу бөрөлөрүҥ күлүү-элэк гынан бүтэрэллэр буо)... Оттон ити этэр, кэпсиир дьахталларгыт сорохторун эрдээх курдук өйдүүбүн ээ. Сиэннэрэ эҥин бааллар дии. – Ээ, быраат, быраат. Атын киһи дьахтарын «хайыыр» туохтаах үһү! Оттон бэйэ киэнэ – туһунан боппуруос, бэйэ эрэ бас билиэхтээх. Син биир бултуур саа, быһах кэриэтэ. Уларсыкка сылдьыбат. Бүттэ. Улахан туочука!! Сэмэн күлэр: – «Дьахтар – илим-муҥха буолбатах, уларсыкка сылдьыбат», – диэ өссө. Таах даҕаны сорох дьахтар баҕас илим буолара сөбүгэр быһыылаах ээ (үөннээхтик мичийэр). Убайым ити киинэ-мэхээнньик Натааһа алыптаах илимигэр, бэл, эн иҥнэн, балачча эккирэппиттээх үһүгүн буолбаат (Уоһук барахсан бэйэтин кэмигэр, эдэр сылдьан, Натааһаны эккирэтэ сатаан эрэйдэммитин бөһүөлэк турара-турбата барыта билэр быһыылаах этэ. Кэпсээнигэр омуннааҕын аата, тапталга тиийэн муҥкук муҥнаах. Ким билбэтэ баарай)? Сүрдээх илим буолуо, доҕор. Кута-мата бууттарынан ыбылы ылан түһэн... Уоһук, бэл, холуочук бэйэтэ, тута сирэйдиин уларыйар: – Ээ, дьон хобун-симин истимэ. Сымыйалара. Өр буолбакка «ээх» диэхтээбитэ, ханна бараахтыа этэй. Бэйэм, бэйэм сирбитим. Көрбөккүн да, мин оҕолорум хайдах курдук толууларый? Бэйэбин баппыттар, эбиитин ийэлэрин удьуордарын хаана таайан итинниктэр. Оттон ити эрэйдээҕи ойох ылбытым буоллар, ити уҥуохха харбыт курдук уһун ырыган тойооскутун курдук эрэ уолу бэлэхтиэ этэ. Дьэ, мин сыыспатахпын, – букатын сөбүлээбэт тиэмэтэ, дьэ, кэллэ быһыылаах: остуолу килиэр-малаар одууластаҕа буолла: – Хайа, буоккабыт бүтэн хаалбыт эбит дуу? Хайыыбыт? Ньукулаас, үөлээннээҕин тута өйдөөтө: – Бүтэн-бүтэн. Чэ, эдэр киһи, этэргэ дылы, оҕо атаҕа – ыт атаҕа. Сэмэн, “туочукаҕа” элээрдэн кэл эрэ. Оҕо аатырар кэмиттэн балачча да аастар, Сэмэн сып-сап хомунан, таһырдьаны былдьаста. Арааһа, сэһэн-сэппэ өссө тэнийэр чинчилэннэ. Онтон төһөтө уу-хаар буолуоҕун, таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Эр дьон обургулар, «бэйэм киэнин тыыттарбаппын, атыны тааҕы айбардыыбын» диэн өйдөбүллээхтэрин тухары дьахтар да таҥнарыыта ханна барар үһү! Анараа да аҥаар ким эрэ “аҥаара”, хоойго сытыарар холоонноох доҕоро ини.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан