Кэпсээ
Войти
Регистрация
Муммут уолчаан (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Муммут уолчаан (кэпсээн)
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
23.03.2022 15:00
Ааптар: Петр ЕФИМОВ Кыһыҥҥы кыаһаан тымныы сатыылаабыт. Сир-дойду халыҥ хаарынан бүрүллэн, кырыара дьаҥхара, тоҥон тураахтыыр. Кып-кыра бөһүөлэги халыҥ туман халҕаһалыы анньан, бүтүннүү бүрүйэн турара киһи кутун-сүрүн баттыырга дылы. Маннык уһун, унньуктаах тымныы күннэр хоту дойду биир сытыы уолчааныгар олус да хобдох, аһара да чуҥкук буолааччы. Үстүүн дьиэҕэ хаайтаран олорортон салҕан, тыаҕа тииҥнии барарга сананна. Ийэтэ утарсан көрбүтүн истибэтэ. Сарсыарда эрдэ туран, аһаан-сиэн баран, үчүгэйдик таҥнан, ТОЗОВКА саатын ылан, түөрт атахтаах доҕорун кытта бултуу барбыта. Ийэтэ эрэйдээх: ”Ыраатымаар", - эрэ диэн хаалаахтаабыта. Хоту сиргэ хаар чараастык түһэр буолан, хаамарга судургу, ойуурга киирэн син тыаны кэрийбэхтии түспүтүн кэннэ, ханна эрэ ыраах ыт үрэн иһийбит тыаны аймаата. Үстүүн тохтоон, туран чуҥнаата, илин диэки үрэрин билэн баран, саҥа хоту түһүнэн кэбистэ. Тоҥуу хаары оймоон, сүүрэн элээрэн тиийбитэ, ыта бэрт иҥсэлээхтик булбут булдун үрэ аҕай сылдьар эбит. Мэктиэтигэр тииккэ хатаастыахча, икки кэлин атаҕар туран, илин атахтарынан маһы кууспахтаан ылар. Үстүүн ыксаабакка эрэ, саатын ылан үчүгэйдик тииҥ төбөтүн диэки кыҥаан баран, ытта. Тииҥ таптаран, мас лабааларыттан иҥнэ-иҥнэ төкүнүйэн хаарга түстэ. Итини барытын икки кулгааҕын чөрөтөн сүрдээх болҕомтолоохтук өрө хаҥтайан, тииҥи одуулаан олорбут ыта ону куоттарыа дуо? Иҥсэтигэр сип-сибилигин ыйыстан кэбиһиэх айылаах тииҥнэ ыстанан тиийэн, тииҥ түспүт хаарыгар муннун батары биэрдэ. Үстүүн ону көрө охсон, ытын үрдүгэр бардьыгынаабытынан ыстанна, хата ыта хаһыытаабытыгар киһи эрэ буоллар тохтоон, чугуйан тэйэн биэрдэ. Бултаабыт булдун ылан, быһаҕын кыыныттан хостоон, үөрүйэх илиитинэн түргэн үлүгэрдик сүлэ охсон кэбистэ уонна тириитин матаҕатыгар укта, этин ытыгар биэрдэ. Бултуйбут дьон быһыытынан, санаалара көтөҕүллүбүччэ, салгыы бардылар. Ити курдук сылдьан хас да тииҥи өлөрдүлэр, ыта үрдэҕин аайы тиийэн, ытан ылан иһэр, ол ахсын Үстүүн санаата көнньүөрэн, улуу булчут курдук сананар. Арай халлаан борук-сорук буолан барбытыгар, биирдэ өйдөөн көрбүтэ олох атын билбэт сиригэр тиийэн хаалбыт эбит. Үстүүн улахан алдьархайга түбэспитин өйдөөтө, билигин халлаан хараҥарыа турдаҕа — дьиэтигэр хайдах тиийэр? «Булка булчут хараҕа хаһан да туолбат» дииллэрэ кырдьык быһыылаах, баай Байанай маанылаах булдугар умсугуйан, ыраатан хаалбыт. Халлаан хараҥарыахтааҕын өйдөөбөтөх. Туохха түбэспитин итэҕэйбэккэ, ханна да барыах-кэлиэх сирин билбэккэ туран, өлбүт аҕатын сүбэтин эмискэ өйдүү биэрдэ: «Кыһын муннаххына кэлбит суолгунан төннөр буол», - диирэ. Ону тутуһан, элбэҕи ону-маны саныы барбакка, сүүрэр-хаамар икки ардынан дьиэтин диэки түһүннэ. Өр өтөр буолбата, чугастааҕы мастар улам силбэһэн бардылар, хаарга сирдьит суола сыыйа көстүбэт буолла. Хоту дойду кылгас күнэ хараҥара охсон хаалбыта. Үстүүн онтон быстан-кэхтэн биэрбэккэ, хорсун санааны ылынан, икки хараҕа суох киһи курдук икки илиитин саратан, илиитин имигэр түбэспит турар тииттэринэн, титириктэринэн сирдэтэн, мээнэ иннин диэки оргуй хааман истэ. Сороҕор хаар анныгар сытар мастартан иҥнэн охтон түһэр, сүгэ сылдьар матаҕата, саата хас түбэспит мас лабаатыгар иилистэн, эрэйин эрэйдээтилэр. Үстүүн онтон кыйаханан матаҕатын саатын устан быраҕан кэбистэ. Кэнникинэн хаамар сирэ барыта оллур-боллур буолан барда, охторо элбээтэ, аны хаарга элбэхтик охтор буолан, сиргэ тайанарыгар харыларыгар хаар бөҕө киирэн, илиилэрэ тоҥон эбии иэдэйдэ. Онтон ыт мунна баппат ыркый ойуура кэллэ. Хаар бөҕөнү сүгэн турбут титириктэри хамсаттар эрэ, тоҥ хойуу хаардарын биирдэ кутан кэбиһэллэр, үрдүттэн анныгар диэри хаар бөҕө буола түһэр, төбөтүн хамнаттар эрэ, хоонньугар хаар курдары киирэн кэһэттэ. Мастар хойуу лабаалара сирэйин-хараҕын хайыта сыстылар. Мас лабааларыттан тутуһан, ханан үктэниэххэ сөптөөх сири титириктэр быыстарынан атаҕынан булан, киэҥ-киэҥник хардыылаан, сороҕор иҥнэн охтон иһэн мастарга ыйанан, титириктэр үрдүлэринэн сыыллан, тахсан баран истэ. Дэлби тоҥно, аччыктаата, күүһэ-күдэҕэ бүттэ. Итинтэн наһаа кыйаханна, устунан хайдах да кыайан хараҥа ойуур быыһыттан тахсан дьиэтигэр тиийиэ суоҕун өйдөөтө, ийэтин кыра балтын санаан: «Аата ийэм тылын истибэккэбин бу айылаахха түбэстим, тоҥон өлөр киһи буоллум, аны эҥин дьүһүн буолан хааллахпына дьонум миигинэ суох хайдах олороллор?» - диэн санааҕа баттатан, уйадыйан ытаан киирэн барда. Ол тухары ыта ыйылыы-ыйылыы, кэнниттэн батыһан испитэ. Иччитин "санааҕын түһэримэ" диэбиттии үрэн мордурҕаата. Киһиэхэ кыра да наада. Үстүүн онтон эрдийэн салгыы дьүккүөрдээхтик хааман киирэн барда. Балай да өр бадьыыстаһан, кэмниэ кэнэҕэс ычыкыттан тахсан кэллэ. Үстүүн иһигэр ”һуу„ дии санаан өрө тыынна, сылайбыта-элэйбитэ бэрдиттэн, кыратык сынньана түһэргэ сананна. Олорон эрэ сылаата таайан, нухарыйан бараары гыммытыгар ыта үр да үр буолла, сирэйин салаата. Үстүүн онтон өй ылан, ытын имэрийбэхтээбитэ буолан баран, салгыы туран хааман барда. Кыратык хаама түһээтин кытта, арай, тулатынааҕы мастар аччаан бардылар, туох эрэ сыырын дабайан киирэн барбыта. Үстүүн: «Хайаҕа тахсан эрэбин дуу», - дии санаата. Хайа буоллаҕына, ”үөһээ таҕыстахпына, бөһүөлэк уота баҕар көстүө, оччоҕо ол уотунан сирдэтэн бөһүөлэккэ тиийиэхпин сөп эбит„ диэн эрэл кыыма күөдьүйэн кэллэ. Үстүүн билэринэн бөһүөлэк аттынан Кыйыкта хайата, Арҕас хайа диэн икки хайалар баалларын билэр. Кыйыкта хайата арыый ыраах турдаҕа, онтон Арҕас хайа чугас турар. Ол эрээри эмиэ да саарбахтаан ылла, хабыс-хараҥаҕа түҥ тыа ортотугар кыһыҥҥы тымныы уорааныгар муна сылдьар, тыына быара кылгаабыт киһи санаабытын хоту буолан испэт буоллаҕа... Ол курдук баран истэ, мастара бүттүлэр, Үстүүн «алааска тахсан кэллим ду» дии санаата: ”Баҕар балаҕан уота көстөөрөй», - диэн тулатын эрим-ургум көрбүтэ буолла, уот баара көстүбэтэ, онтон сыыра улам туруору буолан барда. Үстүүн: «Чахчы хайа, хайа эбит», - диэн үөрэ санаата уонна харса суох сылайбытын, аччыктаабытын умнан, хайатын дабайарга дьулуста. Хайатын эниэтэ туруору буолан биэрдэ, тахсан иһэн наһаа сылайда, аҕылаата, онтон хайа сирэйигэр олорон, сынньана түһэргэ сананна. Сынньана олорон, өйдөөн көрбүтэ хараҥа халлааҥҥа аата-ахсаана биллибэт сулустар күлүмнэһэн тахсыбыттар, халлаан саҕатыгар дьүкээбил араас дьикти уоттара дьиримнии умайбыттар. Итинтэн санаата арыый уоскуйан, салгыы хайатын дабайбытынан барда, ол эрээри сэниэтэ эстибитэ, сылайбыта бэрт буолан, өссө хаста да олоро түһэн, сынньанан, тыын ыла түстэ. Ол курдук баран иһэн, эмиэ санааҕа ылларан барда: «Төһө улахан хайа эбитэ буолла? Хайабар таҕыстахпына, бөһүөлэк уота арай көстүбэтин? Олох чыҥха атын хайа буоллун? Оччоҕо бүтэһик эрэлим сарбыллар». Куттаммыт санаатыгар иһигэр туох баарынан хайа иччититтэн көрдөһө-ааттаһа истэ. Кэмниэ кэнэҕэс хайатын сыыра намтаан барда, сыыра бүтээтин кытта, хайа үрдүттэн бөһүөлэк уота туман быыһыгар кылайан көстөн кэллэ. Оо, ону көрөн, Үстүүн иккистээн төрөөбүт саҕа үөрдэ, күн сирэ күндү да буолар эбит дии санаата. Чахчы итэҕэйдэ: «Арҕас Хайа үрдүгэр турар эбиппин», - диэн, ытын омунугар кууспахтаан ылла уонна бөһүөлэгин диэки сынньанарын да умнан, аллараа түспүтүнэн барда. Үөһээттэн атахтара бэйэтэ хаамар курдуктар, түргэн үлүгэрдик киэҥ-киэҥник хардыылаан, аллараа түһэн истэ. Cороҕор туохтан эрэ иҥнэн, умса баран, хаарга төкүнүйэн ылар. Итинник, түргэн үлүгэрдик аллараа баар буолла. Кыратык хаама түһээтин кытта эмиэ мастар биллэн бардылар. Ону ол диэбэккэ илиитин иминэн турар мастарынан сирдэтэн, баран истэ. Баран истэ, баран истэ, онтон эмиэ санааҕа баттатан барда, бөһүөлэк чуп-чугас курдуга да тоҕо тиийбэппин? Тоҥмут аччыктаабыт киһи хараҕа иирэн ону-маны көрөр дииллэр, арааһа төбөм иирбит быһыылаах, диэн түмүккэ кэлэн, бүтэһик эрэлэ сарбылынна. Онтон мастары быыстарынан уоттар кылам-кылам көстүтэлээн бардылар, бөһүөлэккэ тахсан кэллэ. Үстүүн тыыннаах хаалбытыттан үөрүүтэ муҥура суох буолла, бэл, хараҕыттан уу-хаар баста. Ыта тэҥҥэ үөрсэн, үрэ-үрэ, төттөрү-таары ойуоккалыыр курдук тутунна, онтон сыллаары гынар курдук иччитигэр ыстаҥалаа да ыстаҥалаа буолла. Ол кэннэ ханна эрэ сүрдээх эрчимээхтик сүүрэн хаалла. Үстүүн ийэтэ, кыра балта бүтүн бөһүөлэк дьонун атахтарыгар туруоран айманыы бөҕөтүн айманан, суланыы бөҕөтүн суланан, сарсыарда дьону мунньан көрдөтө ыытаары олордохторуна, Үстүүн тымныы туманы бүрүммүтүнэн, бүтүннүү кырыара даҥхаран, үрдүттэн анныгар диэри хаар буолан, киирэн кэлээхтээбитэ. Хаҥалас, Өктөм
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан